Киир

Киир

   Орлосов Халыматтан Индигииргэ, Аллайыахаҕа баран иһэр. Кини Аллараа Халымаҕа милииссийэ начаалынньыгынан үлэлиир. Алаһыай туундаратыгар «абааһылаах» иччитэх дьиэ баарын истэр этэ. Ол дьиэни бэрт өрдөөҕүтэ ааһан иһэр нуучча дьоно, «эспэдиискэйдэр» туппуттар. Кинилэр барыахтарыттан ол дьиэ иччитэх турбут.
 
   Ыала суох сиргэ турар буолан, ааһан иһэр дьон барыта тохтоон, чэйдээн, хонон ааһар эбит. Бу кэнники сыл устата ол дьиэҕэ илэ сылдьар абааһы олохсуйбут диэн сурах тарҕаммыт. Хоммут киһини түүн утуйа сыттаҕына, абааһы оронтон атаҕыттан соһон түһэрбит, бу киһини уоттаах хардаҕаһынан тамнаабыт, оттон сороҕу түүнү быһа ойуун буолан, кыыран утуппатах диэн кэпсээн дэлэгэй. Ону таһынан ол дьиэҕэ хоруоп, мас кириэс илэ көстөллөрө үһү. Онон ити дьиэҕэ ким да хоммот буолбут. Арай улахан буурҕаҕа баттаппыт дьон киирэн түһэллэр эбит. Ол хонобут диэн, өлөрдүү куттанан, атах балай баран өлүтэлии сыһар түбэлтэлэрэ эмиэ баар.
* * *
   Тэйиччи соҕус кырдал үрдүгэр хоруобуйата суох улахан ампаар дьиэ харааран көһүннэ. Бачча улахан дьиэ ыраах соҕуруу дойдуттан бу хаар-муус дойдуга кэлэн мунан, тулаайахсыйан, уота-күөһэ умуллан, чоҥкуйа тоҥон турара тугун баҕас муодатай, куруһай. Бу дьиэтэ-уота суох дойдуга үс-түөрт хостоох дьиэ улахан да буолан көстөр!
   Балачча өр саҥата суох турдулар. Онтон Куммаа: «Мин шаманна шугас конуом. Оол томтор кэтэҕэр», – диэн баран, наартатын сабыытын сүөрэн барда. Орлосов бэргэһэтин кэттэ, табах уурунан тарта.
   – Оттон мин дьиэҕэ хонуом. Хата, эн миигин кытта бииргэ хонус, куттаныма. Туох да муокастыа суоҕа. Абааһы суох.
   – Аччо, ачча... бэйэҥ кон. Абаашы элбэх. Шүгүн конноруо шуоҕа. Шугас ураша баар. Онно конуом. Дьэ, шэрэн. Абаашы баара буолуо.
   Куммаа ураһаҕа хоно бурда. Орлосов дьиэҕэ тиийэн, чымадаанын, утуйар таҥаһын, саҕынньаҕын кирилиэскэ хаалларан баран, бүрүөһүнэ суох халкыҥнас ааны аһан, дьиэҕэ киирдэ, испиискэ уматта.
   Түөрт хостоох дьиэ. Аан утары хоско тимир оһох көстөр, орон, остуол элэмтэлэрэ тураллар. Уҥа хос түгэҕэр – төрдүс хос аһаҕас аана хараарар. Дьиэ иһэ тымныы, эркин, куул бүрүөһүннээх түннүктэр араамалара кырыарбыттар. Им-ньим.
   Орлосов, испиискэ умата-умата, хоһу барытын кэрийэн көрдө. Оһохтоох хос икки аҥыы тэлэллэн аһыллар хаптаһын аана аһаҕас, муостаҕа хаар типпит. Түгэх хос икки чараас хаптаһын халҕаннаах аана сабыылаах. Атын хостор бары кураанахтар. Бэл, хаар типпэт эбит. Уҥа түгэх хоско эргэ буор холумтан кырыаран турар. Үөлэһэ бүтэй. «Маны ким бүөлээн кэбиспитэй?» – дии саныы-саныы, Орлосов мас сыыһын хомуйда. Ыллыы-ыллыы тахсан чымадаанын, утуйар таҥаһын киллэрдэ. Кумааҕынан күөдьүтэн, мас сыыһынан тимир оһоҕун отунна. Таһырдьа тахсан, чаанньыгар хаар симэн киллэрэн, чэй өрүннэ.
   Субу-субу тохтоон иһиллиир да, туох да тыас-уус иһиллибэт. Ол эрээри хараҕа аһаҕас аантан арахпат. Сүрэҕэ бүтэйдии күүскэ тэбэр. «Куммааны кытта баран ураһаҕа хоммоккобун, – дии санаан иһэн, – ээ, бэл, сэриигэ сылдьыбытым. Саһыл Сыһыыга өлбөтөҕүм, Пепеляевы эһиспитим, аны манна кэлэн, иччитэх дьиэттэн куттанан бардым дии. Хомуньуус куттаныа суохтаах. Бу иччитэх дьиэҕэ туох баар буолуон сөбүй?»
   Орлосов туран хостору кэрийэ хаамта. Тымныы, чуумпу. Арай уот умайан лачыгырыыр, турба куугунуур, чаанньыкка хаар ууллан сырылыыр.
* * *
   Аһаан бүтэн, уотугар мас быраҕан биэрэн баран, түннүк анныгар турар орону оһох аттыгар соһон аҕалан, Орлосов утуйардыы оҥоһунна.
   Бу кэмҥэ хоско туох эрэ лүһүгүр гына тыаһаата. Орлосов соһуйан, тутан олорор сыттыгын ыһыктан кэбистэ. Сүрэҕэ мөҕүстэ. Тура эккирээн, чүмэчитин хабан ылан, уҥа илиитигэр бинтиэпкэтин кыбынан, хостору өссө биирдэ чинчийэн көрдө. Туох да биллибэт. «Ээ, дьиэ анныгар муус дуу, сир дуу дэлби барар быһыылаах», – дии санаан, уоскуйан, хоһугар төнүннэ. Хоһун аанын сабан, оһоҕор мас быраҕан биэрэн баран, чүмэчитин остуолга уурда. Саатын оронун уһугар өйөннөрөн, тэлэгириэйкэтин тимэҕин сүөрэн эрдэҕинэ, анараа хоско туох эрэ лүҥ гына суулунна. Төкүнүйдэ. Орлосов сүрэҕэ «бар» гына түстэ. Саатын хабан ылаат, хос түгэҕин диэки, иккис ааҥҥа ыстанна. Анараа хоско туох эрэ төкүнүйэр, суугунуур. Онтон эмискэ хатан баҕайы хаһыы дуорайда.
   – Эһэ-һэ-һээй!
   Орлосов куйахата күүрдэ, илиитэ салыбырас буолла, саатын сомуогун туруоран хачыгыратта. Киирэр ааны одууласта. Им-ньим. Эмискэ аан икки аҥыы тэлэллэ түстэ. Чүмэчи уота симириҥнээтэ, умулла сыста.
   Аан хоско туох эрэ хараарар, барыҥ­ныыр. Онтон – сиргэ тиийэр уһун хара таҥас бүрүөһүннээх хара хоруоп аһаҕас аанынан тыаһа-ууһа суох долгулдьуйан киирэн иһэр эбит. Орлосов куттанан, аан диэки дьулуруйда, уҥуоҕа босхо барда да, сымыһаҕын быһа ытыран, бабыгырыы түһэн баран үөгүлээтэ:
   – Киһи буолларгын, сэрэн, ыттым!
   Хоруоп аа-дьуо долгулдьуйан тохтоото... «¤а-һа-һаа!» – диэн киһи куйахата күүрүөх саһыгыраччы күлэ-күлэ, ким эрэ хоруоп хаппаҕын өрө сүгэн олордо. Хаппах сиргэ талыгыр гына түстэ. Уһун хара ырбаахылаах, хаар маҥан сэдэх баттахтаах, уҥуох тахсыбыт, куурбут-хаппыт кубаҕай сирэйдээх хатыҥыр оҕонньор хоруоп иһиттэн туран, үп-үрүҥүнэн турулуччу көрөн олордо.
   Орлосов кылана түстэ, бинтиэпкэтин өрө көтөҕөөт, оҕонньору биэстэ субуруччу ытта. Оҕонньор хоруобуттан ойон түстэ – сиргэ атаҕын тыаһа лиһигирээтэ. Бадаҕа, мас атахтаах дуу, туйахтаах дуу...
   – Һо-һо-һоох! Һэ-һэ-һээх! – диэн иҥиэттэн күлэн чачыгыраата. Илиитин өрө уунан, уҥуох тахсыбыт тарбахтарын сараҥнатта. Күлүгэ эркиҥҥэ, дьиэ үрдүгэр барыҥнаата. Орлосов онтон ордук куттанна. Дьиэ иһэ бүтүннүүтэ «һоһо-һоох! ¤эһэ-һээх!» диэн дуораһыйда.
   Орлосов хараҕа хараҥарталаан ылла, сүрэҕэ ойон тахсыах курдук мөҕүстэ, хаана ыгылынна... «Хайдах-хайдах баҕайыный, бу тугуй!» – дии санаата. Саатын сиргэ элитээт, сиэбиттэн бэстилиэтин ойутан таһаарда, оҕонньор диэки туһулуу тутаат, чыыбыһын тардан кэбистэ. Иккитэ ытта. Оҕонньор хатаннык: «Ой, что?!» – диэн үөгүлээн часкыйаат, илиитин ууммутунан кэннин диэки чугуруйда. Онтон хоруоптан иҥнэн, илиитин ууммутунан сиргэ тиэрэ баран түстэ, кустуу мөхсө сытта. Орлосов бабдьыгырыы түһээт, саатын сулбу тардан ылан оҕонньору саа луоһунан көхсүгэ саайда. Оҕонньор сиһин тартаран чиккэс гынна, тыыллаҥнаата, ынчыктаата, тииһин хабырынна, хатыҥыр илиитинэн ырбаахытын уолугун хайа тарта, ол кэннэ умса түһэн налыс гынна...
   Орлосов, бэстилиэтин туппутунан, аан хоско сүүрэн таҕыста. Таһырдьа ыстанан иһэн, өй ылан, тохтоото. Иһиллээн турда.
   Дьиэ иһэ чуумпу. Оһох сыыгыныыр. Буорах сыта, буруо хостору тунуйан эрэр. Чуумпу. Орлосов сүрэҕэ биллигирэс, чэчэгэйэ кэйэр. Нэһиилэ бэйэтин кыанан, арыый уоскуйда. Бэстилиэтин ииттэ. Атаҕын төбөтүнэн сыбдыйан хааман, түгэх хоско киирэн, иһиллээн турда.
   Ханнык эрэ күүгүн иһиллэр.
   Өссө чөрөйөн иһиллээтэ. Аллара, муоста анныгар, дьон саҥата иһиллэр. Холумтан аттыгар сыбдыйан кэллэ – холумтан аллараа кытыытынан уот кылайан көстөр. Төҥкөйөн ол хайаҕаска кулгааҕын тирээтэ. «Киһибит биллибэтэ дии. Милииссийэ уол түөкүн куттаммата бэрдин. Иккитэ ытта. Киһибитин сиэтэ быһыылаах», – диир саҥаны иһиттэ.
   – Бэйэбит киһибит ытар ини. Оҕонньорбут, штабс-капитан Раков.
   – Туох эрэ буолла, тахсыах. Сэттэтэ ыттылар.
   – Кэбис, доруоп саанан тахсан да диэн, бэстилиэппит оҕонньорго.
   – Быһахпытын ылыах...
   Орлосов «ээ, синэ биир!» дии санаат, холумтаны атаҕынан тэптэ. Холумтан сыҕарыс гынна. Бадаҕа, иэччэхтээх быһыылаах. Иин иһэ аһылла түстэ, кирилиэс көһүннэ. Орлосов бэстилиэтинэн иин иһин туһулаата, күөмэйин муҥунан:
   – Бэриниҥ, ыттар, бандьыыттар! Кыранааттыам, ытыалаан кэбиһиэм! – диэн үөгүлээтэ, нөрүс гынан, иин иһин өҥөйөн көрдө.
   Хойуу хара бытыктаах, эргэ мара таҥастаах икки аҕамсыйбыт киһи табаар дьааһыга остуол аттыгар наараҕа сөһүргэстээн олороллор эбит. Кинилэр, Орлосов хаһыытын истээт, өмүрэн-уолуйан ойон турдулар, наара аннын таластылар...
* * *
   Ити курдук Халыма милииссийэтэ Орлосов сирдьитэ Куммааны кытта икки адьырҕа бандьыыты тутан, түүннээх күнү быһа айаннаан, Индигиир өрүс төрдүнээҕи Яр сэлиэнньэҕэ тиийбиттэрэ.
   Кэлин Дьокуускайга буолбут трибунал силиэстийэлээн билбитэ, маннык буолбут.
   Халыматтан күрээбит үс үрүҥ бандьыыт нуучча эписиэрдэрэ (Раков, Малгин, Абый бандьыыта Киэҥ Ыстаан) элбэх кыһыл көмүһү, түүлээҕи, табаары талаан, уоран, халаан баран, көҥүлэ суох ороспуойдуу кэлэр американскай шхуна дьонун күүтэн, Эмиэрикэҕэ, Японияҕа күрээри, Алаһыай өрүскэ былыр эпсэдииссийэ хаалларбыт дьиэтигэр саһан кыстаабыттар.
   Халыматтан биир эмэ сэбиэскэй үлэһит, боломуочунай Аллайыахалаан иһэрин иһиттэхтэринэ, дьиэ боппуолдьатын кэҥэтэн оҥостубут арҕахтарыгар саһар, кэлбит киһини өлөрдүү куттуур эбиттэр. Хас да боломуочунай бу дьиэҕэ хонобут диэн куттанан куотан, үлүйэн өлбүттэр.
   «Абааһылаах» дьиэ оһоҕун буруотун чугас талахха бургучуйар гына оҥостон кэбиспиттэр. Кэнсиэрбэ ас, бурдук, эт, арыы күрүөйэхтэргэ дэлэйэ үһү. Штабс-капитан Раков буулдьаттан тоҕо өлбөтө эмиэ быһаарыллыбыта. Бу иччитэх дьиэҕэ кэлиэхтэрин иннинэ айанньыттар хонор ыалларыгар бу нуучча эписиэрдэрин кытта куомуннаах, саһа сылдьар саха бандьыыта баара үһү. Кини бинтиэпкэ ботуруоннарын буулдьаларын устан, буорахтарын аччатан, кумааҕынан бүөлээн кэбиһэр эбит.
   Итинтэн ыла айан дьоно Алаһыай­дааҕы иччитэх ампаар дьиэҕэ үгүстүк хонон ааһаллара да, биир да киһи абааһыны көрбүтэ иһиллибэт.
   Кэлин ити дьиэҕэ Русскай Устье холкуоһун балыксыттара кэлэн олохсуйбуттара.
 
Николай Габышев,
1944-1948 с. суруйбут кэпсээниттэн кылгатылынна.