Киир

Киир

Саллаат параднай куормата

Аныгы саллаат аармыйаттан Саҥа дьыллааҕы маскараат курдук таҥнан-симэнэн кэлэрин кырдьаҕас саллаат, уруккута – Диэмбэл Дима – ончу сөбүлээбэт. Баара-суоҕа биир сыл сулууспалаан (күнүһүн өссө утуйан бырылатан ылардаахтар үһү), Ийэ дойдуларыгар улаханы оҥорбут саҕа буолан кэлээхтииллэр эбээт ол кыайардарыҥ. Онуоха холоотоххо, кини диэтэх киһи икки сыл сулууспалаан кэлбитэ. Сүрүкэтиин, онто хайыы-сахха 40-тан тахса сыл ааһа охсубут!

Ол сахха ССРС Оборуонаҕа миниистирин бирикээһэ тахсаатын кытта рота бүтүннүүтэ даҕаны «кынат куурдан» барбыта: Военторг маҕаһыыныттан дьоҕус чымадаан атыылаһыыта, түөскэ иилинэр араас бэлиэ булунуута. Өссө саамай кылаабынайа – параднай куорманы көрдөөһүн сүпсүлгэнэ. Муҥар, 70-с сылларга саҥа куормаҕа көһүү дьалхаана этэ.

Аармыйаҕа суруллубатах сокуон диэн баар: дьиссипилиинэҕэ-бэрээдэккэ, күннээҕи олоххо – туохха барытыгар даҕаны. Ол сиэринэн Дималаах өссө «молодуой» сырыттахтарына, били параднай куормаларын биирдэ да кэтэ иликтэринэ, диэмбэллэр (Горьковскай уобалас уолаттара) рота старшинатыттан ылан (босхо ыллылар эрэ, атыылаһан ыллылар эрэ – ким билиэй) дойдулаталаан хаалбыттара. Киһи кыһыйыах, ол мааны таҥастарын кэтэн хаартыскаҕа да түспэтэхтэрэ.

Сулууспалаабыт да чааһа баар – киһи тыла өҕүллэн Сэбиэскэй аармыйа диэбэт чааһа. Киэбирдэн «байыаннай тутааччы» (военный строитель) диэн, дархаһытан ааттыыллара эрээри, норуокка «стройбат» диэнинэн ордук биллэр. Чэ, ол туох буолуой, төһөтүн да иһин, сулууспалаабыт аата сулууспалаабыт буоллаҕа дии. Ол гынан баран «строевиктар» диэн ааттанар ПВО эҥин чааһыгар сулууспалыыр уолаттардааҕар таҥас-сап өттүнэн быстар мөлтөх этилэр: ити абырах, бу самалык, эргэ үөһэ эргэ. Этэргэ дылы, туох барыта – тиийбэт тирии, тарпат тараһа. Ол эрээри муҥнаах булугас дииллэринии, Дима олуттаҕастык нууччалыырыттан иҥнэн-толлон турбакка, ыскылааттарын үлэһитэ, младшай сержант Ливадия Бочкова диэн дьахтары булбута.

Бу – сүүрбэ сэттэ саастаах, аҕыйах сыллааҕыта ыстаарсай лейтенант эриттэн арахсыбыт, сүрдээх «бойобуой», кими баҕарар маатыралаан ыһаардан ыытар дьахтар этэ. Арыый сонос, кута-мата курдук буолан, чаас эдэр эписиэрдэрэ Ливадияны ырааҕынан тумналлара. Арай Чита уобалаһыттан сылдьар Дампил Дамдинов диэн быыппастыгас быччыҥнаах бүрээт уола бу дьахтары кытары хам-түм таптаһан ылардаах үһү. ХОЗОҕа суоппар буолан, сөп буола-буола Ливадияны кытта чугастааҕы Ангарскай куораттан табаар таһаллара. Димаҕа ону Дампил «уруулуу омукпут» диэн иэйбит-куойбут кэмигэр омуннаан-төлөннөөн кэпсиирэ.

Биһиги киһибит Дамдинов «биэтэһигэр» кыбыллан ыскылаакка буор босхо куруусчут буолбута. Онтун манньатыгар дьахтар эт кэнсиэрбэтэ эҥин туттаран ыытара. Бүрээт уолугар холоотоххо, Дима хатыҥыр, дьылыгырас уҥуохтааҕа, аармыйаҕа кэлэн биир үксүн маатыраҕа хото үөрэннэр даҕаны, дьээбэҕэ-хообоҕо бэркэ тиллэр майгылааҕа. Баҕар, ол иһин эбитэ буолуо, Ливадия Дамдиновтан ордорор курдуга. Биирдэ эмиэ Ангарскайтан кэлэн баран, ыҥыртаран ылбыта. Дима ыскылаакка сургулдьуйан тиийбитэ, дьахтар куорматын устан көхөҕө ыйаабыт, уолугун тимэҕэ төлөркөй, өссө арыгы сыттаах олорор. «Тугу көмөлөһүннэрэрэ буолла?» дии саныы турдаҕына, наара кэтэҕиттэн кыһыл арыгыны ойутан таһаарбыта уонна остуол дьааһыгыттан хас да дьаабылыканы уурбута.

Бу иннинэ дьахтар диэни «боруобалаабатах» да буоллар, сүрэҕи ньүөлүтэр кэм бу тиийэн кэлбитин өтө сэрэйбитэ. Онтон долгуйан, имэ кэйэн, дубук-дабык туттара элбээн барбыта, бэл, маатыра умнуллубута...

60-ча киилэлээх уол эрэйдээҕи 90-ча киилэлээх дьахтар имэҥэ-дьалыҥа туос тыыны киэҥ байҕал дохсун долгуна өрүтэ быраҕаттыырын курдук, ууга-уокка түһэрбитэ. Ол уһуутуура, бу ымманыйара, адьас субу дэлбэритэ барыахтыы түллэҥниирэ биһиги киһибитин улаханнык салыннарбыта. Киһитэ кини – Диэмбэл Дима эрэ буолан тулуспута; онтун ааһан, имэҥ төлөнүн төһө сатыырынан күөртээн, уу туҥуй эккэ-сииҥҥэ иэдэйэ ымсыырбыт, харсыттан тахсыбыт толуу дьахтары өрүтэ мөҕүһүннэрбитэ...

 Абааһы аһаабыт сириттэн арахпат диэбиккэ дылы, Дима Ливадия ыскылаатыгар орох тэппитэ. Киһи барахсан туохха барытыгар олус түргэнник үөрэнэр эбит. Холобур, суон сотолоох, күөгэлдьигэс түөстээх, онуоха эбии уоһун кып-кыһыл памааданан соттубут бу хотун хаан дьахтары былыргы байаардар кубулҕаттаах ойохторугар маарыннатыахха сөбө. Ити – күнүс, халлаан сырдык эрдэҕинэ. Оттон лаампа мөлтөх сырдыгар үкчү опера ырыаһыта сүрэҕиҥ ортотунан ааһар дьикти куолаһыныы дириҥник эҥсэн саҥардаҕына, имэҥ тииһигэр илгистэ-эймэнийэ, бу Орто дойдуга туох баарын олоччу умнан көрдөһө-ааттаһа, өрүтэ биэртэлии сыттаҕына, биһиги киһибит ол тэтимҥэ тэбис-тэҥҥэ түллэн-түсүһэн, тута күлүбүрээн хаалара. Арааһа, дьахтара маннык уутугар-хаарыгар киирэ сытан «миигин ойох ыл» диирэ буоллар, үөрүүнү кытта сөбүлэһиэх этэ. 

...Ротатын уолаттара, бэл, взвод хамандыырдара сержаннар Диэмбэл Дима кимиэхэ да суох аныгы параднай куормалаах, дьоҕус чымадааннаах оптуобуска олорон тимир суол ыстаансыйатыгар барбытын ымсыыра көрөн хаалбыттара. Аттыларыгар хараҕын уутун кистии-саба былатыагынан сотто турар младшай сержант Ливадия Бочкованы хайалара да өйдөөн көрбөтөҕө...

Айаҥҥа хаайтарыы – дьолго

Диэмбэл Дима Дьокуускайга оруобуна икки сыл буолан баран үктэннэ. Аэропорт уруккута – туох да уларыйбатах. Оптуобус эмиэ – 4 ¹. Көрдөҕүнэ, арай, кыыс аймах тупсубут. Баҕар, бэс ыйын уот куйаас күннэрэ сатыылаан буолуо, барахсаттар кылгас былаачыйаларыттан тобуктарын лаппа үрдүгүнэн сыгынньах эттэрэ бүтүннүү кэриэтэ арыллан кэлэрэ. Оттон оптуобус үктэлигэр тахсалларыгар аллараа турар диэмбэл саллаакка, бэл, чараас туруусуктара көстөн ылара. Ол аайы «дьэ, Дьокуускай барахсан тупсубут да эбит!» диэн омуннаах санаата оргуйан кэлэрэ.

Дьиҥэ, Диэмбэл Дима Дьокуускайга үктэммитэ да диэн суоҕа, били, икки сыллааҕыта аармыйаҕа мантан барбытын аахпатахха. Дойдута киинтэн быдан ыраах, онон билэр да киһитэ куоракка ахсааннаах. Арай тастыҥ эдьиийэ Маайа биэс оҕотунуун, хайа эрэ тэрилтэҕэ суоппардыыр күтүөтэ Көстөкүүннүүн Сайсары түөлбэтигэр олорор буолуохтаахтар. Ону көрдүөх муҥа тирээтэҕэ, кыһыйыах иһин, сөмөлүөккэ уон хонук иһигэр миэстэ суох буолан биэрдэ.

Син балачча тиритэн, Сайсары түҥкэлийэр түгэҕэр, омуннаан эттэххэ, кыстык угун саҕа быыкаа балаҕан сыыһын булла: дьоно манна олороллор эбит. Киирбитэ, быраата, уончалаах Туола дуоспуруннаах баҕайытык туттан кинигэ ааҕан толлоҥнуу олорор, муостаҕа бытырыыс оҕолор дьиэ бөҕө буолан күөлэһийэллэр. Эдьиийэ көрбөтөҕө ырааппыт сурдьун, Диманы, устуулга олордо охсон, аһын-үөлүн тардыбытынан барда. Күтүөтэ Көстөкүүн үлэтигэр сырыттаҕа – суох. Арай эдьиийин бараллаата, хайа эрэ эдэрчи дьахтар (кыыс да диэххэ сөп) сырдык бүрүүкэтин имэринэ олорор. Киристиинэ диэн эбит.

Үөрүүлээх көрсүһүү сонуна сойорун диэкинэн Дима бу Маайа дьүөгэтэ Туоланы даачатыгар көмөлөһүннэрэ илдьээри кэлбитин биллэ. Диэмбэл диэмбэлэ өттө:

– Ээ, оҕуруот үлэтигэр баҕас бырааппыттан лаппа ордук инибин. Мин барсабын дуо? – диэтэ. Онон сып-сап хомунан номоҕон сирэйдээх Киристиинэни батыһар буолла. Диэмбэл Дима бу кып-кыараҕас ип-итии дьиэҕэ эдьиийин бачча элбэх тыынньатыгар эбии-сабыы буолуон баҕарбатаҕа. Онуоха өссө чэй иһэн сыпсырыйа олордоҕуна ити кырасыабай дьахтар кинини уора-көстө көрүтэлиирэ төрүөт буолбута.

Икки оптуобуһунан син өр айаннаан тиийиэхтээх сирдэригэр кэллилэр. Аара маҕаһыыҥҥа таарыйан ас-үөл ыллылар. Дима стройбакка икки сыл үлэлээн балтараа мөһөөхтөөх. Онон балай эмэ харчылаах курдук сананан, фруктаҕа эҥин төлөһөөрү гыннаҕына, дьахтара нарын тарбаҕынан таарыйан, тохтотон иһэр уонна кылгас быалаах суумкатыттан Ленин төбөтө ойуулаах кыһыллыҥы күпүүрэлэри сыыйан таһааран төлүүр. Диэмбэл, үөрүөх быатыгар, дьахтар уонча солкуобайга үс сулустаах ханньаак атыыласта.

Киристиинэ хоту биир кыра бөһүөлэккэ биэлсэрдээбитэ ырааппыт. Кэргэн да, оҕо да суох аҥаардас дьахтар эбит. Дима эдьиийин кытта медучилищеҕа бииргэ үөрэммиттэр. Уоппускатын ыллаҕына, хайаан да Дьокуускайы булар, сорох сыл бырайыаһын туһанан, соҕуруу баран сынньанар үһү. Бу даача аймахтарын киэнэ эбит: ол дьон Хара муора куруордугар өр буола айаннаабыттар, онон туох баар үүнээйини Киристиинэ көрөр-харайар эбээһинэстэммит. 

Дима даача диэннэрэ хайдах эбитин көрөн сөҕөртөн ордубата. Манна туох суоҕа эбитэ буолла?! Аармыйаҕа көрөр акаассыйата, черемухата, долохоното – барыта баар. Бэл, дьаабылыканы кытта үүннэрэллэр эбит. Тыа уола билбэт үүнээйитэ, сибэккитэ хара баһаам. Бу барыта – олордуу. Киһи тугу сатаабатаҕа баарай?! Барытын баҕа, дьулуур, сыралаах үлэ быһаарар. Уоттаах тапталы эмиэ икки киһи – эр киһи уонна дьахтар – тэҥҥэ саҕан, күөдьүтэн таһаараллар! Хайа-хайалара ол имэҥнээх таптал кутаата сөҕүрүйбэтин туһугар кыһаллыах тустаахтар.

Көр, Киристиинэ үүнээйини хайдах көрөрүн-истэрин! Адьас киһини кытта илэ үөрэ-көтө кэпсэтэр курдук. Бэйэтэ даҕаны (хаһан уларытта охсубута буолла?) сөтүөлүүр таҥаһынан кылбайа сылдьара эриэккэһэ сүрдээх. Биһиги киһибит маҕыньыыттаммыт курдук, бу кэрэ дьахтар хайа диэки хамсыыр да, тэбис-тэҥҥэ түһэрсэн истэ. Биирдэрэ даҕаны адьас тэҥнээҕин курдук кэпсэтэр, холку баҕайытык «бачча итиигэ бүрүүкэҕин устан кэбис» диэбитигэр, Дима өс киирбэх устаары гынан иһэн өйдөммүтэ – кип-киэҥ күөх туруусуктаах эбит. Ол да буоллар Киристиинэтэ холкутуттан симиттибэтэ, арай, били, ыскылаат Ливадията «өйдүү-саныы сырыт» диэн, плавкитын устан биэрэ сатаабытын ылбатаҕын билигин кэлэн кэмсинэ санаата.

...Уу нуһараҥ сатыылаабытыгар күөлгэ киирэн астына сөтүөлээбиттэрэ, онтон иккиэн бииргэ киирэн дуустаммыттара, онно туран убураспыттара, сэрэниин-сэрэнэн имэрийсибиттэрэ. Дыргыл сыттаах мыыланан күүгэннириэр диэри сотуһан баран, ыга сыстыһан, өөр баҕайы таалан турбуттара: хайа-хайалара бу дьикти туруктан тахсыан баҕарбатаҕа...

...Киристиинэ Ливадияттан чыҥха атыннык таптаһара: саҥа-иҥэ таһаарбатар да, туох турукка киирбитин хас биирдии тымыра сипсийэн биллэрэр курдуга, эт-этэ итийбэхтээн ылара, биллэр-биллибэттик ынчыктыы былаан тыыммахалаан ылара, «салгыы маннык гынан ис» диирдии, бобута кууһан, өссө ыга сыстан, инчэҕэй уоһунан убураан, көҕүтэн биэрэрэ.

  Илии иминэн, эт-сиин хас биирдии килиэккэтинэн – барытынан аргыыйдык дуоһуйа таптаһаллара. Бу буоллаҕа – өйдүүн-санаалыын, эттиин-сиинниин хаһан да уостубат имэҥнээх тапталга умсуу диэн!

БУТУКАЙ.