Киир

Киир

Биһиги оскуолабыт түөрт кылаастааҕа. Онон бэһис кылааска, атын нэһилиэк оскуолатыгар баран, интэринээккэ олорон үөрэнэр буоларбыт.

Арай биирдэ оскуолабытыгар Кыайыы күнүн чугаһыгар уоттаах сэриигэ кыттыбыт буойуннары ыҥыран, көрсүһүү оҥордулар. Мин оччолорго сүрдээх мэник, ону-маны улаханнык долоҕойбор тохтотон, төбөбөр өр туппат идэлээх этим. Ол да сырыыга, кылаас чааһа буолар эрэ суох, улаханнык долгуйбакка сырыттым. Салгыҥҥа тардыһан, таска тахсан хаалбыппын бэтэрээн кэллэ диэн, ыҥыран киллэрдилэр.

Киирбитим, оскуолабыт саалатыгар киһи баппат үлүгэрэ буолбут. Оҕо эрээт-эрээтинэн кэккэлэспит аҕай. Сыанаҕа сэрии бэтэрээннэрин олохтообуттар. Олортон биирдэстэрэ, мин көрдөхпүнэ, намыһах уҥуохтаах, төгүрүк сирэйдээх киһи тугу эрэ кэпсиир да кэпсиир. Оҕолор бэркэ сэҥээрэн ылаллар, кэпсээни харахтарыгар көрө олорор курдуктар. Ардыгар күлэн-салан да ылаллар. Мин «туох ааттаахтан күлэр эбит буоллахтарай?» диэн, истибитэ буола олордум.

Кэпсиириттэн өйдөөтөхпүнэ, кырдьаҕас Арамаан диэн эбит. Мин убайбын кытта биир кылааска үөрэнэр Николаев Коля диэн уол абаҕата үһү. Арамаан, кырдьык да, бэл, мин курдук улдьаа оҕо кытта олус сэргээн, иһиттэр истэ олоруон курдук ылбаҕай тыллаах-өстөөх, өйдөнөр баҕайытык кэпсиир киһи буолан биэрдэ. Кини кэпсээбититтэн билиҥҥэ диэри тугу өйдөөн хаалбыппын эһиэхэ кэпсиим.

Арамаан барахсан, кэпсээниттэн иһиттэххэ, сэриигэ барарыгар нууччалыы биир да тылы билээхтээбэт эбит. Бэркэ гыннар «да» уонна «нет» диэни быһаарсара үһү. Кини онно «ньиэмэс» диэн тылтан нууччалар олус саллаллара, ол иһин биһиги эмиэ ол дьону хайдах эрэ киһи курдук буолбакка, адьырҕа кыылга дьүөрэлии саныырбыт диэбитэ. Боростуой киһи быһыытынан, хайдах ылыммытынан, боростуойдук, тугу да эппэккэ-көҕүрэппэккэ кэпсиир быһыылааҕа. Арамаан:

– Ол баҕайыларбытын, дьэ, илэ көрөр, өссө кинилэрдиин сэриилэһэр буоллубут. Ыраахтан көрдөххө, сирэйдэрэ кытаран көстөр, дьэ, кыһыл омуктар эбит этэ. Тылы-өһү билбэппит сор, арай “ньиэмэстэр” диэн тылы иһиттибит да, өс хоту тута саабыт, аптамааппыт үрдүгэр түһэбит. «Ытыҥ!» диэн бирикээс кэллэҕинэ, ытыалаан барабыт. Ардыгар хайдах эрэ, ньиэмэс диэн – кыыл буолар, ол кыылы биһиги хайаан да өлөрөн тэйиэхтээхпит, биһиги тыын былдьаһа олору суох гымматахпытына, биһигини өлөрөллөр диэн өйдүүбүт. Ити – бастаан ыраахтан көрөн, ытыалыыр кэммин кэпсиибин. Инньэ гынан хайдаҕын да иһин, ньиэмэс диэн кыылбын чугастан көрүөхпүн олус баҕарабын. Кыһайбыт курдук, оннук тоҕоостоох түгэн көстүбэккэ сырытта.

Дьэ, биирдэ үһүө буолан, кыһын этэ, эрэспиэккэҕэ бардыбыт. Суол кытыытыгар сытан, чугаһынан туох баарын-суоҕун маныыбыт. Арай көрбүппүт, суол устун ньиэмэс таһаҕас тиэйэр үс массыыната иһэр. Биһиги суол токуруйар сиригэр, тииттэр хаххаларыгар саһан, бүтүннүү харах иччитэ буолан сытан, массыынаны маныыбыт. Биһиги туһаайыыбытынан ааһан истэхтэринэ көрбүппүт, массыынаны толору саллаат олорор. Итиччэлээҕи көрөн баран, кэнники иһэр массыынаны ытыалаан бараллар. Массыына суол токуруйуутугар иҥнэс гынна. Онуоха биир саллаат аллара курулаата. Киниттэн атыттар бары тимир көлөлөрүгэр олорбутунан бэрт түргэнник айанныы турдулар. Биһиги ол сууллубут ньиэмэһи көрө охсоору, өрө мөҕөн тиийдибит. Киһибит, кутталыттан, илиитэ-атаҕа халыр босхо баран хаалбыт. Били, сүрдээн-киэптээн көрөр ньиэмэспит олох даҕаны киһи-киһи курдук, бэрт кырасыабай оҕотуҥу ыччат курдук. Ол да буоллар икки миэтэрэҕэ чугаһыыр уһун уҥуохтаах. Ол ыккардыгар төбөм иһигэр «бу хаһан көрсөн, хаһан өстөһөн, бу букатын билбэт дьонум оҕолоро барахсаны өлөрдөхпүт эбитэй?!» диэн санаа кылам гынан ылла. Сүрэҕим өлөхсүйэн, чэчэгэйим кэйиэлээмэхтээн, тыыным кылгаан барда. Хата, ол кэмҥэ хамандыыр “назад” хамаанданы биэрэн, төттөрү ойуурбар ыстанным.

Арамаан кырдьаҕас Ильмень күөл кыргыһыытыгар нууччалар истэригэр таҥнарыахсыт баар буолан, итинник ыар сүтүк тахсыбыта чахчы диир эбит этэ. “Мин нууччалыы билбэт буолан, ону хантан ааҕан-көрөн быһаарсыам баарай. Арай үөрэхтээхтэр билэн эрдэхтэрэ” диэбитин өйдөөн хаалбыппын. Кини өссө:

– Биһиэхэ да бэрт дьикти түгэннэр буолааччылар. Холобур, үөһэттэн-аллараттан ньиэмэстэр буулдьалара ардахтыы таммалыыр. Оттон биһиги ытыалаары гыннахпытына, хамандыырбыт “не стрелять!” дии-дии, биһиги диэки аптамаатын туһаайар. Дьиҥинэн, сөмөлүөттэр ардыгар олох киһи табыан курдук намыһах сиринэн көтөн ааһаллар ээ. Ону букатын ыттарбат. Ол сырыыга инньэ гынан, киһи бөҕө таах өлбүтэ, хаарыан саллааттар кыа хаанынан устаахтаабыттара. Ытыаласпакка, ньиэмэс сыала буола сыттахпыт үһү. Мин «ыт курдук маннык өлүөм кэриэтин» диэн баран, хамандыырым көрбөтүгэр түбэһиннэрэн, күөл ортотуттан, хаар боллохтон хаан боллоҕор түһэн, кытыы диэки сыыллыбытынан бардым. Онон тыыннаах хаалан, бу кэпсии олордоҕум. Кэлин сааһыран баран саныыбын ээ, саха саллааттара барахсаттар үксүлэрэ оччолорго үөрэҕэ суох буолан, үгүһү өйдөөбөккө да хаалаллара ханна барыай. Тылы билбэт – эрэй. Ол эрээри хайдахтаах да кытаанах, ыар балаһыанньаҕа, билбэт-өйдөөбөт түгэннэригэр саха уоланнара эт өйдөрүнэн, тэбэр сүрэхтэринэн быһааран, өйдөөн, туох баар уустугу тулуйан, Улуу Кыайыыны уһансыбыттара, дойдубутун халабырдьыт, хааннаах ньиэмэстэртэн быыһаспыттара. Сорохторо ким эрэ улахан алҕаһыттан алаһа дьиэҕэ этэҥҥэ эргиллии дьолун, хомойуох иһин, билбэтэхтэрэ.

Е.Васильева,

Дьокуускай.