Киир

Киир

   1941 сыллаах аччык, сут-кураан кэмигэр, аҕабыныын Эбэҕэ ыам соботун бултуу киирбиппит. Аҕам ол түүн Эбэтигэр ыамныы киирдэ. Мин дьиэҕэ соҕотох хаалан, балаҕаным үөһэ аҕабын көрө-көрө оонньуу олордум. Түүн иччитэх дьиэҕэ киирэн, улаҕа диэки хайыһан сыттым. Ол сыттахпына былыргы дьиэ алдьаммыт ааныгар хара күлүк кэллэ. Кэллэ да миигин: «Тоҕо уоккун оттубаккын?!» – диэн үс төгүл субуруччу күргүйдээтэ. Мин ыксаан сулбу ойон турдум да, утары сүүрэн ааһа турдум. Күөл саҕатыгар сылдьар аҕабар тиийдим. Аҕам тыынан кытылга тиксибитигэр ытыы-ытыы туох буолбутун кэпсээтим. Ону аҕам: «Ол миигин сиэри сылдьар баҕайы буолуо», – диэбитэ.
 
 
 
   Сорох ардыгар бултуу сырыттахпытына кыһын балаакка тулатыгар биир кэм көҕөн саҥата буолара. Арай үүтээн анныгар хаас саҥата өй мэйдээҕи тулуппат буолара да, киирэн көрдөххүнэ туох да суох буолара.
   Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, Корякин булчут күөлүгэр тиийэн, аһаары олорон, биир бытыылкалааҕыттан кэрээнэн, бу мантан эмиэ уокка бэрсиэм дуо диэн, барытын бэйэтэ иһэн баран, арай утуйардыы оҥостон сыппыт. Ону баара туох эрэ биллибэт, хараҕар көстүбэт күүс субу-субу атаҕыттан сиргэ соһон түһэрэн иһэр эбит. Онтон ыксаан, түүннэри «Бураанын» эһэн, Алаастан анаан-минээн арыгы илдьэн, аал уотугар алгыы-алгыы куппут.
 

Таптала быыһаабыта

 
   Хаһан эрэ бокуонньугу кытта тыыннаах киһини, аты көмөр дьаһаллаах үйэ баар буола сылдьыбыттаах эбит. Биир улахан баай киһи өлөөрү уһугулаан сытан, иннигэр-кэннигэр сүүрбүт, баайын-малын хаҥатыспыт эрэллээх дьонун ыҥыртаан, этэр: «Мин анараа дойдуга өбүгэлэрбэр аттанар күнүм тирээн кэллэ. Өллөхпүнэ, мин сөбүлүүр үлэһит уолбун – күн сиригэр күндүтүк саныыр куучарбын аттаан, үүннээн, ыҥыырдаан, астаан-үөллээн тыыннаахтыы көмөөрүҥ», – диэт, тыына быс­тыбыт.
   Ол этэр уола ити кэмҥэ тугу да сэ­рэйэн көрбөккө, от тиэйэ сылдьыбыт. Уол билсэр кыыһа итини истээт, уол туут хайыһарын бэлэмнээбит уонна сонун иһигэр кыыл сыатын, хаппыт этин сирийбит. Дьиэ иһинээҕилэр ха­йыһардарын иҥиирдэрин кимиэнин да ордорбокко быһыта сототтообут. Ол кэнниттэн уолун суолга тоһуйан: «Эйигин тыыннаахтыы, ат көлөлөөн, ииҥҥэ көмөөрү бэлэм олороллор! Куота оҕус», – диэбит. Уол хайыһарын үрдүгэр түһэн, курупааскы көтөн иһэринии, тэтимнээхтик түһүнэн, алаас соҕуруу аартыгын өрө дабайан эрдэҕинэ дьиэ иһиттэн ойон тахсан, оҕунан ыппыттар. Хата, көтөн кэлбит ох уол көмүс куруттан төттөрү тэйэр.
   Ол курдук, уол куотан тиийэн, Улуу Бэргэттэмэй нэһилиэгэр, билигин Горнай оройуонугар тиийэн, киһи төрдө буолта үһү диэн үйэлэртэн үйэлэри нөҥүөлээн билиҥҥэ диэри умнуллубат уос номоҕо буола сылдьар.

Санааҕын суруй