Киир

Киир

   Арай биирдэ киэһэ сэттэ чаастаах киинэ кэнниттэн киэһээҥҥи аһылыкпын аһаан баран, оһоҕум сабылларын кэтии таарыйа кинигэ ааҕа сытан, утуйан хаалбыппын.
 
 
   Дьиэбит эргэ, урукку өттүгэр сэбиэт хонтуората буола сылдьыбыт дьиэ. Кэргэним балыыһаҕа киирэн, бэйэм соҕотохпун. Куукунабар эрэ уоттаахпын, утуйар хоһум быыс сабыылаах, ол сэгэйбит быыһынан лаампа уота тыгарыгар кинигэ ааҕабын... Дьэ, утуйан хаалбыппын. Арай таһырдьаттан ааны аһан, киһи киирдэ. Куукунаны туораан, уулусса нөҥүө олорор Евдокия Иннокентьевна-Биэлсэр Дуся кэллэ. Мин «ааммын хатаабатах буоллаҕым дуу?» дии саныы-саныы, туран олордум.
   Биэлсэр Дуся: «Хайа, Боруонньаа, соҕотох эбиккин дуу, кэргэниҥ Татыйаана?» – диэн быыһы сэгэтэн туран ыйытта. Мин олорон эрэ: «Ээ, балыыһаҕа, сохранениеҕа киирбитэ», – диэн эппиэттээччи буоллум. Турбахтыы түһэн баран, Биэлсэр Дуся тугу да саҥарбакка эрэ атаҕын тыаһа аан диэки барда, таһырдьа тахсыбата, санаабар, быыһым хамсыыр курдук. Мин «туохха наадыйдаҕай?» диэн, кэнниттэн эккирэтэн кэллим... Куукунабыт соҕуруокка хостооҕо. «Евдокия Иннокентьевна, Таанньаҕа туох наадалаах этигиний?» – диэбитинэн хостон тахсан кэллим.
   Арай, доҕоо-ор... Дьиэм иһигэр ким да суох, ааным иһиттэн хатыылаах!!! Мин соһуйдум да, куттанным да, мэктиэтигэр, баттаҕым туран хаалла. Сүр түргэнник туох баар уоппун барытын уматтым, араадьыйабын аһан кэбистим. Дьэ, ол түүн нэһиилэ хонон турдум. Нөҥүө күнүгэр тулуйбатым-тэһийбэтим, Евдокия Иннокентьевнаҕа тахса сылдьарга соруннум. Онуоха Биэлсэр Дуся мүчүк гынан, күлэн кэбиһэн баран: «Үчүгэйгэ Айыыһытым көһүннэ ини, куттаныма, барыта этэҥҥэ буолуо», – диэтэ. Кырдьык, сотору кэминэн бастакы оҕобутун уолламмыппыт. Биэлсэр Дуся үйэтин тухары балыыһаҕа үлэлээн, киһи бөҕөтүгэр көмөлөспүт киһи этэ.
   Ол курдук киһи сатаан быһаарбат көстүүлэрэ бааллар эбит диэн итэҕэ­йэбин.

Санааҕын суруй