Киир

Киир

Түүн ортото буолбутун биллэрэн, Кириэмил чаһыта уон иккис охсуутун кытта остуол тула олорор дьон, ойон туран, Саҥа дьылынан эҕэрдэлэһэн, бакаалларын охсуһуннардылар. Ыал аҕата дьиэлээхтэри эҕэрдэлээн тыл эттэ. Ол кэннэ оҕолор соннорун кэтэн, сөлүүт ыта диэн таһырдьа таҕыстылар.

Миисэлээх быйыл Саҥа дьылы оҕолорунуун ыллылар. Кыргыттара, тугу да быраҕан туран, бачча ыраах айаннаан кэлэн соһуттулар. Күтүөттэр эмиэ үлэлэриттэн босхоломмуттара дьикти. Дьиҥэ, кыра оҕолордоох, бэйэлэрэ ыал дьон буоллахтара. Онон эмээхсининиин уу чуумпутук олорбуттара ханна да суох. Дьиэ иһэ сиэннэр күйгүөрдэринэн соҕотохто туола түстэ. Кэргэнэ Зоя, оҕолоро кэлбиттэриттэн үөрэн, хайдах да буолуон билбэккэ сылдьар. Мэктиэтигэр, сыыдамсыйбыт, туттара-хаптара түргэтээбит курдук. Остуол тула олоро түһээт, кыргыттар оҕолорун сытыартыы бардылар. Миисэ күтүөттэрин кытта арааһы кэпсэттэ. Үчүгэй күтүөттэр түбэстилэр диэххэ сөп. Хайалара да үлэлээх, кэргэттэригэр болҕомтолоох дьон. Биирдэ эмэ куоракка тиийдэхтэринэ, күтүөттэр тиэйэн-таһан, булан-талан абырааччылар. Туох эмэ наада буолла да, Миисэлээх эрийиэхтэрин эрэ кэрэх, омуннаан эттэххэ, күн иһинэн сакаастара дэриэбинэни булар. Күтүөттэртэн биирдэстэрэ хайыы үйэ дьиэлээх, иккистэрэ эһиил кыһын саҥа дьиэҕэ киирээри түбүгүрэ сылдьар. Онон барыта этэҥҥэ.

Бырааһынньыктааҕы остуол сып курдук хомуллан, аҕаларыгар салаат, куурусса тобоҕун кыра остуолга хаалларан, оҕолор салгыы кулуупка үҥкүүлүү бараары тэриннилэр. Зоята кыра сиэнин кытта киирэн сытыста. Миисэ Саҥа дьыл түүнүгэр субу курдук олорорун олус сөбүлүүр. Ону дьиэлээхтэр бары бэркэ билэллэр. Иннигэр ханньаагын кытта сокуускатын уурунна да бүтэр. Ойон туран, күүлэтиттэн тоҥ убаһа быарын да киллэриэн сөп, халадыынньыга да бу турар буоллаҕа. Онон Саҥа дьыл түүн сокууска туһуттан долгуйбат. Сарсыарда хотонугар тахсыар диэри ханаалы эргитэ сылдьан кэнсиэр, киинэ арааһын көрөр. Ол олорон арааһы саныыр. Иэйиитэ хайдах киирэринэн, табаарыстарыгар эрийэн эҕэрдэлиир, ону-маны дойҕохтоһор. Ону даҕаны ол дьон сэргэх олорор буоллахтарына. Сорохтор нэһиилэ уон иккини көрсөөт, утуйар аакка барбыт буолааччылар. Кэмин иннинэ итирбит даҕаны суох буолбат. Миисэ, куолутунан, аармыйаҕа бииргэ сулууспалаабыт Ылдьаатыгар эрийбитигэр, киһитэ саҥарар да бокуойу биэрбэккэ, үрүт-үөһэ эҕэрдэлээн киирэн барда. Дьэ, омун-төлөн киһи! Ыаллыы улууска олорор буолан, Ылдьаата манна таарыйан ааһааччы. Онон хайдах-туох олороллорун билсэллэр. Ылдьаа балаччаны «кыаммыт» быһыылаах, тардыаһа биллэрдик бэргээбит. Онон уһуннук кэпсэппэтилэр.

* * *

Арассыыйа сулустарын Саҥа дьыллааҕы «Күөх уоттара» саҕаланна... Эчи, кырасыабайдарын, синньигэстэрин, үөрдэхтэрэ-көттөхтөрө үчүгэйин! Ити кыргыттар санныларыгар, самыыларыгар арыычча иҥнэн сылдьар таҥастаахтарын, дьэ, бэркиһиир да бэркиһиир. Төҥкөс, чохчос гыннахтарын аайы барылара-бары көстүөх курдук да, көстөн абыраабат. Таҥастара сыҕарыйан биэрэр курдук, бүөлүү түһэрэ баар ээ. Былаачыйа дуомун сиип-синньигэс быата быһа барбата дьикти. Баҕар, быһа барарын тэлэбиидэнньэ буолан, быһан-отон, араас хартыынанан бүөлээн, оҥорон эрдэхтэрэ. Миисэ араас санаатыттан сонньуйан, күлэн ылла.

Нуучча кыргыттара, эчи, сотолоро, самыылара, түөстэрэ толорутун! Толору буспут буулка дуу, ситэри сиппит дьаабылыка дуу курдуктар. Дьахтар кэрэтин кэрэхсиир буолан, маннык кэнсиэрдэри Миисэ, дьэ, сөбүлүүр. Нуучча хааннаахтары уруккуттан биһириир. Зоята даҕаны сырдык хааннаах. Эдэригэр күөҕүнэн көрбүт, толору эттээх-сииннээх кыыс этэ. Оччоттон да кута-мата бэйэтэ билигин киһи куустаҕына, илии да тиийбэт гына туоратынан бараахтаата. Онтуттан бэйэтэ да санааргыыр. Аһын аччаппыта буолар да, табыллыбат. «Эрэ суоҕум буоллар, кимнээҕэр ырыган буолуом этэ. Эйигин аһатаары асаһан кэбиһэбин», – диэн Миисэтигэр кыыһырар. Арыт ойоҕо санаата олус түспүтүн көрөн, Миисэ: «Эттээҕиҥ ордук. Уҥуохха атыллыахтааҕар, сыаҕа батыллыбыт ордук», – эҥин диэн уоскуппута буолар, сыллыыр-ууруур. Оччоҕуна Зоята санаата көнньүөрэр, хаамара кытта уларыйар курдук буолар. Тугу кистэниллиэй, Миисэ сөбүгэр быһыылаах-таһаалаах дьахтары тутуон-хабыан баҕарар бөҕө буоллаҕа. Билигин даҕаны кырдьыбыт курдук санаммакка сылдьар. Кэмиттэн кэмигэр ойоҕун кум-хам тутуталыыр. Анарааҥҥыта кэлиҥҥинэн сиэкискэ бэһирбэт буолбут. Аат эрэ харата, суолтатыгар сөбүлэнээхтиир. Оттон Миисэ эдэригэр курдук уохтаахтык, имэҥнээхтик таптаһыан төһөлөөх баҕарара буолуой?!

* * *

Ити санааттан сиэттэрэн, кини өрдөөҕүтэ Дьокуускайга атаарбыт Саҥа дьылын санаан кэллэ. Оччолорго Миисэ отутун эрэ ааспыт, уруул үрдүгэр сылдьар уола хаан этэ буоллаҕа. Улахан кыыһа оскуолаҕа саҥа киирбит сыла этэ. Саҥа дьыл иннинэ атаһа Соппуруон куораттан мал таһаарсарга көрдөспүтэ. Ыраах айан буолан, иккис суоппар наада этэ. Онон Соппуруон саҥатык УАЗигынан куоракка айаннаабыттара. Наадалаахтарын ылынан, Саҥа дьыл киэһэтин дьиэлэригэр баттаһардыы, куораттан сөпкө хоҥнуохтаах этилэрэ. Ол эрээри айанныыр күннэригэр куорат уулуссатын ыыс-быдаан туманыгар атын массыынаны кытта харсыһан, мучумааҥҥа түспүттэрэ. Уруулга Соппуруон олорбут буолан, дьыаланы быһаарыыга бэйэтэ сүүрбүтэ. Онон Миисэ тастыҥ балтыгар – Сибиэтэҕэ кэтэһэригэр тиийбитэ. Дьыалалара уһаан-кэҥээн, дойдулуур кыахтан маппыттара эрээри, Миисэҕэ бу эмиэ сонун, туһалаах сырыы буолан тахсыбыта.

* * *

Саҥа дьыл күн балтын кытта маҕаһыыҥҥа сылдьан, били, ыаллыы улууска олорор Ылдьаатын көрсө түспүтэ. Киһитэ оччолорго ойохтоно илигэ. Киэһэ өссө төгүл билсиэх буолан арахсыбыттара. Түүн 12 чаас кэннэ Ылдьаата кэтэһиннэрэ барбакка эрийэн, дискэтиэкэҕэ барарга этии көтөхпүтэ. Миисэ балта аах ыалдьыттары көрсүөхтээхтэрэ. Онон ыалга мэһэй-таһай да буолумаары, тахсан барбыта.

Куорат сир диэтэххэ, тыа сирин кулуубугар маарынныыра. Дьэ, киһи элбэҕэ Миисэни соһуппута. Дьиэ ойоҕоһугар туран «тэп» гыннарбыт ханньаактарыттан уолаттар сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ. Хара ааныттан үөрбүт-көппүт сирэйдээх-харахтаах дьону көрөн, төрүт ырайга кэлбит курдук санаммыттара. Киирээт, хас да кыыс үҥкүүлүү сылдьарыгар кыттыспыттарыгар анарааҥҥылара үөрэн сэгэс гына түспүттэрэ. Дьэ, доҕоор, үҥкүү «ийэтэ-аҕата» манна эбит! Миисэ, эдэр эрдэҕинээҕитин курдук эрчимнээхтик, имигэстик үҥкүүлүүрүттэн бэйэтэ да астынан, урукку хамсаныыларын хатылаатаҕын аайы кыргыттар эмиэ араастаан туттан-хаптан барбыттара. Уот ааныттан Миисэ хараҕа бааһынай кыыһыгар хатаммыта. Унаарыччы көрөн, барахсан, үчүгэйин! Уһун кыламан быыһынан сып-сырдыгынан көрөн ыллаҕын аайы Ылдьаа этин устун уот сүүрэр курдуга. Атыттар курдук ыһылла-тоҕулла да буолбатар, муусукаҕа сөп түбэһэ илиитин-атаҕын хамсатан үҥкүүлүүрүттэн уол өссө үөрүөх-көтүөх санаата кэлбитэ. Куу-хаа, муусука ортотугар сылдьан массыына саахалламмытыгар кытта махтаныах санаа элэс гынан ааспыта. Онтон бытаан үҥкүүгэ бэйэ-бэйэлэригэр сыста түспүттэриттэн олус үөрбүттэрэ.

Ааттыын кэрэ Анжелика духуутун сыта билигин да биллэргэ дылы. Ол үҥкүүлүү сылдьан бу кэрэни кытта биир бииргэ хаалар кэмин санаан, Миисэ ис-иһиттэн кычыгыланан ылбыта. Анжеликаны уруккуттан билэр киһитин курдук ыга кууспутуттан, онуоха кыыс эмиэ хардарбытыттан, киниттэн ордук дьоллоох киһи суоҕун курдук сананан, тэтимнээх да үҥкүүгэ оннук өргө диэри үҥкүүлээбиттэрэ.

* * *

Салгыы туох буолбутун санаан, Миисэ кириэһилэтиттэн туран кэлбититтэн бэйэтэ да соһуйда. Туох эмэ тоҥу киллэрэн сииһи. Ойоҕо хаһаны кытта быары эрийэн, күөх лууктаан астыыр аһа сүрэҕин ортотунан киирдэ. Бээрэ, хайдах этэй ол Саҥа дьыллааҕы түүн?.. Миисэ эр киһи киэбинэн кыыска көстүүнэйгэ барсарга тыл көтөхпүтэ. Дьиҥэр, үйэлээх сааһыгар ол «дойдуга» хоно илигэ. Кыыс сөбүлэҥин истээт, Ылдьаатыттан көстүүнэй аадырыһын ылан, онно айаннаабыттара. Дьолго, миэстэ көстөн, икки киһи сытар хоһугар Анжеликалыын дьылыс гыммыттара.

Ып-ыраас, муус маҥан таҥаска кылбаа маҥан толуу дьахтар сытара көрүөххэ астыгыан! Анжелика айылҕа кэрэтиттэн балачча бэриһиннэрбит кыыс оҕото эбит этэ. Сааһырыы биир да дьураата таарыйа илик моонньун күөкэтэн, толору түөстэрин мөтөтөн, сиһин кэдэтэн, атахтарын хатыйа быраҕан, «ыл даа, бу кэрэни туһан даа» диэбиттии, унаарыччы көрөн сытара бу баарга дылы... Муус маҥан, толору самыытын устун нарын тарбахтарын оонньоппута буолан ойуоккалатан, умса сытан саннын, сиһин араастаан хамсатан, толору сотолорунан тэбиэлэммитэ буолан, эр киһи баҕатын хат-хат уһугуннарар эриэккэс кэрэчээнэ этэ. Саҥа бүтэн иһэн, хат имэҥирэн кэлэр, утуйар да диэни билбэт, ис-иһиттэн сэниэлээх дьахтар буолан биэрбитэ. Миисэ, эр киһи хаана оонньоон, имэҥ-дьалыҥ түгэҕэ биллибэт чүөмпэтигэр ойохтооҕун, оҕолордооҕун ончу умнан туран умсаахтаабыта. Төһө да эдэр буоллар, маннык түгэн аны мээнэ түбэспэтин өйдөөтөҕө эбээт. Онон Анжеликаттан өссө биир түүнү бииргэ атаарарга көрдөспүтэ. Дьиҥэ, хамнастаһа кэлбит киһи дьонугар харчылаах тиийиэхтээх этэ буоллаҕа. Сээкэйи ылаары эбии харчылаах даҕаны кэлбитэ. «Ол туһунан кэлин толкуйдуом» диэн уоскутунан, харчытын бүтэриэр диэри көҥүл көрүлээбитэ. Миисэ кэрэ дьахтар иннигэр кыахтаах курдук көстөр баҕаттан үйэтигэр атыыласпатах фруктатынан, күндү балыгынан, арыгы арааһынан Анжеликаны күндүлээбитэ. Онон балтараа суукка кэриҥэр «ырай олоҕун» билбит аньыылаах.

* * *

Арахсыыларыгар Анжелика Миисэ моонньугар иилистэн туран, ытамньыйан ылбыта. Кини даҕаны, эдэр сааһыгар кэргэниттэн арахсан, эр киһи маанылыырын билбэт быһаҕас дьылҕалаах буоллаҕа. Бу бииргэ атаарбыт кэмнэригэр бүтүн олоҕу олорбут курдуктара. Элбэҕи кэпсэппиттэрэ, үгүстэн күлбүттэрэ, салгыахтарыгар диэри таптаспыттара. Миисэ маннык олохтон аккаастаныа да суох курдуга. Ол эрээри, Зоятыныын уһуннук олоруох быатыгар, моонньуттан эдэр дьахтар нарын илиилэрин төлөрүтэн, тахсан барбыта.

Айанын устата Анжелика кэрэ быһыыта-таһаата өйүттэн тахсыбатаҕа. Хайа эрэ кэмҥэ өйө-санаата ытыллан, баһа хампы барыах айылаах да буолан ылыталаабыта. Бу кэнниттэн ойоҕор чугаһыа да суох курдуга. Тугу да гыммакка, дьахтары кууһан баран сыппыт киһи Орто дойдуга суоҕа да буолуо. Күннээҕи олоҕор төннөр буоллаҕа...

Син эрэйдэниэх киһи, Зоята олус ахтан, сол киэһэ кэргэннии эбээһинэһин толорон, олоҕун сүнньүгэр киирбитэ. Эр дьону кытта булка-алка сылдьан имэҥ-дьалыҥ тиэмэтигэр кэпсэттэхтэринэ, кини даҕаны талыы дьахтары кытта таптаспыт сырыытын ахтааччы. Кэпсиири баҕас сатыыр буолан, истээччилэрэ даҕаны хамсаан-имсээн, кычыгыланан барааччылар.

* * *

Ол сырыытын санаан, Миисэ сэргэхсийдэ. Ханньаагыттан куттан, атаҕын олоппоско уурда. Ол олорон хос диэки көрүтэлээтэ. Бачча үчүгэй киэһэ «дьээбэлэниэҕи», Зоята утуйбута ырааттаҕа. Миисэ сонун кэтэн, табахтыы таҕыста. Халлаан халлан, сулустар бэрт чугас тыгар курдуктар. Билигин Анжелика тугу гына сылдьара буолуой? Бу сулустары көрөрө буолуо дуу? Дьоллоох буол, Анжелика. Миисэ саҥа таһааран саҥарбытыттан бэйэтэ да соһуйда. Бэйэтиттэн бэйэтэ бэркиһээн, өр буолбакка, киирэн оронугар сытта.

УЙААРА.