Орто туруу дойдуга хайата ордук баһыйарый – сырдык күүс дуу, хараҥа дуу? Атыннык эттэххэ, үтүө дуу, мөкү дуу? Киһи барахсан Үөһээттэн айдарыллан таптал иэйээнин ыллыгынан бу сири булбут буоллаҕына, сырдыкка, кэрэҕэ тардыһар аналлаах. Ити гынан баран, эттэххэ судургутун иһин, мантыбыт ис-иһигэр киирдэххэ, мөккүөрэ, иирбэтэ-таарбата элбэх. Холобур, сырдык баар буолан, хараҥа диэни билэр, оччотугар үтүө уонна мөкү үкчү күннээх түүн курдуктар. Маны киһи барыта өйдүүр дуо? Сороххо барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолан көстүбэт дуо? Иэгэйэр икки атахтаах муҥур үйэтигэр маннык төһөлөөх күөнтэһиини көрсүөй, эрдээхтик тулуйуой?!
* * *
– Ээ-ии, сатаныы-сатана! Эмиэ чалбахха булкуллан орҕоҥноон кэлбит! Туох накаастаах оҕотой – бу?! Итиннэ тур уонна таҥаскын барытын уһул, оннугуттан төрүт хамсаама. Сибилигин аҕай сууйан сордоммутум ити баар! – диэн уордаах саҥа умайыктаммытыгар Миикэ, улахан буруйу оҥорбут киһи быһыытынан, ытаан сыҥсыйа-сыҥсыйа, ибис-инчэҕэй таҥаһын түөрэтин устан, муостаҕа чөмөхтүү уурбута. Ол икки ардыгар ийэтэ ааттаах киһи, көмүс ытарҕата эйэҥэлээбитинэн кэлэн, атаҕын анныгар таҥас дуомун сарк гына бырахпыта уонна:
– Итини кэт уонна маскын хайытан кыстаа! Аат оҕото, хамсаан ис! – диэн күлүбүрээбитэ. Миикэ тардан хаалбыт ыстаанын кэтээт, хос диэки саллырдаан эрдэҕинэ, дьүүлэ-дьаабыта биллибэт туох эрэ кыбдьырынар саҥаны кытта уҥа иэдэһэ уот аһыйа түспүтэ: ийэтэ, били, инчэҕэй ыстаанынан сырбаппыта оруобуна тимэҕинэн түбэспит эбит. Миикэ ыарыытыттан, хайдах да аахсар кыаҕа суоҕуттан, биллэрбэт буола сатыы-сатыы, ытаан ыгыстан барбыта; маллаах суумкатын муннукка турар кинигэ ыскаабын таһыгар чөкөччү уурбута. Ыһааркай лууктаах хортуоппуй минньигэс сытыттан аччыктаабыта ордук көбөн кэлбитэ, ол эрээри туттуммута: ийэтэ «аһаа» диэбэтэҕэ, аны остуолга чугаһыыбын диэн, өссө улахан моргуорга түбэһиэ. Дьиэ таһыгар кэтэр халтаҥ сонун элээмэтин кэтэн, икки эрбэҕинэн дьөллөн хаалбыт үтүлүгүн ылан, ааны аргыый сэгэтэн таһырдьа тахсыбыта.
Кыстык маска тиийэн аҕата киниэхэ анаан уктаабыт чохордотунан чараас хардаҕастары хайыта охсуталаабытынан барбыта. Бүгүн баҕас буруйа суоҕар таһылынна. Төрдүс кылааска үөрэнэр Баакас Бааска кэнниттэн үөмэн сыбдыйан кэлэн, синньигэс далаһаттан сиэҥҥэ (от үрэх) түҥнэри анньан түһэрбитэ. Ууттан олус куттанар буолан уонна бу сиэҥҥэ оҕолор «оҕус сордоҥ баар» дииллэрин истэн, соҕотоҕун бу далаһанан хаампат буола сатыыра. Ууга «бар» гына түһээт, уолуйан, туох диэн хаһыытаабытын өйдөөбөт, оттон Баакас Бааска дьээбэтэ табыллыбыт киһи буолан, тылын былтаҥнаппыта, араастаан дьүһүн туттан баран, дьиэтин диэки элэгэлдьийэ турбута. Хата, учуутала Тамара Федотовна кини хаһыытын истэн, сүүрэн кэлбитэ уонна далаһаттан тутуһуоҕунан-тутуһан турар Миикэни хостоон таһаарбыта. Халыр босхо барыар диэри куттаннар даҕаны, учуутала «дьиэҕэр тиэрдэн биэриэм» диэбитигэр баһын быһа илгистибитэ уонна дьиэтин диэки сукуҥнаабыта.
Аҕыйах хонуктааҕыта Дьэлиэнэ диэн кинилэртэн чугас олорор, аҥаар хараҕынан эрэ барбах кылатар эмээхсин «тоойдоруом, суол нөҥүө тахсарбар кураанах сир ханан баарын ыйан кулуҥ эрэ» диэбитигэр Миикэ ыстанан тиийэн таһааран биэрбитэ. Ол сылдьан, халтырыйан бадарааҥҥа охтон ылбыта. Төһө да ыраастана сатаатар, ийэтэ сонно билбитэ уонна туох да саҥата суох кэлэн чанчыгыттан тардыбыта.
Миикэ чохордото арыый сонос хардаҕаска батары киирэн сордоотоҕуна, өр ынчыктаһан араарар уонна эмиэ кулаабытынан барар. Тыын ыла түһээри үрдүк мэҥэ халлааны хантайан көрөр. Оо, аламай күн барахсан, үчүгэйин эриэхсит! Миикэ төрөөбүт дойдутуттан кый ыраах тэлэһийэн кэлбитигэр манна саамай күндүтүк саныыра – Күн, Ый, Хомуос Сулус. Тоҕо диэтэххэ, балары эбэлээх эһэтин кытта тиэргэннэригэр тахсан куруук көрөрө, дьонун алыптаах остуоруйаларыгар абылатан адьас чугастык ылынара.
* * *
Миикэ эбэлээх эһэтигэр иитиллибитэ. Мантан быдан ыраах оройуоҥҥа, хойуу сэбирдэҕинэн суугунуур хатыҥ чараҥнардаах, халлааҥҥа харбаспыт лиҥкир тииттэрдээх, өрүү көҕөрүмтүйэ сырдаан көстөр бэстэрдээх, хараҥара иһийбит харыйалардаах, чоҥолох алаастардаах төрөөбүт дойдутугар. Ийэ, аҕа диэн туох дьон эбиттэрин бу диэн өйдөөбөт. Арай хаһан эмэ дэҥҥэ саар тэгил уҥуохтаах киһи бэрт ыраах сиртэн кэлэр быһыылааҕа: араас оонньуур кэһиилээх буолара. Онтон абаҕатын, эһэтин ааҕы кытта оттоһон, Миикэни кытта лаппа бодоруһан баран, ханна эрэ айаннаан хаалара. Дьоно бу киһини «Киэсэ» дииллэрин иһин кини эмиэ «Киэсээ, чэйдии киир» эҥин диэн саҥаламмыта. Онуоха эбэтэ «тоҕо инньэ диигин, паапаҥ дии» диирэ. Ол эрээри син биир «Киэсэ» диирин тохтоппотоҕо, бэрт дэҥҥэ «паапа Киэсэ» диэн үөрдэрэ.
Оҕо үксэ эһэлээх-эбэлээх, өссө паапа, маама диэн өрүү сыллыы, имэрийэ сылдьар истиҥ дьонноох. Арай киниэхэ бу дэҥҥэ көстөр «паапа Киэсэттэн» атын кимэ да суох эбит. Оскуолаҕа киириэн иннинэ эһэтэ буукубаны барытын үөрэппитэ, онон өссө кыратык ааҕар этэ. Тастыҥ убайа Онтуоскаттан сороҕор ордон тахсара. Оттон остуоруйаны билэринэн баҕас Онтуоскатааҕар буолуох улахан оҕолору баһыйара. Эбэтэ чөчүөккэлээх, абааһылаах өтөхтөрү, эһэтэ араас акыйаанынан, муоранан устар нуучча, омук хоһуун дьонун туһунан остуоруйаларын утуйаары сытан кэпсиир буоланнар, Миикэҥ барытын «хааһылаан», букатын саҥа ис хоһоонноох остуоруйа гына тупсаран кэпсээн эһэлээх эбэтин сөхтөрөрө. Күннэрэ-ыйдара киниттэн тахсара. Эбэтэ эмээхсин биэнсийэтэ кэллэҕинэ, кус оһоҕоһун субуйа тарпыт курдук уһун синньигэс бөһүөлэк уһугуттан хайа эрэ ыалтан икки-үс «көмүс» сымыыты атыылаһан аҕалан, тимир куруускаҕа буһаран, манаан олорон аһатара. Иккис сымыыты сиэри «бууннаан» турдаҕына, «тугу барытын кэмчилиир куолута» диэн, төрүт буһарбат буолара. Ыалга бардаҕына, сиэнин хайаан да илдьэ барара уонна чэйдэттэхтэринэ, биир эмэ солун аһы (эти, балыгы) Миикэ иннигэр уурара, эбиитин «өйүө» гынан, салапааҥҥа суулаан сонун сиэбигэр уктара. Кырдьаҕастар сиэннэригэр хаһан да саахар, кэмпиэт диэни сиэппэт этилэр, быһаччы «ити – тиис ыарыыта» дииллэрэ. Ол иһин убайа Онтуоска маанылаан биирдэ эмэ сакалаат кэмпиэт биэрээри гыннаҕына, «тиис ыарыытын» сиэччим суох диэн, мас-таас курдук аккаастаан кэбиһэрэ.
Бастакы кылааһы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбитигэр эһэтин үтүөтэ улахан. «Сарсын бу тиэмэни үөрэтэргит буолуо, онон хайаан да маны ааҕыахха, маны суоттуохха» диэн, эрдэттэн бэлэмниирэ уонна онтун булгуччу хонтуруоллуура.
* * *
Миикэ эһэлээх эбэтин аахха олус үчүгэйдик олорбута. Ол эрээри туох барыта бүтэр уһуктаах быһыылаах – эмискэ аана суох алдьархай ааҥнаабыта. Биир буһурук куйаас сатыылаан турдаҕына, эһэтэ, куруускаҕа киниэхэ сымыыт буһара олорон, куһаҕан баҕайытык хардьыгынаабытынан, остуолга бүк түһэн хаалбыта. Миикэ, кутталыттан таһырдьа сүүрэн тахсан дьонугар тыллаабыта...
Эһэтэ үһүс күнүгэр тыына быстыбыта. Быраас «барара чугаһаата» диэбитигэр дьоно: эбэтэ, аҕата, абаҕата, тастыҥ эдьиийдэрэ – үөмэхтэспиттэрэ, кинини ончу чугаһаппатахтара. Чочумча буолан баран, эһэтэ тэйиччи турар Миикэҕэ тугу эрэ этиэх курдук өндөйөн иһэн, налыс гынан хаалбыта.
Баччааҥҥа диэри сылааһынан илгийэ турбут иэримэ дьиэлэрэ дьыбарсыйарга дылы буолбута, аны хаһан да ааһар-араҕар санаата суох ыарык-баттык сабардаабыта...
Айаннаары аҕай турдахтарына: «Паапаҕын кытта саҥа маамаҕар тиийиэҥ буоллаҕа дии, бырааттаныаҥ, балтыланыаҥ, чэ, этэҥҥэ сырыт, сыллыай...» – диэн баран, эбэтэ сап-салҕалас илиитинэн кууһан ылбыта, сүүһүттэн, төбөтүн оройуттан дириҥ баҕайытык сыллаталаабыта.
* * *
Аҕата бэтэринээр буолан, үксүн ыраах учаастактары кэрийэрэ, дьиэтигэр хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт курдук таарыйан ааһара. «Саҥа маамата» кытархайдыҥы өҥнөөх баттаҕын кытта бодьуустаһан тахсара, кырааска үөһэ кырааска буолан сиэркилэттэн арахпата, онтун быыһыгар Миикэ диэки сүр кырыктаахтык көрүтэлээн ылара.
Саҥа сиргэ кэлээт, уол сонно дойдутун суохтаабыта. Били, эһэтин ааҕы кытта аҕыйах биэрэстэлээх Тэҥкэлэригэр оттоһо диэн ааттаан тиийэн баран, күнү быһа үрүмэччини, тоноҕосчуту сырсара, эһэтэ сүгэн кэлбит үрүсээгиттэн сөп-сөрүүн быырпаҕы ороон таһааран, тыынын нэһииччэ ыла-ыла омуннаахтык иһэн кыллырҕатара үчүгэй да эбит! Аны оннук үтүө түгэн үүнүө дуо? Эһэтэ эрэйдээх аны суох, арай эбэтэ...
Соторутааҕыта аҕата учаастактан кэлбитэ. Киэһээ аһылыктарын аһаан баран, Миикэ сыттыгын туппутунан аҕатын кытта утуйардыы оҥостубута (хата, ийэлэрэ улуус киинигэр туох эрэ наадаҕа баран суох этэ). Өр тууйуллубут санаатын – эбэтигэр, абаҕатыгар барыан баҕарарын – нэһииччэ эппитэ. Аҕата ээх да, ыык да диэбэтэҕэ: кинини онно ыытар санаата отой да суох быһыылааҕа. Арааһы бары кэпсэтэ сатаан баран чочумча саҥата суох сыппыттара.
– Чэ, сөп. «Дойдум да дойдум» диигин. Дьэ, бэрт киһи, арай оройуон кииниттэн сөмөлүөтүнэн көтөн бөһүөлэккэ кэллиҥ. Пуортан дьиэҕин булан тиийиэҥ этэ дуо? – диэн аҕата ыйытааччы буолла.
– Хайа, Туппай Өтөҕүттэн дьиэбит икки эрэ биэрэстэ, өссө көстөн турар буоллаҕа дии! Сыһыы кытыытынан аа-дьуо тиийиллэр.
– Арай быһалыы барабын диэн, уҥа диэки халый – хайа сир кэлэрий?
– Ээ, билэбин. Кыра маар баар. Тумна түһэн баран син биир суолга тахсыллар.
– Бэйи, тохтоо. Арай суолга тахсыбакка, саҥа сиринэн – Оҕус Өлбүтүнэн барар санааламмыт эбиккин, булан тиийиэҥ этэ дуо?
Миикэ ол сири хаһан да харахтаабатаҕа, истэр эрэ этэ. Аҕата соруйан муннарар эрэ, эбэтигэр кыайан тириэрдибэт санаалааҕыттан кыһыйан, ытаан сыҥсыйан барбыта... Кини өссө ийэм буолуохсут атаҕастыырын билэрэ буоллар... «Үҥсэр, хобулуур – куһаҕан кыдьык» диэн эһэтэ мэлдьи этэрэ, ол иһин Миикэ оскуолаҕа үрдүкү кылаас уолаттара тэбэн, охсон ааһалларын кимиэхэ да эппэт этэ.
* * *
... Миикэ бигэ санааны ылынан, сурук суруйан барда. «Күндү эбээ, бу Миикэ суруйабын. Эйигин, эһэбин уонна абаҕабын түүн аайы түһээн көрөбүн. Олус ахтабын. Абаҕабар эт, миигин кэлэн ыллын. Мин эһиэхэ тиийэн арааһы бары көмөлөһүөм...» Бу олорон хараҕын уута ыгыллан тахсыбытын билбэккэ хаалла...
БУТУКАЙ.