Эдьиийим барахсаны кытта оскуолаҕа баран иһэммит, үйэбэр умнуллубат гына хатанан хаалбыт дьикти түбэлтэҕэ түбэһэн турабыт.
Миигин, оччолорго оскуолаҕа сааспын ситэ илик алталаах бэдиги, күүстэринэн киллэрбиттэрэ. Алта аҥаарбын да туола илик кыра киһини оскуолаҕа көрдөөн ылбыттара. Маҥнай “оскуолаҕа суруйабыт” диэн, аҕам суоҕуна кэлэ сылдьыбыттара. Баара буоллар, кинилэри саҥардыбат этэ.
Аҕам наар кэлэ-бара сылдьар үлэлээҕэ. Инньэ гынан Төхтүртэн Томторго диэри биэс биэрэстэлээх сири алта аҥаардаах киһичээн сатыы сылдьан үөрэнэргэ күһэлиннэҕим дии.
Суола үрэҕи туоруурбут. Күһүн эрдэ кэлбитэ, өссө кыраһа хаар түспүтэ, кыра киһи тобукпар эрэ тиийэр-тиийбэт хаары оймоон чоломооттонорум.
Хаамарым бытаана бэрдин ийэм бэркэ билэр буоллаҕа дии. Онон сарсыарда олус эрдэ туруортуура. Тиийиэхпитигэр диэри халлаан суһуктуйа сырдаан барара. Суолбут ортотугар өрүү эдьиийим араа-бараа саастаах оҕолор ситэллэрэ. Олору кытта аргыстаһан, ону-маны кэпсэтэн, айдааран-куйдааран тэлэмээттэнии бөҕө буолан оскуолабытын буларбыт.
Кырам бэрдиттэн үс чааһы быһа хааман, ончу сылайан тиийэрим. Ол да күн биһигини ийэбит сарсыарда биэс чааска туруорбута. Суола үрэҕин туораан, өрө тахсан истэххэ, кыра ырааһыйа көстөр. Суолбут икки өттүнэн хараҥа бөлкөй үөттэр субуруһаллар. Олор диэки көрүөхпүн наһаа куттанарым. Ол эрээри хараҕым син биир ол диэки хатана турааччы.
Сайын бу эргин элбэхтэ атах сыгынньах тэлэмээттэнэн ааһааччыбын. Билигин сэбирдэх эҥин суох, мутуктарын хаар да баттаан эрэр, барыта харааран, лүҥкүрэн турар. Сотору түөрт муннук быһыылаах кыра ырааһыйа көстөн кэлэр. Ортотугар анаан уурбут-туппут курдук хараҥа үөттэр күөгэһэн тураллара.
Хонуу суолбут ортотугар турар буолан, оҕолор арыт ааспыт кэннэ ситэллэрэ эбэтэр тиийэ иликкэ сырсан кэлэн көхсүбүн таарыйаллара. Үөттэр төрдүлэринээҕи баҕа батаһын үрдүнэн хаар типпитэ, сылгы туйаҕар майгынныыллара. Ырааһыйа остуол ньуурун курдук көнө. Этим тардара. Киһи кута-сүрэ тохтообот буолан турара.
* * *
Халлааммыт ити курдук саҥа суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ, ол биэс үөт төрдүлэриттэн сырдык төлөн күлүм-күлүм гынна! Эдьиийбин кытта иккиэн тохтоон, ходьох гына түстүбүт. Бэйэ-бэйэбитин көрсөн ыллыбыт. Соһуйан хаалан турабыт! Аны үөттэртэн биэс киһи сулбу ойуталаан таҕыстылар. Мин, ону көрбүт оҕо, куттанан, саҥа таһаарар да кыаҕым суох! Оннук үлүгэр! Тахсыбыт дьонтон биир уҥа диэки сылдьааччыларын “дьахтар дуу?” диэн көрөн аһарбыппын отой умнубаппын. Үөт төрдүттэн иэҕиллэн тахсыытыгар “улахан истээх эбит” диэн быһаарбыттаахпын. Ол көрбүппүн кэлин дьахтар эбит диибин. Кэмигэр ону аахсар кэлиэ дуо, сиргэ хам тоһоҕолонон турдаҕым дии!
Таҥастара эттэригэр отой сыста сылдьара. Биир киһи ортоку турбута, атыттар тула илиилэрин ууммутунан эргитэн имиппиттэрэ! Түргэн баҕайытык эргийэллэр! Ол үҥкүүлүү сылдьан мин диэки көрөр курдуктар! Дьэ, алдьархай! Сэниэлэрэ диэн сүрдээх быһыылаах.
Онтон, били, тахсалларыгар тыкпыт уот атахтарын төрдүлэригэр күлүмнээтин кытта туран эрэ сүтэн хааллылар! Ханна бардылар?! Суохтар! Мин куттаммытым бэрдиттэн, сүрэҕим тохтоон хаалбыт курдук. Эдьиийим сирэйин көрдүм. Букатын ыраас кумааҕы курдук туртайбыт! Ээ, эргиллэ биэрдэ да, Төхтүр диэки түһэ турда! Мин – кэнниттэн! Түөрт сыл аҕа киһи буоллаҕа дии. Киниттэн хаалсымаары, сүүрэн кулупаайдааһын кытаанаҕа!
Төхтүргэ чугаһаабыппыт кэннэ Сааска диэн уол этэрбэһин хаанньаччы үктээн иһэрэ. Эт лахса уол этэ. Көрсөммүт, син уоскуйан эппэҥнэһэ-эппэҥнэһэ кэпсээбиппит. Ол турдахпытына, атын уолаттар, кыргыттар кэлитэлээбиттэрэ. Балартан барыларыттан саамай кыралара, ньорооскулара мин. Барыларын хантайан көрүтэлиибин. “Баран көрүөҕүҥ” диэн буолла! Төһө да куттаннарбыт, халлаан сырдаабыта ырааппыт буолан, син эрдийбиппит. Тиийдибит.
Улахаммыт, эрэнэр киһибит Сааска: “Хайыы, дьоннор суоллара баар дии”, — диир. Арыый да иһирдьэ хаары кэһэн киирэ түстүбүт. Суолга биһиги эрэ суолбут баар. Дьон тахсан барбыт, атын сиртэн киирбит суоллара ончу суох! Дьикти! “Кииримиэҕиҥ, барбыт суоллара суох, үҥкүүлээбиттэрэ эрэ баар” диэн буолла.
* * *
Оскуолаҕа кэлэн учууталбытыгар кэпсээтибит. Оччолорго учууталларбыт эдэркээн баҕайы быһыылаахтара. Дьэ, улаханнык кыыһыран тымтан турбуттара. “Хайдах да оннук буолуон сатаммат!” диэн, отой саба саҥаран кэбиспиттэрэ. Кэлин “метеорит кыырпаҕа таммалаабытын көрбүккүт буолуо” диэн быһаарбыттара. Абааһы, таҥара суох кэмэ. “Ону-маны саҥарымаҥ!” диэн буолбута. Ити – 1944-45 сыллар ыпсыылара этэ.
* * *
Оскуолаттан кэлбиппит, аҕабыт саҥардыы кэлэн чэйдии олороро. Биһиги өрүсүһэ-өрүсүһэ эдьиийбин кытта кэпсээн эрдэхпитинэ ийэм: “Улахан киһи кэпсээтин”,– диэн, миигин бобон кэбиспитэ. Аҕам болҕойон олорон, балачча истимэхтээн баран: “Дьикти эбит, билигин аппын ыҥыырдаатахпына, барыахпыт”,– диэбитэ. Мин эгэ эрэ дуо! Акка мэҥэстэн сахсараҥнатан тиийэн, ханна көрбүппүтүн ыйан биэрдим.
Аҕам хаары кыҥастаһа түһэн баран: “Ханан да суол киирбэтэх... Үөт төрдүттэн тахсыбыттар...” – диэн иһэн, бөтө бэрдэрбит курдук, тохтоон хаалбыта.
Дьиэҕэ кэлэн аҕам ийэбин кытта хоско киирэн ону-маны отур-ботур кэпсэппиттэрэ. Биһигини түгэх хоско киллэрэн: “Отой кимиэхэ да кэпсээмэҥ! Баспыт барыаҕа!” – диэн, тоҕо кэпсиэ суохтаахпытын өөр да өр быһааран өйдөппүттэрэ. “Дьэбэлэй!” диэтэхтэринэ, суукка түбэспит – төннүбэтэ...
Маяк Абрамов.