Киир

Киир

Аттынааҕы киоскаҕа үлэлиир дьахтары кытта дөрүн-дөрүн бииргэ түбэсиһэн табахтыыбыт. Бөдөҥ харчынан көмүллэн хааллахха, бэйэ-бэйэбитигэр бытарытыһан, балаһыанньаттан тахсабыт. Онон олус да чугастык билсибэтэрбит, син дьүөгэ кэриэтэбит диэххэ сөп. Тугу сөбүлүүрүн, тугунан тыынарын билбит суох. Арай эрэ да, оҕото да суоҕун билэбин. Арба, уонна төрөөбүт улууһун.

Биирдэ, дьахтар күнүн утаата этэ, кини киоскабар киирэн, тыаҕа тахсан эрэрин кэпсээтэ. Бирээмэ, кынаттааҕа буоллар, субу көтөн хаалыах курдук туруктаммыт. Аймах кыыһын солбуйарга кэпсэппит. Дьээдьэҕэ тахсар үһү! Ону истэн, ыал буолан эрэр буоллаҕа диэн, эҕэрдэ бөҕө буоллум. Онуоха дьахтарым, соһуйуом иһин, омуннуу түһэн эттэххэ, ходьох гына түһүөхпэр диэри улаханнык саҥа таһааран, күлэн тоҕо барбат үһү дуо! Өйдөөбөтөх көрүүбүн таайда:

– Э, хантан ол ойох ылыай?! Мин да киниэхэ тахсан бэрт. Ол дэриэбинэҕэ тугу сиэри, онно олохсуйа таҕыстамый. Сибээт, сибээт! Эр киһилээбэтэҕим ыраатта. Оттон кини, хотуой, олох супер!! Такого больше не знаю!!! (Миигин кыынньыырдыы, өссө тойон эрбэҕин хоротор ээ!). Ну и что, что он маленький, хиленький. Зато у него... Ну, ты поняла о чем я.

– Ээ, – хайдах эрэ күүппэтэхпин эмискэ истэн, сүөм түспүт курдук буоллум. “Онтугун үчүгэйдик билбэт киһигэр наһаа да өҥнөн туттан кэпсээбэтэргин” дии сыһан баран, чуут туттуннум. Чэ, бэйэтин дьыалата. Сирэйэ сырдаан, дьоллонон киирбитэ үчүгэйэ бэрдэ. Онон хайдах эрэ үөрүүлээх сонуну истиэм диэбитим баара...

– Һок. Конечно, соһуйдуҥ? Понимаю, сама тоже такая же была. Может, еще сильнее тебя удивлялась: как это без любви можно, фу да фу! Саатар кыратык астынар киһиҥ буолуон наада диэн.

– Уой, ол аата кини... олох санааҥ да иһинэн киирбэт киһи да?

– Оннук, дараҕаайа. Сирэйэ кытта ньиэрбэ! Эбиитин хайдах эрэ куоластаах. Саатар, кыахтаах да соҕус буолбатах. Бастайааннай дохуота суох. Ойохтоно сылдьыбыт. Онтугар оҕолоох. Арыгыны да туора илгибэт.

– Оччотугар ол туох кыһайбытыгар бараҕын? Өссө үлэҕин солбуйтара-солбуйтара?

Дьахтарым олохтоохтук кэпсэтиэн баҕарбыттыы, утары турар олоппоско олорунан, быар куустан кэбистэ уонна:

– Эн саамай сөбүлүүр аһыҥ тугуй? Иннигэр субу тэлгэнэ аҕай сытар. “Ыл, сиэ, баһаалыста”, – диир буоллун. Хайыаҥый? Ама, киэр хайыһыаҥ да?

– Бүт эрэ. Ас уонна эр киһи арыый атын буоллахтара дии (бэркиһээн, күлэн барабын). Аны, ол эн “аһыҥ” саатар куһаҕан сирэйдээх, куолаһа кытта куһаҕан диигин буолбат дуо....Па да, па!

– Оо, акаарычаан! Мин ол киһини эппэппин. Ол киһи миэхэ биэрэр тапталын, имэҥин чыпчаалын, быһата, оргазмы этэбин!!! Өйү-сүрэҕи уулларар, ханна да сытаргын, кимниин да олороргун билбэт гына, кый ыраахха кыырайыы, умнуу – это супер!!! Оо, короче, словами не описать, кистью не нарисовать!!! – чүөчэм, омуна бөҕө, хараҕын араастаан симэ-симэ, сүрэҕин тутта-тутта артыыстаан олорор. Дьээбэтэ да киниэнэ буолан баран дэлэ.

– Ол айылаах хайыырый? Туох үлүгэр кистэлэҥнээҕий? Ама, биир да оннук сатаан астыннарар атын киһи суох да? – харахпар кини кэпсээнигэр олоҕуран, илэ-абааһы, ынырык дьүһүннээх-бодолоох карликтыҥы киһини оҥорон көрө охсобун. Ол бэйэлээҕи кытта таптаһар кыһалҕаланар туһугар туох уратылаах буолуон сөбүн таайа, сэрэйэ сатыыбын.

– Ммм. Кини уратыта, чэ, сатабыла диэххэ, бастатан туран, бэйэмсэхтэммэт. Бастаан өр да өр эйигин бэлэмниир. Олох баҕаран кэлиэххэр диэри онон-манан киирэн-тахсан, имэрийэн-томоруйан, сыллаан-уураан, сыһытар, сымнатар, баҕардар. Наадалаах сиргэр ол баҕалаах, олус күндү уонна “минньигэс” тиирэ тэппит киирэ охсуон баҕараҕын. Били тугуҥ олох сиигирэн, сүмэһиннирэн барар. Ороон ыгар киһи, ыгыллыах курдук буолар. Ммм... Оттон кини собус-соруйан куоттарар, киириэхчэ-киирбэт, булуохча-булларбат. Тыын кылгыыр, сүрэх күүскэ тэбиэлиир...

Дьахтарым артыыстыы олорбутун эмискэ тохтотон, хайдах эрэ учуутал үөрэнээччитигэр олус наадалаах түөрүөмэни быһаара сатыырыныы, бэрт дуоспуруннаахтык көрөр:

– Кылаабынайа, ол таптаһаргар сытан, хараххын ыксары симэн, кинини көрүө суохха наада. (Үөннээхтик күлэн саһыгырыыр). Атыны, дьиҥ баҕарар киһигин бэрэстэбилээйдиигин сэптэ. Буот. Биирдэ, алҕас клапи гынан кэбиһэн, “сойон” хаалан, астыммакка хаалан кэһэйбиттээҕим... Дьэ, онтон күүтүүлээх дьол, астыныы-дуоһуйуу тосхойор. Итинник дьоллоох түгэн бииринэн эрэ түмүктэммэт. Короче, стоит того. Икки күннээх хамнастан матыы диэн, туох кэлээхтиэй. Ол оннугар итиччэлээх дуоһуйууну ылбыт киһи ыйы быһа көтө-дайа сылдьаҕын.

– Атыттар олох тиийбэттэр ээ?

– Боруобалаабатаҕа буолуо диэтэҕиэҥ. Суох буоллаҕа дии. Этэбин дии, эгэйиистэр. Эстэн хаалаллар. Ким эрэ олох да эрдэ түһэрэн кэбиһэр. Ол эрэн элбэҕи боруобалаабатаҕым. Аны, туох ааттаах сэлээр дьахтарый диэҕиҥ. Ол мин биэс тарбах иһинэн эр дьоммун ити этэбин. Мин да, дьэ, паинька бөҕө этим. Таптыыр киһибэр эрэ “биэриэм” диэн сөбүгэр кэми халтай ыыппытым. Омуннаатахха, орулуур отуппар диэри кырыллыбытынан кыыс этим. Эх, билигин саныыбын ээ: хаарыан эдэр кэмим! Бу киһибин оччолорго да билсибит буолбаппын. Хотя, па, оччолорго кини диэки хайыһан да көрбөтүм чуолкай... Сылдьан-сылдьан баран, саас ыраатаары гынна диэн, биир сөбүлүү көрөр киһибэр биэрбитим. Кэргэннээх этэ. Дьолломмута, махтаммыта. Өр буолбатахпыт, бүппүппүт. Мин онно таптаһыылара диэн үчүгэй эбиккин ээ дии санаабатаҕым. Оччолорго хантан билиэм этэй, ол барахсаным орон дьыалатыгар дьиҥнээх бөөхүллэ эбитин. Ол буола-буола, өссө көссүүлэһэр эҥин эбит. Өссө, акаары баара, ол бастаан билсэрбит саҕана, кэргэниттэн арахсан миэхэ кэлэрэ буоллар диэн санаан ылааччыбын. Ылбыта буоллар, билигин да сиэкис диэн мээнэ, дьахтар эр киһиэхэ биэриэхтээх анала диэн, алҕас саныа эбитим буолуо. Тоскаа дии! Ол кэнниттэн өссө биир ухажердаах этим. Мээнэ. Дьахтар эбиппин билээри диэбит курдук.

– Дьахтар эрэ барыта тута оргазмнаан барбат, ону билэргэ ким, ону тэҥэ сатабыл, үөрүйэх, арыллыы наада. Баҕар, баара эрэ ол кэмиҥ кэлбитэ буолуо дии. Дьыала олох да киһигэр буолбакка. Оҕолонон-урууланан, уопутуран баран, дьэ, ол оргазмнара диэни биллибит дииллэр.

– Араастаах буолуо. Ол эрээри мин бэйэм уопуппунан көрдөххө, эр киһиттэн элбэх тутулуктаах.

– Харыстанаҕыт дуу?

– Суох. “Эрэһиинэни” сөбүлээбэппин ээ.

– Ээ, оттон ол да көмөлөһөр буо. Анарааларгар оннуктаннаҕыҥ дии, – эмискэ оҕо үөскээн хаалыан сөп эбитин өйдөөн, акаары баара күлэн барабын – доо, оттон... куттаммаккын да?

– Туохтан? Ыарыы сыстыа диэн да? Аньыы. Бакаа этэҥҥэ. Күүлэйдээбэппин, эйигиттэн атын дьахтарым суох диэн андаҕайар ээ. Тоҕо күлэҕин?

– Оттон... ол “акаары, ньиэрбэ баҕайы” киһиттэн оҕо үөскээн хааллын диэн. (Харахпар оҥорон көрбүт лилипутум төбөбүттэн тахсан биэрбэт). Саатар, куолаһа дьаабы дии. Арай туран, үүт-үкчү кини курдук оҕо төрүө дии.

– Оттон үөскээтэҕинэ, үөскүүр буо. Саас да ыраатта. Ол эрээри, дьэ, саарбах. Эн этэҕин, хата, үөрүөм этэ, оҕолонон хаалларбын.

– Э, диэ. Оччоҕо бэрт. Ол аата олус “страшнай” буолбатах, бэйэҥ омуннурар эбиккин.

– Страшнай диэбэтэҕим ээ.

– Тыый, оттон хоппутуҥ аҕай дии, киһигин.

– Чэ, умун. Баар да, баар. Туохха киирдим диэ. Миэхэ, баһаалыста, харчы иэһээн эриэҥ да?

Ити курдук, харчы иэстэһэн тахсаары, дьахтар бэрт элбэҕи кэпсээбитэ. Сол да өйдөөбөккө хаалбытым: ол киһитэ киниэхэ баара эрэ имэҥи-таҕылы ханнарар киһи дуу эбэтэр таптыыр аата, сыһыаннарын “харыстаан” итинник тылласпытын дуу. Тоҕо киһитин хоппутун, ким билиэй. Билиҥҥитэ кэргэн таҕыстым диэбэт. Хас биирдии киһи – туһунан таабырын. Хас биирдиибит олоҕун суолун, сүнньүн бэйэтэ талар. Кини ыраахтан сылдьарын, сыһыаннаһарын ордордоҕо.

Санааҕын суруй