Киир

Киир

   Биир сурунаалтан булт кэмигэр тахсар быһылааннар төрүөттэрин быһаарар ыстатыйаны ааҕан турардаахпын. Ньиэмэс учуонайдара быһаа­рыыларынан, булчут киһини дэҥнииригэр сүрүн биричиинэтэ бэйэтэ ол киһини кыыл диэн көрөрө буолар эбит. Оннук иэдээннээх түгэҥҥэ саҥа са­ҕа­лааччы буолбакка, чуолаан уопуттаах булчут түбэһэрин суруйбуттар. Тоҕо оннук буолар эбитий?
 
 
   Онуоха учуонайдар маннык дииллэр: уопуттаах булчут, ити иннинэ элбэх булду суу­һар­быт киһи, ол бултаабыт хар­тыыната хараҕар олорон хаалар, ити кэмҥэ тугу санаабыта, үөрбүтэ умнуллубат. Хас булка бардаҕын аайы ол кыайыытын, үөрүүтүн-көтүүтүн хатылыан баҕарар. Онон сонорго турар кэмигэр мэйиитэ кинини кытта куһаҕан өттүнэн оонньоһон барар эбит. Ол эбэтэр, булчут хараҕар киһи тайах, таба, тыатааҕы буолан көстүөн сөп. Биир тылынан, булчут баҕатынан хараҕар талбыт кыыла көстөр.
   Биир егерь этэринэн, тыа­ҕа сылдьар киһи чуолаан киэһээҥ­ҥи кэмҥэ сааттан сэрэхтээх буолара ордук. Тоҕо диэтэххэ, күн бүтүүтэ сылайдахха, ити этэр баҕа санаа кыыла харахха чуол­кайдык ойууланар. Ол да иһин киэһээҥҥи өттүгэр бииргэ бултуу сылдьар дьон ор­тотугар дэҥнэнии элбэх. Булду кэтээн өрө күүрбүт киһи кул­гаа­ҕар, бэл, киһи хаамара, көх­сүн этитэрэ, хамсанара улахан оруолу оонньообот. Туох барыта олоччу кыылы эрэ санатар.
   Бэйэм түбэспит түгэммиттэн аҕыннахха, бэйэм саастыыта 70-чаларыгар чугаһаабыт түөрт табаарыспыттан Ньукулайбыт тайах “ыарыылаах”. Олоҕун тухары хара баһаам тайаҕы сууһарбыт сорсуннаах булчут лиссиэнсийэтэ да суох сылдьан тайаҕы суоллуур идэлээх. Биир сыл мас көтөрүгэр тахсыбыппыт. Баай Байанай хара тыатын булдуттан бэрсэн, төннүүбүтүгэр үрдүк сыыр аннынан, талахтаах сиринэн баран истэхпитинэ, Ньукулайбыт өрө ходьоҥолуу түспүтэ. Мин түөспэр иилинэ сылдьар халампааспын харбыаласпыта. “Тайах!” диэн киһибит, мэктиэтигэр, хортууһа кэтэҕэр эргийэн хаалбыта. Тайахха көҥүлэ суох дьон оннук аһара өрүкүйбэтэхпит. Ол эрээри көрөртөн ким аккаастаныай? “Оҕолоох...” диэн баран, Ньукулай халампааһынан көрөрүн тохтоппотоҕо. Былдьаан ылан кыҥастаспытым – ыттаах киһи сылдьар эбит! Көҥүллээхпит эбитэ буоллар, Ньукулай омунугар киһини дэҥниэхтээҕэ хаалбыт. Онон ити да түгэнтэн булка сэрэхтээх буолуу ирдэнэр.
 
Афанасий ЛУКИН,
Дьокуускай.