Киир

Киир

Соторутааҕыта кинигэм ыскаабыттан, урут төһө да аахтарбын, Сэһэн Боло «Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо» диэн кинигэтин ылан көрдүм. Онно урут аахайбатах буоллахпына, бу сырыыга «Имэҥҥэ» барсыа эбитэ дуу диэн «таптал, көссүү» туһунан  кыратык толкуйдуу түһэн баран суруйарга сананным.
 
 
 
   Билигин кэлэн бары култуурунай дьон мэлдьэһэллэр ээ, сахаҕа имэҥ, күүстээх төлөннөөх таптал суоҕа диэн. Мин итини кытта адьаһын сөпсөспөппүн. Холобур, бэтэрээнэн да ылан көрдөххө, бааллар эбээт. Алампа-Дуунньа, Манчаары-Күөх Кэтэриинэ, о.д.а. Оттон Сыыдам Сыҥалаабыты таптаабат киһитигэр Аба Уос Дьорҕо уола Куһаҕаллай Киргиэлэйгэ ойох биэрбиттэригэр туох буолтай? Оттон былыргы хомуһуннаах ойууннар-удаҕаннар имэҥ-дьалыҥ тардыылара? Оттон олоҥхоҕо ойууланар иннинэн киирэн үтүөлүүр, кэннигэр тахсан кэбиэлиир «орон-тэллэх» оонньуута?
   Чэ, бээ, нуучча да кэлиэн иннинэ сахаҕа таптал, көссүү, таптал туһугар арахсан барыы диэн баар эбит. Ол аата, имэҥ да баара саарбаҕа суох. Салгыы Сэһэн Боло «Таптал, көссүү» диэн суруйуутуттан тылын-өһүн хайдах баарынан, уларыппакка, ол эрээри кыратык кылгатан эһиэхэ тиэрдэбин.
   «Сэһэҥҥэ Эр соҕотох Эллэй Боотур Омоҕой Баай мааны кыыһа Ньыкаа Харахсыын урут эрэ суох бэйэтэ, сөбүлүү көрөн, таптыы санаабытын үрдүгэр, сөбүлээбэккэ, кини үтүө маҕан дьүһүнүгэр, толуу быһыытыгар тардыспакка, бэйэтэ сөбүлүү көрөн-чинчилээн, билгэлээн көйгө кыыһы Эбэлэй Чымааны ойох ылан Омоҕой Баайтан холдьоҕуллан арахсар. Онтон абаран, саатан санаата түһэн: «Аны киһи-хара буоларым суох, барыам дии санаабыт, таптыы көрбүт киһим, оннооҕор Эллэй Боотур миигин сирэн, миигиттэн ордорон куһаҕан, көйгө балтыбын ойох ылла!» — диэн, бэйэтин кыранан тахсан кэрэ биэ моонньугар быаланан өлөн, үрүҥ күнтэн сүтэр.
   Байаҕантай төрдө буолбут Саһыл Бытык диэн баай убайыттан Бахсыгыр оҕонньортон кырбанан, күрээн атах мээнэ илин-хоту дойдуларга тахсар. Ол тахсан Дьааҥы, Томпо, Тукулаан, Бараайы үрэхтэри систэринэн сылдьан, булду батыһан бултаан аһыы сылдьыбыт. Ол сылдьан биир кэмҥэ сис ортотугар балаҕаннаах (үүтээннээх) Абааһы Дадыр диэн булчут киһи олоҕун булан түбэһэр.
   Кини ойоҕун Саһыл Мөндүкээни, эрэ булка баартын кэннэ үстэ кырынан туран таптаан, хаайан, күүс аҥаардаах сүгэн киллэрэн ойох оҥостон, таптаһан, үс уол оҕону төрөтөллөр. Онно дьахтар маҥнайгы эрин олоҕунааҕар ордук олоххо түбэһэн, абааһы майгылаах, куһаҕан киҥнээх урукку эриттэн арахсан, саҥа эрин кытта таптаһан, оҕо төрөтөн уруунньаҥа көстүбүтэ.
   Ол курдук олорбохтоон баран, Саһыл Бытык мин оҕо-уруу төрөтөн сылаас олоҕу олордум диэн, төрүкү таптыыр эйэлээх атаһыгар Өймөкөөн Аан Чаачый ойуун уола Кэдирги Кээттэй диэҥҥэ Саһыл Мөндүкээни ойох биэрэр. Онуоха дьахтар эмиэ сөбүлэнэн, саҥа эрин кытта таптаһан, үс уол оҕону төрөтөн, киһи-сүөһү төрдө буолан, бүтүн Өймөкөөн, Игидэй ууһун ууһатан өбүгэ эмээхсин буолбут.
   Хаҥалас Тыгын Тойон кыыһа, Кытаанах Хатылы төрдө буолбут Батас Мөндүкээн диэн хамначчыт кэргэн сырыттаҕына, бииргэ үлэлии сылдьан, билсиһэн, таптаһан тураллар. Ол гынан баран, устунан ойох эрэ буолуох буолан, аҕаларыттан Тыгын Тойонтон көҥүллэтэн холбоһоллор. Ол холбоһон баран, тоҕус сылга диэри кыыс оһоҕостоммотох, ону аҕата Тыгын Баай билэн, бу киһиттэн оҕом төрүөхтэммэтэ, онон араардахха сөп буолууһу диэн күтүөтэ Батас Мөндүкээни өлөрөөрү оҥостубутун, кыыһа билэн эригэр тыллаан, Батас Мөндүкээн ойохтуун биир саас Тыгын Баайтан күрүүллэр.
Кэлин бу кыыстаах уолтан биэс уол төрөөн биэс Хатылы ууһун тэнитэллэр.
   Болугур төрдө буолбут Боло Күүлэкээн уола Омоллоон Бөҕө (Моҕус Боруку) диэн баара, убайа Уһун кутурук Далады Таҥсыыр диэн киһи ойоҕо, Үчүгэй Ньүөкүйэ диэн дьахтары (саҥаһын) таптаан, тутуһан дьахтарга эринээҕэр ордук таптатар.
   Тыл тылларын ытыктаһар курдук буоланнар холбоһон, эр-ойох буолууну кэпсэтэн, дьахтар эрин, Омоллоон бииргэ төрүөбүт убайын, өлөрүөх буолан сүбэлэһэллэр. Биир кэмҥэ, күһүн добдурҕа саҕына, дьахтар таһырдьа салаалаах садах маска ыйанан турар эрин саатын курааҕын туоһун хастаан ис иҥиирин тайах эбиэнинэн быһа анньар. Охтордоох кэһэҕэр, оттотунан ууну кутан, хам тоҥорон хоннорор. Маны эрэ Уһун Кутурук Далады Таҥсыыр билбэт.
   Ол курдук киһилэрин батыйанан быһыта сынньан охторон өлөрөллөр.
   Былыргылыы абыычайынан, кыргыс майгытынан киһитин өлөрөн, этин кырбастаан, куҥун, буутун сулуйан, иһин хайытан, агдакатын арааран, сүрэҕин хостоон үҥүү төбөтүгэр иилэн уруйдуур.
   Онуоха көөртө, биитин сүрэҕэ мөхсүөлүүр, кырбастаммыт этэ өрүтэ мөҕүөлүү сылдьар эбитэ үһү. Ону көрөн өйө, санаата уларыйан, өлөрбүтүн кэмсинэн, буруйун билинэн, абатыйан кыланар: «Хаарыан күүстээх, ситэ иҥиирдээх, айыыта-харата суох биибин сор суоллаан өлөрдөҕүм, бу дьахтар куһаҕана маннык!» Онтон киирэн убайын ойоҕун (саҥаһын) Үчүгэй Ньүөкүйэни үҥүүнэн түһэн, батаһынан анньан, этин-хаанын батыйанан кырбастаан өлөрөн кэбиһэр.
   Онон саха төрүттэригэр таптал олус күүстээҕэ. Таптал ордук ытыктабыл буолара. Ол эрээри таптал ордук хаан урууларынан, аймахтарынан, ийэ-аҕа уруутунан, эр-ойох буолуунан олохтоммута. Таптал, баҕа күүстээҕин санаа күүһэ биллэрэрэ, санаа күүһэ арааска барытыгар, өлөргө тиийэ тиэрдэрэ. Холобур, Омоҕой Баай кыыһа Ньыкаа Харахсын күнүүттэн быаланан өлүүтэ, Омоллоон Бөҕө саҥаһын, убайын өлөрүүтэ, Саһыл Бытык таптаабыт ойоҕун уруккуттан таптыыр, сөбүлүүр киһитигэр ойох биэриитэ көрдөрөллөр».
   Дьэ, ити курдук былыр даҕаны таптал диэн баар эбит. Оттон уоттаах таптал баар буоллаҕына, имэҥ даҕаны ханна барыай. «Уоттаах тэллэхтээх» дьахтары былдьаһан бөтөстөр уһуктаах үҥүүнэн өтөрү түсүһэллэрэ, биилээх батаһынан быһыта кэрдиһэллэрэ, тапталларын сүтэрбиттэр күн сириттэн күрэнэллэрэ.     

Санааҕын суруй