Киир

Киир

Хос иһэ борук-сорук этэ. Таһырдьа төһө да бэс ыйынааҕы үрүҥ түүн буоллар, күһүҥҥү тымныы, тыаллаах ыас хара түүнү санатара.

Бу борук-сорук хос иһигэр түүҥҥү чуумпуну аймаан эр киһи таҥна турара. Оттон кинини, уулааҕынан көрбүт чох хара харах саҥата суох атаара олороро. Уу чуумпу. Ким да биир тылы быктарбат. Барыта эрдэттэн бэлэмнэммит курдук. Кыыс кэргэнэ билигин тугу гыныахтааҕын барытын билэр: “Билигин наскытын көрдүөхтээх: бастаан таҥас быыһыгар, онтон хомуот ойоҕоһугар, онтон орон анныттан булуохтаах. Булла. Билигин ыскааптан бороҥ куоптатын ылыахтаах. Ылла”.

Кини бүгүн биир да тылы ыһыктыбата. Саатар, биир истиҥ көрүүтэ суох. Көрбөтө. “Тоҕо?! Тоҕо?! Тоҕо?! Тугум иһин?!” — диэн бэйэм бэйэбиттэн бүгүн сүүс төгүл ыйыттым. Ол туох да түмүгү биэрбэтэ. Ама, мин эрэ манна барытыгар буруйдаах үһүбүөн.

Суох. Барыта хайдах эрэ судургу баҕайы. Кини ылла да оронуттан турда уонна таҥныбытынан барда. Ол эрээри бүгүн эмиэ биир да тылы киниэхэ кыайан эппэтим ээ. Дьиҥэр, уһуктаат да, тута “ханна бардыҥ?” диэн ыйытыахпын баҕарбытым эрээри, кинини көрөн баран, эмиэ тылбыттан маттым. Туох эрэ биллибэт кэлэн тылбын чороччу тардан кэбистэ. Итиэннэ “ханна бардыҥ?” диэн ыйытыы син биир тугу да уларыппат, эргиппэт. Кураанахха иһиллиэ этэ. Кини барардыы барда. Букатын. Аны хаһан да эргиллибэт.

Эрэ, таптыыр киһитэ, бу тахсан баран эрэр. Оттон кини тугу да гынар кыаҕа суох.

Эр киһи саҥата суох хостон таҕыста. Тахсан иһэн таҥаһын хааламмыт спортивнай суумкатын санныгар иилэ бырахта. Эргиллэн да көрбөтө.

Кыыс кэргэнин кэнниттэн батыһан тахсыбыта. Кини ытыан, хаһыытыан-ыһыытыан, сүүрэн тиийэн кини күүстээх санныгар иилистэ, саба түһүөн, сыллыан-ууруон баҕарара да, туох эрэ биллибэт дьикти күүс кинини тутара. Оттон ол аайы сүрэҕин сыппах быһах аалара, сытыы бүргэс тэһитэ кэйиэлиирэ. Һуу!!! Тугуй бу?! Туох тутарый миигин?! Тоҕо?!

Кыыс олус бэркэ билэр: кини кэлбэттии, эргиллибэттии бардаҕына, кинини кытта бэйэтин сорҕото эмиэ барсыахтаах. Оттон хайа бэйэлээх тыынар тыыннаах кутун, дууһатын аҥаара суох бу Орто дойдуга салгыы олох олоруой?! Оо, эрэйим эбит!..

Туох да буолбатаҕын курдук уу чуумпу. Эр киһи ааны арыйан бу тахсаары туран саннын үрдүнэн саҥата суох салаллан кыыһы утары көрдө. Барда. Эргиллибэттии барда.

Кыыс түннүккэ сүүрэн тиийдэ. Билигин кини дьиэ муннугун кэнниттэн тахсан кэлиэхтээх. Онтон бу диэки хайыһыахтаах уонна сотору кэлиэм диэбиттии, илиитинэн далбаатыахтаах. Суох! Бу сырыыга оннук буолбата. Бу сырыыга кини тахсан хараҥа уулусса устун бара турда. Тохтоо эрэ. Баҕар... баҕар, хайыһаарай? Эчи суох. Хайыспат. Онтон кыыс түннүгү арыйа баттаата: “Ммми!..” — эмиэ саҥата кыайан тахсыбата. Эмиэ туох эрэ биллибэт күүс кинини тохтотто. Оттон кини баара-суоҕа “мин эйигин таптыыбын” эрэ диэн баҕаарта эбээт.

Абатыттан кыыс сүүрэн тиийэн аҕыйах мүнүүтэ анараа өттүгэр кэргэниниин утуйа сыппыт оронугар умса түһэн туох да уйа-хайа суох ытаан киирэн барда. Харах уута ардах курдук халыйда. Ону кытта кыыс дууһатын сорҕото эмиэ барыста.

Бу кэмҥэ ханна эрэ куоска оҕото ньааҕыныырын санатар оҕо ытыыра иһиллэн ааста. Ханна эрэ ырыы-ых-ыраах. Суох. Эмиэ да чугаһаан кэлэр, эмиэ да ыраатар. Хайдах-хайдах баҕайыный? Кыыс уулааҕынан-хаардааҕынан көрөн кэллэ. Туох да суох. Хабыс-хараҥа уонна уу чуумпу. Орон таһыгар туумбаҕа турар чаһы үс аҥаар буолбут диэн көрдөрөр.

Кыыс өйүгэр билигин туох буолбутун барытын кыл түгэнэ эргитэн көрдө. Айабын даа! Ити кэннэ олох олорон да диэн! Онтон арай бу санаатын ким эрэ ынчыкка маарынныыр ыар тыына аралдьытта. Ол итии илгийэрэ кэтэҕэр адьас бу баардыы билиннэ. Кыыс саҥата суох төбөтүн эргитэн баран, соһуччута бэрдиттэн хаһыытыы сыста. Сүрэҕэ сүр күүскэ хам тутан ылла. Аттыгар Кини сытар. Биир, икки, үс... уон, уон биир... Ити курдук уонча сөкүүндэ ааста. Кыыс дьэ өйдөннө. Сүрэҕэ, дууһата оргууй уоскуйан, кинини аны үөрүү уххана кууһан киирэн барда. Бу барыта түүл эбит. Баара-суоҕа түүл.

Кыыс эрин кэтит түөһүгэр сыстыаҕынан сыһынна уонна сыллаан-уураан киирэн барда.

— Хайа, доҕоор, туох буоллуҥ? – диэн, өссө да уутуттан ситэ уһукта илик эрэ кэргэниттэн ыйытта.

— Эн миигин бырастыы гыныый дуу, сэгээр? Мин ити бэҕэһээ эйиэхэ солуута суохтан кыыһырбыппын. Бырастыы гын миигин, — диэн кыыс ботугураата.

— Чэ, бээ-бээ. Ааста да аастаҕа дии. Тоҕо ону эмиэ түүн үөһэ санаан кэллиҥ? Утуйуох.

— Наһаа куһаҕан түүлү түһээтим. Мин эйигин олус таптыыбын эбээт. Ону акаарычаан бэйэм да өйдөөбөт эбиппин. Кэбиис, эйигинэ суох кыайан олорбоппун. Олоҕум эн эбиккин, – Кыыс бу сырыыга дьолуттан уу-хаар баспыт хараҕынан эрин диэки көрдө утары көрдө.

— Чэ, чыычаах, уоскуй-уоскуй. Мин баарбын эбээт. Ханна да барбаппын. Хайдах эйигин соҕотохтуу хаалларыахпыный?

— Эн миигин кырдьык хаалларыаҥ суоҕа дуу? – диэн кыыс өрө сыҥсыйа-сыҥсыйа ыйытта.

— Кырдьык, тукаам, кырдьык.

Эр киһи кыыһы сэрэниин-сэрэнэн синньигэс биилиттэн ыксары тарта. Чарыыс да чараас, харах уутуттан илийбит туустаах уоһуттан убураан ылла. Биирдэ... иккитэ... Эдэрдэр сүрэхтэрэ умайда, имнэрин хаана кэйиэлээтэ, тымырдарынан сылаас хаан сүүрдэ, имэҥ уота күөдьүйдэ. Эт эккэ сыһынна....

Бу ыаллар кырдьан өлүөхтэригэр диэри уһун да уһун дьоллоох-соргулаах, уйгулаах олоҕу олорбуттара. Оттон ол имэҥнээх түүн бастакы оҕолорун төлкөтө түстэммитэ.

Санааҕын суруй