Арамаан дьиэтигэр киирээт, үтүлүктээх бэргэһэтин уста биэрээт, иһэлийэ сыспыт тарбахтарын мускунна.
– Ычча-аа. Дэлби тоҥнум.
– Буолумуна. Халлаан да муҥутаан эрдэҕэ дии. Ыл, иттэ түс, хайа, дьыалаҥ хайдаҕый? – диир аҕата тигинэччи оттулла турар оһох иннигэр туран эрэ.
– Ээ, чэ, бакаа туох да биллибэт. Мас кэрдээччилэргэ сырыттыбыт, алаастарга эмиэ. Сонун суох.
– Буоллаҕа... – Ыстапаан тугу да ыйыппата. Бэйэтэ төһө да баартыйалааҕын, аҕата да буоларын иһин, мээнэ ону-маны ыйытар наадата суоҕун билэр. Бэйэтэ отутус сыллардаахха эмиэ уолун курдук араас быһылааҥҥа сылдьар буолара.
– Арамаан, кэлэ охсубуккун дуу? Киинэҕэ бараҕын дуо? Киэһэ бэртээхэй киинэ буолар эбит. Чысхааннар, Агалар инньэ дииллэр, – дии-дии, ийэтэ таһырдьаттан киирэн сонун ыйаата.
– Барыа буоллаҕа дии, дьиэҕэ соҕотох хаалан тугу гыныай. Оннооҕор биһиги киинэни көтүппэппит, – диэтэ Ыстапаан.
– Ээ, өстүбэһи, күнүс Туйаара киирэн тахсыбыта. Эйигин ыйыппыта, – диир Өкүлүүнэ уолун диэки көрө-көрө.
«Туйаара... ол тоҕо киирэ сылдьыбыта буолуой? Дьэ, дьикти. Суох-суох! Отой буолбаты толкуйдаан бардым» дии санаата иһигэр Арамаан.
* * *
Кулуупка киирбитэ, Агалар, Чысхааннар билиэт ыла тураллар.
– Арамаан, дорообо, доҕор, кэлэн баран отой көстүбэккин дуу? – диэн баран, Чысхаан илии тутуһан дорооболосто, Ага эмиэ үтүлүгүн устан илиитин уунна.
Урукку үгэстэринэн күлсэн кээстилэр. Арааһы кэпсэтэ түһээт, саалаҕа киирэн олордулар. Ону-маны сэһэргэһэн иһэн Ага:
– Арамаан, эйигин күнүс Туйаара ыйыталаһар этэ, – диэтэ.
– Ол тоҕо?
– Ким билэр?
Арамаан кэннин хайыһан көрбүтэ, Туйаара кини диэки хараҕын араарбакка соҕотоҕун бүтэһик ыскамыайкаҕа олорор эбит. Сүрэҕэ битиргэччи тэбиэлээн ылла: били, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, Туйаараны күөл уҥуор сибидээнньэҕэ кэтэһэн олорон, маннык турукка киирбитэ өйүгэр охсуллан ааста. «Тоҕо бэрдэй, оттон кини сокуоннай эрдээх ээ». Ол эрээри тэһийэн-тулуйан олорбото, Чысхааннаахха «сибилигин кэлиэм» диэт, Туйаараҕа чуо хааман тиийдэ.
– Дорообо, Туйаара, манна ким да олорбот дуо? – диэн кэккэлэһэ миэстэни ыйан кээстэ.
– Дорообо... суох, олор.
Арамаан дьахтары кытта кэккэлэһэ олорон иһэн ийэлээх аҕата аттынааҕы эрээккэ олороллорун өйдөөн көрдө.
– Туйаара, дьэ, төһө бэркэ олороҕут?
Туйаара туох диэн булбакка мунаара түһэн баран:
– Олоробут, үчүгэй, – эрэ диэтэ.
– Оттон Сэмэн киинэҕэ сылдьыбат дуу?
– Дьиэтигэр хаалбыта, – Туйаара көмүс биһилэҕин көрдөрүмээри илиитин мускуйбута буола олордо.
Саала иһэ хараҥаран, киинэ саҕаланан барбытыгар Арамаан өссө ыкса олордо уонна:
– Туйаара, эн табаарыстаргын Агалааҕы кытта тоҕо сылдьыспаккыный? – диэн ыйытта.
– Арамаан, таһырдьа тахсыах. Манна дьон хайыы-үйэ харахтарын хатаатылар быһыылаах, – диэн баран Туйаара Арамаан диэки көрөн кээстэ. Арамаан соһуйан эрэ хаалла.
Тахсан иһэн кэнниттэн кимнээх эрэ ботугураһалларын иһиттэ. Сэрэйдэҕинэ, кинилэр тустарынан быһыылаах.
– Хайа диэки хаамабыт? – Арамаан Туйаараттан ыйытта.
– Ол диэки барыахха. Бостуой Сэмэҥҥэ түбэһэ сылдьыллыа, – диэн баран, Туйаара хоту диэки ыйан кэбистэ.
Балайда саҥата суох хааман иһэн Арамаан Туйаара кини этэрин күүтэрин биллэ.
– Туйаара, этэ эрэ. Эн тоҕо дьонтон туора сылдьаҕыный?
Дьиктиргиэн иһин, кыыһа тугу да хардарбата. Арамаан «доппуруос курдук сыыһа ыйыттым дуу?» диэн кэмсинэ истэҕинэ биирдэрэ:
– Элгээҥҥэ соҕотоҕун олороҕун дуу? – диэтэ.
– Соҕотоҕун. Туйаара, Сэмэн ханна үлэлиирий?
– Лесниктии сылдьан уурайбыта. Билигин сельпоҕа үлэлиир быһыылаах.
«Быһыылаах» диир. Ол аата, сыһыаннара куһаҕан буоллаҕа. Сөп-сөп, Сэмэн киинэҕэ кэлбэтэҕэ ол эбит. Ама, Туйаара эрин таптаабата буолуо дуо?!
– Оттон эн туох дьыалатыгар кэллиҥ биитэр уоппускаҥ дуу? – Туйаара салгыы ыйытта.
– Үлэбинэн сылдьабын.
Бу иһэн бөһүөлэк уһугар тиийбиттэрин билбэккэ да хааллылар. Тугу эрэ иһиллээбит курдук, хаардаах харыйалар барыһан тураллар. Ый мөлтөх сырдыгар Туйаара санаарҕаабыт сирэйин көрөн Арамаан илиититтэн ылла.
– Туйаара, эн тугу кистиигин, ээ? Эт эрэ кырдьыгынан. Сэмэн эйигин таптыыр дуо?
– Тоҕо итинник ыйытаҕын?
– Туйаара, тоҕо эппиэттээбэккин? Оттон...
Дьахтар саҥардар да бокуой биэрбэккэ бөһүөлэк диэки түһүнэ турда.
– Туйаара! Тохтоо! Ханна бардыҥ?! – диэт, Арамаан ситэн кэлэн кууһан ылла. Аҕылыырын быыһыгар – Туох буоллуҥ? – диэмэхтээтэ.
Туйаара, Арамаан түөһүгэр сыста түһээт, ытаан барда.
– Чэ, уоскуй, Туйаара, уоскуй, – Арамаан хайдах да гыныан билбэккэ бобо кууһан турда.
– Арамаан, миигин бырастыы гын. Мин эйигин эрэ таптыыбын, – Туйаара саҥата бобулла-бобулла нэһиилэ иһиллэр. – Мин кинини кытта олорон олохпун алдьаттым, ол иһин дьоҥҥо көстүбэт буола сатыыбын. Бэл, үлэлиирбин бобор. Оттон бэҕэһээ сирэйгэ охсубута. Арамаан, илдьэ бар миигин. Кинини кытта олоруохпун баҕарбаппын, – дии-дии, Арамааҥҥа ыкса сыһынна.
– Кэбис, Туйаара, дьон истиэ. Уоскуй.
– Суох, уоскуйуом суоҕа, Арамаан. – Кыыс киниттэн тэйэ түстэ. – Сэмэн ону ааһан тугу эрэ оҥорор, тугу эрэ кистиир. Ийэтэ Сөдүөрэ өлбүтүн кэннэ тосту уларыйда...
– Тугу кистиирий ол?
– Кини арыт аһара элбэх харчыланар. Онтунан сороҕор бу миэхэ таҥас, сээкэй ылар. Икки сабыс-саҥа «Урал» матасыыкыллаах, хантан эрэ массыына ылыах буолар. Хантан харчы ыларын эппэт. «Онно эн тугуҥ дьыалатай?» диэн саба саҥаран кэбиһэр. Ыаллыы оройуонтан Сүөдэр диэн киһи кэлээччи. Кини кэллэҕинэ, хоско саптан олорон кэпсэтэллэр.
– Түөрт хонуктаахха Сэмэн ханна сылдьыбытай?
– Онно өрөбүл этэ... Өрөөтө этэ дуу?! Бээ-эрэ. Ээ, суох. «Саһааммын аҕалыам» диэн баран, сарсыардаттан халлаан хараҥарыар диэри биир эрэ сыарҕаны аҕалбыта.
– Барарыгар саа эҥин ылбыта дуо? Саһааҥҥыт төһө ыраах баарый?
– Саһаана Бэс Күөлүн ойоҕоһугар. Сааны ылла этэ дуу, суоҕа дуу? Өйдөөбөтүм.
«Бэс Күөлэ ыраах баар. Оччо ыраахха тоҕо сыарҕанан барда? Сельпо үлэһитэ киһи көҥүллэтэн массыына ылыах эбит. Дьиэтин таһыгар хас да ыйга тиийэр мас баар дии».
– Ээ, дьэ, өйдөөн кэллим. «Бөрөлөр бааллар, сылгы үөрүгэр сабыта түһэллэр» диэн харабыынын ылбыта. Ол гынан баран онтун куулунан эрийэн сыарҕатыгар кистии аспыта, үрдүгэр оту тэлгэтэн кээспитэ.
– Дьэ, Туйаара, ити эппитиҥ аһара үчүгэй. Оттон сылгы этин ханна кистээбитин билэҕин дуо?
– Суох, дьэ, ону билбэппин.
– Оттон Сүөдэр диэн киһи аны хаһан кэлэрэ буолуой?
– Сарсыҥҥынан-өйүүҥҥүнэн кэлэрэ буолуо. Сэмэн, ол иһин ини, арыгы бөҕөнү ылларбыта. Ол киһи кэлэригэр эрдэттэн бэлэмнэнээччи.
– Сүөдэр тугунан кэлээччиний?
– Легковойунан.
– Бириэмэ ыраатта, Туйаара. Дьиэҕэр аарааҥҥа диэри атааран биэриим.
– Арамаан... оттон... – дьахтар ыкса сыһынна, нукаай курдук буолла.
– Туйаара... – Арамаан ыга кууһан туран уураата.
* * *
Арамаан дьиэтигэр ыкса түүн кэллэ. Дьоно утуйа сыталларын уһугуннарымаары, аан таһыгар хаатыҥкатын уһулла, оронугар кэлэн, сыгынньахтанан сытта. Өр баҕайы утуйбакка сытан арааһы бары санаата.
«Туйаара. Кини эмиэ дьыалаҕа эриллэр кутталлаах. Буруйа диэн тугуй? Сэмэнэ итиччэ элбэх харчыны хантан буларын билбэтэҕэ баар. Кини уруккутун курдук миигин таптыыр эбит. Сэмэҥҥэ уот ааныттан эргэ тахсыа суохтаах этэ! Ол эрээри Туйаара, уол ийэтэ Сөдүөрэҕэ кытта эрэннэрэн баран, хайдах аккаастыай?! Бэйэтэ да инньэ диэбитэ дии. Сөдүөрэ эрэйдээх. Соҕотох уола бу айылаах тосту уларыйбытын, киһиттэн тиэрэ кэбилэммитин билэрэ эбитэ буоллар?! Киһини үксүн харчы, мал-сал, байылыат олох алдьатар. Оттон мин Туйаараны соҕотох хаалларыам суоҕа. Баҕар, дьон туох да диэн сиилээтин-хоһулаатын. Соҕотох хаалларбаппын!»
Ити сыттаҕына хаҥас хостон, ийэтэ быһыылаах, ытырдан тоҕо барда, иһигэр тугу эрэ мөҕүттэн ботугуруу-ботугуруу, таһырдьа тахсар тыаһа иһилиннэ.
«Ийэм эрэйдээх, кэнникинэн ыарытыйар буолбут. Оттон мин кинилэртэн ойдон олоробун. Элгээҥҥэ миигин кытта барсыҥ диирбин «төрөөбүт буорбутуттан арахсыбаппыт» диэн аккаастыыллар. Дьэ, дьыала».
* * *
Туйаара «Сэмэн көрүө» диэн, дьиэтигэр диэри атаартарбата. Күүлэтэ уоттаах, дьиэ иһэ хараҥа. «Утуйа сыттаҕа, саатар эрэ. Биллибэккэ киирэн утуйан хаалыам, – дии санаата. – Оо, бу дьиэ ынырыгын ньии!»
Дьиэҕэ киирэн, тыс унтуутун устан утуйар хоһугар баран эрдэҕинэ, лаампа уота сандаарыс гына түстэ. Сэмэн, үллэ кыыһыран, дыгдайбыт сирэйэ бу кытаран, туоллан турар эбит.
– Хайа, баччааҥҥа диэри ханна сырыттыҥ?
– Киинэҕэ сырыттым дии.
– Оттон бириэмэ төһө буолла?! Дьэ?! – Сэмэн көмүс чаһытын суп-суон сөмүйэтинэн ыйа-ыйа. – Бэрт дьахтар, Алыытап милииссийэни кытта дьаарбайдыҥ ини?!
– Арамаанынан кииримэ-тахсыма. Кини туох да сыһыана суох.
– Эт эрэ, хата, милииссийэ эписиэрэ туохтаан сии Сыырдаахха кэллэ? Дьэ, үчүгэй аҕай буом сиргэ көрсөрүм буоллар! – Сэмэн илиитин сутуруктуу туттан Туйаараҕа көрдөрө-көрдөрө. – Бар, орону оҥор, аны түүннэри илэчийимэ.
Онтон чочумча соҕус тиийэн сытта уонна:
– Тоҕо сыгынньахтаммаккын? Бу түүн бииргэ сытыах.
– Илиигин киэр гын! – Туйаара эрэ ууммут илиитин киэр хаһыйда.
Сэмэнэ олоро биэрдэ:
– Тугуй?! Сокуоннай эргин кытта сыппат буолбуккун дуу. Кэл, сыгынньахтанан сыт!
– Сытыахтааҕар буолуох, көрүөхпүн да баҕарбаппын.
– Туох даа?! Эн онто суох туох буоллуҥ? Сибилигин үлтү тэпсиэм! – диэн бабыгырыы түһээт, Туйаараны илгиэлээтэ.
– Мэ! Өлөр! Сиэ! Уоруйах! – дии-дии, Туйаара эригэр утары кэлбитигэр биирдэрэ дьиикэй баҕайытык:
– Ээ-э, эн өссө мин бэлэммэр таралыйан бараҥҥын уоруйахтыы тураҕын! – диэн сыыйда.
– Сиэхсит, дьолбун сарбыйбыт эн бааргын. Хайа, тоҕо өлөрбөккүн?! – Туйаара титирэстээбит куолаһынан эригэр бу кэллэ.
– Абаккам!! – диэн хаһыытыы түһээт, кэргэнин охсон кууһуннарда... Туйаара сууллан, чочумча сыта түһэн баран, эрэ буолуохсут өһөҕүрэн, кыыл курдук бэрийэн турарын көрдө.
– Кыыл... кыыл... – Туйаара ытаан сыҥыргыы-сыҥыргыы сыһыллан турбутугар Сэмэн уларыйа охсон кууһа түстэ.
– Туйаара... Туйаара... бырастыы гын. Сыыспыппын. Чэ, уурай, тохтоо, – дии-дии ааттаабыта буола турдаҕына Туйаара:
– Сиэхсит... сарсын миигин көрбөккө саатыаҥ, – диэт, таһырдьа ыстанна.
– Һэ-һэ. Ханна ыраах сүүрбүт үһүгүн атах сыгынньах. Киирээ инигин, – Сэмэн үөҕүстэ. Хаамыталаата, охтубут устуулу туруорда, кэргэнин былаата муостаҕа сытарын хордьуруоп үөһэ элиттэ, унтууларын дьыбаан анныгар тэбитэлээтэ. Соторутааҕыта ылбыт серваныттан буокканы ойутан таһаараат, ыстакааҥҥа кутан халдьыгыратта уонна биир тыынынан хантас гыннаран кэбистэ. Сиэбиттэн «Беломорканалы» ылан тардаары испиискэтин умата сатаата да тосто турар.
«Хайа үөдэҥҥэ түстэ, тоҕо киирбэт? Аны бэйэтигэр тиийинэн дьыалаҕа эриллэбин дуу? Тахсан көрүөххэ». Өссө биир ыстакааны түһэрэн баран таһырдьа таҕыста. Ампаар кэннин сэрэнэ-сэрэнэ көрбүтэ, туох да суох. Сарай үрдүгэр ыттыбыта – мэлигир. «Ханна барыан сөбүй?! Оо дьэ, акаарытык даҕаны сыыстым ээ! Хоско хаайан кээһиэх баара, ханна да ыыппакка. Син уоскуйуо этэ».
Алыытап милииссийэ сылгы дьыалатыгар кэлбитэ чуолкай. Ол гынан баран оҕочоос тугу билбит-көрбүт үһү. Туйаара киниэхэ барыа дуо?! Ама, барбыт үһүө?! Чэ, бардын даҕаны, сылгы чааһыгар кини тугу да билбэт. Этэр кыаҕа суох. Хата, миигинниин тэҥҥэ түбэһиэн сөп. «Кыттыгаспыт. Таҥаһа-саба, баайбыт барыта – өлөрбүт сылгыларым атыыта» диэтэххэ ханна барыай. Онон куттаныа, тугу да быктарыа суоҕа. Арай «эрим кырбаан, үүрэн ыытта», – диэтэҕинэ, Алыытап кэлэн тутуо дуо?! Ээ, ааммын хатанан баран сытынан кээһиэм. Наай гыннар, уон биэс сууккаҕа сытан тахсыллыа. «Итирик этим» диэҕим. Милииссийэ ааны алдьатан киирбэтэ биллэр. Суох, ол эрээри сарсын Сүөдэр кэлиэхтээх. Бэтэринээр легковойунан кэлэн эппин Бэстээххэ атыылыахтаах. Билигин эти мээнэ, буолаары-буолан, оройуон киинигэр көрбөккүн. Кини бу сырыыга мөһөөҕү эрэ ылыаҕа, үнүр икки аҥаар мөһөөхпүн ылбыта. Атыылыыр баҕас туох эрэйдээх үһүнүй, атын сиргэ? Бээрэ, Алыытап сарсыарда кэлэн илтэҕинэ, Сүөдэри көрсөр кыаҕым суох эбит. Бэс Күөлүгэр билигин барар сатаммат: тыбыс-тымныыга киһи үлүйэ сылдьыа. Сарсыарда дьон туруон иннинэ баран суолугар көрсүүһүбүн. Ай да мин! Дьэ, ууттан кураанах тахсар өрүөлбүн. Сэбиэт Уйбаныап, дружина тойоно Хонооһойоп уонна милииссийэ Алыытап сылгы сүтүгэр мас кэрдээччилэри эрийэ сыталлар. Ити барыта – мин обургу сатабылым. Дьэ, бу иһин бакаал көтөҕөр баа буолбатах, һэ-һэ».
БУТУКАЙ.