Киир

Киир

   “Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр даҕаны, кэнниттэн даҕаны сут дьылларга куобаҕы сии олорон өлөллөрө” диэн этии ахтыыларга суруллар. Ыарахан кэмҥэ куобах этин сии олорон тоҕо өлөллөрүн билээри, Дьокуускай к. Бэтэринээрийэ лабаратыарыйатыгар тиийэн ыарыыны быһаарар үлэлээх дьонтон туоһуластым.
 
 
   СӨ Бэтэринээрийэ лабаратыарыйатын дириэктэрэ, Саха сирин үтүөлээх бэтэринээр бырааһа Сергей Гаврильевич Дмитриев: 
   — Аҥаардас этинэн аһылыктаныы сорох туһалаах элэмиэн кырыымчыгар тиэрдиэн сөп. Ол саҕана эт – күндү ас. Алҕас куобахха тигистэхтэринэ, улахан үөрүү. Сир аһа ол кэмҥэ курааннаан хаалан үүммэтэх. Онно баар битэмиин, микроэлэмиэн ол дьон эттэригэр-сииннэригэр суох буолар. Ол иһин аҥаардас эти сии олорон өлөллөр эбит. Бу курдук быһаччы биир-икки тылынан быһаарар чопчута суох да буоллар, оччотооҕу кэм туохха-туохха кыһарыйбытын билэбит. Ол эрээри уруккуттан сорох улууска балыгы араастаан хаһаанары сатаабыттар, кыайа-хото туппуттар. Онон микроэлеменнэрдээх аһы хаһаанан, төгүрүк сылы быһа аһыыр кыахтаммыттар. Ыарахан сылларга ол үөрүйэхтэрэ быыһаабыта чуолкай. Оттон сорох улуус дьоно-сэргэтэ, баҕарбытын да иһин, оннук тэринэрэ кыайтарбат, оннук аһы хаһаанары сатаабат буолан, аас-туор кэмҥэ оҕустардаҕа. Аны балык суох эбэтэр отой аҕыйах сирэ эмиэ баар. Ол иһин киһи сиирэ эрэ кураан дьылларга үөскээбит куобах буоллаҕа. Онон дойдубутугар ханна олороруҥ, туох бултааҕыҥ, астааҕыҥ – барыта олоххо-дьаһахха улаханнык билэр. Урут лааппы, аһынан-үөлүнэн хааччыйыы диэн суох буоллаҕа дии.
   Жанна Афанасьевна Габышева токсикология отделын сэбиэдиссэйэ, бэтэринээрийэ учуонайа:
   — Эти сии олорон өлүү ол – Д битэмиин тиийбэтиттэн. Сынгаалаан өлөллөр эбит. Киһи эти эрэ буолбакка, араас микроэлэмиэннэрдээх, битэмииннэрдээх аһы сиир буоллаҕына, доруобуйата тупсарын ким да мөккүспэт. Сут дьылларга уот кураан туран, кырдьык, сир аһа хам хатан хаалар; от үүммэт, сүөһү аһа суох буолан, ыран охтор. Аны сорох сиргэ балык олох да суох. Ол иһин аһа-үөлэ, иҥэмтэлээх битэмиинэ суох буолан хаалар. Онон сорох киһи куобах этин сии олорон, ыран өлүөн сөп. Атын аһа хантан кэлээхтиэй. Аны оччотооҕуга барыта фронт туһугар ыытылла турар буолан, манна – сэриитэ суох сиргэ – аччыктаан өлүү элбэх эбит. Ынахтарын сиир – бобуу, бурдук бэриһиннэрэр – бобуу... Ити курдук барыта бобуу кэмигэр ас суох буолан хааллаҕа эбээт. Куобах, кырдьык, кураан дьылларга оҕото өлбөт буолан элбээтэҕэ. Дьон үлэ быыһыгар ол иһин куобаҕы бултууллар. Куобах тугу сиир да, этэ эмиэ ол курдук иҥэмтэлээх буолар. Улахан кыыл-сүөл курдук иҥэмтэлээх этэ-сиинэ суох. Киһи да, сүөһү да тугу аһыырынан сырыттаҕа. Сэрии кэмигэр ас-үөл олох аҕыйах буолан, быстарбыт элбэх. Онон хайдах астааххын да, ол курдук доруобуйалааххын. Онтон аҥаардас балыгы эрэ сиир буоллахха, син биир эти эрэ сии олорбут курдук. Эккэ эрэ баар сорох элэмиэн балыкка суох, ол иһин аҥаардас балыгы эрэ сиир хотугу улуустарга араас ыарыы баар буолуон сөп.
   — Бэс субатыгар балыгы, сорохтор сардаан төрдүн буһаран, хатаран баран, бурдук курдук оҥостон, булкуйан хааһылаан сиэхтэрин сөбө. Сир-сир аайы оннук туһалаах аһы сииллэрэ. Холобур урут “Иван-чай” диэн үүнээйи төрдүн хатаран баран, чэй оҥостон иһэллэрэ. “Үүнээйи төрдүн оннук хаһан сиирбит” диэн, эбэм кэпсиирэ. Тиистэрэ туллаҥныар диэри сымнаан баран, саас ол сардаан төрдүн сиэтэхтэринэ, тиистэрэ кытаатан хаалара диэн кэпсиирин өйдүүбүн. Ол аата, төрүттэрбит туохха туһалаах баарын билэр буолан, ону булан аһыыллар, туһаналлар эбит. Эт-сиин аччыктаатахха, тиийбэт элэмиэнин бэйэтиттэн ылан киирэн барар. Ол иһин эт-сиин бэйэтэ көрөн ылар кыахтаах.
   — Ол иһин сэрии кэмигэр ити элэмиэннэр суох буоланнар, дьон кыаммат буолан хаалыахтарын сөп. Эбиитин мөлтөөбүт эккэ-сииҥҥэ ыарыы түргэнник киирэр. Ол саҕана сорох дьон Өлүөхүмэ диэки тиийбиттэр. Бурдук, сир аһа өлгөмнүк үүнэр сиригэр таласпыттар.
   Соломонов Никита Гаврильевич Арассыыйа уонна СӨ наукаларын үтүөлээх үлэһитэ, академик, СӨ бочуоттаах олохтооҕо:
   — Мин тоҥ куобаҕы сиэн, куртаҕа эриллэн өлбүт киһини билэбин. Аччыктаан, ыксыы сылдьар киһи хантан оргутар-буһарар эҥин туруктаах буолаахтыай. Ол куобаҕы тоҥнуу сии сатаан баран, охтон түспүт да өлөн хаалбыт. Ас сиэнэн баран, буһан киһи хааныгар-сиинигэр иҥнэҕинэ эрэ, туһалаах буолар. Ол эрэйдээх тоҥ куобаҕы кирэр да сэниэтэ суох буолан эһиннэҕэ. Туохха түбэстэ да, куртаҕын буллара сатыыр буоллаҕа дии.
   Ол киһи сии олорон баран хаалаахтаабыт. Степан Иннокентьевич Емельянов кинини үчүгэйдик билэр.
   Сылгы кыһыны туоруур, күөх окко тиийэр уонна өлөн хаалар. Тоҕо диэтэххэ, кыһыны быһа тымныыны, аччыктааһыны кытта охсуһан этин-сиинин кыаҕын бүтэрэн кэбиһэр. Ол иһин саас күөх от бытыгыраан да турдаҕына, өрүттүбэккэ өлөн хаалыан сөп. Омос толкуйдаан көрдөххө, иҥэмтэлээх күөх оту сиэн, тот сылдьыан сөп этэ.
   Куобах туругуттан киһи олоҕо улахан тутулуга суох буолуон сөп. Оттон балыктаах сиргэ олорор киһи, кыралаан да буоллар, син биир балыгы сии сылдьар буолан, аччык кэмҥэ тулуһар.
   Аны аччык киһи эмискэ аһаатаҕына, куртаҕа бааллан, өлөн хаалыан сөп. Куртах аһын буһарарыгар үллэн хаалар. Ол иһин аччык эрэйдээх аһаары эмискэ аска саба түһэр кэмигэр куртаҕа бааллан өлүөн сөп. Ол иһин табаһыттар ону билэр буолан, аччыктаан, эстэн сытар киһини буллахтарына, сонно тута аһаппаттар. Табаларын эдэр тириитин – панты диэн ааттанар муос тириитин – быһа баттаан ылан эмтэрэллэр эбит. Ол муоска баар битэмиин эккэ-сииҥҥэ түргэнник тиийэр дииллэр. Саас, киһи битэмиинэ аҕыйыыр кэмигэр, эмиэ ити курдук эмиэхтэрин сөп эбит.   
 
Бүөтүр БӨТҮРҮӨП.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар