Киир

Киир

Эр киһи уонна дьахтар сыһыанын сырдатар “Имэҥ” балаһаҕа таптал туһунан аһаҕас кэпсэтиини бэчээттиибит.
 
 
 

Оҥоһуллубу­тунан уол

 
   Анатолий Кириллин, 18 саастаах, устудьуон:
   – Билигин холостуойбун, ол иһин таптал чааһыгар кэпсиирим суох.
   – Кыыстана сылдьыбытыҥ дуо?
   – Оскуолаҕа кыыстаах этим.
   – Ол сыһыан хайдах этэй?
   – (күлэр). Хайдах эрэ ыйы­табын дии санаабаккын дуо? Тапталлаахтар хайдах сылдьалларын бэйэҥ да билэр инигин...
   – Хайдах сылдьалларый?
   – Оо, дьэ... Сиэттиһэллэр, бастаан иэдэстэн уураһаллар...
   – Онтон?
   – Чэ, бүт эрэ... Ону барытын хаһыакка кэпсиэм дуо?
   – Аатыҥ суруллубат ээ...
   – Мин кыыһы кытта хоон­ньоһо иликпин, барыта иннибэр...
 

“... эр киһитэ суох сатаммаппын”

 
   Нарыйа Скрябина, 24 саастаах, баан үлэһитэ:
   – Маҥнайгы тапталбын 9-с кылааска үөрэнэ сылдьан көрсүбүтүм. Миигиттэн икки сыл аҕа уол этэ. 11-с кылааска ыарахан буолбутум. Билигин оҕом 6,5 саастаах. Аны күһүн номнуо оскуолаҕа киириэхтээх.
   – Эр киһилиин эрдэ “чугастыы” буолар хайдаҕый?
   – Ммм... Олоххо буолар көстүү буоллаҕа дии. Киһи кыбыстара суох. Оҕом бастакы ыраас тапталтан күн сирин көрбүтэ. Билигин, төһө да арахсыбыппыт иһин, биһигини өрүү оҕобут ситимниир.
   – Билигин кэргэннээххин дуу?
   – Көннөрү уоллаахпын, ыал буола иликпит. Ол киһим кэлэ-бара сылдьар.
   – Эн санааҕар, кыыс эр ки­һитэ суох олоруон сөп дуо?
   – Кырдьыгынан эттэххэ, мин эр киһитэ суох сатаммаппын...
 

Сиэкис диэн доруобуйа, успуорт...

 
   Ньургун Матвеев, 28 саастаах, эдэр исписэлиис:
   – Сиэкис диэн доруобуйа, успуорт. Киһи сиэкиһинэн дьарыктаныахтаах. Холобур, мин кыыһы кытта өр хоонньоспокко сырыттахпына, доруобуйам биллэрдик мөлтүүр этэ.
   – Саамай уһуннук тулуйбут кэмиҥ төһөнүй?
   – Сыл аҥаара. Киһи син биир баҕарар. Кыргыттар да оннуктар.
   – Ол аата наар кыыстаах буоллаҕыҥ дии...
   – Кыыһа да суох кэммэр араас буолааччы. Сырыыны сырыттаҕым дии син.
   – Эр киһи биир партнерга сөп буолар дуо?
   – Ол эр киһититтэн, дьахтарыттан тутулуга суох. Ким хайдах иитиилээҕиттэн буоллаҕа дии. Билигин кэргэн ылар кыыстаах буоламмын, “движ” суох.
   – Кыыскын төһө таптыыгыный?
   – Таптаан буоллаҕа дии!
   – Кинини түһэн биэрбэккин?
   – Билиҥҥи туругунан барыта этэҥҥэ. Кэргэннээх уолаттар “биир дьахтартан сылайабыт” диэччилэр. Бириэмэ көрдөрүө...

Түүҥҥү айан

 
   Ньукулай Уйбаныап, 46 саастаах, суоппар:
   – Мин куорат иһигэр таксыылыыбын. Онон Дьокуускай түүҥҥү олоҕун балай эмэ билэбин.
   – Араас мүччүргэннээх сырыы бөҕөтүгэр түбэстэҕиҥ дии...
   – (күлэр). Тугу ыйытаҕын?
   – Түүҥҥү олох туһунан ыйытыылаахпын. Түүҥҥү кулууптан дьону таһабын диэбитиҥ дии...
   – Түүҥҥү олох туох аанньа буолуой? Омук киинэлэрин көрө-көрө, ону үтүктэллэр дии. Холобур, ааспыкка биир кулууптан кыыстаах уолу дьиэлэригэр илдьээри сакааска кэлбитим. Дьонум иккиэн улахан холуочуктар этэ. Чэ, уолун таҥаһа-саба син ама. Оо, кыыспыт баар ээ! Дьабаччы кырааска, уп-уһун хобулук, эмэһэтэ көстө сылдьар кып-кылгас дьууппа... Па да па... Итирбит кыыс сатаан хобулукка хаамар үһү дуо? Дьонум массыынаҕа киирэн баран, тута салаһан, убахтаһан, сыллаһан-уураһан бардылар. Уулусса уота тыгар кэмигэр, сиэркилэнэн көрбүтүм, кыыс ньылбы сыгынньахтаммыт этэ. Хайыахпыный, дьону таһырдьа бырахпат буоллаҕым дии. Тиийиэхтээх аадырыстарыгар тиэрдэн биэрбитим. Массыына тохтообутугар да, дьонум улаханнык наадыйбатахтара. Буһуу-хатыы, “үлэ-хамнас” бөҕө этилэр. Мин хаһан түксүлүүллэрин кэтэһэ сатаан сор-муҥ бөҕөтүн көрбүтүм. Таһырдьа тахсан табахтыы да сатаан эҥин... Чочумча буолан баран, массыынабар киирэн, дьоммун ыксаппытым. Ити курдук, кыыстаах уол кус сыгынньах аҥаардаах массыынаттан тахсан барбыттара. Кыыспыт эмиийэ отой ыйана сылдьар этэ.
Сарсыҥҥы күнүгэр массыынабын хомуйа сылдьан, ити дьон ис таҥастарын булан, соһуйбуттаахпын. Куһаҕантан киһи да күлэр...
 

Эргэр аккаастыыр табыгаһа суох

 
   Роза Иванова, 36 саастаах, кэргэннээх:
   – Мин кэргэннээх киһи бы­һыы­тынан, сиэкиһинэн нэдиэ­лэҕэ ортотунан 3-4-тэ дьарыктанабын. Ол эрэн наһаа баҕаран туран буолбатах. Барыта нас­тарыанньабыттан тутулуктаах. Сороҕор эрим наадыйарын иһин буолуон сөп. Эр киһиэхэ аккаастыыр соччо үчүгэйэ суох балаһыанньа буоларын, эппинэн-хааммынан билэбин. Онон, улаханнык сылайбатах эрэ буолларбын, түргэнник бэринэбин. Кэргэним айаҥҥа бардаҕына, сүрдээҕин ахтабын. Ахтыһан баран көрсөр өссө күүтүүлээх уонна минньигэс буолар. Сиэкистиир кэмҥэ икки өттүттэн ынчыктаһыы бөҕөтө буолар. Иккиэн аҕылыыллар буоллаҕа дии. Дьахтар эмоциялаах буолан, быдан баһыйар диэххэ сөп. Маныаха эр киһи, ынчыгы истэн, сүрдээҕин астынар. Дьахтар төһөнөн ынчыктыыр да, соччонон эр киһи “үлэлиирэ” күүһүрэр.
 

Имэҥнээх түүл

 
   Светлана Сергеева, 30 саастаах, эдэр исписэлиис:
    – Мин биирдэ эмэ имэҥнээх түүллэри түһээччибин. Ол түүлгэ сөбүлүүр эбэтэр астына көрөр киһибин кытта бииргэ буолааччыбын. Барыта олох сибилигин дьиҥнээхтик буола турар курдук, чопчу буолааччы. Ол түүлгэ таптаһыы бөҕө... Сыыйа-баайа бэйэ-бэйэбитигэр чугасаһан, сыгынньахтанан, дьэ, уубутугар-хаарбытыгар киирэн истэхпитинэ, уһуктан кэлээччибин. Итинник түүлү хаста да түһээбитим эрээри, түмүгэр диэри хаһан да тиийбэтэҕим. Дьэ, кыһыы диэтэҕиҥ... Салгыы араастаан утуйа сатааччыбын да, оннук түүлү аны кыайан түһээбэт буоллаҕым дии.
 

Арай биирдэ көрүдүөргэ...

 
   Марина Еремеева, 25 саастаах, кэргэннээх:
– Оо, дьэ, киһи кыбыстар... Чэ, буоллун. Кэргэммин кытта бастаан сылдьарбыт саҕана, сэтинньигэ, тыбыс-тымныы баанньыкка сиэкистээн турардаахпыт. Бэл, тымныы да мэһэйдээбэт этэ. Өссө биир ураты таптаһыы, ыксаллаах быһыы-майгы уопсайга олорор эрдэхпитинэ буолбута. Били, “малосемейка” уопсайдара бааллар дии. Онно түөрт хоско биир туалет, баанна, куукуна буолара. Биир киэһэ иһит сууйа туран, уопсай көрүдүөрүгэр таптаһан турардаахпыт. Бу санаатахха, наһаа аһара барыы эбит (күлэр).
 

Сыгынньах хаартыскаҕа түһүү

 
   Наталья Сергеева, 21 саас­таах:
   – Билигин интэриниэт ситимигэр кыргыттар сыгынньахтанан баран, хаартыскаҕа түһэр муоданы буллулар. Эн эмиэ соннук түһэргин сөбүлүүгүн дуу?..
   – Хаартыска аата хаартыска буоллаҕа дии. Уулуссаҕа купальниктаах хаама сылдьарым баарай...
   – Холобур, “Инстаграм” сирэйгин 31 тыһ. тахса киһи көрөр, дьоҥҥо тугу тиэрдэр соруктааххыный?
   – Быһыыбын-таһаабын көр­дөрөбүн. Мин санаабар, ол туох да куһаҕана суох. Биир саастаах кыргыттарым үгүстэрэ итинник хаартыскалаахтар ээ. Купальниктаах, ис таҥастаах түһэр туох да сидьиҥ быһыы буолбатах. Хата, кыргыттар, уолаттар бары успуордунан дьарыктаналлара буоллар, бэрт буолуо этэ.
   – Таптыыр уоллааххын дуо?
   – Баар.
   – Кини күнүүлээбэт дуо?
   – Суох.
 

Баары баарынан

 
   Игорь Сергучев, 28 саастаах, урбаанньыт:
   – Мин кыыспын кытта күн аайы таптаһабыт. Сотору кэргэннии буолуохпут. Олоххо буолар көстүүттэн киһи кыбыстыа суохтаах. Сиэкистиир киһи үчүгэй настарыанньалаах, доруобай даҕаны буолар. Оннооҕор быраастар “элбэхтэ сиэкистээҥ” диэн сүбэлииллэр дии. Дьахталлар эмиэ дуоһуйууну ылаллар эрээри, биллэрбэттэр. Биһиги, эр дьон, айылҕабытынан диэххэ дуу, олус наадыйабыт. Киһиэхэ биир партнердаах буолуохтаах дии саныыбын. Наһаа субу-субу уларыйар буоллаҕына, ыарыыга ылларыахха сөп. Мин кыыспын кытары 2-с сылын бииргэбит. Бииргэ буолуубут сүрүн кистэлэҥэ, түүҥҥү олохтон олус тутулуктаах.
 
P.S. Ыйытык кыттыылаахтарын ааттара уларыйан бэчээттэннэ.
2019 с.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар