Дьиҥэ, хас улуус аайы суорумньу диэни тэрийэ сатыыллар. Ол гынан баран сорох киһи маннык тэрээһиннэргэ хайдах эрэ күлүү-оонньуу курдук сыһыаннаһар. Ол онтон төһөлөөх киһи оҕустарара, кэлэйэрэ буолуой?! Бу сырыыга биир оннук суорумньуттан “оҕустаран” холбоспут дьон туһунан кэпсиим...
Бу субуотаҕа буолуохтаах суорумньуга улуустарын дэриэбинэлэриттэн киһи бөҕөнү мунньубуттар, бэл, ыаллыы улуустан ыалдьыт бөҕөнү ыҥырбыттар. Соҕотох сылдьа сатаан санаалара түспүт дьон, маннык тэрээһиннэргэ, нэһиилэ кыттааччылар. Аны туран, кыра дэриэбинэҕэ ким ханна барбыта-кэлбитэ, туохха кыттан эрэрэ барыта биллэр. Эр дьон ол иһин маннык тэрээһиннэргэ кыттыахтарын баҕарбаттар.
Кэпсиэхтээх киһибин Бүөккэ диэн ааттыахха. Дэриэбинэтигэр сүүрбэччэ сүөһүлээх, үөр сылгылаах, дьиэлээх-уоттаах, тыраахтар, массыына толору. Быһата, халыҥ хаһаайыстыбалаах. Хаһаайыстыбатыгар, биллэн турар, аймахтара көмөлөһөллөр. Көмөлөһүөхтэрэ дуо — хамнастаах үлэһиттэр. Бэйэтэ даҕаны туруу үлэһит киһи. Хара сарсыардаттан үлэлээбитинэн барар. Соҕотох киһи диэтэххэ, испэт-аһаабат, мээнэ суксуруспат. Бүөккэбит биир итэҕэстээх. Төрүт саҥата суох. Тыла суох диэн буолбатах, бэрт кэмчи саҥалаах. Омуннаан эттэххэ, күҥҥэ биир-икки тылы нэһиилэ ыһыктар. Ол иһин даҕаны, ойоҕо да, оҕото да суох сырыттаҕа дии...
Суорумньу эҥин диэн тэрээһиҥҥэ үйэтигэр үктэммэтэҕэ. Суорумньу буолуохтааҕар, дэриэбинэтигэр сылга биирдэ-иккитэ эрэ буолар кэнсиэргэ да сылдьыбат. Эдэригэр, бэл, үҥкүүгэ сылдьаахтаабатаҕа. Уолаттар бары кыргыттардыын үҥкүүлээн эйээрэ сырыттахтарына, кини эрэ соҕотоҕун балыктыы барааччы. Дьэ, хайыаххыный, итинник майгылаах киһи.
Киэһэ, сылгытын үөрүн аһатан кэлэн аһыы олордоҕуна, хонтуора Натааһата көтөн түстэ. Сирэйэ турбут аҕай. Тыый, туох буоллаҕай диэн дьиибэргии саныы олордо. Натааһа боччумнаахтык туттан олордо. Бүөккэ киһи эрэ буоллар ыалдьытыгар чэй кутан биэрдэ. Хобордооххо баар ыһаарытын сии-сии, дьахтар сирэйин-хараҕын манаста. Туохха кэлбит буоллаҕай диэн дьиибэргээтэ.
— Бүөккээ, хайатын бу курдук соҕотох олоруоххунуй?! — диэн Натааһа, били «дьыалабыай» кэпсэтиитин ыытаары саҕалаата.
— Ону?! — диэн Бүөккэ нэһиилэ бөөҕүнээтэ.
— Тыый, оттон бачча сааскар диэри соҕотох сылдьарыҥ куһаҕан диэн этэбин дии. Сарсын улуус киинигэр суорумньу тэрээһинэ буолар. Дьэ, онтон-мантан эҥин арааһынай кырасаабыссалар кэлэллэр үһү. Биһигиттэн эмиэ сыалай биир массыына киһи барар. Ньаппарайдар уоллара Өлүөскэ, Кэҕэ Өндүрүүскэ, Кыра Балбаара, Дуунньа, Ампыыһа, Киргиэлэйэп сөбүлэҥнэрин биэрдилэр. Сарсын сарсыарда барабыт. Эн, саатар, биирдэ кыттыаҥ этэ. Дьол хараҕа суох. Баҕар, кырдьык, аналлааххын көрсөн кэбиһиэҥ дии. Түүн да уһун, сыта-тура толкуйдаа... Сарсын эбиэт кэннэ барабыт. Сөбүлэһэр буоллаххына хонтуораҕа тиийээр, — диэт, Натааһа таһырдьаны былдьаста. Бүөккэттэн киһи хайдах даҕаны тута «ээҕин» ылбат. Сөбүлэһэр буоллаҕына кэлиэ, суох да суох.
Бүөккэ киэһэ утуйуон иннинэ тэлэбиисэрин холбоото. Саатар, тэлэбиисэргэ кытары хойут тапталларын көрсөн холбоспут дьон тустарынан киинэ көстө турар. Бу киинэни көрө сытан, Натааһа этиитин эргитэ санаата. «Ол абааһыларыгар баран боруобаламмыт киһи дуу?! Кырдьык, дьол хараҕа суох. Баҕар, аналбын көрсөн кэбиһиэм дии... Хайаабыт киһи... Хаһааҥҥа диэри маннык сорсуйан олоруохпунуй?!» — диэн саныы-саныы, устунан утуйан хаалла. Түүлүгэр биир үчүгэйкээн бэйэлээх эдэр дьахтары көрдө.
Сарсыарда эрдэ туран сылгытын, сүөһүтүн бүтүннүү бэрийэн бүтэрдэ. Үлэһиттэрэ хайыы-үйэ ынахтарын ыан бүтэн дьиэлээбиттэр. «Били суорумньуларыгар барбыт киһи дуу, суох дуу?» диэн саарыы олордоҕуна, таһырдьаттан доҕоро Киэсэ киирэн кэллэ.
— Хайа, доҕоор, били суорумньуларыгар ыҥырбыттар үһү дии... Бэрт киһи, эмиэ барымаары олороҕун дуо? Хаһааҥҥа диэри ойоҕо да, оҕото да суох маннык сылдьаары гынаҕын?! Хайа, биһиги сиэннэнэрбит чугаһаата дии, — диэн иннин биэрбэт киһи буолан биэрдэ. Арааһа, «аҕытаассыйалаа» диэн сорудахтаан ыыппыттар быһыылаах, сыал-сорук туруорунан кэлбитэ көстөр.
— Бээһээ хонтуора Натааһата киирэн эппитэ. Хайыах баҕайыбыный, барбыт киһи дуу, суох дуу? — диэн доҕоруттан сүбэлэтэрдии ыйыталаста.
— Хайдах барымаары гынаҕын, доҕор... Баҕар, кырдьык, аналлааххын көрсөн кэбиһиэҥ дии. Бииргэ чэй иһэ олороруҥ да астык буоллаҕа. Эдэри буллаххына, өссө оҕолонуоҥ... — диэн саҥаран-иҥэрэн доҕорун «хайытта» быһыылаах. Таҥнан-саптан хонтуораҕа барда. Массыыналара хайыы-үйэ кэлэн турар. Кинини көрөн дьоно үөрүү бөҕө буоллулар. Били, күрэхтэһиигэ чөмпүйүөнү уруйдуур курдук көрүстүлэр. Дьэ, субу курдук, айманан-сайманан айаннаатылар. Улуус киинигэр тиийэн бастаан сахалыы балаҕаҥҥа тиийдилэр. Кырдьык, онтон-матан киһи бөҕө кэлбит. Аалыҥнаһыы, кэлии-барыы, кэпсэтии-ипсэтии бөҕө. Салайааччылар хастыы киһилээхтэрин аахтылар. Бу сырыыга бэрт дьиибэтик тэрийбиттэр. Билсэр буоллаххытына билсиҥ диэбиттии, барыларын биир чөмөх гына муспатылар. Хас даҕаны остуолу туруорбуттар, хас биирдии остуол сабыылаах. Адьас кыра хостор курдук. Остуолга биирдии киһи олорор. Иккис киһи остуолтан остуолга көһө сылдьан билсэр. Хайдах эрэ оонньуу курдук. Бүөккэ бытаан соҕус киһи быһыытынан биир сиргэ олордо. Кини остуолугар бииртэн-биир дьахтар олорон истэ. Маннык гынан бары билсиһэллэр эбит. Саҥата суох киһиэхэ соччото суох «билсиһии» курдук. Нэһиилэ тулуйан олордо. Дьэ, эҥин араас дьахтар толору. Сорохтор, бэйэтигэр дылы, эмиэ тылларын ыйыстан кэбиспит сордоохтор. Сорохтор субу көһөн барыах айылаах омун-төлөн бөҕөлөр. Биир мааны дьахтар киирэн кэллэ. Тас дьүһүнүнэн туох да куһаҕана суох. Кини остуолугар олороот, Бүөккэбитин бастаан сиилээбиттии одуулаата. Биһиги киһибит сирэйэ харааран-барыаран улуус киинин интэлигиэнин курдук буолуо дуо... Кыратык тыл бырахсан билсиһээт, аны, аргыый аҕай сыыйан тугу үлэлиирин ыйытта:
— Дэриэбинэҕэр тугу үлэлиигиний?
— Бааһынай хаһаайыстыбалаахпын, — диэн бэрт улгумнук эппиэттээтэ.
— Ол аата, сүөһү көрөөччүгүн дуо?
— Оннук буолан тахсар, оттон...
— Хотоҥҥор ыанньыксыта суох буолан кэллиҥ дуо? ¤ы-һы... Манна кэлэн билсэ-хайыы сатаабакка, көнөтүнэн хаһыакка «ыанньыксыт наада» диэн биллэрии таһаарыаххын... — диэн күлэ-күлэ, мааны дьахтар остуолтан туран таҕыста. Бүөккэ, сирэйгэ бэрдэрбиттии, тылыттан матан олорон хаалла. Хара бэйэтэ өссө хараарбыкка дылы буолла. Сиргэ тимириэҕин сирэ кытаанах. Бу суорумньуларын ис-иһиттэн абааһы көрбүттүү силбиэтэнээт, туран баран иһэн биир эдэр дьахтарга кэтиллэ түстэ. Бу дьахтар эмиэ таһырдьаны былдьаһан иһэр эбит. Хараҕыттан уу-хаар баспыт, туохтан эрэ дэлби кыыһыран, тахсан сүүрэ турда. Били мааны дьахтар курдук дьон күлүү-элэк оҥоһуннахтара дии... Бүөккэ нэһиилэ: «Бырастыы гын», — диэт, эмиэ таһырдьаны былдьаста. Кирилиэскэ туран табаҕын уматынна. «Ити дьахтар эппитэ, эчи, кыһыыкатын... Дьэ, уонна маннык тэрээһиннэригэр сылдьыбатах сырыттын...» — диэн саныы турда. Ол икки ардыгар, били, хонтуора Натааһата тахсан аймалҕан бөҕө буолла. Бүөккэ маннык суорумньуну төрүт сөбүлээбэтин, кыттааччылар тэрээһиҥҥэ дуоспуруннаахтык сыһыаннаспаттарын, дьону күлүү-элэк оҥостоллорун, култууралара суоҕун уонна маннык тэрээһиҥҥэ аны хаһан даҕаны кыттыбатын туһунан биир тыынынан кутан кэбистэ. Натааһа, киһи эрэ буоллар, бу сырыыга саҥата суох хаалла. Бүөккэ итинник этэн-тыынан баран, табаарыһын дьиэтин диэки сукуҥнуу турда.
Табаарыһыгар тиийбитэ, ыаллар киэһээҥҥи аһылыктарын аһаары олорор эбиттэр. Бииргэ сулууспалаабыт доҕоро Ньургун тыаттан бултаан-алтаан кэлбит. Онон тайах этин өрөһөлүү буһарбыттар. Тыаттан баар-суох табаарыстара кэлбитигэр дьиэлээхтэр үөрүү-көтүү, күлүү-салыы бөҕө буоллулар. Доҕоро, дьэ, кини курдук буолбатах, саҥалаах киһи. «Хайа, бүгүн биһиэхэ ыалдьыт бөҕөтө эбит дии... Аһаҕас аан күнэ диэччилэр дуо? Доҕорум кэлбитинэн биир бытыылканы таһааран тэп гынарар буоллахпыт...» — дии-дии, ыскааптан биэс сулустаах ханньаагын уонна үрүүмкэлэрин таһаартаата. Дьиэлээх хаһаайка чэй кутан биэрдэ. Бүөккэ туохха киирбитин дьоно ыйыталаспатылар. Үлэлээх-хамнастаах, халыҥ хаһаайыстыбалаах киһи кэлэрэ-барара кэмнээх буолуо дуо?! Үөрэнэн хаалан ыйыталаһа да барбаттар. Бары олорбуттарын кэннэ, дьиэлээх хаһаайын Бүөккэҕэ бастакы ыалдьыттарын билиһиннэрдэ. Сардаана биир кыра дэриэбинэҕэ учууталлыыр, бүгүн манна туох эрэ тэрээһиҥҥэ киирбит диэн кэпсээбиттэригэр, дьэ, онно биирдэ ыалдьыттарын өйдөөн көрдө. Били, мааҕын киниэхэ кэтиллэ-кэтиллэ сүүрэн тахсыбыт дьахтар дии... Кырдьык, кини эбит. Бүөккэни, арааһа, билбэтэ быһыылаах, туох да диэбэтэ. Суорумньуга кыттыбытын туһунан кэпсээбэтэх, ол аата, кистээтэҕэ дии. Бүөккэ даҕаны быктаран бэрт.
Эр дьон ханньаактарын түгэҕин көрдүлэр. Бүөккэ «кыраадыстааҕы» иһэн, сытыырхайбыкка дылы буолла. Бу астарын ас диэбэт. Сылга биирдэ эмэ амсайар. Сытыырхайбычча, ыалдьыты кытары кэпсэттэ. Дьиэлээхтэр, бу икки киһи иккиэн холостуойдарын, дьэ, өйдөөтүлэр. Бүөккэ дьахтары бэрт сымнаҕастык көрөр-истэр. Дьиэлээхтэр утуу-субуу оҕолорун эҥин утуппута буолан атын хоско барыталаан хааллылар. Куукунаҕа бэйэлэрэ эрэ хааллылар. Дьэ, онно биирдэ ханна көрбүтүн эттэ. Сардаана кыбыстан, имэ кэйдэ. Туох эрэ куһаҕаҥҥа сылдьыбыт курдук быһыыланна.
— Дьиҥэ, биһиги курдук сулумах сылдьар дьону түмэр олус үчүгэй тэрээһин. Тэрээһинэ сэргэх, ол гынан баран сороҕор мээнэ дьон кэлэн кытталлар быһыылаах дии. Бүгүн биир дьахтар саҥатыттан кэлэйии бөҕөнү кэлэйэн, ситэри сылдьыбакка, аккаастанан кэлэн олоробун. Эн эмиэ сирэйиҥ-хараҕыҥ саппаҕырбыт курдук этэ дии. Туох буолбуккунуй?
— Биир эр киһи «сириллэн-сириллэн бачча сааскар диэри туран хааллыҥ дуо?» диэн ыйыппыта. Өссө үс ойохтоно сылдьыбытын туһунан өҥнүбүт курдук, үөрэн-көтөн кэпсээбитэ. Эбэһээт сириллибит эрэ киһи соҕотох сылдьар үһү дуо?! Олоххо арааһынай буолуон сөп буоллаҕа дии...
— Ситинник халы-мааргы саҥалаах дьон сылдьаллар эбит, — диэн Бүөккэ бэйэтэ мээнэ саҥалаах дьахтарга түбэспит буолан сөбүлэстэ.
— Ол киһини кытары кэпсэтэн баран, хайдах эрэ, сымыйа баҕайы тэрээһиҥҥэ алҕас кэлэн хаалбыт, бэйэбин бөх дьааматыгар түспүт курдук санаммытым. Куоппут эрэ киһи диэн санаалаах сүүрэн тахсыбытым, — диэн Сардаана аргыый аҕай саҥара олордо. Бүөккэ дьону одуулуурун абааһы көрөр буолан, кини иннигэр олорор эдэр дьахтар хайдах курдук ис киирбэҕин, толору кымыстаах чороон курдук чочуонайын саҥа өйдөөн көрдө. Сити курдук, иккиэйэҕин түүнү быһа кэпсэтэ хоннулар. Били, саҥата суоҕунан аатырар Бүөккэ, айаҕа аһылыннаҕына, кэпсээнэ бүппэт эбит. Табыллан кэпсэтэр киһитэ суох буолан «саҥата суох» аатыран сырыттаҕа буолуо. Сардаананы кытары түүнү быһа кэпсэтэ хоммуттарыттан бэйэтэ даҕаны соһуйда быһыылаах. Сарсыарданан утуйаары төлөпүөннэрин, аадырыстарын бэристилэр.
Мантан инньэ Бүөккэ саныыр санаата барыта Сардаана буолла. Чуҥкук киэһэ Сардаанатыгар субуоннаан, эмиэ чааһы-чааһынан кэпсэтэр буоллулар. Кинилиин кэпсэппэтэх күнэ диэн суох. Икки нэдиэлэ буолан баран, массыынатын собуоттаан кыра кэһиилээх Сардаана олорор дэриэбинэтигэр айаннаата. Киһитэ эмиэ соҕотох олорор эбит. Нөҥүө нэдиэлэтигэр, аны, Сардаана ыалдьыттыы тиийэн кэллэ. Сайыҥҥа диэри ситинник ыалдьыттаһан, кэпсэтэн-ипсэтэн, кимнэрин-туохтарын үчүгэйдик билсэн баран, дьэ, холбоһуох буоллулар. Күһүн Бүөккэлээх дэриэбинэлэригэр «саҥа учуутал дьахтар кэлэр үһү» диэн буолла.
Били, сатамматах суорумньуттан куота сылдьан, хата, булустахтара... Ол суорумньуга, баҕар, көрсүөхтэрэ, Ньургуннаахха курдук ирэ-хоро сэһэргэһиэхтэрэ суоҕа эбитэ буолуо. Чэ, онон били мааны хотун үөннээх тылын-өһүн бырастыы гынна. Ол да буоллар, суорумньу тэрийээччилэргэ тугу саныырын барытын эппитэ.
СИККИЭР.