Киир

Киир

   Тыаһыт куобах туһунан суруйбутун ааҕан баран, тулуйбакка хоруй суруйарга тиийдим. Ааспыкка куобах туһунан суруйуутугар эмиэ хоруй суруйбутум. «Тыатай суруйда, итэҕэйиҥ», – диэбит этэ. Куобах сүппүтүн төрдө, бу киис наһаа үксээн, куобах оҕотун сытын, 300-миэтэрэттэн ылан тиийэн, ылҕаан сиир буолан, куобах эһиннэ, – диэн суруйбутун кытта сөбүлэспэппин.
 
   Куобах оҕото, хара төрүөҕүттэн улаатан, үчүгэй­дик сүүрэр буолуор диэри, сыта суох буолар диэн, быһааран суруйбуттаахпын. Бу сырыыга, «Кыым» хаһыат алтынньы 13 күнүнээҕи нүөмэ­ригэр, Тыаһыт «Куобах суола» диэн ыстатыйатыгар «куобах дэриэбинэ тула үөскүүр, ыраах бөрө, саһыл дэлэйиттэн куттанан, дьон олорор түөлбэтин тула кыралаан үөскүүр буолла» диэбит. Аны «иккиэ буолан» диэбитин ааҕан, улаханнык сөхтүм. Икки ыт куобаҕы туруордахтарына, биирэ эккирэтэн барар, биирэ куобах туран барбыт сиригэр манаан сытар, куобах эрэйдээх анараа ыттан куотан, өтөҕөр төннөн кэлбитин манаан сытар ыт айаҕар киирэн биэрээхтиир үһү, ыттар бу өйдөрүн, тоһуйар эҥин эбит. Куобах да араастаах буоллаҕа, сорох сыыдам, сорох мөдөөт, сыыдам куобах өтөҕөр төннөн кэлэрин үгүс киһи билэр буолан, туран барбыт сиригэр кэтэһэн бултуулларын билэр эбит, ону кини ытынан тоһуйтарбыт. Ити да буоллар барытын сыыһа суруйбут диэбэппин, өрдөөҕүтэ уот турбут сиригэр кыралаан куобах үөскээн эрэр диэбитэ сөп.
   Ол манныктан. Улахан уот туран, сири кырыстары сиэбитэ, хас эмэ сылынан сир оһорунан, саҥа кырыс тардан, саҥа от, талах үүнэр. Онно куобах үөскээн эрэрэ баар суол эрээри, ыт үксээн, куобах үксүүрүгэр харгыс буолара мэлдьэһиллибэт. Туһата суох ыты мээнэ иитимэҥ диирэ сөп. Онон Тыаһыт сүбэтин ылыныах кэриҥнээххит. Наһаа буолар-буолбат ыты иитэртэн туттунуоҕуҥ. Ыт ылаары сананнаххытына, инникитин, хайдах-туох буолуоҕун ырыҥалаан көрөн ылыаххытын сөп эбэтэр ылымыаххытын сөп.
   Куобах сүппүтэ быйыл 23-сыла буолла. Ол төрдө – өрдүнэн дьарыктаммат буолуубут. Дэриэбинэ эрэ тула үөскүү сатыыр. Ол ыраах сытар, тэйиччи сирдэрбит оттоммот буолан, киһи кыайан кэспэт лаҥхатынан бүрүллэн сыталлар. Дэриэбинэ тулата эрэ күөх отунан чэлгийэр. Ол сүөһүбүт, сылгыбыт үгүс буолан. Кинилэр от сиир буоланнар, лаҥханан бүрүллүбэт.
   Ол иһин куобах дэриэбинэ тула үөскүү сатыыр буолла. Куобах сүтүүтэ, өртөөһүн үлэтэ ыытыллыбатыттан тахсар. Тыа сирин дьонугар өртөөһүн олох төрдө буоларын тойотторбут өйдүүр кыахтара суох. Сүөһү, сылгы өртөммүт сиртэн быйыл үүммүт иҥэмтэлээх отунан аһыыра, уойан-тотон, эти-аһы, дэлэй үрүҥ илгэни биэрэрэ саарбахтаммат. Улахан тойоттор Кириэмилгэ олорон «өртөөмөҥ» диэн боптулар да, маннааҕы кыра тойотторбут өртөөһүнү тохтотон кэбиһэллэр. Сахабыт сирэ барыта куртан кур лаҥханан бүрүллэн сыппыта ыраатта. Дьиҥэр, күһүн сэбирдэх, көмнөх түспүтүн кэннэ, былааннаахтык өртүүр буоллар, туох да куттала суох буолуох этэ. Эт-үүт да дэлэйиэ, кыыл-сүөл да үөскүө, элбиэ этэ.
 
Тыатай.

Санааҕын суруй