Кыһын, сэтинньи бүтүүтэ. Күһүн ылбыт уоппускам тобоҕо өссө да бүтэ илик кэмэ. Өрүс турбута ыраатта. Дьон муус аннынан күндүөпкэҕэ балыктаан бүтэн, сопхуос каадырабай булчуттара, түүлээхситтэр тыаларыгар тахсыталаабыттара быданнаата. Бураанынан сылдьарга өрүс суола аһыллан дьон өрүс уҥуор баар үүтээннэригэр, арыыларга араас булду сонордоһон бураанынан сырыы, кэлии-барыы хойдон турар. Бөһүөлэк иһигэр сарсыарда эрдэттэн биһиги курдук үлэлээхтэр дьон өссө да уһуктан тура иликтэриттэн саҕалаан, түүн хойукка диэри түннүгүн аннынан бураан тыаһа биир кэм дуугунаан, орулаан олорор.
Куобах суола
Дьэ, итинник кыһыҥҥы булт былдьаһыктаах кэмигэр мин, уоппускалаах иллэҥ киһи, уопсай дьиэ биир кыбартыыратыгар хаайтарбатым. Мин даҕаны былыргыта булду сатаан бултуур дьон удьуордара буоллаҕым. Ол эрээри аһаҕастык билиннэххэ, күндү түүлээх соноругар, улахан кыылга санаммаппын даҕаны. Соҕотоҕун сырыттахпына, олору хаһан сатаан бултаары, сатыырым диэн, арай куобахха – туһах. Бу туһунан этэн көрдөхпүнэ, истэ да барбаттар. Кырдьык, ол улуу дьон тайахтан ордон мин куобахтарбын кытта сырса сылдьыахтара дуо. Инньэ гынан, табаарыспын Клим Лааһарабы дэлби көрдөһөн, өрүс арыытыгар бураанынан бырахтарар буоллум.
Сарсыныгар киһим Куруҥ арыытыгар олохтоото. Балааккабын туруоран, оттор маспын бэлэмнээн баран, үлэлээх киһи түүннэри төнүннэ. Мин соҕотоҕун хаалан, эрдэ туран халлаан сырдыырын кэтэһэ таарыйа куораттан ылларбыт туһахтарбын бэрийдим. Куобахха туох бэлэмэ кэлиэй, туут хайыһарбын кэтэн утары көстөр талах арыытыгар таҕыстым. Куобахтар иирэ талаҕы дэлби кэбийэн аһаабыт бөлүүҥҥү суоллара хойуу. Ол эрээри киһи астынар гына биир сиринэн орохтообуттара онон-манан эрэ баар. Дэлби тэпсиллибит орохтору көрдөөн, талах арыыны биир гына кэрийдим. Нэһиилэ уонча туһаҕы ииттим. Сарсыныгар туһахтарбын кэрийэн көрбүтүм – кураанах. Санаабын түһэрбэппин. Биэс-алта туһаҕы эптим. Төннөн, балааккабар кэлэн, тиэрмэстэн итии чэй иһээт, сир уларытан, арыый тэйиччи көстөр бөлкөй талах арыыга бардым. Куобах орохтообут суола кэмчи соҕус. Түөрт туһаҕы ииттим, төнүннүм.
Халлаан былыттаах, ичигэс күннэр тураллар. Миэхэ бу – отой куһаҕан. Куобаҕыҥ сатана былыттаах ичигэс түүн тоҥмот. Инньэ гынан ороҕун устун мэнээк төттөрү-таары сүүрэкэлээбэт. Чугас эргин сылдьан талахтары кэрийэр. Туһаҕы көрөр, аттыгар кэлэн олорбут уонна эбиитин саахтаан баран, орохтон туораан тахсыбыт буолааччы. Толору ыйдаҥалаах түүн эмиэ куһаҕан. Туһаххын эмиэ көрөр. Маннык түүннэргэ туохтан эрэ үргэн, куотан харса суох сүүрдэҕинэ эрэ түбэһиэн сөп.
Куобах туһаҕар ахсынньы-тохсунньу аан-даам тымныыта ордук. Тоҥон ирээри уонна куттас муҥутаан, мутук тостор тыаһыттан соһуйдаҕа буолан, харса суох орохтообут суолларынан сүүрэкэлиир.
Дойдубар оҕо эрдэхпиттэн аҕабын батыһа сылдьан, кэлин борбуйбун көтөҕөн баран, оскуоланы бүтэриэхпэр диэри бэйэм туһахтыыр этим. Ол иһин куобах «хаамыытын» син удумаҕалатар курдук сананабын.
Бу Эдьигээн сиригэр-уотугар куобахха туһахтыыр табыгаһа суох эбит. Өрүскэ куруутун кэриэтэ тыаллаах, сотору-сотору буркуннанар. Талахха киирбит куобаҕыҥ суолун утары тибэн иһэр. Тыал хаары хастаан, кытаатыннаран иһэр. Куобах чигди хаарга тоҕо суол оҥосто сатыай, хаарга уйдаран талбыт сиринэн сылдьар.
«Аһыы» ас – өрөбөлүүссүйэ саҕанааҕы
Түүн хотуттан ылан тыалырда, сарсыарданан буркуннанан барда. Маннык халлааҥҥа кыра наадалаах киһи аһаҕас сиргэ туохха тахсан биэриэй, инньэ гынан ол күн тимир оһохпун отто-отто, балааккабар аһыы-аһыы, кинигэ ааҕан, сытан таҕыстым. Сарсыныгар киһим Клим бураанынан ойутан кэллэ. Аҕыйах күн көрсүбэтэх дьон, күө-дьаа буолан кэпсэтэ-кэпсэтэ, аҕалбыт «кэһиититтэн» биири «охсон» кэбистибит.
Аны тайахтыы барар буоллубут. Киһим кэлэн иһэн көрдөҕүнэ, мин олорор улахан арыым хоту баһыгар үөһэттэн аҕыйах хонуктааҕыта хас да тайах киирбит курдук үһү. Суолларын хайан көрбүт. Сып-сап хомунан, туут хайыһарбын, улахан булка баран эрэр киһи быһыытынан улахан саабын сүгэн, бураан сыарҕатыгар олорсон арыылаатыбыт.
Киһим кэлбит суолунан арыы хоту баһыгар бардыбыт. Биир сиргэ тохтоон, миигин сыарҕаттан түһэрэн, тайаҕы хайдах үүрэн бу арыыттан таһаарыахтаахпын быһаарда. Иһирдьэ киирэммин, хаһыытыы-хаһыытыы тайаҕы арыы хоту баһынан үүрэн таһаарыахтаах үһүбүн. Өссө тайах суолугар түбэстэхпинэ, хаһыыбын күүһүрдэн, саабынан тыас таһааран, хам бааччы турар тайаҕы үргүттэхпинэ, онтубут киниэхэ тахсан кэлиэхтээх үһү. Бирикээс ылбыт киһи туруом дуо, хайыһарбын кэтэн, саабын сүгэн арыым иһигэр киирдим.
«Куобаҕы үүрэр саҕа баар ини, дойдубар куобаҕы баҕас элбэхтик үүрдүм ини», – дии-дии баран истэхпинэ, киһим кэннибиттэн «Ээ, оннук-оннук, сыыдам соҕустук сырыт, хайыһарга үчүгэй соҕус этиҥ буолбаат, кытаат!» – диэн күлэ-күлэ тэптэрэн биэрэр. Собуоттанан тоһуйар сирин диэки арыыбыт хоту баһыгар көтүттэ.
Арыы иһигэр киирэн туспа мучумааҥҥа ыллардым. Улахан тэҥкэ тииттэрдээх, талаҕа сүрдээх хойуу. Били, дойдубар билбэтэх «ыт мунна баппат ойуура» манна баар эбит. Аны сааскы улахан ууну кытта кэлэн сылбахтанан хаалбыт мастар адаа-быдаа адаарыспыттар. Тыал үрбэт сирэ буолан, хаара сымнаҕаһа, хайыһардьыт баҕайы киһи сыыдам соҕустук тэбэн сырылатыахтааҕар, хаарга батыллан, нэһиилэ сыҕарыйабын. Хаһыытыахтааҕар, дэлби аҕылаан, үөхсэр да кыах суох. Эгэ, саабын санныбыттан уста сылдьыам дуо.
Бу сылдьан киһибин үөхсэбин. Сылаас балааккабытыгар били аспытын «тэп» гыннара-гыннара, «бу туох хара накааһыгар сырыттахпыт буолла? Бэйэтэ буоллар табахтыы-табахтыы бурааныгар олордоҕо дии. Манна киллэрэн хайыһардата оонньоппут киһи баар ини» диэн үөхсэ-үөхсэ баран иһэн, ыраас сир баарын көрөн, «чэ, сах сиэтин, тайаҕа суох аччыктаан өлөр үһүбүөт» диэн баран, өрүспэр тахсан кэллим. Киһим көстүбэт. Бураан суолун устун дьэ сыыдам соҕустук барбахтаан истэхпинэ, киһим миигин көрөн, утары сүүрдэн кэллэ. Эрдэттэн мөҕүллүөм диэн, урутаан суоһурҕана соҕус туттан, эбиитин сылайан-элэйэн, олох эстэн сыккырыыр тыыным тахсыбытын көрдөрөн, сытынан кэбистим.
«Сибиэһэй тайах суола отой да суох, былыргы өрөбөлүүссүйэ саҕанааҕы суолларга тыыннаах киһини таах сордуугун», – дии тоһуйдум. Киһим миигин билэр буолан, «чэ, оччотугар сытыаҥ дуо, аны тымныйан хаалыаҥ, хата, били «аспытын» дьаһайтыах диэн буолла. Оччону истибит киһи сытыам дуо, хайыһарбын төлүтэ тэбиэлээт, били сылайан-элэйэн тахсыбытым ханна да суох буола түстүм. Сыарҕаҕа хап гына олоро түһэн балааккабыт диэки элээртибит.
Айаабырык – биэстэн биэһи
Сарсыарда эрдэ «аһара туттуммахтаабыт» дьон саҥардыы туран өндөҥнөһөн эрдэхпитинэ, хас да бураан бирилээн кэллэ. Сотору кыараҕас балааккабыт үллэҥнэс киһи буолла. Табаарыстарбыт Ыстапаанап Бүөтүр, Көстөкүүнэп Туола, Киргиэлэйэп Майыһыай үс бураанынан кэлбиттэр. Хайдах тайахтаабыппытын истэ-истэ күлсүү бөҕө. Ордук «өрөбөлүүссүйэ саҕанааҕы эргэ тайах суолларыттан» күлүстүлэр. Ол да буоллар, биһиги бэҕэһээ сылдьыбыт сирбитигэр баран, «кыһыллар» дуу «үрүҥнэр» дуу сылдьыбыттарын быһаарсар буоллулар.
Аны миигин эмиэ тайах үүрдэрэ илдьиэхтэрэ диэн, эрдэттэн куобаҕым туһахтара көрүллүбэтэхтэрэ икки хоммутун суланан кэпсиэх курдук гынан эрдэхпинэ, ситэ саҥардыбатылар. Тайах үүрэр атын киһи баар диэтилэр. Дьэ, онно өйдөөн көрбүтүм, Бүөтүр ытын – Айаабырыгы – илдьэ сылдьар эбит. Миигин солбуйар биир сатыы киһи кэлбититтэн үөрэн, ыты кытары эйэргэһэн, ас тобоҕунан күндүлээччи буоллум. Дьонум хайдах эмискэ кэлбиттэрин курдук биирдэ «сус» гынан хааллылар.
Туһахтарбын көрө бөлкөй талахтарбар бардым. Тиийбитим, куобах суола буолуоҕунааҕар бэйэм да суолбун тыал хаарынан тибэн, отой мэлдьэһэн кэбиспит. Бу эрэ түгэҥҥэ өйдөөтүм – аһаҕас сиргэ туһахтыыр олох сатаммат эбит. Бэҕэһээҥҥи «өрөбөлүүссүйэ саҕанааҕы суолларым», тайахтарым үс хонуктааҕыта миигин кытары биир кэмҥэ сылдьыбыт курдук буолан тахсаллар! Аны туран, ыттара Айаабырык обургу биир эмэ тайах баар буоллаҕына, хайаан да арыыттан таһааран баран тэйэр идэлээх.
Бу ыт туһунан кылгастык кэпсиир буоллахха, туспа кинигэни суруйуохха сөп. Пааматынньык да туруоруохха наада. Билбэт киһи туораттан көрдөҕүнэ, «бу аатырдар ыттара сылдьар дуо?» диэбэт ыта. Дьүһүнэ олох судургу. Маҥан-хара уонна кытархайдыҥы эбириэннээх. Кулгаахтара тостубут курдук намылыһа сылдьаллар. Чокуруос харахтаах. Олус холку, мөдөөт көрүҥнээх. Дьиэ таһыгар, тыаҕа даҕаны мэнээк сүүрэкэлээбэт, аргыый аҕай сэмээр хаама сылдьар буолар. Ол оннугар киниэхэ атын ханнык да ыт тоҕо эрэ олох чугаһаабат. Бултууругар иччитэ бурааҥҥа эбэтэр оҥочоҕо олордо сылдьар. Тайахтаары гыннаҕына, үрэҕинэн устан иһэн «көрдөө» диэн хамаанда биэрэр. Оччоҕуна ыта оҥочо төбөтүгэр тахсан олорунан кэбиһэр. Чугас тайах баарын биллэҕинэ, ол диэки олоотоон ыйылыыр, тилигирии түһэр. Оҥочо кытылга тиксээтин кытары тэҥҥэ ыстанан кэбиһэр. Иччитэ туох да буолбатаҕын курдук, табахтыы-табахтыы оҥочоҕо күүтэн олорор. Ыта өр күүттэрбэт. Ханан эмэ эргитэн, тайаҕын үрэххэ түһэрэр, ону сүүрдэн тиийэн, бэлэми ытан ылаҕын.
Кыһынын эмиэ оннук. Онтон төһө даҕаны сибиэһэй суолга ыыта сатаабытыҥ иһин, тайаҕа ырааппыт буоллаҕына – барбат. Чугас баарын уонна ситэн иннин күөйүөм эрэ диэтэҕинэ барар быһыылаах. Дьэ, өйдөөх ыт. Кини туһунан араас түбэлтэни кэпсииллэр.
Адьырҕа арҕаһыгар
Биирдэ иччитиниин сааскы булка сырыттахтарына, арҕаҕыттан саҥардыы тахсыбыт аччык хагдаҥ эһэ буулаабыт. Киирсэрдии турунан, ычыкын сиргэ биирдэрэ – ытаары, биирдэрэ чугаһатан соһуччу үрдүгэр түһээри үөмсүү буолбут. Арай эмискэ Бүөтүр олох кэнниттэн эһэтэ хаһыырбытынан, оту-маһы үлтү барчалаан, киниэхэ ойон эрэр эбит. Онуоха эмискэ сүтэ сылдьыбыт ыта хантан эрэ баар буола түһэн, тэҥҥэ ырдьыгынаспытынан эһэ арҕаһыгар хатааста түспүт. Дьэ, дьулаан охсуһуу манна буолбут. Ол кэмҥэ кэтээн турбут киһи ыта тэйэн биэриитигэр түбэһиннэрэн, эһэтин ытан түһэрбит. Дьэ итинниккэ маарынныыр араас түбэлтэ баар буолан эрдэҕэ да, Бүөтүрүҥ мээнэ кэпсии сылдьыбат киһи. Былыргы кырдьаҕастар манныгы этэн эрдэхтэрэ «үчүгэй ыт олоххо биирдэ бэриллэр уонна иччитин туһугар өлөрүн да кэрэйбэт» диэн.
* * *
Сэрэйбитим курдук, дьонум киэһэриитэ үөрэн-көтөн, эмиэ балааккабар кутулла түстүлэр. Били, мин үүрэ сатаабыт арыыбыттан биэс тайаҕы үүрэн таһааран дьаһайтаабыттар. Бу сырыыга икки эдэр дьон Климнээх Майыһыай ыты кытары үүрээччи буолбуттар. Кэпсээннэринэн, ыттара үчүгэй буолан, баар тайахтар бары ыттан куотан, сууххайдык тахсан биэрбиттэр үһү. Мин ону истэ-истэ, «мин даҕаны итинник үчүгэй ыттааҕым буоллар...» диэри гынан баран, аны киһини өссө күлүөхтэрэ диэммин саҥата суох хааллым.
Эдьигээҥҥэ кыһынын систэн өрүс арыыларыгар талахха кыстыы киирбит тайахтары ити курдук үүрэн таһааран кэбэҕэстик бултууллар. Оттон бу Эдьигээн чулуу уолаттара Бүөтүрдээх Туола итинник төһөлөөх тайаҕы бултаабыттарын ким аахпыта баарай, бэйэлэрэ да ахсаанын сүтэрдэхтэрэ. Арай Өлүөнэ эбэкэ билэн эрдэҕэ.
Захар Федоров,
Бэрдьигэстээх.