От ыйын өҥүрүк куйааһа сатыылаан турар. Оҕо, ыччат ууттан тахсыбат. Ким төһө ыраах умсарынан, харбаан куоталаһаллар. Кыргыттар, уолаттар диэн тутуһа сылдьан сөтүөлүүллэр.
Хампа үрэх сөрүүн, аа-дьуо налыччы устар уута киһини олус тардар күүстээх. Уута ырааһа, түгэҕэр таастаах кумах бу дьэрэлийэн көстөр.
Алина дьүөгэтэ Леналыын быйыл 8-с кылааһы бүтэрдилэр. Эмиэ күн ахсын кэлэн сөтүөлээн чомполоннулар. Уунан ысыһан кустук суһумун таһаараллар, ыраас таммахтар күн уотугар чаҕылыһалларын астына көрөллөр. Алина сүрдээх ууһут, үрэх уҥуор харбаан туоруур, уу түгэҕинэн умсан кэлэн Лена атаҕыттан харбаан ылан часкыһаллар.
Кыргыттар кумахха тахсан ыла-ыла, олус өр сөтүөлээтилэр. Күнүс эбиэт кэмэ кэлэн оҕолор, ыччаттар бары дьиэлээн хааллылар. Онон иккиэйэх хааллыбыт диэн мичээрдэһэн ыллылар. Ип итии таастаах кумахха тааһынан ууну быраҕаттыы олордулар. Эмискэ матасыыкыл тыаһа иһилиннэ. Тыаһыттан иһиттэххэ уолаттар сөбүлээн миинэр “Восходтара” тырылыырын биллилэр. Кинилэртэн тэйиччи тохтоото даҕаны, быйыл оскуоланы бүтэрбит Сеня уол буоларын таайдылар. Кини Дьокуускайтан үрдүк үөрэххэ эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттаран бэҕэһээ кэлбит.
Үөрэҕин ахтан кэллэҕэ диэн кыргыттар таайа олордулар. Уол сөтүөлүү соруммакка сыыр эниэтин анныгар күлүк сиргэ олорбутун, кинигэ ылан ааҕан эрэрин уора-көстө, мичээрдэһэн ыла-ыла көрө-истэ олордулар.
“Чэ, Лена, аны биирдэ сөтүөлээн баран дьиэлиэхпит”, – диэт, Алина ууга ыстанан кэбистэ, дьүөгэтэ кэнниттэн ойуста. Умсан ыла-ыла күөрэйэн тахсан, уунан ысыһан, күлсүү-салсыы буолан, үрэх кэтит иэнигэр кинилэр эрэ баалларын курдук сырыттылар.
Алина кыыс умса сылдьан уу түгэҕэр күлүмүрдэс таас сытарын харбаан ылла уонна атаҕынан тирэнээт, өрө анньынан кэбистэ. Арай үөһэ тахсан, Лената уу үрдүгэр көстүбэтиттэн олус куттанна: өр умсубатын билэр. Эмискэ кэннигэр дьүөгэтин синньигэс илиитэ күөрэйэн көстөөт, уу түгэҕэр ньимис гынна. Онно харса суох харбаан тиийдэ. Уу түгэҕэр Лената өрө мөхсө сылдьар уонна уу иһэн чачайан, айаҕыттан салгын булдьугураан тахсар. Алина умса үөрүйэх буолан, Лена илиитин харбаан ылла уонна үөһэ тахсаары мөхсө, тэбиэлэнэ, өрө харбыы сатаата даҕаны, кыыһа аллара тарда турар. Оттон аллараттан өрө анньа сатаата. Хаһан да ууга түспүт киһини быыһыы илигэ таайдаҕа. Аны бэйэтин тыына бүтэн киирэн барда, сэниэ эстэн, нукаай буолан хаалла. Маҥнай утаа үөһэ харбаан тахсаары гынан баран, “дьүөгэм өллө, онон мин кинини кытта өлүөхтээхпин, өлүөм иннинэ күммүн көрүөм” диэх курдук дьикти санаа киирэн кэллэ. Үөһэ хантайан көрдө, күн уота кытара өлбөөрөн көһүннэ. Хараҕар ийэтэ, аҕата, эбэтэ, убайдара, балта көстөн аастылар. Ханна да барбытын билбэккэ өйүн сүтэрдэ.
Бу кэмҥэ Сеня күлүк сиргэ кинигэ ааҕа олорбута. Ардыгар кинигэтиттэн аралдьыйан үрэх уҥуоргу баһын көрөр уонна төрөөбүт сирин айылҕата кэрэтиттэн астынар. Ол быыһыгар абитуралаабыт кэмнэрин санаан ааһар. Үрдүк үөрэх кыһатын устудьуона буолар үөрүүтэ санаатын саататар.
Иван Бунин “Повести. Рассказы” кинигэтин ылан ааҕаары тобугар уурунан баран, сибилигин сөтүөлүү сылдьыбыт оҕолор саҥалара, күлсүүлэрэ сүппүтүттэн дьиктиргээн ойон турда. Кумахха икки бэлисипиэт, таҥас-сап көстөр, оттон үрэх «ким да суох» диэн мэлдьэспиттии, чуумпура иһийбит. Онон уһуну-киэҥи саныы турбакка, уол таҥаһын устаат, ууга ыстанан кэбистэ. Үрэх ортотугар харбаан киирэн ханан эмэ илии күөрэйээрэй, хаһыы иһиллээрэй диэн көрө-истэ турдаҕына, иннигэр хабахтар буллугураһан таҕыстылар. Онуоха Сеня «манна эбиттэр» диэт, үрэх дириҥ чүөмпэтигэр умсан хаалла...
“Хаһан даҕаны дириҥ ууга сөтүөлээмэҥ, бэйэҕит эрэ сылдьымаҥ, дьону кытта бииргэ сөтүөлүүр буолуҥ!” – диэн уол кыргыттарга сэрэтэн, сүбэлээн баран олорбут сиригэр хаамта...
Лена уу иһэн хотуолаан саҥа тыын ылан, өйдөнөн олорор буолан, кутталыттан ытыы-ытыы, Алина санныгар өйөнөн олордо. Оттон Алина, төһө даҕаны өйүн сүтэрдэр, уу испэтэх, онон түргэнник тыын ылбыта. Сенялыын бииргэ харбаан тахсыбыта.
Өскөтүн Сеня бу үрэххэ кэлбэтэҕэ буоллар, иккиэн уу дириҥ чүөмпэтигэр сытыахтара эбитэ буолуо. Олох күндүтүн, кэрэтин бу олорон, олус дириҥник өйдөөн, ыга куустуһан олордулар.
Виктор Васильев,
Үөһээ Бүлүү,
Сургуулук.