Күн барахсан чаҕылыйан, бэлиэр сааскытын эргитиэх көрүҥнэммит. Буолумуна даҕаны, бэлиэр үс чаас кэриҥэ уһаан эрдэҕэ. Арамаан эдэригэр итиннэ болҕомтотун төрүт уурбат этэ, арай аҕата оҕонньор эркиҥҥэ будьуунньугу кытта сэргэстэһиннэри ыйаммыт халандаары ылан, кыҥастаһа-кыҥастаһа: «Мантан инньэ күммүт түөртүү мүнүүтэнэн тэмэһийэр», – диэн, чахчы, туох эрэ улахан үөрүүлээх сонуну кэпсиирдии туттан олорорун бу баардыы өйдүүр. Ол бэйэтэ Арамаан, билигин сааһыран, инньэ ахсынньы 25 күнүттэн өрдөөҕү халандаарын илиититтэн түһэрбэт идэлэннэ. Маҥнай күнэ биирдии мүнүүтэнэн – кутуйах хаамыытынан – сыҕарыйан, кэмниэ кэнэҕэс уоҥҥа тиийдэҕинэ, «күммүт лаппа уһаата» диэн билэр дьонугар киэн тутта кэпсээтэҕинэ, күө-дьаа бөҕөтө буолаллар.
Оттон эдэр киһи күн-дьыл уһууругар-кылгыырыгар төрүт наадыйбат. Ону санаабат даҕаны. Ол эрээри Арамаан быдан өрдөөҕүтэ аармыйаҕа сылдьыбыттааҕын санаан ыллаҕына, оруобуна олунньу ыйдааҕы маннык чаҕылхай күн өйүгэр көтөн түһэр. Дьэ, кырдьык, оччолорго Уркуускай уобалас Усолье оройуонун тыатыгар саллаат сиэрэй синиэлин кэтэн, ыллыы-ыллыы устуруойунан хааман чиккэҥнэһии бөҕөтө этэ. Арамаан саар тэгил уҥуохтаах буолан, өрүү инники кэккэҕэ сылдьара, оттон биир дойдулаахтара Суркуоп, Силэпсиэп Туолалар, Кырбаһааҥкын Дьуура, Атылааһап Сиэнньэ уп-уһун синиэллэригэр сөрүөстэн охто сыһа-сыһа, устуруой кэннигэр ньороохтоһоллоро.
Өрөбүлгэ, хайа эрэ бырааһынньык чугаһаатаҕына, хамандыырдар биир-икки чаас итинник хаамтарар этилэр. Сэбиэскэй аармыйа күнэ бу ыган кэллэҕинэ, дэлэ буолуо дуо – чигдигэ атах тыаһа сүрдэнэрэ. Ол саҕана күн барахсан бу курдук чаҕылыйара, саас субу кэлээри турарын биллэрэн, көмүс сардаҥатын кэрэйбэккэ ыспахтыыра. Оччоҕо эдэр саллааттар мөтөгөр түөстэрэ туох эрэ биллибэт үөрүүттэн, иэйииттэн эппэҥнэс буолара. Ырааппыт да эбит ол кэм барахсан! 47 сыл ааһа охсубут!
* * *
Батальоннара бэс, хатыҥ, талах булкаастаах тыа быыһыгар турбута. Аны саас диэмбэллэнэр иккис, үһүс оруоталар, сотору дойдулуохпут диэн «аккорд» диэн ааттаах сэмсэ үлэ көрдөнөр түбүгэр сылдьаллара. «Аккорд» диэн байыаннай чааска туох эмэ үлэни босхо оҥоруу ааттанар. Холобур, гараас эҥин тутуута, чэ, аахтахха, үлэ арааһа толору. Холобур, бүгүһүн диэмбэллэммит Горьковскай уобалас уолаттара эписиэрдэр ойохторун кытта кэлэн сууналларыгар анаан, дьоҕус баанньык тутан, букатын эрдэ, алтынньыга, дойдулаабыттара.
Арамааннаах төрдүс оруоталара аны күһүн диэмбэл диэки чарапчыланар. Онон балтараа сыл сулууспалаан эрэр дьон буолан, «оҕонньор» диэн ытыктанар ааттаахтар. Бастакы оруоталар (Владимир уобалаһыттан кэлбит уолаттар) эрэйдээхтэр сылларын аҥаара да буола илик, онон туохха барытыгар эппит хоту сылдьаахтыыллар.
Бу сэндэҥэ тыа быыһыгар уһун намыһах хаһаарымаларга 400-чэкэ саллаат баар. Үгүс оруота 120 киһилээх буоллаҕына, Арамааннаах киэннэрэ баара-суоҕа – 64. Оруота аайы үс эписиэр: хамандыыр, солбуйааччыта уонна замполит. Стройбат буолан, взвод хамандыырдара – боростуой сержаннар. Арамаан бу санаан көрдөҕүнэ, эписиэрдэр үлэлэрэ – сарсыардааҥҥы устуруой (үлэҕэ атаарыы, илдьии), утуйуох иннинээҕи устуруой (ким баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээһин). Ыйга биирдэ эмэ чаас дьуһуурунайа буолар эбээһинэһи эппэтэххэ – бүттэҕэ ол. Саллааттары кытта үксүн взвод хамандыырдара сылдьаллар. Олор даҕаны күттүөннээх дьарыктара суох: боростуой саллаат курдук үлэлээбэттэр, дьыссаат иитээччитин курдук туохха барытыгар устуруойунан эрэ илдьэллэрин билэллэр. Улуу сүрэҕэ суох дьон – кинилэр.
Маныаха холоотоххо, замполит эбээһинэһэ чуолкай – Ленинскэй хоһу киэргэттэрии, субуотаҕа сарсыарда (үлэҕэ барыах иннинэ) лиэксийэ.
Маннааҕы эписиэрдэр, уруккута кыраныыссаны манаабыт, тааҥкаҕа, муора хараабылыгар, артылыарыйаҕа сулууспалаабыт дьон, туох эрэ аньыылаах-харалаах буолан, стройбакка түбэспиттэр. Ыстаарсай лейтенант Ткачук кириэйсэринэн араас акыйаанынан устубутун кэпсиирэ олус интэриэһинэйэ: биир да саллаат утуйбат. Баартыйа хаһыс эрэ сийиэһин, Политбюро иһитиннэриитин кэпсии сатаан (онно бары остуолга бүк түһэн утуйаллар) муҥнанарын курдук буолбатах. Хамандыыр солбуйааччыта, ыстаарсай лейтенант Алейников 1968 сыллаахха Германияҕа тааҥка оруотатын хамаандалаабытын, Чехословакиятааҕы сабыытыйаларга быһаччы кыттыбытын кэпсиирэ эмиэ олус тартарыылааҕа. Ол бэйэлэрэ бу стройбакка, били, штрафбат курдук үксэ хаайыы дьиэлэнэ сылдьыбыт дьону хамаандалыы, үтүө кэмнэрин кээрэтэ сырыттахтара.
* * *
Биирдэ замполит хараҥа долгулдьугас баттахтаах, эмиэ биир оннук хара хаастаах мааны дьахтары аҕалла. Сааһа отут биэстээх-хастаах быһыылаах. Ленинскэй хоско мустубут саллааттар туттуу-хаптыы бөҕөтө буоллулар. Ордук урут биирдии-иккилии сыл «олоро» сылдьыбыт Чита уобалаһын эрэттэрэ сүрдэннилэр. Кырдьыга, дьахтар ис киирбэх көрүҥнээҕин ааһан, быһыыта-таһаата да үчүгэйэ бэрт: замполиты кытта сэргэстэһэ олорбутугар хоппуруон чулкулаах атаҕа тобугун үрдүнэн кылбайан көһүннэ. Бу – байыаннай чаас саҥа бибилэтиэкэрэ Зарина Савельева диэн эбит. Кини иннинэ иккис оруотаттан хайа эрэ младшай сержант уол үлэлии сылдьыбыттаах. Ол тойооску «молодуойдар», «салаагалар» дии-дии тойомсуйарыттан, киэптиириттэн ураты тугу эмэ кыайа туппутун Арамаан өйдөөбөт.
Саҥа бибилэтиэкэр, арааһа, тургутан көрөөрү буолуо, «нуучча кылаассык суруйааччыларыттан кими билэҕит?» диэн ыйыппытыгар саллааттар им-ньим баран хааллылар. Онтон түгэх диэки олорор Бабкин Степан диэн Чита 25 саастаах эрдьигэнэ (2 сыл холуонньаҕа сылдьыбыт «зэк») көөҕүнэс куолаһынан:
– Биһиги диэхтээн, үөрэх кыра дьонобут. Хата, сахалары ыйытыҥ. Кинилэр бары да орто үөрэхтээхтэр. Чэ, сах сиэтин, Алытов Романы истэн кулгаахпытын сымнатыаҕыҥ! – диэн баран, күлэн күһүгүрэттэ. Онуоха били кырасыабай дьахтар «ол хайаларын этэҕит?» диэбиттии эргиччи көрбүтүгэр Арамаан ыскаамыйатыттан аргыый туран саамай сөбүлүүр суруйааччыта Михаил Шолохов буоларын, «Тихий Дон», «Поднятая целина», «Судьба человека», «Они сражались за Родину» диэн айымньыларын аахпытын иһитиннэрбитигэр, бэл, замполиттара Ткачук ньим барбыта.
Үлэҕэ барыахтарын иннинэ ыстаарсай лейтенант Ткачук Арамааны туспа ыҥыран ылан бибилэтиэкэри кытары билиһиннэрбитэ уонна Сэбиэскэй аармыйа күнүгэр аналлаах тэрээһиҥҥэ көмөлөһөрүгэр соруйбута. Зарина Савельева Арамааҥҥа «өрөбүлгэ эбиэт иннинэ бибилэтиэкэҕэ көмөлөһөр курдук, оҥостон кэлээр» диэн баран, аламаҕай баҕайытык мичээрдээбитэ уонна илиитин биэрбитэ.
* * *
Арамаан саллайан, эбиитин хас эмэ сиринэн «ас көрдөөн» аҥайан хаалбыт хаатыҥкатын сушилкаҕа дьылыччы ууран баран, старшина хаптыаркатыттан киирсэ саппыкытын ылбыта. Баахсалаан, сукунанан кылбаччы сотон баран, кыычыр-хаачыр хаамыталаабыта – найаат.
Бибилэтиэкэлэрэ кулууптарын биир хоһугар баара. Тиийбитэ – бибилэтиэкэр эр киһиттэн этэ-сиинэ туох уратылааҕа чопчу биллэр гына ыга туппут чараас түрүкүөлээх, маҥан сибиитэрэлээх бу курбалдьыйа сылдьар. Үөрэ-көтө көрүстэ: кэлбэтэ буолуо дии санаабыт. Уруккута күөдэл-таһаа хостон туох да хаалбатах: бары-барыта оннун булбут, мэктиэтигэр, сырдаабыкка дылы буолбут. Арамаан ол-бу сыҥсары бөх тоҕор сиргэ илдьэн бырахта. Зарина хас да куулга быһаҕас гына хаалаабыт илдьиркэй кинигэлэрин туспа уурдарда: уокка отторго илдьиллиэ диэн хаһаанар быһыыта эбит. Уол маҥнай салла санаабыта, Зарината букатын даҕаны бэйэ киһитэ буолан биэрдэ: боростуойа, сайаҕаһа, адьас тэҥнээҕин курдук кэпсэтэр-ипсэтэр. Онуоха холоотоххо, буфет Миларадата, быччаҕар харахтаах суон хотун, киэбирии бөҕөтө буолааччы. Саллааттары, бэл, старшиналары бу сэниирикэтин! Баҕар, хаһаайыстыбаҕа чаас хамандыырын көмөлөһөөччүтэ Карамзин хапытаан ойоҕобун диэн гынара буолуо. Түөһүллэҥнээн түһэн, дьиҥнээх Дьэгэ Бааба.
Арамааннаах иккиэн да тиритэ-хорута үлэлээтилэр, элбэх кинигэни дьаарыстаатылар. Эдэр дьахтар тиритэн, сибиитэрэтин устан путбуолканан эрэ хаалла, субу-субу былатыагынан соттумахтыыр. Хос иһэ олоччу дьахтар ураты сытынан туолла. Омуна суох эттэххэ, хараҕа да суох киһи манна эдэр дьахтар баарын эндэппэккэ билииһи. Үнүр замполиты кытары кэлэригэр саллаат барыта дьахтар атаҕа кылбаҥныырын ымсыыра көрбүт буоллаҕына, бу сырыыга Арамаан адьас аах-маах буола сыста: дьэ, быһыы-таһаа мааны дьахтара диэтэҕиҥ! Урут маннык чугастан хайа дьахтары көрбүтэ баарай, өссө тугу эмэ ылаары төҥкөйдөҕүнэ, самыыта субу тахсан турарыан! Алҕаска таарыйан кэбиһэр эбээт ону!
* * *
Сааскы чаҕылхай күн үтүө сабыдыала, баҕар, эдэр дьахтар истиҥ сыһыана да буолуо – Арамаан бибилэтиэкэҕэ орох тэппитэ. Уол киирэн кэллэ да, Зарина сонно остуолугар илдьэн кофелаах бэчиэнньэнэн күндүлүүрэ, арааһы бары ыйытара. Били, нууччалыы сыыһа саҥарыам диэн симиттэр бэйэтэ, Арамаан, кэпсэтэ үөрэнэн, туохтан да иҥнибэккэ саҥарар-иҥэрэр буолбута.
Сороҕор аана таһыттан хатааһыннаах буолан хомоторо. Оччоҕо араас санаа киирэн сордуура «тыый, ыалдьан хааллаҕа дуу, дьиэтигэр бара сылдьыбыт киһи дуу?»
Сэбиэскэй аармыйа күнүгэр тэрээһиннэрэ олус табыллыбыта. Чаас вокальнай ансаамбыла кэнсиэр туруорбута. Зарина көмүс күөмэйдээх дьиҥнээх артыыс эбит этэ: бу ыллыыра иэйиилээҕин! Арамаан санаатыгар, эдэр дьахтар таптал туһунан ырыата чопчу киниэхэ анаммыт курдуга. Уол да туора туран хаалбатаҕа: икки хоһоону иэйэн-куойан аахпытыгар Зарина ытыһын сыыһынан тыастаахтык таһыммахтаабыта.
Кэнсиэр кэнниттэн үҥкүү буолбута. Бу чааһыгар уруккуттан мөлтөх буолан, Арамаан «эркини өйөөччү» буолан турбута. Ткачук хаста да вальстаан кулахачыппыта, онтон Заринаны 1-кы оруота хамандыырын солбуйааччы Пушнин лейтенант эргичиппитэ. Хата, сотору үҥкүү бүтэн тарҕаһыы буолбутугар Зарина уолга чуо кэлэн «Рома, миигин дьиэбэр атаарыаххын баҕарбаккын дуо, замполиккыттан көҥүллэтиэм» диэн баран, тургутардыы көрбүтүгэр Арамаан үөрүүтүттэн тутум үрдүүргэ дылы буолбута.
Ыллыгы батан чугастааҕы дэриэбинэҕэ хаамсыбыттара. Оо, ол киэһэни Арамаан, ама, хаһан умнар үһүө?! Букатын түүл-бит курдуга. Бу хара баттахтаах кырасыабай дьахтар оллороот-боллороот уостаах саха уолун тугум диэн таптаатаҕай?! Дьиэтигэр киирээт даҕаны, сонно моонньугар иилистэ түспүтэ уонна саҥардыах бокуой биэрбэккэ, сыллаан-убураан, имэҥ-дьалыҥ уотун күөдьүппүтүнэн барбыта. Аармыйаҕа кэлиэр диэри биир да кыыс саа тэбиитигэр чугаһаппатах бүрэ киһитэ Арамаан бу эдэр дьахтарга абылатан, тугу гынарын кыайан быһаарбат буолуор диэри хараарчы булкуллубута. Сол курдук түҥ-таҥ барарын быыһыгар дьахтар сылаас сымнаҕас этигэр сыстарын быһыта-орута өйдөөн аһарбыта. Хантан эрэ бэрт чугастан ыгыллан кэлбит итии сүүрээн тохтоло суох биэртэлээтэҕин аайы Зарината тэҥҥэ өрүтэ мөҕүллэҥнээн ылара. Ок-сиэ, хаһан да уоҕа харыа биллибэт бу туох имэҥэй?!
Бу илэ дуу, түүл дуу?!
БУТУКАЙ.