Киир

Киир

Бу түбэлтэ 1972 с. күhүөрү кыhын үрэххэ буолбут. Сопхуос икки чулуу сылгыhыта ыраах сытар үрэххэ икки үөр баарын таҥнары үүрэн киллэрээри, ас-уол бэринэн, хомунан барбыттар.

Бу түбэлтэ 1972 с. күhүөрү кыhын үрэххэ буолбут. Сопхуос икки чулуу сылгыhыта ыраах сытар үрэххэ икки үөр баарын таҥнары үүрэн киллэрээри, ас-уол бэринэн, хомунан барбыттар.

Страница 2

Тиийиэхтээх сирдэрэ өссө да тэйиччи сытар буолан, айаннарын ортотугар үүтээн баарыгар хонордуу быhаарыммыттар. Бу үүтээни бэркэ билэр буолан, сып-сап тэринэн, бэлэм кураанах мас баарынан оhохторун оттон, киэһээҥҥи астарын буhарынан аhаары тэриммиттэр.

Арыый саастааҕа ындыытыттан «сылаабытын таhаарыахха» диэн, биир бытыылканы остуолга уурбут. Дьэ уонна аhаан-сиэн кимиритэн барбыттар, ортолуу аhаан иhэн, били астара төбөлөрүгэр тахсан, айахтара аhыллан, уруккуну-хойуккуну санаhан кэпсэтэ олорбуттар. Дьэ, эдэрчитэ кэпсии олорон аргыhа сэҥээрбэтин өйдөөн утары көрбүтэ, киhитэ субу ыстыы олорбут айаҕын аппытынан куттаммыт, соhуйбут хараҕынан кини туһаайыытын супту одуулаан аҕай олорор! Ону көрөн, эмискэ эргиллэ биэрбит. Арай көрдөҕүнэ, аттыгар барыта түү таҥастаах, үүтээн өhүөтүгэр чуут тиийэр-тиийбэт, көрүөхтэн дьулаан сирэйдээх, хааннаах соҕотох хараҕынан туох эрэ кинилэри супту көрөн олорор эбит.

Кырдьаҕаhа өйдөнөн “сирбитин-уоппутун аhаппатахпыт, бэргэhэҕин, соҥҥун ыл” диэн баран, буута быстарынан таhырдьа ыстаммыт. Доҕоро ол киhини эргийэ көтөөт, бэргэhэтин, сонун хабан ылаат, киhитин кэнниттэн түһүммүт.

Хата, аттарын ыыта илик буоланнар, сүөрүтэ тардаат, дэриэбинэ диэки ыстаннара турбуттар.

Бу дьон биирдэстэрин кыыhа оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан харандааска хараҕын оһоллоон, аҥаар хараҕа көрбөт буолбут. Оттон биирдэрин уола оонньуу сылдьан маска хараҕын өлөрөн, эмиэ улаханнык эмсэҕэлээбит.

Мин санаабар, кинилэр төhө да билэр сирдэрэ буолбутун иhин, саха киһитин сиэринэн сиэри-туому тутуспуттара буоллар, баҕар, итинник буолуо суоҕа этэ дии саныыбын.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар