Киир

Киир

«Олох диэн сибэккилээх сыһыыны туорааһын буолбатах» дииллэр эрээри, сыҥаланан, ити курдук дакаастыы, итэҕэтэ сатыыр буоллахтарына, баҕар, чахчы да, оннук буолаарай?

Сүөдэр, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, сааһыра барбыт киһи, эт мэйиитин үлэлэтэн, барытын «илдьи буһаран» баран, сөбүлэһэр эбэтэр букатын атын түөрүйэни күөдьүтэн ылыммат мөккүөннээх. Эдэригэр оччотооҕу кэм сиэринэн «киһи үйэтигэр биирдэ эрэ таптыахтаах, а.э., хас эмэ таптал баар буолуон сатаммат» диэн санаалааҕа. Дьиҥэр, оннук буолбатах. Кырдьык, маҥнайгы, оҕо эрдэҕинээҕи таптал («платоническая любовь») баара саарбахтаммат. Ол барыта кэмэ-кэрдиитэ хайдаҕыттан тутулуктанан, иэйииҥ баарын араастык биллэрэр быһыылаах. Ону өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха кылаассык суруйааччыта Н.Д. Неустроев «Сэмэнчик» диэн кэпсээниттэн да көрүөххэ сөп. Сэмэнчик өйө-санаата барыта сөбүлүү көрбүт кыыһыгар түмүллэр, утуйар уу да, аһыыр ас да умнуллар. Оттон кыыһа? Кини эрэ туһунан санаан көрбөт.

Сүөдэр ити кэпсээни оҕо сылдьан хаста эмэ аахпыта. Санаатыгар, кини оруобуна ол Сэмэнчик курдук долгуйара; онто, мэктиэтигэр, сүрэҕин тыаһа паартаҕа дьукаахтаһа олорор табаарыһыгар иһиллиэх курдук бүллүргүүрэ. Ол – ойоҕос эрээккэ олорор Сибиэтэни көрдөҕүнэ этэ. Пиэдьэ, ол 60-с сылларга аныгы кэм киһитэ буолан, сиэркилэ үлтүркэйин бэртээхэй тэрил оҥостон, букатын атын сири көрбүтэ буола олорон, дьэ, сөбүлүүр кыыһын кыҥастаһара. Итинтин улаханнык сатаатым оҥостон, чып кистэлэҥҥэ тутара, бэл, аллар атаһа Туллукка эппэт этэ. Оттон саҥардыы эт тутуох курдук чинчилэммит Сибиэтэтэ хап-хатыҥырын аанньа ордьоҕор тиистээх Пиэдьэни көрүөн да баҕарбат быһыылааҕа. Хата, ол оннугар 10-с кылааска үөрэнэр, 70 киилэҕэ тустар Оруодьукка хайдах да буолуон билбэт этэ. Сирэй-харах оҥостуута дьэ онно буолара. Кыры-кылбаҕар эттээх, ыга тута сылдьар түрүкүөлээх Оруодьук туста таҕыстаҕына, эр киһи быһыыта-таһаата толору көстөрө, ордук аллараа өттө – бөлтөйүөҕүнэн бөлтөйбүт этэ. Онуоха холоотоххо, Пиэдьэ эрэйдээх от илии, от атах буолаахтаатаҕа, саатар, сэбэрэтэ арыый тупсаҕайа буоллар дуу.

Сибиэтэ – 8-с кылааһы, оттон Оруодьук онуһу бүтэрээт, сыл иһигэр ыал буолбуттара. Сүөдэр маҥнайгы таптала ол курдук уостубута. Таптал да диэхтээн. Ол эрээри сөбүлүүр кыыһын сиэркилэ үлтүркэйинэн уоран кылахтатар ити кэмигэр өйө-санаата барыта сырдык, долгуйуу, туох эрэ кэрэни күүтүү этэ. Дьиҥэр, айах атан кэпсэппэтэхтэрэ, эгэ, оскуола биэчэригэр танголыахтара баара дуу?! Хата, уолуҥ эрдэ кэлэн киинэҕэ миэстэ уурарынан атамаан этэ. Ол гынан баран, тыла тахсан, онтугар кыыһын биирдэ да ыҥыран олордубатаҕа – саллара бэрдэ.

Инньэ гынан «маҥнайгы тапталыгар табыллыбатах» киһи аатыран, олох киэҥ аартыгар үктэммитэ.

* * *

Оскуола кэнниттэн сопхуоска оробуочайдаан, икки сыл аармыйалаан, Дьоллоох Дьокуускай куоракка үлэ-хара булан сыр-мыр сылдьыбыта, өссө киһиҥ үрдүк үөрэххэ кэтэхтэн үөрэнэ киирбитэ. Дьэ, уонна Тоськатын кытта билсибитэ. Кыыһа чугастааҕы оройуонтан сылдьара, кулууп үлэһитэ этэ. Оннук кырасаабысса диэххэ сатаммат, быһыыта-таһаата да киһи хараҕар хатаммат, ол эрээри Сүөдэр бу кыыска хайдах эрэ олус убанан хаалбыта. Кулууп үлэһитэ буолан, хайа да киһини кытта биир тылы була охсоро. Уол тугу эмэ этээри саҥардыы оҥостон эрдэҕинэ, Тоська бэриэт түһэн эппитэ-тыыммыта эрэ баар буолара. Онто этириэс – мөккүһэн туһа суох, иннин син биир ылбаккын.

Кыыс преподавателлэр сорудахтарын – араас кэниспиэги, хонтуруолунай үлэни ончу толорбокко кэлэрэ. Ити чааһыгар баҕас Сүөдэр бэрээдэк киһи этэ. Онон Тоська бэркэ табыллыбыта: этиэ эрэ кэрэх – уол көмө-имэ буолбутунан барара. Оннук кыһалла-мүһэллэ сырыттаҕына, тастыҥ эдьиийэ суоҕар түбэһиннэрэн, кыыс биирдэ Сүөдэри дьиэтигэр ыҥырбыта. Дьэ, манна буолбута кыыһы кытта аан маҥнай таптаһыы диэн. Бастаан, үгэс курдук, абына-табына кэниспиэктэнэр түбүккэ түспүттэрэ (Сүөдэр «итинтэн кыратык уста түс, итини баҕас кылгастык» диэн, сүбэлээн эрэ биэрэрэ), онтон «чэ, манан бүтүөххэ» диэн баран, Тоська, уолга сыста түһээт, убураабытынан барбыта. Сүөдэр хаһан өйдөнүөр диэри кыыһа аны тохтуу түһэн, бээһиҥкэтин устан устуул сиһигэр иилэ бырахпыта. Уол ону «атаакалыырбар бэлиэ биэрдэ» диэн, хоччорхой соҕус да буоллар, төһө сатыырынан убураабытынан, кууспутунан барбыта. Кыыһы тахтааҕа сытыаран баран рейтузатын устаары ийэ-хара көлөһүнэ тахсыар диэри мөхсүбүтэ, онтон аны хыбы чулкутун биэтилэтин төлөрүтэ сатаан бодьуустаспытыгар кыыһа сөбүлээбэтэхтии «итини тыытыма» диэт, киэр хайыһан, күүтэн сыппыта. Онтон Сүөдэр муҥкуга бэрдиттэн кэлэйбитэ буолуо – туох да саҥата-иҥэтэ суох көмөлөспүтүнэн, дьаһайбытынан барбыта.

Манныкка урут хаһан да түбэспэтэх буолан, уол кыыс хамаандатын тук курдук толорооччу эрэ буолбута, онтун быыһыгар «аны оҕо үөскээн хааллаҕына, холбоһорбут дуу, суоҕа дуу?» диэн уустук боппуруоска төбөтүн сынньа сыппыта. Тоськата төрүт кыһаммат этэ, хата, араастаан дэлби көҕүлээн, тугу барытын умуннаран, Сүөдэр салгыы кыайан тулуйумуна, сонно «ыытан» кэбиспитэ. Хонон баран дорообо диэбиккэ дылы, «кыыһым урут кими эмэ кытта сылдьыспыта буолуо дуо, бастакы киһитэ мин дуу?» диэн, аны биир туспа таабырыҥҥа түспүтэ.

Бу түбэлтэ кэнниттэн Тоська кур бэйэтэ кубулуйбатаҕа, кистээн таптаһар кэмнэригэр «өлө-тиллэ» имэҥирбэтэҕэ, хата, букатын атын эйгэҕэ сылдьар быһыылааҕа; саҥатын төрдө барыта куурустааҕы үлэ, кэниспиэк, лиэксийэ этэ.

Биирдэ хайыы-үйэ «дьыалаларын бүтэрэн» сырыттахтарына, кыыс эдьиийэ Миларада тиийэн кэлбитэ. Бу – арааһа, Сүөдэртэн сэттэ хас сыл аҕа, сырдык хааннаах, Тоськаттан уҥуоҕунан лаппа үрдүк уонна чахчы кырасыабай дьахтар этэ. Сүрдээх мааны бүрүчүөскэлээх, ханан да кырыы-муннук диэн суох, мөрү-мөлбөөркөй эттээх-сииннээх Миларада Сүөдэр эрэйдээх хайдах-туох уол эбитин сонно быһаарбыта быһыылааҕа. Уол, эдьиийин бараллаата дьахтар барбах ымах гынан баран, тобулу көрөн кэбиспитигэр туох эрэ куһаҕаны оҥоро туран тутуллубут обургу оҕо курдук буолбута.

Онтон дьиэттэн тахсаары хомунан турдахтарына:

– Күтүөт уол, аны да кэлэ сылдьар буол, баҕар, тыал курдук майгылаах балтым түспэтийиэ этэ, дьиэ-уот тэринэн да хааллаххытына, үөрүөхпүт эрэ этэ буоллаҕа дии! – диэн күлэ-күлэ Миларада атаарбыта.

* * *

Субуота күн – оруобуна кулун тутар 8 күнүгэр – Тоськалыын универмагка көрсүөх буолбуттара эрээри, кыыһа кэлбэтэҕэ. Сүөдэр чаастан ордук күүтэ сатаан баран, устунан долгуйан барбыта: ким билиэй, баҕар, туохха эрэ түбэспитэ буолуо биитэр ыалдьыбыта дуу? Аптамаат төлөпүөнтэн эрийиэҕин, абаккарыах быатыгар, дьиэлэригэр төлөпүөннэрэ мэлигир. Онон айылааҕын бэйэтинэн тиийэргэ санаммыта. Бэйи, оччо тиийэр аата бэлэҕэ-туһаҕа суох барыа дуо? Сампааныскайы кытта сибэкки атыылаһан, 5-с ¹-дээх оптуобуска олорбута да куугуната турбута.

Кэмниэ кэнэҕэс син өр сахсыллан, тохтобултан өссө уонча мүнүүтэ хааман тиийбитэ – Тоськата суох. Миларада унаарыччы көрөн кэбиһэн баран:

– Хайа-ыы, күтүөт кэллэ дии, оттон кыыспыт кутуруга куйаарга, баһа байҕалга. Дойдутуттан кэлэн мааҕын эрдэлик илдьэ барбыттара. Чэ, киир-киир, таһырдьаттан төннүөҥ дуо, ама да буолтун иһин, – дии-дии, хаһаайка уолу дьиэтигэр киллэрбитэ.

– Ээ, оттон универмагка көрсүөх буолан болдьоспуппут ээ. Сэрэппэккэ барбыт эбит дии.

– Балтым обургу тыал курдук диэн үнүр эппэтэҕим дуо?! Кырдьык даҕаны, кулуубун дириэктэрэ Көстөкүүн уол «дьахталлар Аан дойдутааҕы күннэригэр – сааскы бастакы бырааһынньыкка – умнуллубат гына биэчэр тэрийдэххинэ табыллар» диэн, үлтү ытыйан илдьэ барбыта. Оннук киһи, доҕоор, балтыкайым барахсан!

– Дьэ, табыллыбат күнүм үүммүт эбит, дьиэлииһибин, – диэн баран, суумкатыгар сибэккилээҕин, өссө сампааннааҕын санаан, – бырастыы гын, Миларада, бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин! – диэбитэ уонна сибэккитин, сампаанын туттарбыта.

– Кэбис, Федя, бачча кэлэн баран, төннөр диэн туох аатай, сыгынньахтан уонна эппитиҥ курдук, бу сааскы бырааһынньыгынан көх-нэм буол. Таарыйа ити саҥа туумбабын таҥан кулу, – диэт, дьахтар уолу тургутардыы суптурута көрөн кэбиспитэ.

– Чэ, оччоҕо бастаан үлэни үмүрүтүөххэ, ол кэнниттэн биирдэ чэйдиэххэ. Нууччаҕа уос номоҕо баар дии «кончил дело – гуляй смело» диэн.

Сүөдэргэ хантан ити курдук харса суох санаа көтөн түспүтэ буолла, дьэ, хамсыах-имсиэх, саҥарыах-иҥэриэх санаата киирбитэ. Миларада уол туумбаны таҥарыгар көх-нэм буолан, илэмэ-салама түспүтэ. Омос көрдөххө, үлэ судургу баҕайы курдуга да, бииртэн биир моһуок күөрэйэн испитэ. Саатар, дьиэлэрэ итиикэтэ бэрдэ. Сүөдэр спортивнай ыстаанынан уонна чараас путбуолканан эрэ хаалбыта. Миларада хоһуттан эр киһи хаһааҥҥы эрэ соруочукатын кэтэн, субу кылбаһыйан тахсыбыта. Үөһээ тимэҕэ төлөркөй буолан, икки эмиийэ дьигиҥнии аҕай сылдьарыттан сылыктаатахха, лиипчигин устан кэбиспит быһыылааҕа.

Туумба иэччэҕин олордо сатаан тобуктаан турдаҕына, дьахтар адьас уол аттыгар кэлэн, турунан кэбиспитэ. Сүөдэр суруугу эрийээри кыҥастаһа олорон өйдөөн көрбүтэ – Миларада кылгас соруочукатыттан үп-үрүҥ чараас туруусуга кылбайыы бөҕөтө. Уол итинтэн соһуйан, силигэр чачайа сыспыта.

– Тутуһуум эрэ, – диэн баран дьахтар ыкса кэлбитигэр Сүөдэр хараҕа ол арыллаҥныыр соруочукаҕа хатаммыта, киэр хайыһар кыах суох буолан биэрбитэ...

... Миларада, имэҥнээх таптал диэни умна быһыытыйбыт дьахтар, уол «бу туох буоллаҕай, арааһа, туох эрэ сатамматын таарыйдым дуу, ыалдьар дуу?!» диэн куттаныар, дьиксиниэр диэри киһи иилэн ылбат араас саҥатын түһэрэн имиллэҥнээбитэ. Сүөдэр салгыы тугу гыныан билбэккэ иһийэн хаалбытыгар дьахтара ыксаабыт куолаһынан «өссө, өссө» диэн өйүн булларбыта. Уол куттаммыта дьэ ааһан, бэйэтэ-бэйэтинэн буола түспүтэ, имэҥ-дьалыҥ чүөмпэтигэр умсаахтыы оонньообута...

... Сарсыарда уһуктубута, Миларада имэрийэн-томоруйан, сыллаан-уураан ырааппыт. «Хайдах манныкка тиийэн хааллым, хайыах баҕайыбыный?» диэн санаа кылам гынан ааспыта эрээри, дьахтар инчэҕэй уоһа, нарын тарбаҕа ону сонно умуннарбыта...

Сүөдэр билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Оҕо-уруу дэлэй киһитэ, сиэн да элбээтэ. Ол үрдүнэн ити – урукку хас эмэ «сырыыта» – хам-түм өйүгэр охсуллан ааһар. Тоськата, били, Көстөкүүн уолун кытары сол саас холбоспуттара, оттон Миларада кэрэ дьүһүнэ билигин да өлбөөрө илик, уруккутун курдук аҥаардас сылдьар.

БУТУКАЙ.