Киир

Киир

Бу анаарыыга олох парадигматын уонна саҥалыы толкуй туһунан кэпсэтиэхпит. Олоххо баар сорох өйү-санааны хос ырыҥалыырга холонуохпут.
 
   (Салгыыта. Саҕаланыытын «Кыым» атырдьах ыйын 23 уонна балаҕан ыйын 9 күнүнээҕи нүөмэрдэригэр көр)
   Өйү-санааны үксүгэр судургу социальнай информация курдук ылынабыт. Ити төрдүн-төбөтүн билии, туох дьайыылааҕын үөрэтэ сатааһын суох. Өй-санаа үөскээбит төрүөтэ быһаарыллыахтаах, ити дьайыыта чинчийиллиэхтээх. Инньэ гыннахпытына эрэ интеллектуальнай устуоруйаҕа уонна култуураҕа арыый да сыстыа этибит.
   1742 сыллаахха Аар Тойону алы гыныы төрүөтэ тугуй? Тоҕо итинник дьаһаммыттарай? Ити, бастатан туран, 1642 сыллааҕы хаан тохтуулаах улахан иэдээҥҥэ туһуламмыт тэрээһин. Кыргыллыбыттары кэриэстээһин. Элбэх киһи тыына толук барбытын ахтыы...
   Өлбүттэри өйдөөһүн-санааһын кэһиллибэт сокуон. Ити биричиинэтин Густаво Адольфо Беккер: «Человеческий ум не имеет полной власти над настоящим и будущим. Только тенью прошедшего владеем мы безраздельно», – диэһинэ оруннаах соҕус.
   Өлүү тугун-ханныгын быһаарар уонна ону билэр сорук киһи аймахха аан дойду айыллыаҕыттан ыла турар. Өлүүттэн чаҕыйыы уонна өлүүнү тумнарга баҕатыйыы хаһан да тохтообот. Ол тохтообот төрүөтэ Испания «Соледад» диэн ырыатыгар чопчу этиллэр:
Каждый, кто в сей мир приходит,
С детства мечен, уж поверьте,
Огненным клеймом в два слова,
Вот они: «Заложник смерти»
   Киһи муҥур уһуктааҕын билэрэ тугунан да кээмэйдэммэт ыар турук. Өй-санаа баттыга. Маны невроз дииллэрэ мээнэҕэ буолбатах. Уйулҕа үөрэҕэр, бөлүһүөпүйэҕэ «куттал фантомун» быһыытынан үгүстүк ырыталлар.
   Итинник истириэс рефлексиятын аһарынан, өбүгэ суон күлүгэр хайыһыы бары норуокка баар. Казахтарга аруах, таджиктарга, узбектарга арвох, арвах дэнэр уустук сиэр-туом. Былыргы түүрдэргэ бу арва (заклинать) диэн ааттанар.
   Иудаизм метафизикатыгар: «Руах – средний составной элемент человеческой души, связанный с эмоциональным отношением человека к Всевышнему». Киһи өллөҕүнэ руах сирдээҕи ырайга тус оннун-тойун булунар.
   Өлүүнү билинии, өбүгэни, ытык киһини өйдүүргүн-саныыргын биллэрии хайаатар да толуктаах. Кэрэҕэ суох сатаммат.
   Маннык мистерияҕа эбээннэр ар, маньчжурдар, нанайдар ари, нанайдар ари, эбэҥкилэр аринка, перстэр арйа диэн куһаҕан тыыннары алы гыналлара биллэр. Маныаха сыһыаннааҕы Иван Худяков «Краткое описание Верхоянского округа» диэн үлэтигэр бэлиэтээн турардаах: «Ставят столб с 9-тью выемками. Столб бывает четвероугольный и на самом его верху делают человеческое лицо, обращенное на запад (на лицо обозначают неявственными чертами глаза, нос, но ни волос, ни бороды не обозначают)».
   Аар Тойону: «Булгу харахтаах, хаптаҕай тыллаах», – диэн ойуулууллар эбит. Итиниэхэ ойуун 3 эбэтэр 9 дьөлөҕөстөөх сынаҕанан (анал хамыйаҕынан) эриэн сылгыны тарбыыр уонна: «Хара тыын харыһыгар, үрүҥ тыын толугар бу илдьэммин эйиэхэ эрэйдэнэн көрөөрү турдаҕым», – диир. Ити кэнниттэн ыллаан сыналытар.
   Худяков этэринэн, ыһыах икки көрүҥнээх (айыыга уонна абааһыга анаммыттарынан). Абааһыга анаммыт ыһыахха түөрт кырыылаах баҕана туруораллар. Баҕана тоҕус томторҕолоох уонна киһи сирэйэ ойуулаах. Линденау манныгы 1742 сыллаахха «таҥара ыһыах» диэн суруйбута. Оттон Худяков: «Иногда на одном ысыахе бывают два шамана: один на святого, другой на дьявола», – диир.
   Итинник ыһыах торумун Өксөкүлээх Өлөксөй 1924 сыллаахха «Сайын кэлиитэ» поэматыгар бу курдук быктаран ааһар:
«...Үрүҥ күнү көрдөрбүт
Үрүҥ аар тойону өйдүөтэ,
Аан дайдыны харахтаппыт
Айыы тойону санаата».
   Биир ыһыахха таҥараҕа уонна айыыга тэҥинэн хайыһыы барара итинник ойууланар. Ону таһынан Үрүҥ аар тойонтон көрдөһөр сыналҕаҥҥа этэллэр эбит:
«Төрүөхпүтүн түҥнэри төлкөлөөмө,
Кэнчиэрибитин кэхтэр кэскиллээмэ,
Ыччаппытын быстар ыйаахтаама».
   Таҥараҕа хайыһан «сиэмэ-эһимэ» диэн ааттаһыы оҥоһуллар. Өксөкүлээх бу айымньытыгар таҥара уонна айыы ыһыаҕа силлиһэ ойууламмыт. Урут эппиппит курдук, былыргы Индияҕа арья (аар) икки суолталаах: «благородный» . «хозяин, господин» уонна «киһини толук туттааччы».
Буддизмҥа: «Почтительная приставка к именам архатов, а также названиям некоторых сутр», – диэн баар.
   Архат – буддизмҥа ситии-хотуу түөрт таһымын ааспыт киһи. Быһатын эттэххэ, Аар диэнтэн төрүттээх тыллары киһиэхэ араас дэгэт быһыытынан сыһыараллар эбит.
   Сахалар итини 1825 сыллаахха Үрүҥ Аар «Сын Божий» диэн ааттаабыттар. Үрүҥ диэн тылы эбии сыһыаран. Архетип тас көстүүтэ төһө да уларыйдар ис хоһооно, дьиҥ суолтата урукку оннугар хаалбыт. «Переменив знак, сохраним значение», – диир санааттан оҥоһуллубут религия реформата буолар. Маны, биллэн турар, таҥара дьиэтэ үүннээбитэ-тэһииннээбитэ саарбахтаммат.
   Христианствоҕа дьону неврозка тутан сылдьыыны лютеранскай пастор, психоаналитик Оскар Пфистер «Христианство и страх» диэн үлэтигэр бэрт сиһилии ырыппыттаах. Онон ХIХ үйэ бастакы чиэппэригэр бу кистэлэҥ инструмены сахаҕа хос туттубуттара...
   Буддийскай архат (арья, аар) уонна христианскай Үрүҥ Аар дьэ тоҕо итинник ыпсан хааллылар?
   Христианскай сибэтиэй Дионисий Ареопагит «О небесной иерархии» трактактатыгар үрдүк күүстэри үс иерархияҕа араарар: куосумас күүстэрэ, планеталар күүстэрэ уонна сирдээҕи күүстэр. Сирдээҕи күүстэргэ аанньаллар, архангеллар, архея киирэллэр. Балартан улаханнара – архея. Киһини, дьону араҥаччылыыр күүс. Тоҕус таһымтан төрдүһэ. Эмиэ архат курдук
   1825 сыллааҕы реформаҕа Аар Тойону христианскай археяҕа чугаһатан, Үрүҥ Аар оҥорбуттар. Көрөрбүт курдук, таҥара итэҕэлигэр Үрүҥ Аар киһини араҥаччылыыр төрдүс таһымнаах сирдээҕи күүс. Халлааҥҥа сыһыана суох.
   Түмүктээн эттэххэ, Аар диэн өлүү культугар турар түҥ үйэтээҕи өйдөбүл. Өбүгэ сырдык уонна хара күлүгэр үҥэргэ-сүктэргэ: «Булгу харахтаах, хаптаҕай тыллаах, таба атааннаах Аар Тойон!», – диэн сэрэнэ-сэрбэнэ ыҥырыллар үөр (өлбүт дьон тыына) баһылыга.
   Таҥара. Герхард Дёрфер уонна Иван Манжигеев билим быһаарыыларынан түүр тыллаахтарга киирии өйдөбүл. Махаяна биир хайысхатын – тантризмы кытта ситимнээх.
   Тантра буддизмҥа «непрерывность», «поток (психики)» диэн өйдөнөр. Бу ханнык да «Бог», «Творец», уһулуччу үрдүк күүс буолбатах. Баара-суоҕа өй-санаа сүүрээнэ.
   Өй-санаа сүүрээнин тылга-өскө тиһиини Ведическэй сурук –шастры (тантра) диэн ааттыыллар. Биэс тыһыынча сыл анараа өттүнээҕи этитиини.
   Билиҥҥи тантра түөрт кылааска арахсар : 1 – Крия тантра (көрүнньүк сиэр-туом): 2 – Чарья тантра (көрүнньүк сиэр-туом, йогтар медитацияларын кытта дьүөрэлэспит көрүнньүк); 3 – Йога тантра (йогтар медитациялара, эттэтии); 4 – Аннутара йога тантра («аҕа» уонна «ийэ» медитацията).
   Аны туран, Георг Ферштайн тантраны: «Вид священной литературы, относящийся к тантризму и прежде всего связанный с ритуальным поклонением женскому божественному принципу, иначе шакти», – диэн быһаарар .
   Онон тантра (таҥара) диэн киһи психофизическэй туругун салайан, ис күүһү арыйар. Эттэтэн араас турукка киирии саха дьонугар таҥара итэҕэлэ дэммит.
   Тантризм кэнсиэпсийэтэ V үйэҕэ бүтэһиктээхтик сиппит-хоппут. ХII-ХIII үйэлэргэ үгүс норуокка муҥутуу тарҕаммыт. Бу кэми сэбиэскэй чинчийээччи Лев Гумилев түүр тыллаахтарга таҥара кэнсиэпсийэтэ олохтоммут кэминэн аахпыта.
   Түүр тыллаахтар тантраны «тенгри» диэбиттэрин биир чаҕылхай туоһута Умай буолар. Умай диэн ийэ дьахтар кэбэ.
   Орхон өрүстээҕи сурукка Тенгри, Умай уонна Ыдук йер-суб тэҥинэн ааттаналлар.
   Академик А.И. Гоголев этэринэн: «Умай – бэргэһэтигэр үс үнүгэстээх дьахтар». Буддизмҥа ити Лотос. Сахаҕа алгыс бэлиэтэ.
   «Имя Умай – самое древнее и появляется впервые, как имя супруги бога Рудры, прототипа Шивы уже в ведийских текстах (Тайтрия-Араньяка и Кена – упанишад)», – дэнэр Брокгауз уонна Ефрон энциклопедиятыгар. Онон Умай Индияттан төрүттээх эбит.
   Архат – түөрт таһымнаах эттэтиини, тантраны ааспыт киһи. Будда үөрэнээччилэрэ уонна кинилэри батыһааччылар ситиһэр ситиһиилэрэ. Буддизм алын салаатыгар хинаянаҕа эрэ архат улахан оруоллаах. Бу түгэҥҥэ архаты православиеҕа сыһыаран, Үрүҥ Айыыга чугаһаппыттар. Үрүҥ Айыыттан тутулуктааҕын бигэргэтээри.
   Тенгризм, тенгрианство. Бу – саҥардыы үөскээбит тиэрмин. Баара-суоҕа 34 сыл анараа өттүгэр француз устуоруга Жан-Поль Ру «Религия тюрок и монголов» (1984) үлэтигэр сабаҕалаан эппит этиитэ. Онон итини неологизм диэн ааттыыллар. Билим ити идиэйэни религия да, итэҕэл да быһыытынан баччааҥҥа диэри бигэргэтэ илик. Чуолаан ньиэмэс учуонайа Герхард Дерфёр «О языке гуннов» (1988) диэн ыстатыйатыгар тенгрианствоны: «Религия диир табыллыбат, деизм буолуон сөп», – диэбитэ.
   Кини итинэн таҥара итэҕэлин өйү итэҕэйии, өй кыаҕар дьүөрэлэһии диэҥҥэ чугаһаппыта. Дёрфер бу көрүүтүн иҥэн-тоҥон ырыҥалааһын баччааҥҥа диэри суох.
   Дерфёр этиитэ дьиҥэр тантрическай мистицизм үөс өйдөбүлүгэр – ДАЛАЙ БИЛИМТЭ (Космическое, абсолютное сознание) диэҥҥэ адьас чугас.
   Тантристар анаарыыларынан баар илэ чахчы бүүс бүтүннүүтэ биир кэлим билимтэ. Хас биирдии киһи бэйэтин итиннэ ханыылыы туттаҕына, ДАЛАЙ БИЛИМТЭ¡Э холбоһор. Итиниэхэ ис кыаҕы (индивидуальнай) уонна тас күүһү (трансцендентнай) сөпкө дьүөрэлээһин быһаарар оруоллаах.
   Нуучча бөлүһүөгэ Евгений Трубецкой итини өссө маннык быһаарар. «...весь процесс нашего познавания совершается не иначе, как через откровения абсолютного сознания в нашем человеческом сознании»...
   Маны таһынан Дёрфер түүр, монгол тыллаахтарга «торе – сокуон» баарын бэлиэтээбиттээх.
   Торе (төре) – муҥутуур үрдүкү сокуон быһыытынан маҥнай утаа түүрдэргэ, кэлин монгуолларга тэнийбит.
   «...Высший закон существовал вне воли человека, и даже верховные правители — ханы не могли его творить, а обязаны были ему следовать», – диир «Эволюция тöре в системе монгольского средневекового права» үлэҕэ Р.Почекаев.
   Тора – иудейскай религиознай сокуон. Кинилэр соҕуруулуу-илиҥҥи диалектарыгар – тойро, хотугулуу-илиҥҥигэ тэйро дэнэр.
   Египеттэн куота сылдьан, дьэбириэйдэр Синай кумах куйаарыгар тааска суруллубут 10 кэс тылы булбуттар уонна Тораны истибиттэр. Итини кинилэр Яхветтан этитии, кинилэргэ эрэ анаан тиксибит сүдү анаттарыы курдук быһаараллар.
   Аны туран, дьэбириэйдэр Тораҕа аҥаардас сокуон эрэ курдук сыһыан­наспаттар. «...Тора не есть только Книга Закона, в ней сокрыта сама суть Мира, она сама является планом Мира...» диир Григорий (Рав Цви) Вассерман.
   Кини этэринэн, Яхве бэлэмнээбит былаана эбит – Тора. Толкуйдаммыт сыал-сорук. Ол аата аан дойдуну туспа толкуйунан Яхве баар гыммыт. Иудаизмҥа итинник тойоннууллар Тораны.
   Түүр, монгуол тыллаахтарга торе эмиэ кэһиллибэт, халбаҥнаабат сокуон. ҮРДҮК КҮҮС таҥан таһаарбыт ыйыыта-кэрдиитэ. Дьэ бу иһин, 1664 сыллаахха «Айыыбыт биһиэнэ Мэҥэ таҥара үрдүгэр» диэбит ол кэмнээҕи саха.
«Кут-сүр» кыһа бэлэмнээтэ.

Санааҕын суруй