(Өндөрөй кэпсээнэ)
Быйыл күһүн атым сүппүтүн чугас эргин көрдөөн баран, булбаккабын, сылгыһыттар тиэрбэстэригэр Ымыйахтаахха бардым. Ылдьаа уонна Лэгэнтэй диэн сылгыһыттар онно сылгылара кыһын сиир отун ситэрэ-хоторо сылдьалларын эрдэттэн билэбин.
Киэһэлик тиийбитим, хата, дьонум бааллар эбит. Балаҕаннара бэрт чиргэл мастан тутуллубут буолан хоп курдук дьүһүннээх. Көмүлүөк оһохторун сыбаан кэбиспиттэр. Онуоха эбии тимир оһохтоохтор. Киэһэ өйүөбүн киллэрэн аһаатыбыт, күө-дьаа буолан кэпсэтэ түһэн баран ороммутун буллубут. Миигин, ыалдьыт киһини, маанылаан ортоку сыҥаһа ороҥҥо сытыардылар. Сыттым да утуйан хааллым.
Түүн туох эрэ тыаһыттан уһуктан кэлэн баран иһиллээн сыттым. Дьиэ иһэ хабыс-хараҥа, туох да көстүбэт. Арай, айах тыаһа чамыргыыра иһиллэр. “Хайалара туран кистээн аһыыр дуу, тугуй?” диэн муодаргыы санаатым эрээри, саҥарбатым. Биһигиттэн кистээн аһыырдаах буоллаҕына – аһаатын.
Сотору буолан баран чамыргыыр тыас бүтэн, уу чырылыыр тыаһа иһилиннэ. “¤э, аны аһаан бүтэн баран биһиэхэ иһитиннэримээри тохтуу-тохтуу ииктээн дьиэ иһигэр чырылатан барда буолба-ат!” диэн бэркиһии, мөҕүттэ саныы сыттым. Ол эрээри уруккуттан эн-мин дэһиспэтэх дьонум буолан туттуннум, саҥарбатым.
Сотору кимэ-туга биллибэт киһим ииктээн бүтэн, остуолга ыһылла сытар испиискэ хоруопкаларын хомуйан сырдырҕатар тыаһа иһилиннэ. “Дьэ, чүмэчи уматаары гынна, кимин көрүөм” диэн саныы сыттым. Ол эрээри анарааҥҥым уоту умаппата. Хата, испиискэлэри үрүт үрдүгэр дьаарыстыыр тыаһа иһилиннэ. Биэс хоруопканы ууран баран алтыһын кыайан уурбата. Хаста да уура сатаабыта сууллан түһэн истэ.
“Бу туох муода киһитэ буолла, аны утуйбакка кыра оҕоҕо дылы испиискэнэн оонньоон барда дуу” диэн кыыһыран саҥарыахча буолан эрдэхпинэ, уҥа ороҥҥо Лэгэнтэй хабырынара иһилиннэ. “Ээ, Ылдьаа туран дьаабылана сылдьар быһыылаах” дии санаан эрдэхпинэ, аны, Ылдьаам утуйа сытан ыҥыранар саҥата иһилиннэ.
Тута этим дьар гына түстэ. Суорҕаммын ыбылы тардынным. Үйэм тухары абааһы эҥин диэни билбэтэх-көрбөтөх буоламмын, ол туһунан санаан да көрбөт этим. Ити кэмҥэ Лэгэнтэй ойон туран таһырдьа ыстанна. Сотору киирэн баран куруускалаах ууну ыйырбахтаан иһэн “туох ааттаах аһыытай?” диэн баран сиргэ тоҕо тибиирэн кэбистэ.
Мин туран испиискэбин ылан чүмэчини уматтым. Остуолу көрбүтүм биэс испиискэ үрүт үрдүгэр ууруллубут, алтыс остуолга сытар. Аны куруускаларга хаалбыт чэй тобохторо биир куруускаҕа кутуллубуттар, ону төттөрү-таары кутан саамылаан чырылаппыттар эбит. Бүтэһигэр биир куруускаҕа кутан баран остуолга бүлүүһэҕэ турар туустан куппуттар.
— Ким бу дьаабылаата! – диэн Лэгэнтэй чэйэ туустааҕыттан сирэйин мырдыҥната-мырдыҥната мин диэки уорбалаабыттыы көрүтэлээтэ, маатырылаата уонна сытан мунна тыаһаабытынан барда.
Мин чүмэчибин умуруорбакка сыта түһэн баран, уоскуйдум. Чүмэчибин умулуннаран баран улаҕа диэки хайыһан утуйан хааллым.
Сарсыарда туран баран “төһө бэркэ утуйдугут?” диэбиппэр Ылдьаа “бу сырыыга үчүгэйдик утуйдум, сороҕор атахпын туох эрэ тарбаан уһуктан кэлээччибин. Кутуйах буолуо дии санаан дэлби тэбиэлээн үргүтэн кэбиһээччибин” диэтэ. Мин бу дойдуга мэлдьи хонор, сылдьар дьону куттаныахтара диэн түүн тугу көрбүппүн-истибиппин кэпсээбэтим.
“Бэһис испиискэтин ууран баран алтыһыгар уунан тиийбэт кыра уҥуохтаах чөчүөккэ дуу, абааһы дуу буолуо” диэн түмүккэ кэлбитим.
Татьяна Куличкина.