Киир

Киир

   Күүстээх Уйбааннаах биирдэ Бодойболоон иһэннэр, кэлэр-барар дьон түһэр симиэбийэ дьиэлэригэр хоммуттар. Киэҥ баҕайы балаҕан аҥаар өттө бүтүннүү наара орон эбит. Бу симиэбийэ Бодойбо таһыгар, бириискэһиттэр суолларын төрдүгэр турар буолан, өрүү киһитэ толору буолар эбит. Бу да киэһэ лыык курдук дьон хоно сыппыттар. Манна Дьокуускайтан тахсааччылар, Тайҕаттан да киирэн иһээччилэр элбээбит күннэрэ эбит. Симиэбийэни көрөн олорор оҕонньор кэлбити-барбыты мас тардыһыннарар идэлээҕэ үһү.
 
 
   “Оок-сиэ, бу киэһэ талбыт курдук бэрт да эрэттэр мустубуккут! Уолаттарым, дьэ, мас тардыһан көрдөрүҥ эрэ”, – диэн баран, балаҕан үрдүгэр анньыллан турар маһы ылар. Эмиэ уура сылдьар тэбилик маһын аҕалан дьиэ ортотугар уурар. Бастаан кэтэмэҕэйдэнэн ким да киирбэккэ гынан баран, кэлин Тайҕаттан иһээччилэртэн биир модьу көрүҥнээх, үрдүк уҥуохтаах, мөп-мөчөкө, лис курдук, хара эдэр киһи киирэн олорор. Ону кытта киирэ-киирэ тардыһан көрбүттэр да, ол Тайҕа уолун хамсатар киһи көстүбэтэх. Уйбаан утуйар таҥаһын киллэрэн уурбут наара оронугар тиэрэ түһэн, ону көрө сыппыт.
   – Хайа, дойду оҕолоро, аны тардыһар киһилээххит дуо? Аҕалыҥ эрэ! – диэн Тайҕа уолун аргыстара көх-нэм, күө-дьаа буолбуттар.
 – Бэйэ, биир киһини киллэрэн көрүө этибит, – дэһэ-дэһэ Дьокуускайтан иһээччилэр Уйбааны имнэнэ сатаабыттар да, киһилэрэ: “Ээ, эмиэ туох баҕайытын, айыкка, тардыспаппын”, – диэн буолумматах.
   – Чэ, киирэр киһи суох буоллаҕына, аны бу мас наадата суох ини, – диэн баран Тайҕа уола тардыспыт маһын тобугар өйөөн олорон тутумугар эрэ сөп түбэһэр гына чорбото тута-тута тостурута тыытан кэбиспит уонна туран барбыт. Онуоха дьиэлээх оҕонньор:
   – Оок-сиэ, бу аартыгынан дьоллоох Дьокуускайтан, киэҥ Тайҕаттан арааһынай бэйэлээх уон улуус дуолан бөҕөстөрө, бириискэ бэртэрэ төттөрү-таары тиэстээри тардыспыт аххан мастара этэ. Ким да тоһутар киһи көстүбэтэҕэ. Үчүгэйдик тоҥ кулуһун курдук тоһута тардан кэбиһээхтээтиҥ. Дьэ, оҕом, чахчы үчүгэй оҕо сылдьаахтыыр эбиккин, – диэбит, Тайҕа уолун эргийэ сылдьан.
   Уйбаан маны барытын көрө сытан, оргууй аҕай туран Тайҕа уолун аттыгар тиийэн олорор уонна тула көрбөхтөөн баран:
   – Доҕоор, эн биһикки оонньуу кэриэтэ маста тардыһан көрүөххэ эрэ, – диэн тылланааччы буолар. Тайҕа уола соһуйбут курдук Уйбааны балачча өр көрбөхтөөн олорон баран:
   – Оҕонньорбут мас булан биэрэр буоллаҕына, тардыһан да көрүөххэ син этэ, – диир.
   – Оҕонньо-ор, манна Тайҕаҥ уолун кытта мас тардыһыан баҕалаах киһи көһүннэ, маста булан аҕалбаккын ээ, көрүөҕү, – дэһэн дьон оҕонньору ыҥыран аҕалбыттар.
   – Оок-сиэ, ити бэйэлээх киһини көрөн туран эмиэ ханнык бэйэлээх барахсан тардыһаары гыннаҕай? Көрүөххэ дьэ бэрт эбит, маһы булан көрөргө тиийдэхпит, – диэн баран оҕонньор тахсан барбыт. Таһыттан хатыҥ олгуобуйа тостубутун булан киллэрэн, сүгэнэн быһыта охсон тардыһарга сөп гына лэппийбит уонна тэбилик маһын аҕалан дьиэ ортотугар уурбут.
   Уйбаан “маскын көрдөр эрэ” диэбитигэр, оҕонньор “хайа, бу оҕо, эн тардыһаары гынныҥ дуо?” диэн хайдах эрэ сэнээбит курдук туттан Уйбааҥҥа маһын аҕалан биэрбит.
   Босхо тэбилик түөрэккэй буолуо диэн, хос аанын ис-тас өттүгэр олорон тардыһар буолбуттар.
   Тайҕа уола хос ис өттүгэр олорбут, Уйбаан куукуна өттүгэр олорбут уонна эппит:
   – Хайабыт да эмискэ түһүө суохтаах. Билсэн баран сыыйа тардыһыахпыт, мин биллэрдэхпинэ эн тардаар. Мин урут тардыам суоҕа.
   Тайҕа уола сөбүлэспитин биллэрэн тоҥхос гыммыт. Кинилэр иккиэн илиилэрин-атахтарын тыылыннаран, мастарын чиҥник тутуһан, кытаанахтык дьиппиэрэн олорбуттар.
   – Чэ эрэ, нохоо, тарт эрэ, – диир Уйбаан. Инньэ диирин кытта Тайҕа уола тардан бачыгыраппыт. Уйбаан этин-сиинин тыылыннаран, иҥнэри соҕус туттан олорбут. Кини сүһүөҕэ, илиитэ хайдах эрэ ибигирээн хамсыырга дылы гыммыт эрээри, маһын туппут сириттэн хамсаппатах. Тайҕа уола икки өттүнэн сириэдийэ-сириэдийэ балай эмэ тарпытын кэннэ:
   – Нохоо, аны мин тардыам, сэрэнээр, – диэбит уонна кэтэҕэ чонос гынарын кытта, Тайҕа уола Уйбаан нөҥүө көтөн, куукунаҕа тахсан ат буола түспүт.
   – Оок-сиэ! Дьэ сир баһыгар-атаҕар арааһынай күүстээх дьон үөскүүр буолаллар эбит. Аҥаардас бу кыра балаҕан иһигэр бу киэһэ түбэһиспиттэрэ тугун бэрдэй! Ити Уйбаан диигит дуу, Дьокуускай оҕотун? Ити киһини кыайар киһи ханна эмэ баара буолуо дуу? – диэн оҕонньор хайдах эрэ дьонтон ыйытардыы туттубут. Мустубут дьон: “Киһи үрдүгэр киһи үөскүүр, ханна эмэ кыайар киһи баар буолумуна, ол эрээри аҕыйаҕынан аҕыйах буолуо, – дэспиттэр.
   Бу киэһэ-сарсыарда онно хоммут дьон харахтара Уйбаантан букатын арахпатах.
   Сарсыарда айаннарыгар туран баран аргыстара Уйбаантан бэҕэһээ тардыспыт киһитэ хайдаҕын ыйыталаспыттар.
   – Ээ, ол киһи дуо? Ээ дьэ, маҥнайгы омунугар тардан тирилэттэ-э, – диэн кэбиһэр.
   Бу кэпсээни онно аргыстаһан сылдьыбыт Баһылай Сүөдэрэп-Чыамах Баһылайа кэпсиирэ.
   Хос быһаарыы: сэһэнньит Р.П. Алексеев кэнники сураҕалаһан билбитинэн, Тайҕа уолун аата Бараммат Байбал диэн эбитэ үһү.
(“Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ” кинигэттэн).
 
   Эрэдээксийэттэн: Кыраайы үөрэтээччи Ылдьаа Куолаһаптан бу Бараммат Байбал диэн кимин чуолкайдастыбыт.
   – Бараммат Байбал сүрэхтэммит аата – Павел Петрович Пинигин. Мэҥэ улууһун I Мэлдьэхси нэһилиэгин киһитэ. 1878 с. төрөөбүт (сорохтор 1880 дииллэр), 1947 с. өлбүт киһи. Балаҕан кыараҕас аанынан ыгыллан киирэригэр улахана, кэтитэ бэрт буолан “бүтэн барамматын” иһин итинник ааттаммыт. Кини хаһан да “Тайҕа уола” диэн ааттана сылдьыбатаҕа. Мас тардыспыт да сураҕа иһиллибэт. Аһара сэмэй киһи эбитэ үһү. Күрэхтэһэн кимиэхэ да кыайтарбатах киһи. Ити номоххо Күүстээх Уйбаан атын ханнык эрэ киһини кыайбытын Байбалга бутуйбуттар.
   Итини таһынан, Уйбаан да, Байбал да бэйэ-бэйэлэрин кытта эрдэттэн билсэр дьон буолуохтаахтар.

 

Хаартыска куйаар ситимиттэн ылылынна.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар