Киир

Киир

   Мин урут былыргы иһит-хомуос, араас тэрил ойуутун көрдөөн, наар өтөхтөрү кэрийэр этим. Төрөөбүт оройуонум сиригэр – Уус Тааттаҕа – Киэҥ Күөл диэн наһаа дьикти сир баар. Урут сэрии саҕана үтүмэн элбэх киһи эрэйи-муҥу көрөн суту туораабыт сирэ-дойдута. Сиринэн-уотунан былыргыта киһи уутуйан үөскээбит, дьон сөбүлээн олохсуйбут наһаа үчүгэй киэҥ дойду. Тулатыгар барыта ыаллар олорбуттар, өтөх бөҕө. Хойуу үөрдээх анды, үөл да, кураанах кус да түһэр эбэлээх, бултаах-алтаах үтүөкэн дойду. Балык даҕаны, булт даҕаны барыта баар. Алдан өрүһү сыыйа барар дойду.
 
 
   1971 сыллаахха Чуппунан, Уйбаныапканан сылдьыбытым. Булчуттар үүтээннэрэ элбэх этэ. Урукку балаҕаннар сэнэхтик тураллара. Инньэ гынан сүрдээх үгүс уруһуйу онно оҥорбутум, элбэҕи ойуулаан ылбытым. Биир үүтээҥҥэ киирэн, хоноору гынан бараммын, хайдах эрэ санаам буолбата. Киһи тэһийбэт-тулуйбат курдук, дьиибэ баҕайы. Инньэ гынан, ыксааммын, биир атын, сэнэх соҕус өтөххө тиийэн утуйарга сананным.
  Урут отчуттар олорбуттар эбит. Оронноругар барытыгар оттоох, ол барыта буор-быыл буоллаҕа дии. Ону ыламмын, барытын чөмөхтөөн бараммын, эбии от үргээн киллэрэн сымнаттым. Үчүгэй баҕайытык оҥостон, Уус Тааттаттан дьоммуттан ас-өйүө ылбыппын хачыр-кучур ыстаан, күөлтэн уу баһан таһааран иһэн бараммын, үчүгэй баҕайытык аһаатым. Маннык сырыыларбар уоту оттуммат этим. Буруону таһаарбаппын, чэй өрүммэппин. Киэһэ хараҥарда, утуйар кэм кэллэ. Истиэнэ диэки хайыһан сытабын.
   Түүн арай ыарахан баҕайы атах тыаһа мин сытар эркиним таһынан ньир-ньир үктэнэн ааспытыттан уһугуннум. Олус муодарҕаатым. Сылгы туйаҕын тыаһа буолбатах курдук. Адьас ньимийиэхпинэн ньимийэн, тыыммакка да иһиллии сыттым. Өр буолбата, аны дьиэм биир өттүнэн кэлэн ааста. Абааһы куһаҕан, ыар сыттаах буолар диэччилэр, ол иһин сытырҕаан көрөбүн да, туох да сыт биллибэт. Арай сылгы көлөһүнүгэр майгынныыр сыт баар. Хайдах да буолбутун иһин, тугун биллэхпинэ эрэ кыайан утуйууһубун диэммин, ааммын кыыкыната аһаммын, таһырдьа таҕыстым.
   Ыйдаҥалаах, сырдык соҕус. Балаҕан ыйа. Тулабын көрүнэбин, өөр да өр иһийэн, тыыммын хаайан тураммын иһиллиибин. Онтон эмиэ тыынан кэлэ-кэлэбин, оҥосто-оҥосто, тэйэ-тэйэ иһиллиибин. Туох да иһиллибэт. Онтон чэчиньиэр тыа диэкиттэн туох эрэ арбайан тахсан кэллэ. Ыйдаҥа күлүгэр көрдөхпүнэ, туох эрэ кутталлаах баҕайы арбаҥныыр. Куттанан, сүһүөҕүм олох уйбат буолан хаалла. Эр санаабын киллэрэн чугаһаан көрбүтүм, сиргэ соһуллар туох да наһаа уһун сиэллээх, кутуруга эмиэ сиргэ соһулла сылдьар атыыр сылгы эбит. Аргыыйдык хаамар, кырдьыбыт, инньэ гынан үөрүн туппат буолбут быһыылаах. Оо, ону көрөн баран чэпчээтэхпин ньии! Төттөрү киирэммин, аргыый аҕай утуйан хаалыам, төһө да тыаһаатын, олох уһуктуом суоҕа диэн буолла. Сыттым. Ол сыттахпына, аны хантан эрэ буруо сыта кэлэр. «Эс, хайдах буруо сыта кэлэрий» диэн эмиэ моһуогурдум. Буруо сыта кэлиэ суохтаах. Ханна даҕаны бачча хараҥаҕа түүн үөһэ ким уот отуннаҕай. Улаҕа диэки хайыһа сыттаҕым дии. Арай уот тыаһыыр, оһох уота таһыгырыыр курдук. Туох буоллаҕай диэммин, аргыый аҕай эргиллэн көрбүтүм, арай оһоҕум оттуллубукка дылы. Көмүлүөк оһох, дьиҥэр, сиҥнибит этэ. Илэтин билбэтим, түһүүрбүн билбэтим, бу сибилигин алдьаммыт оһох этэ ээ дии саныыбын. Биллэр-биллибэт уот. Онтон таҕааҥҥа олорор чугуун иһиттэн туох эрэ уу чаана тахсар курдук. Бэл, буһа турар миин сыта кэлэргэ дылы. Арай уот күлүгэр көрдөхпүнэ, илии кэлэр, тугу эрэ гынар быһыылаах, санаабар, оһох чанчыгар өйөнөн турар курдук, ону көрөн сытабын...
   Арай эмискэ туох эрэ хачыгыраата, мин тиэрэ түһэн сытар буоллаҕым дии, үрдүбүнэн кутуйах сүүрэн ааста. Мин соһуйан, сарылыы түһээт, ойон турдум... Турбутум – туох да суох. Адьас хабыс-хараҥа, балаҕаным эрэ иһэ.
   Киһи өйүгэр-санаатыгар итигирдик күүскэ дьайар эбит ити дойду. Мин үдүк-бадык көрөр буоллаҕым дии. Урукку буолбут хартыына, урут дьон олоро сылдьыбыта син биир барыта уһуллан хааларга дылы буолар эбит быһыылаах. Фантазия диэххин, мин ол туһунан санаан да көрбөтөх буоллаҕым дии. Ити бастакытынан. Аны иккиһинэн, ханна да суох буруо, күөс сыта кэлэрэ дьикти.
   Миин сыта хантан кэлэрий, ханна да суох миин сыта? Ол аата туох баар билгэҕин барытын уһугуннарар эбит. Бу көрөрүҥ, истэриҥ, сыты ыларыҥ – барыта уһуктан кэлэр эбит. Уот оттуллубута, бу дьахтар үлэлии сылдьара, күөскэ миин буһа турара – барыта олох илэ курдук көстөр. Ити биһиги баҕабытынан буолбатах, айылҕа бэйэтэ оннук оҥорор. Дьэ, итини олох өйүттэн тахсыар диэри куттаммыт киһи абааһы дии саныан сөп. Айылҕа көстүүтүн адьас өсөһөн туран көрө сатаатаххына, дьиҥ иһэ хайдаҕын киһи көрүөн сөп эбит диэн сабаҕалыыбын. Ол эрээри киһини куттуура, киһи күүһүн ылара сүрэ бэрт эбит. Оннук түбэлтэ кэнниттэн нэдиэлэ курдук урукку оннугар кыайан түспэккин. Сэниэҥ эстэн хаалар, барыттан-бары дьигиҥнии сылдьар буолан хаалаҕын. Аны сүрэҕиҥ эп-эппэҥнэс буолар, сүгүн ааспат. Ынырыктаахай элбэх эниэргийэҥ онно таах тахсан хаалар. Аны өйгөр-санааҕар кытта охсорго дылы. Өр кэмҥэ киһи киэбиттэн тахсар, холобур, хоһоон суруйарым буоллар, биир ыйы быһа кыайан хоһоон суруйбат буолан хаалыам этэ. Итинник араас дьикти-дьиибэ сиргэ-уокка сырыттахха, көстөр буолар эбит.