1985 сыл. Нөксөлгөн. Таба ыстаадата. Ыкса күһүн.
Кыстыыр дьиэлэрдээх сирбитигэр киирбиппит ыраатта. Табалар быыс бүтэйгэ кэлэн анньыллан баран, төттөрү үрэҕи өрө бардылар. Көлө табата араарыллан, балааккаланан кэлэ-бара сылдьабыт. Эдэрдэр биһиги суума табаны батыһабыт. Кыһыҥҥы таҥаспыт мантан син тэйиччи дьиэлээх, таба ааҕар харааллаах, сүрүн үрэхпит биир салаатыгар хаалбыта. Кыһыҥҥы таҥаска ыксаабат курдукпут. Атылааһап Сахаар кэргэнэ Өлүөнэ, чуумсукпут Даарыйа ахсыбытынан чубуку тириититтэн бэргэһэ, уктас, халыҥ бириһиэнтэн биэтэстээн, уһун этэрбэстиҥи таҥас тигэн биэрдилэр. Саҥа этэрбэстэрбит хаары кэһэргэ, хаамарга табыгастаах буолан, үчүгэйэ сүрдээх.
Тымныы түһэн барда. Кыһыҥҥы таҥас-сап ыла көтөл сыарҕалардаах Ылдьаалаах Сахаар бардылар. Биир-икки хонугунан төннөн кэлэр сирдэрэ этэ да, тоҕо эрэ тардылыннылар. Үһүс күннэригэр дьэ кэллилэр.
Аһыы олорон ким тугу көрбүтүн, табалар ханна, хайдах туралларын кэпсэттибит. Сарсын ким тугу гынарын сүбэлэстибит. Дьоммут ортолуу аһаан иһэн туох да буолбатаҕын курдук: “Арҕахха эһэ суолугар түбэһэн, өлөрөн кэллибит”, – диэтилэр. Атын кэпсээн суох. Тыа киһитигэр булт-алт туһунан кэпсээн кэмчи буолар. Ыһа-тоҕо кэпсээбэт үгэстээх. Сир-дойду иччитэ истиэ, булт ханныа. Сахаартан тыа кыылын хайдах бултаспытын туһунан ыйыталастым. Сахаар маннык кэпсиир:
– Олорор үрэхпитин аллара батан иһэн Лазоттан болуогунан Карагода Сэргэй былырыын мас кэрдибит сиригэр тиийдибит. Кыраһа хаар аннынан эһэ суола бөҕү-сыыһы тоҕор сири, кэнсиэрбэ бааҥкаларын тиҥсирийэн баран тумул диэки барбыт. Суолуттан көрдөххө, аллара масчыттар, лазолар, дьиэлэриттэн кэлбит. Дьиэлээх сирбитигэр тиийбиппит – таарыйбатах. Табалары чэҥкээйилээн, нөҥүө тумулга таһааран кэбистибит. Ылдьаа эдэр ытын таһырдьа утаардыбыт. Саабытын дьиэҕэ киллэрэн, кэтэнэ соҕус хоннубут. Сарсыарда туран “соччото суох кыыл сырыттаҕа, суолун хайыахха” диэн сүбэлэстибит.
Иккилии уучаҕынан эһэ барбыт тумулугар быһа бардыбыт. Тумулбут туруору соҕус. Сааскы күн маҥнай көрөр өттө буолла. Ыппыт сыт ылан өрө хантаарыҥнаата. Уучахтарбытын баайан, ыппытын быалаан сиэттибит. Эһэ баар сирэ ыраахтан көһүннэ. Кыра томтор баара тула өттө харааран көһүннэ. Арҕахха чугаһаабыппытын кэннэ эһэбит эмискэ ойон тахсаат, арҕах нөҥүө өттүгэр турунан кэбистэ. Инники икки атаҕын өрө уунан, суоһурҕанан хаһыытаан часкыйда. Иккиэн тэҥҥэ ыттыбыт. Тиийэн көрбүппүт, атыыр эһэ аарымата эбит. Кэлин атаҕар суон торуос тоһоҕостоох. Ырыган. Уҥуох-тирии бараммыт. Ыппыт эһэ охтубут сиригэр тиийэн ырдьыгыныы-ырдьыгыныы буору хаста. Көппөхтөөх буору тарыйбыппыт – тыһы эһэ аҥаара быган кэллэ.
Үчүгэйдик сыныйан көрбүппүт, атыыр эһэ арҕахха кыстыы сытар оҕолоох тыһы эһэ арҕаҕар чуо кэлбит. Төһө ыһыы-хаһыы, охсуһуу буолбута биллибэт. Тыһы эһэ кыайтарбыт. Оҕото куоппут. Айылҕа оҕото буоллаҕа. Баҕар, арҕах булан эбэтэр болбукта анныгар кыстаабыта буолуо. Баҕар, өлөөхтөөбүтэ буолуо. Айылҕа сокуона кытаанах. Оннооҕор биһиги Ылдьаалыын саллан, хараастан саҥата суох мах бардыбыт. Уот оттумматыбыт. Атыыр эһэни сүлээт, дьиэлээх сирбитигэр төнүннүбүт. Атыыр эһэ, билэр сирэ буолан, чуо кэллэҕэ. Тыһы эһэни сии-сии, утуйа сатаабыт буолуохтаах да, ырыгана кыайдаҕа. Эһэтин сиэн бүтэрэн баран тугу оҥоруо биллибэт. Тыаҕа, сиргэ араас буолар, – диэн Сахаар кэпсээнин түмүктээтэ.
Илья Прокопьевич – Элгэс киһитэ. Хаһан эрэ тиийэн кэпсэппит, уруккуну-хойуккуну ахтыспыт киһи дии саныырым. Кэлин ыйыталаспытым – куоттарбыт этим. Бултаан ыстаада дьонун элбэхтик аһаппыт киһи. Быата-туһаҕа, сыарҕата, туттар тэрилэ тупсаҕайа – дьиҥнээх тыа киһитэ этэ. Сахаар да, Ылдьаа да оччолорго биһигини бэйэлэрин кытта бииргэ илдьэ сылдьан тыа олоҕор элбэхтик үөрэттэхтэрэ.
* * *
Таҥаспыт-саппыт мэлдьи бэлэм буолара. Кыһыннары-сайыннары – килиэп. Атын аһы этэ да барыллыбат. Ол – чуумсук Даарыйа үтүөтэ. Эдэр эрдэххэ киһи ону билбэт. Буолуохтааҕын курдук аһаран кэбиһэҕин.
Тыа, ыстаада олоҕуттан биир түгэн итинник.
Василий Юмшанов-Омук Хонтой Уола,
Боруулаах, Үөһээ Дьааҥы.