Абааһы диэн алдьатар, үрэйэр уонна ыарыыны аҕалар куһаҕан күүс. Сир аннынан хараҥа, сииктээх, кирдээх сиргэ мустар. Абааһы буулаатаҕына киһи этин-сиинин, өйүн-санаатын сиэн мөлтөтөр, ыарытыннарар, өлөрүөн да сөп.
Саха дьоно абааһыны ханарытан арастаан ааттыыллар: “көстүбэт”, “адьарай”, “алларааҥҥы”, “соҕурууҥҥу”, “кэлтэгэй хамыйахтаах”, “куһаҕан тыын”, “сиэхсит”, о.д.а.
Абааһылар дьоҥҥо көстүбэттэр. Арай ойууннар, удаҕаннар, ичээннэр көрүөхтэрин сөп. Сахалар өйдүүллэринэн, абааһылар – киһи эбэтэр кыыл-сүөл аҥаардаах харамайдар.
Киһи-сүөһү кутун биир эбэтэр хас да абааһы сиэн аһыыллар. Ойуун кыырыыларын ис хоһоонун көрдөххө, абааһылар араас ыарыыны аҕалаллар – иирэр, уҥан охтор, бааһырар.
Ону ойуун эрэ үтэйэр кыахтаах. Ол иһин ыалдьыбыт киһиэхэ ойуун кыыран, сүөһүнү абааһыга толук биэрэн үтүөрдэр.
Абааһы бииһин-ууһа элбэх. Кинилэр тус-туспа анал ааттаахтар. Ордук кутталлаах абааһылар Үөһээ уонна Аллараа дойдуга олороллор.
Соҕуруу үөтүүлээх халлааҥҥа Улуутуйар Улуу Тойон баһылыктаах Үөһээ дойду абааһылара олороллор. Ол абааһылартан Орто дойдуга чугас “былыт кыргыттара” диэн ааттаах, содур буолар уонна иирэр ыарыыны аҕалар абааһылар ордук биллэллэр.
Абааһылар хас да биис уустарыгар арахсаллар. Олортон биирдэстэринэн Моһол төрдүн абаһылара буолаллар. Кинилэр киһи олоҕор ыарахаттары, араас моһоллору ыыталлар. Оттон ыарыыны-сүтүүнү аҕалар абааһыларынан Суптуруку удьуордара буолаллар.
Сахалар өйдүүллэринэн, Үөһээ дойду абааһылара, ыйдаҥатааҕы тиит саҕа улахан буолаллар. Харахтара хатааһын чолбонун эбэтэр кытарбыт тимир кыырпаҕын курдук олус улахан, дьүһүннэрэ кытархай буолар үһү. Сорох абааһылар төбөлөрө суор төбөтүн курдук диэн устуорук, этнограф Г.В. Ксенофонтов бэйэтин үлэтигэр бэлиэтээбит.
Аллараа дойду абааһыларын бииһин уустара, Арсан Дуолай баһылыктаах сир түгэҕэр, ооҕуй оҕус бадылҕахтыыр бадараанын таһыгар олороллор. В.М. Ионов суруйуутун көрдөххө, абааһылар олорор сирдэрэ “Хотугу муустаах муора хоту тумуһа” диэн ааттанар. Бу дойду абааһылара сэллик, ис, харах ыарыытын көбүтээччилэр, хотугу өлүүнү (проказаны), баас өлүүнү (злокачественный опухоль), куҥ өлүүнү (паралич) тарҕаталлар. Искэни, сыыҥканы, о.д.а ыарыылары аҕалаллар.
Аллараа дойдуга, үөдэн түгэҕэр “Үтүгэн” диэн өлүү уута устар сирэ баар. Ол өлүү уутугар, абааһылар Орто Дойду дьонун сиэбит ийэ куттара, өлөр өлүү быа балыга буолан усталлар үһү. Оннук түгэҥҥэ, өбүгэлэрбит ойууну ыҥыран аҕалан кыырдараллар, быһыт оҥорторон, ыалдьыбыт дьон кутун көтөхтөрөллөр уонна төттөрү киһиэхэ иҥэртэрэллэр.
Орто дойду абааһылара көҥдөй тииккэ сөрөнөн саһан сыталлар, түүн буоллаҕына биирдэ тахсан, дьон олоҕун уйгуурдаллар. Ону таһынан торбос абааһыта, түннүк аннынааҕы абааһылар, хотугу эмээхситтэр, аан холорук, кэриим абааһыта, чээкэйдэр, суор хара дьон, алабыр, хара сымсар кыыс, о.д.а. абааһылар киһи олоҕор мэһэйдэри үөскэтэллэр. Ордук үөрдэри кытта булсаллар.
Кырдьаҕастар этэллэринэн, холоругу тыытыа суохтааххын, оттон иһэрин көрдөххүнэ саһыахтааххын, суолгар көрүстэххинэ туораан биэриэхтээххин. Тоҕо диэтэххэ, холорук буолан ойууннар айанныыллар. Оттон дьиэҕэ оһох холумтаныгар эбэтэр дьиэ таһыгар быыкаа холорук сылдьар буоллаҕына, сахалар “оҕо кута” дииллэр.
Өбүгэлэр саныыларынан “чээкэй” диэн харах ыарыытын аҕалар абааһы, киһи чэчэгэйигэр уйаланар эбит. Оттон суор хара абааһы, баай ыаллары кэрийэ сылдьан дүҥүрүнэн кырбыыр үһү. Оччоҕо бу ыал дьоно бүтүннүү баас буолан ыалдьаллар. “Кэриим абааһыта” киһи өллөҕүнэ, тыыннааҕар сылдьыбыт сиринэн кутун сырытыннарар. Ону “кэритэр” диэн ааттыыллар. Кэриим абааһыта киһи кутун илдьэ сылдьан олус эрэйдиир-муҥнуур, сорохтору үлтү таһыйар эбит. Ол гынан баран, киһи бэйэтин көмүскэнэр сиэрин-туомун толордоҕуна, бу абааһылар киһиттэн арахсаллар, моһуоктаабат буолаллар.
А.Е. Кулаковскай абааһылары маннык быһаарар:
- Дьиҥнээх түҥ былыргы абааһылар – аан дойду айыллыаҕыттан бааллар, үс дойдуга олороллор, өлөн-сүтэн биэрбэттэр.
- Ыарыы-сүтүү, дьаҥ абааһылара.
- Орто дойдуга олохтоох кыра абааһылар.
- Олоҥхо абааһылара ыал буолар, оҕо-уруу төрөтөр санаалахтар, өлөр үөстээхтэр. (Кулаковскай, 1979, с. 25-29).
Сибиэн, үөр, дэриэтинньик
Сибиэн диэн абааһыны этэллэр. Ол аата өлбүт киһи кута Орто дойдуга хаалбытын туоһута. Кини дьиэ иһигэр араас тыаһы-ууһу таһааран, киһини атаҕыттан тардан куттуон сөп. Сороҕор Орто дойду дьонугар киһи моһуонун ылынан эбэтэр күлүк буолан көстөр. Өскөтүн, алаһа дьиэҕэ көһөн кэлэн баран, аанньа утуйбат, түүн ол-бу тыаһы истэр буоллахха, ол аата бу дьиэҕэ сибиэн олохсуйбут.
Киһи өллөҕүнэ, тыына быстар уонна кута үс аҥыы арахсар: “буор кута” буорга иҥэр, “салгын кута” салгыҥҥа көтөр, “ийэ кута” айбыт айыыларыгар барар. Ол эрээри, аньыыны-хараны оҥорбут киһи ийэ кутун айыылар ылбаттар, оччоҕо ол кут бу Орто дойдуга хаалан муҥатыйар, эрэйдэнэр, сору-муҥу көрөр. Ону сахалар “үөр” буолбут дииллэр.
Өбүгэлэрбит ордук уон биэс саастарыттан отут икки саастарыгар диэри өлбүт эдэр дьон үөр буолаллар диэн саныыллар. Үксүгэр бэйэтигэр тиийинэн эбэтэр оһолго түбэһэн өлбүт, кимиэхэ эрэ хом санаалаах анараа дойдуга аттаммыт дьон үөр буолаллар эбит. Ол иһин хомойбут дьон куттара Орто дойдуга хаалан, үөр киэбин кэтэн, дьоҥҥо куһаҕаны оҥорон, өйүн-санаатын аймыыллар, олоҕун алдьаталлар.
Үөрдэр киһи өлөрө чугаһаатаҕына кэритэллэр. Оччоҕо сотору өлүөхтээх дьон саҥата иһиллэр, ол аата өлөрө чугаһаабыт киһи кутун кэлэн үөрдэр илдьэ бараллар. Оччоҕо ол киһини “үөр” сиэбит киһитэ дииллэр. Үөр буолбут киһи тыыннаах эрдэҕинэ анаммыт аатын илдьэ сылдьар. Холобур, Болугур аньыыта, Алтан аньыыта, Бахсы аньыыта, Маҥан оҕустаах Боруонньа кинээс кыргыттара уо. д. а.
“Дэриэтинньик” диэн куһаҕаны аҕалар күүс. Дьоҥҥо мээнэ көстүбэт. Киһи курдук көрүҥнээх гынан баран, үөр курдук бэйдиэ сылдьар абааһы. Ол аата киниэхэ киһи уонна абааһы сигилитэ холбоспуттар. Ордук сүөһүнү сиир. Былыргы сэһэннэргэ сурулларынан дэриэтинньик суор курдук уһун сытыы тумустаах, ол тумуһунан киһи моонньугар түһэн хаанын ыймахтаан иһэрэ үһү.
Дэриэтинньик — өлбүт киһи буор кута, буорга иҥмэтэх, оттон ийэ кута үөһээ көппөтөх, салгын эрэ куттаах буолар. Ол иһин көмүллэн баран, хоруобуттан төттөрү туран кэлиэн сөп.
Кырдьаҕастар этэллэринэн, үс сыл иһигэр үөр буолбут киһи тыынын тутан хаайбатахха, “дэриэтинньик” буолар. Ол иһин үөр буолбут киһи кутун, ойууну ыҥыран кыырдаран, түктүйэҕэ хаайаллара.
А.С. Федоров “Өбүгэ сиэрэ-туома”.