Киир

Киир

Хоту араас ааттаах сир элбэх. Аата суох сир да балачча быһыылаах. Маныаха холоотоххо, киин улуустарга күөл буоллун, алаас буоллун – барыта былыр-былыргыттан олохсуйан, иҥэн хаалбыт ааттаах.

Бөһүөлэктэн биэс-алта биэрэстэлээх сиргэ, киин улуус дьонун миэркэлэринэн, добуочча улахан күөл баар. Ону олохтоохтор Мачыаха Дьорооно диэн сүрэхтээбиттэр. Мантыбыт төрдүн-төбөтүн ыаспыйалаан быһаардахха, син көрүдьүөс соҕус устуоруйалаах эбит. Чэ, холобура, маҥнай дойду сиртэн кэлбит киһи ылбычча өйдөөбөт «дьороон» диэн тылын быһаарыаҕыҥ. Онтубут «көлүччэ» диэн суолталаах эбит. Маннааҕылар хаһан да биһиги курдук көлүччэ диэбэттэр. Оттон Мачыаха диэн тугуй? Дьахтар аата. Матрёна диэни «тупсарбыт» быһыылара.

Бу көлүччэҕэ Мачыаха диэн, түөрт уонуттан тахсыбыт аҥаардас дьахтар сааһыары, кус ытыытын кэмигэр, сөбүлээн таабырданар эбит. Эр киһилии быһыылаах, күүһүнэн даҕаны хайа да эр бэрдигэр аанньанан бэриниэ суох көрүҥнээх дьахтар. Өрдөөҕүтэ Дьокуускай таһынааҕы Мархаҕа тыа хаһаайыстыбатын испэсэлиистэрин кууруһугар үөрэнэн, сиэмэһит уонна сүөһүнү аттыыр идэни баһылаан кэлбит. Оччо тэтиэнэх дьахтар тугу тулутуой, эҥинэ бэйэлээх култаҕар тээһэҥкэлээх сүөһүлэри мылыччы хамсаабат гына кыаһыылаан баран, көрүөх бэтэрээ өттүгэр аттаталаан кэбиһэр эбит. Буоһатара да омуннаабыт курдук: кини илиитэ тиийиэ эрэ кэрэх – бэрт соторунан ынах астынан-дуоһуйан, уулааҕынан-хаардааҕынан көрөн, ньаачас гынан хаалар үһү. Ити барыта – дьон кэпсээнэ.

Мачыаха үөрэнэн кэлиэр диэри сопхуос кииниттэн Моргууһап диэн, кини бараллаата бэтэринээр айгыстан тахсан борооскулары аттыыра, ынахтары сиэмэлиирэ үһү. Ол эрээри бу, табаҕын мэлдьи ытырбытынан сылдьар тойон, үлэтин түмүгэ хобдох буолар эбит: бэрт ахсааннаах ынах ууланар, оттон аттаабыт борооскута устунан аһааҕыран хаалар. Кини диэтэх киһи, хата, суустаах тылынан хайа да кытарар айахтааҕы хам ыытар идэлээх үһү. Мачыаханы, түгэн эрэ көһүннэр: «Хайа, дьэ, хотуйкааным, хас сүөһүнү сабан кэлэн олороҕун, төһө тээһэҥкэни убахтаатыҥ?» – диэн сордуур эбит. Арыгы испит буоллаҕына (дьэ, ону баҕас бэркэ сөбүлүүр «аһа» үһү), хайа да дьахтары аттынан сүгүн аһарбат адьынаттаах этэ диэн кэпсииллэр.

Биирдэ хомондьуруопкаҕа диэн ааттаан кэлэн баран, үлэтигэр барбах сүөдэҥнии түһээт, чугас эргиннээҕи уулары кэрийэ барбыт. «Саатар, айахпар икки хас барааҕы быста кэйээ инибин» диэннээх үһү. Оруобуна Мачыаха илимин үтэн, өссө икки умсааҕы балааккатын айаҕар ууран олордоҕуна тиийэн кэлбит. Дьахтар хайыа баарай, төһө да сөбүлээбэтэр, бачча ааһан иһэр сааһыты холдьоҕон туруо дуо – чэйдэтээччи буолбут. Оччолоох түгэн тосхойбутугар Моргууһап обургу үрүсээгиттэн буоккатын кылбатан таһаарбыт. Мачыахаҕа кутаары гыммытын биирдэрэ баһын быһа илгистэн эрэ кэбиспит. Эр бэрдэ онто да суох мааҕыҥҥыттан «үссэнэ» сылдьыбыт буолан, курууска кэриҥин хантатаат, хараҕын миин курдугунан көрүтэлээн барбыт, тыла төһө да булдьуйдар, иҥээҥнээн, сыстаҥнаан, араастаан ньалҕаҥнаан барбыт. Туппахалаһан киирэн бараары гыммытыгар Мачыаха ойон турбут да эттээх сутуругунан түөскэ кибилиннэрбитэ, киһитэ киэр эһиллэн, таралыс гына түспүт. Тураары үнүөхтүү сатаан баран, эҥин араас маатыраны түһэрэ сытан, утуйан хаһыҥыратан хаалбыт.

«Дьэ, тоҕойум, көрдөөбүккүн ыларыҥ буолуо!» диэн, өһөхтөөх санаатын киллэрэн баран, Мачыаха балааккатыттан таһаҕаһын кэлгийбит өтүүтүн таһаарбыт...

Чаас кэриҥэ буолан баран, өлүү болдьохтоох, Дьээбэлээх Дьэрэмэй элэмэс атынан бу батыччахтатан кэлбит. Бостуук көрдөҕүнэ, били, хонтуоранан хонтолдьуйар Моргууһаба ыстаана сулбуруйбут, самаҕар ачаахтаах мас тирээбиллээх, түүрэ кэлгиллэн, кыаҕыттан тахсан, тээһэҥкэтэ «мэ, манан быс, аттаа» диэбиттии, субу култайан сытар үһү.

Ааттыын да Дьээбэлээх, туустаан-тумалаан кэпсээн ыһаардыбыта, омуна-төлөнө уон оччо буоллаҕа – начаас ыккардыгар бөһүөлэк иһин толорбут. Онтон ыла Моргууһап бу дойдуттан букатыннаахтык тэйбит, оттон ити ууну Мачыаха Дьорооно диэн ааттаабыттар.

Илим көрөн абыраары...

Мачыаха Дьороонугар эдэр эрдэхпинэ (оччолорго сүүрбэ биэстээх элик бэрдэ этим), сылдьан турардаахпын. Ок-сиэ, онтон ыла күн-дьыл барбахтаабыт да эбит! Билигин, хас эмэ сиэн эһэтэ буолан олорон, толкуйдаан көрдөхпүнэ, хаарыаннаах да кэмнэр ааспыттар. Хоту үлэлии сылдьыбытым сүрэҕи эппэҥнэтэр арамаантыка, ол быыһыгар тугу барытын умуннарыах имэҥнээх таптал да күөдьүйтэлиирэ өйбөр хаалбыт. Ол эрээри сорох киһи «хоту дойду кыргыттара, дьахталлара чэпчэки да майгылаах барахсаттар эбит» диэн, сыыһа өйдөөн, хаарыан котокулары өһүргэтэн, кэлэтэн турдаҕына көҥүлэ. Ити – быстах өйдөбүл. Дьэ, ол иһин «былыргыны былыт сабар» диэн уос номоҕун тумус туттан, кыбыстыылаах соҕус да буоллар, биир түбэлтэни кэпсиим. Уопсайынан даҕаны, киһи ааспыт суолун хайаан да эргиллэн көрүөхтээх уонна «сөпкө гыммыппын дуу, суох дуу?» диэн түмүк оҥостуохтаах.

Хоту бастаан кэлбит сааспар, оруобуна баччаларга, кус ытыытын саҕана, дьэ, саалана бардым. Сулумах уонна бу сиргэ маҥнай үктэммит киһи саам да, ол-бу тэрилим да, дьиҥэр, суох буолаахтаатаҕа дии. Хата, өр учууталлаан баран, соторутааҕыта биэнсийэҕэ тахсыбыт Тиэхээн Баһылайабыс диэн кырдьаҕастан эргэ саатын, дьоҕус балааккатын уларсан итиччэ тэриммиппэр баһыыба. Өстүбэһи, биири умна сыстым – тобугун үрдүнэн тэһэҕэстээх курумууну физкультура учуутала Сэмэн Былдакыаптан уларсыбытым. Турар бэйэтинэн эрэ киһини олохтоох дьон, халыҥ хамаанданан тэринэн ыраах айанныыр булчуттар, хантан кытыарыахтарай. Хата, сири-уоту, дьону-сэргэни аанньа билбэт буолан, туохтан да иҥнэн-толлон турбат урааҥхайбын. «Чугас эргин ким да бултаабат, сирэн бырахпыт ууларын кэрийдэххэ, син тугу эмэ дьодьуйаа инибин» диэн эрэл санаалаахпын. Талах быыһынан ууну күллүргэччи кэһэн иһэн биир атыыр моонньоҕон чугаһынан кэлбитин тиэрэ биэрэн түһэрбитим. «Итинник эбит буоллаҕына, мин даҕаны бултуйууһубун» диэн саныы-саныы, ууну кэһэн күллүргэт да күллүргэт. Кус баҕас баар дойдута эбит эрээри, чугаһаан бэрт. Көтөн иһэллэрин көрдөхпүнэ хаптайабын диэн, кэннибин дэлби сиигиртим. Онтум киэһэнэн аргыарданан барда. Аны туран, санаам да түһүөх курдук буолуталаан ылаттаата.

Ол сылдьан чугас соҕус балаакка турарын көрө биэрдим. Өссө буруо сыта билиннэ. Чэй өрөн эрдэхтэрэ! Дьэ, манна эрэ өйдөөтүм – кур аччык эбиппин. Балаакка диэки түһүннүм. Уонча мүнүүтэ кэриҥинэн били баҕалаах сирбэр кэлбитим – түөрт уонун ааспыт дьахтар мин диэки быһыччы көрөн турар. Миэхэ холоотоххо, эстибит-быстыбыт көрүҥэ төрүт суох, чахчы, сэниэ баҕас баар барахсана быһыылаах.

Дорообо-дыраастый кэнниттэн бэчиэнньэ таарата хоппону умса ууран, ас тардан аһатааччы буолла. Дьиэс-куос туттуу сибиэнэ ханан да суох, хата, учуутал буоларбын билэрэ сүрдээх эбит. Аармыйа күнүгэр эргэ кулуупка «Егор Чээрин» кэпсээнтэн сыаҥкаҕа аҥала ньиэмэһи оонньообуппун ахтан кыбыһыннарда. Ол кэпсиибин диэн, хата, бэйэтэ күлүү бөҕөтө. Күллэҕинэ, били дьиппиэн дьүһүнэ сымнаан, өссө туох эрэ сылаас иэйии кэлэр курдук. Мин маҥнай утаа толлон, дьик-дьах туттубутум көрүөх бэтэрээ өттүгэр сиик курдук симэлийэн хаалла. Дьиҥэр, чэйдии олорон билбитим – иннибэр ким олорорун. Били, аатырдар-суолурдар Мачыахалара – илэ бэйэтинэн!

– Дайды ыччата, илими баҕас сатаан көрөр инигин? Ити сиэҥҥэ сордоҥҥо үппүт илимнээхпин, – диэн баран, дьахтар мин диэки тургутардыы көрөн кэбистэ.

Кырдьык даҕаны, талахха уонча сордоҥу хачырдаан ыйаабыта кэчигирээбит. Кус да ытар, балыктыыр даҕаны, дьэ, сүрдээх Мачыаха. Балааккаттан сүүрбэччэ хаамыылаах сиэҥҥэ (от үрэҕи хоту дойду дьоно «сиэн» дииллэр) илим үппүт эбит. Дьиҥэр, хаһан илимнээбитим баарай, ол эрээри «хайдах наар тугу да сатаабат хоро салаҥ буолан сылдьыамый» диэн, ол диэки хаамтым. Дьэ, уустук соҕус буолан биэрдэ – аллараа халтараана сүрдээх, өссө сүүрүктээх курдук. Көр, биир улахан баҕайы сордоҥ иҥнэн, илими дэлби эрийбит! Ону араарыах курдук гынан иһэн үөс диэки курулуу турдум, мэктиэтигэр, тыыным бобуллан ылла – түөһүм тылыгар диэри тыбыс-тымныы ууга баар буолбуппун. Тирэнэбин диэн, аны аҥаар атаҕым туох эрэ хайаҕаска кыбыллан хаалла! Арааһа, куһаҕан саҥам таҕыстаҕа буолуо, биирдэ өйдөөбүтүм – Мачыаха бу сүүрэн баһыккычыйан иһэр эбит. Мин ууга чачайа сыһа-сыһа, мээнэ харбыалаһабын, халлааным хараҥаран ылаттыыр. Мачыаха эрдиитин уунан биэрбитигэр ону хаба тардан ылан быыһанным. Кытылга нэһииччэ таҕыстарбын да, уҥа атаҕым хамсаппат, били, аҥхайга кыбыллыыбар улаханнык өлөрбүппүн. Кутталбыттан, тымныытыттан биир кэм бап-бабыгырас буолбуппун. Мачыаха соскойдоһон, бэрт эрэйинэн балааккаҕа тиийдибит. Дьахтарым миигиннээҕэр ордук уолуйбут. Түргэн үлүгэрдик таҥаспын ньылбырыта тардыалаата уонна таба тириитин үрдүгэр тэлгэппит утуйар таҥаһыгар бөрөөтөр да, тииһим ыпсыбакка лабыгырас. Хата, үрүсээкпин ыйбыппар, били, «нуорма» аспын ойутан таһааран, кэмпириэстээн этим кытарыар диэри соппохтоото. Ордук бүөрүм туһаайыытынан сотон баран илбийдэ. Аҥаар атаҕым сүүлэ испит, өссө көҕөрбүт, оттон «чыычааҕым» итиини-тымныыны билбэт буолуор диэри түүрүллэн хаалбыт, өссө төбөтө аһыйан дьаралыйар, тээһэҥкэм да онтон ордубатах. Кыбыстар диэн умнулунна, Мачыаха ытыһынан быыстала суох илбийбитигэр, (өссө «чыычаахпын» уоһун үмүрүччү туттан, «сылып» гыннаран угуттаан ылбыта быһыылааҕа) арыыйда сылаас билиннэ. «Бастакы уоҕа ааста» диэтэ быһыылаах: тимир оһоҕун тигинэччи оттуон иннинэ курууска быһаҕаһын ууммутун сонно түһэрэн кэбистим. Мачыаха туох баар таҥаһынан үллүйэн, дэлби мукуйан баран, туруусукпун, баккылаах ыстааммын, онньуускабын куурда ыйаата...

Сылаас таҥаска киирэн, сотору буолаат, утуйан хаалбыппын. Эмискэччи уһуктубутум – суорҕан диэн суох (итиититтэн киэр хаһыйан кэбиспиппин быһыылаах), дьэ, нарайыы бөҕөтө буолан сытар эбиппин. Аттыбар – баргыйбыт хыбы туруусуктаах, путбуолкалаах Мачыаха. Мин дьэ өй ылан, аны кыбыстар аакка бардым. «Чыычааҕым», ким эрэ хараҕын араарбакка көрбүтүттэн дуу, биитэр ким эрэ имэрийбититтэн эбитэ дуу, мин иннибинэ «уһуктан» чөрөйбүт аҕай. Суорҕаны ылан хаххалана сатаабыппын «кыбыстыма, аны кэлэн, тугун эмиэ...» диэн эбии буоратта. Өйбөр уоһун үмүрүччү туттан, «чыычаахпын» чупчуруйа түһэн, сылытан ылбыта охсулунна. Оннук уктан сылыппатаҕа буоллар, хайдах-туох буолуон ким билиэй?! Ким оннук өй укпута буолла? Ити санаабын таайбыттыы:

– Дайды киһитэ, эримсэх дьахтарга түбэстим диэйэҕин. Кистээбэккэ эттэххэ, эр киһи тэрилин, дьэ, бу көрдүм. Бэйэҥ да саҥа-иҥэ суох киһитэ быһыылааххын. Кырдьыга баара, эйиэхэ сытан да биэрдэхпинэ, ким билиэ үһү? Син киһи, инчэҕэй эттээх дьахтар буоллаҕым дии. Эр киһиэхэ баҕарарым да ханна барыай. Үлэлээбитим тухары аньыыны оҥорон элбэх сүөһүнү аттаатым, ол эрээри биир оччону сиэмэлээн балачча төрүөххэ күн сирин көрдөрбүт буолуохтаахпын. Онон аньыым-харам арыый ама ини дии саныыбын, – диэн баран, кэккэлэһэ сытынан кэбистэ.

Мин эдьиийим диэҕи лаппа саастаах, ийэм диэҕи арыый эдэр дьахтарга сыстыахпынан сыстан, иһийэн сыппытым.

 – Ама, эр киһи диэни билбэккэ үйэбин моҥуох муҥум буоллаҕа дуу. Саатар, биирдэ үчүгэйдик тутан-хабан көрүөххэ, – диэн баран, аллараа түстэр түһэн, кимиэхэ да тыыттара илик тэрилбин имэрийбитинэн, бэл, сыста сытан тохтоло суох сыллаан-уураан барда. – Үчүгэйкээнин ньии, барахсаным оҕотоо...

Мин балай эмэ тулуйа сатаан баран, дьахтар үрдүгэр тахсаары гыммыппар төрүт хамсаппата уонна суон тарбахтарынан тээһэҥкэбин харбаан ылан баран:

– Кэбис. Көннөрү маннык иттэнэ сыт. Аны атыырҕаата диэн, мантыгын быһан кэбиспит киһи дии саныаҕым, кэбиис-кэбис, тоойуом, – диэтэ.

«Тоойуом» диэн тылы истээт, «һык» гынан, уоскуйан, кыбыстан хаалбытым. Кыыс-дьахтар имэҥнээх таптала диэни билэ илик уол салла санаабытым сүрэ бэрдэ. Сол курдук «тыытыспакка» утуйан турбуппут.

Эр киһи диэни билбэтэх бу модороон дьүһүннээх дьахтарга, саатар, быстах да кэмҥэ таптал кыымын сахпатахпыттан билигин кэлэн хомойо саныыбын.

БУТУКАЙ.