Абааһы, иччи, үөр, тыҥырахтаах көтөр өлөргө-сүтэргэ, быстарга-ойдорго эрэ буулууллар быһыылаах. Оччолорго биһиги кыракый Уоттаах диэн алааска олорорбут. Мин төрдүс кылааска үөрэнэрим. Кыс ортото маспыт баранан хаалан, үөрэхпит кэнниттэн мас кэрдинэн, этэргэ дылы, сыарҕа үрдүттэн уоттанарбыт.
Биирдэ кыра убайбын Миитэрэйи кытта мастыы барар буоллубут. Дьиэбититтэн биэрэстэ кэриҥэ ыраах баар Ынах Күөлүгэр кунаммытын көлүйэн сүүрдэн-көтүтэн тиийэн, сүгэлэрбитин сулбу тардан ылаат, биирдии маһы кэрдэн бардыбыт. Салгыы убайым бэйэтэ мас мастыы, мутук хомуйа хаалла, мин Амааҕан Мэхээлэ диэн мантан биир биэрэстэ кэриҥэ ыраах олорор оҕонньортон сыарҕалаах оҕуһун уларсан кэллим. Ол кэннэ эрбиибит тутааҕар түһэн эрбээбитинэн бардыбыт. Сотору бүтэрдибит. Маспытын икки оҕус сыарҕатыгар ыгыччы тиэнэммит, дьиэбит диэки кыыкырдаттыбыт.
Маспытын сүөкээн баран, оҕустарбытын эргилиннэри тартыбыт да, тобохпутун тиэнэ төттөрү таҥкычахтаттыбыт. Ол кэмҥэ ытыс таһынар ыас хараҥа буолла, илиибит иминэн эрэ харбыалаһабыт. Маспытыгар кэлэн баран, убайым: “Оҕускун Амааҕан оҕонньорго илдьэн туттар, баһыыбалаа. Мин бэйэм кунаммар тиэнэ туруом”, – диэн быһаарда. Инньэ гынан, мин курдары Чараҥҥа ааһа турдум. Оҕуспун дьиэ таһыгар булгутан, ааны өҥөйөн туран оҕонньорго махтанным уонна төттөрү сүүрдүм.
Ынах Күөлүн соҕуруу сыырын таҥнары түһэн, өтөххө тахсыыны өрө сүүрэн иһэн көрбүтүм, биир киһи дүлүҥү сүгэн аҕала-аҕала суолбут кытыытыгар дьаарыстыы сылдьар. Убайбын баттаһа кэлбиппиттэн сүргэм көтөҕүллэн: “Хайа, Миитэрэй, бүтэрэ иликкин дуо?” – диэн ыйыта-ыйыта чугаһаан истим. Ону кытта, эмискэ, киһим сүтэн хаалла. Соһуйан-куттанан хаһыытыы түһэн баран, сыыры таҥнары ыһыктынан кэбистим. Сүүрүү бөҕөтүн сүүрэн, убайым Уоттаахха киирэр үрүйэ баһыгар оҕуһунан сыннаран иһэрин ситэ баттаан ыллым. Тоҥуу хаарынан сыарҕаны эргийэ көтөн, оҕус иннигэр биирдэ баар буола түһэн убайбын улаханнык соһуттум. Тугу көрбүппүн кэпсээн биэрдэҕим дии.
Маспытын сүөкээн, кунаммытын хотоҥҥо баайан баран, дьиэбитигэр киирэн аһаан бардыбыт. Убайым бу олорон Амааҕан оҕонньор оҕуһун улгумнук уларсыбытын, мин суол кытыытыгар дүлүҥ сүгэ сылдьар киһини көрбүппүн, ол киһим сүтэн хаалбытын ирэ-хоро сэһэргээтэ. Ону истэн олорбут кырдьаҕас таайбыт: “Оо, бу хара сору! Миигин сиэри биттэнэн от-мас бэлэмниир буоллаҕа”, – диэн баран хап-сабар остуолтан туран оронугар баран сытынан кэбистэ. Мантан бары да кэри-куру буоллубут. Таайбыт, кырдьык, ас барбат буолан муҥур уһугар тиийэн сылдьара.
Сарсыарда эрдэ турар буолан, сотору ороммутун буллубут. Буолары-буолбаты ыаһахтаһан кэпсэтэ сыттахпытына, таһырдьа сыарҕалаах аттаах дьон тыастара тиэтэллээх баҕайытык “кур-хар” үктэннэрэн кэлэн суол ааныгар тохтуур тыастара иһилиннэ. Ону кытта хаптаһын маһы тамнааттыыр тыас өрө оргуйда, сиилэтэ иһиллибэт “ньуу-ньаа” кэпсэтэр саҥа иһилиннэ. Ол кэннэ аппыт туйаҕын тыаһа кэлбит сирин диэки чиҥ баҕайытык айаннаан бара турда. Маны бары истэ сыттыбыт. Барбыттара балай эмэ буолан баран, таайбыт: “Сиэхситтэр илэ бардахтарай! Маһы-оту мунньан аҕай эрэллэр, миигин илдьээри бэлэмнэнэр быһыылара буоллаҕа”, – диэн ботугуруур саҥата иһилиннэ.
Сарсыарда аһыы олордохпутуна үөһээ ыалбыт Никиитэ оҕонньор киирэн кэллэ уонна бөлүүн биир ынахтара хотонугар туран өлөн хаалбытын, түөрт-биэс саастаах сиэнэ уол ыалдьан турбутун кэпсээтэ...
Инньэ гынан, Уоттаах эбэ хотун биир кыһын иһигэр үс тыыннаах дууһаны: кыракый чыычаах уолчааны, эдэр сааһыттан хараҕа суох буолан муҥу көрбүт таайбын Мыйык оҕонньору, бэртээхэй ыанар ынаҕы – илэ-бодо сиэбитэ.
***
Ол эрээри, ити саҕалааһын эрэ эбит этэ. Эһиилигэр, күһүн үөрэх саҕаланыытыгар дьиэбит таһын биир мэкчиргэ буулаабыта. Сарсыарда турарбытыгар оһохпут ураатыгар хонон олорор буолара. Үргүтэн туруордахха, чугас баар хатыҥнар төбөлөрүгэр күнү-күннүктээн олорон тахсара. Маһынан, сылгы сааҕынан сэриилии сатыырбыт да, олох барбат этэ. Биһиги, уолаттар, саанан ытаары гынарбытын ийэм, эһэм, атын да кырдьаҕастар кытаанахтык боболлоро, аньыыргыыллара, олус куттаналлара.
Аны туран, кыһалҕатыгар, биһигиттэн үс биэрэстэлээх Сыттык диэн сиргэ олохтоох Көтөх уола Дьөгүөр Ылдьыын саас-күһүн төбөтүнэн харааччы булкуллан хаалара. Оччоҕо Уйбаан диэн сэттис кылааска үөрэнэр, кинилэргэ дьиэлэнэн олорор биһиги дойдубут уолугар оҕуһун мииннэрэн, бэйэтэ сыарҕаҕа олорон анаан-минээн биһигини кытта “сэриилэһэ” кэлэрэ. Утуйардыы сыппыппыт кэннэ түүн кэлэн ааммытын хайыта тэбиэлиирэ, түннүкпүтүн дибдийэрэ, ыһыы-хаһыы, үөхсүү бөҕөтүн түһэрэрэ. Тоҕо да оннук гынаахтыыра эбитэ буолла? Онтон бастаан утаа эрэ куттанарбыт, кэлин үөрэнэн, хал буолан, оонньуу-көр курдук утары киирсэн барар буолбуппут. Ийэм барахсан Майа ыһыахтарыгар мас тардыһан, тустан кими да тулуппатах тэтиэнэх дьахтар этэ. Иирбит оҕонньору уолугуттан түүрэ харбаан ылан ороҥҥо тиэрэ быраҕара уонна “уолугун, түөһүн симэн” начаас ээҕин этитэрэ. Оҕонньор кыайтаран ытаан-соҥоон, көрдөһөн-ааттаһан элэ-была тылын барытын этэрэ, сыарҕатыгар тахсан олороот, оҕуһун атара сэлиинэн түһэрэн дьиэтин диэки ыһыллаҥната турара. Ардыгар, оҕонньор ийэбит суоҕар кэлэн алдьаталыыра. Оччоҕо убайдарбын кытта үһүө буолан үлтү мөрөйдөөн, оҕонньору син биир ороҥҥо тиэрэ баттыырбыт. Оҕонньор хаһан да кэлэн син биир кыайтарарын билбитэ быһыылааҕа, кэлин кэлбэт-барбат буолан хаалбыта.
Ол мэкчиргэ буулаатаҕын дьыл, күһүн эһэбит Хатыыска оҕонньор бэркэ ыалдьа-ыалдьа булдугар барбыта. Кыһын төннөн кэлэн сааска тиийбэккэ өлбүтэ. Аны, сааскы каникулга тарҕаһарбытыгар кыра эдьиийбит Мааппа иһин убахтатан эмискэ охтубута. Өлүөн икки күн иннинээҕи түүнүгэр: “Түннүгүм аннынан киһи сүүрэн лиһиргиир, тахсан көрүҥ эрэ”, – диэхтээбитэ. Биһиги “эмиэ били Көтөх уола Дьөгүөр кэллэҕэ” дэспитинэн таһырдьа тахсан дьиэбитин эргийэ көппүппүт да, туох да суоҕа... Эдьиийбит эрэйдээҕи дойдутугар киллэрэн көмпүттэрэ.
Дьоммут-сэргэбит эстибиттэрин кэннэ, били мэкчиргэбит мэлийэн хаалбыта, “кимнээх эрэ” түүннэри кэлэн балаҕаммыт аттыгар хаптаһыны тамнаан куттаабат буолбуттара.