Киир

Киир

– Ок, ТЮЗтан “күүлэйдиибит” диэн киирдэ. Хайыыбыт? – диэн ыйытабын бииргэ күүлэйдии, таксиилыы сылдьар доҕорбуттан.

– Хаһыаларый?

– Иккиэлэр.

– Хаартыскалара баар дуо? Хайдахтарый?

– “Авата” суох.

– Чэ, буоллун, эрий. Бастаан баран көрүөхпүт.

– Муусукаҕын кыччат эрэ. Эрийдим. Ок, ыҥырда... Алуо, пирибиэттэриҥ. “Күүлэйдиибит” диэн эһиги сакаастаатыгыт дуо? Иккиэҕит? Биһиги эмиэ. Төһө өр сылдьар былааннааххытый? “Кыратык хатааһылаан баран” дьиэҕитигэр бараҕыт дуо? Бэйэҕит киэнэ дуо? Оттон биһиги, һэ-һэ? “Баҕарар буоллаххытына” дуо? Ээ, сөп. Хайдах таҥастааххытый? Сөп, оччоҕуна сотору сквергэ тиийиэхпит.

– Хайа? – диэн доҕорум тута туоһулаһар.

– Доор, дьоммут ТЮЗ кэннигэр сквергэ олороллор үһү. Эдьиийдэр быһыылаах. Хайыыбытый?

– Оттон баран көрүөххэ ээ бастаан. Үчүгэй буоллахтарына, эрийиэхпит буоллаҕа дии.

– Көрсөр буоллахпытына, мин Игорьбын.

– Оччоҕуна мин Степабын. Чэ, бара охсуох оччоҕуна. Аны атын уолаттар кэлиэхтэрэ, – диэн бэйэбитигэр сымыйа аат толкуйданаат, “Вегас” таһыттан араҕан ТЮЗ диэки айанныыбыт.

* * *

Өтөр буолаат, толбоннуран көстөр хара өҥнөөх “Короллабыт” сабыс-саҥа оҥоһуллубут Киров уулуссатыттан хаҥас диэки туораан, ТЮЗ кэннигэр киирэн тохтуур.

– Ол олороллор.

– Ээ, үчүгэйдэр дии.

– Чуур, миэнэ – күөх былаачыйалааҕа.

– Ээс, күөх миэнэ! Эйиэнэ – кыһыла, – диэн киһим былдьаһар.

– Ээ, хайдах оннук буолуой? Ааспыкка эмиэ эн талбытыҥ буолбат дуо?! Бу сырыыга мин уочаратым буоллаҕа дии!

– Чэ-чэ, буоллун даҕаны. Сигналлаа эрэ.

Массыына сигналын истээт, кыргыттар олорбут ыскамыайкаларыттан туран, массыынаҕа чугаһаан кэлэллэр.

– Пирибиэттэриҥ, уолаттар! “Независимайдаргыт” дуо?

– Пирибиэттэриҥ! “Независимайдар” буолбатахпыт. Биһиги “Көҥүл уолаттарбыт” һа-һа. Чэ, киирэн олорунан кэбиһиҥ, кыргыттар, – диэт, Степа ойон тахсан, кыргыттарга биир-биир ааннарын аһыталаан биэрэн, массыынаҕа ыҥыртаата.

– Чэ, оттон бииргэ күүлэйдиир дьон билсэн кэбиһиэҕиҥ. Мин Степа диэммин, оттон бу табаарыһым...

– Бэйи, доҕоор, мин даҕаны тыллаах-сыҥаахтаах киһибин эбээт. Бэйэм да билсиэм. Игорь диэммин! – диэбиппэр кыргыттар күлсэн тоҕо барбыттарыттан эр ылан, салгыы кутан-симэн барабын. – Оттон эһиги ким диэн ааттаах-суоллаах, туох дьарыктаах-үлэлээх кэрэ куоларгытый, кыргыттаар?

– Кэпсээн-ипсээн үчүгэй уолаттаргыт быһыылаах ээ. Хата, дэлби күллэрдигит. Мин Катябын, – диэн күөх былаачыйалаах, санныгар диэри түспүт кылгас кугас баттаахтаах, бэрт номоҕон дьүһүннээх, отуччатын ааспыт кыыс бэйэтин билиһиннэрдэ.

– Оттон мин Кристинабын. Кэргэннээхпин, түөрт оҕолоохпун, юрист идэлээхпин, дьиэлээхпин-уоттаахпын, – диэн баран, биһиги соһуйбуппутун көрөн, күлэн тоҕо барда. – Оонньоон-оонньоон этэбин. Эһиги эрэ күлүөххүт дуо? Биһиги да күлэри сатыыбыт. Чэ, уолаттар, дьиэ-уот, үлэ-хамнас туһунан наһаа кэпсэппэт инибит. Бүгүн биһиги сынньана сылдьабыт. Хата, хантан даҕаны... Эһиги, уопсайынан, пиибэ эҥин иһэҕит дуу?

– Иһээччибит, – диибин. – Ол эрээри, көрөргүт курдук, “за рулем”. Онон таммаҕы да иһэрим көҥүллэммэт. Арай ханна эрэ дьиэ-уот баара буоллар...

– Оччоҕуна хантан эрэ булан баран биһиэхэ барыахха ээ. Биһиги бүгүн иккиэбит эрэ.

– Пиибэни булар боппуруос буолбатах. Өстүөп, багажниктан тахсан даамаларга киллэрбэккин ээ, – диэн киһибэр соруһабын.

– Боппуруос суох. Ол эрээри даамалар тугу иһэллэрий? Баҕар, виски, вино, “Хейнекен”, “Бад”?

– Пакаа дьиэҕэ тиийиэххэ диэри “Хейнекен” киллэрэҕин дуо?

* * *

«Дьиэҕэ тиийиэххэ диэри» биир-икки чаас ааһа охсор. Хайа да өттүттэн саҥа иҥэ элбээн барар, көр-нар, солуута суох күлсүү элбиир, ол быыһыгар куустуһуу-уураһыы саҕаланар. Дьиэ аанын арыйан киирэрбит саҕана саҥардыы эрэ билсибит дьон букатын былыргыттан билсэр курдук, уу тэстибэт доҕордуу буолабыт.

Катя миигин кыра оҕолуу илиибиттэн сиэтэн киллэрэн тута хоско ааһар. Степалаах Кристина эмиэ куустуспутунан саалаҕа турар сымнаҕас тирии дьыбааҥҥа охтоллор.

Мин хоско киирээт да туох даҕаны сиэрэ-туома суох кыыс бобо тута сылдьар былаачыйатын нөҥүө мааны таһаатын, этин-сиинин имэрийэн-томоруйан барабын. Катя нарын тарбахтарынан харыларбын бобо тутар эрээри, бопсор быһыыта суох. Бэйэтэ саба түһэн сыллыыр, уоспуттан уохтаахтык ууруур. Тыла айаҕым иһигэр киирэн сүүрэлээн тахсар. Мин онтон көҥүл ылбыкка холуйан, былаачыйатын ньылбы тардан хос түгэҕэр элитэбин, лиипчигэ суох мыла маҥа тириилээх толору түөһүн ытыспынан бобута туппахтыыбын, синньигэс биилиттэн өрө анньан, ороҥҥо тиэрэ быраҕабын.

Илиим бэйэм да билбэппинэн кини эмиийдэрин имэрийэр, бобута тутар. Катя имэҥнээхтик өрүтэ тыынар, ынчыктаан ылар. Онтон түөһүн тумуктарынан “оонньуубун”, сэрэниин-сэрэнэн ытырбахтаан ылабын, эмиийин кэрэлэрин тарбаҕым төбөтүнэн сууралыыбын. Илиим сыыйа-баайа аллара түһэр... Өрүтэ тыыныы күүһүрэр. Санаабар, хос иһэ бүтүннүү “дьахтар сытынан” туолар...

Тарбахтарым билбэт кыыһым маннык кэбэҕэстик бас бэриммититтэн эрдийэннэр, бэйэбиттэн ыйыппакка сүүрэлииллэр, өссө иһирдьэ талаһаллар, кыыс имиллэҥниирэ күүһүрэр, оттон мин күүрүөхпүнэн күүрэбин.

Катя “чэ, хаһан, хаһан саҕалыыгын?!” диэбиттии, көхсүбүн, хайыта тыыппахтыыр, тииһинэн түһэн ылар, имэҥнээхтик ынчыктыыр, “бырааппын” бобута тутан бэйэтин диэки тардар. Мин ситэри кыынньыырдыы оҥостон, өссө төгүл уоһуттан, моонньуттан ууруубун, нарыннык түөһүн тумуктарын, кулгааҕын эминньэхтэрин ытырбахтыыбын, күннээххэ көрдөрбөтүн имэрийэбин. Устунан бэйэм туймааран, итирик киһи туругар киирэн, ханна сытарбын умнан барабын.

Кыыһым тулуйарыттан ааһан куруһуба хаймыылаах синньигэс туруусугун устан киэр элитэр, атахтарынан биилбин кыбыйан эпсэри тардар, нарын тарбахтарынан били баҕалаах сирин булларан, мөхсүбүтүнэн барар. Өтөр буолаат, иһиттэн туох эрэ төлө көтөн тахсыбытыныы өрө уһуутаат, ыһыктынан, налыс гынан хаалар...

Мин өссө да бүтэ илик киһи быһыытынан, кыыспын эргилиннэри тардан, салгыы түһүммүтүнэн барабын. Катя бастаан хайдах эрэ сылайбыт, сэниэтэ суох курдук, аат эрэ харата хамсыыр, төттөрү анньа сатыыр эрээри, имэҥ-дьалыҥ иккистээн киирэн, эмиэ мөхсүбүтүнэн барар.

Онтон тыҥаабыт хаһан эрэ төлө барар айылгытынан, төбөм оройуттан атаҕым төбөтүгэр диэри туох эрэ “дьыр” гына сүүрэн түһэн баран, тугум барыта босхо барар, дууһалыын чэпчээн, налыс гынабын.

Көҥүл уол биир түүнэ ити курдук түмүктэнэр.            

ИГОРЬ.