Киир

Киир

Оҕо сылдьан тугум эрэ кыратык ыалдьан улуус киининээҕи балыыһаҕа сыта сылдьыбыттааҕым. Бука, 9-10 саастааҕым буолуо, начаалынай кылааска үөрэнэрим.

Бу санаатахха, оччолорго оҕо эҥин диэн туспа араарыы суох эбит. Эр дьон бука бары биир балаатаҕа сытабыт. Үксэ эдэр дьон сытар эбит буоллахтарына, быыспытыгар биир адьас кырдьаҕас оҕонньордоохпут. Кинини Ойуун Охонооһой диэн ааттыырга дылылара. Баҕар, миигин оҕо диэн күлүү гынан, албыннаан этэллэрэ буолуо, «уруккута кулаактаммыт улахан баай, бандьыыт атамаана, дьон бөҕөнү өлөрбүт киһи» эҥин дииллэрэ. Ол иһин оҕонньортон олус куттанарым. Оҕонньорбут барыбытыттан олдьу, кытыыга сытар да, түүнү быһа үлүгүнэйэн, олоҥхолоон-оһуокайдаан тахсар. Күнүс туран сылдьарыгар иннин-кэннин мэлээриҥнии-мэлээриҥнии кубус-кураанаҕынан силлээн-хаахтаан бөҕө буолар. Ол быыһыгар, «били ытым хайа үөдэн түгэҕэр дьөлө түстэ. Үнүгэс, Ґнүгэс!» диэн ханна да суох ыты ыҥыран соһуталыыр. Бэйэҥ да өйдөөбөккүнэн ол сүппүт ыты көрөөрү эргичиҥнээн бараҕын. Ардыгар утуйар муннугар кэлэн баран: «Хайа, бу хайалара кэлэн сөрүөстэн олороҕунуй?», — диэн кураанах муннуктан ыйытан куттаталыыр. Эдэр дьон «оҕонньор эрэйдээх түөһэйээхтээбит» диэн ону улахаҥҥа уурбаттар, наадыйбаттар. Киэһэ эҥин утуйаары сытан, «Охонооһой, бандьыыттааҕы тугу эмэ кэпсээ эрэ» диэн буолар. Оҕонньор туох да үгүс соруттарыыта суох кэпсээн барар быһыылааҕа. Мин истибэккэ утуйан хааларым.

Сааскы ылааҥы саҕана, балаатабытыгар сытар дьон бука бары көрүдүөргэ, күннээх сырдык сиргэ дуобаттыы, хаартылыы, дьону кытта кэпсэтэ-ипсэтэ тахсаллар.

Биирдэ мин ол курдук оҕонньорбун кытта хаалан хааллым. Оҕонньорум оронугар утуйар курдук туттан-хаптан сыппыта. Ити киэһэлик соҕус этэ. Ол сытан оҕонньорум  тугу эрэ үлүгүнэйэн иһэн олоро биэрдэ уонна: «Бу күтүр өстөөхтөр аттанан-атыырданан аны манан айгыстан тиийэн кэллилэр дуу. Киэр буолуҥ, дьалты сылдьыҥ! Моонньугар эриэн ситии хаалтыстаах тоҥсоҕойгутун (киргилгитин диэбитэ эбитэ дуу) икки харахпар көрдөрүмэҥ! Хаах-тпу-уу! Нохоо, тахсан эт эрэ! Атын сиринэн аастыннар...» — эҥин диэн кэлиҥҥи өттүн миэхэ туһаайан хаһыытаата. «Ол кимнээхпит кэллэхтэрэй?» диэн өйдөөбөккө үрдүбэр баар түннүгүнэн өҥөҥнөөн көрдүм да, биллэн турар, туох да суох. Дьиҥинэн, оҕонньорум ыраах уонна аллара сытар, түннүгүнэн тугу да көрөр кыаҕа суох. Охонооһой ити курдук үлүгүнэйэн баран төттөрү сытан утуйан хаалла быһыылаах, мунна тыаһаан барда. Мин куттанан балаататтан киһилээх-сүөһүлээх сиргэ тахсан бардым.

Киэһэ утуйаары сылдьан Охонооһой «хайа эрэ хара сордоох быаланан өлөөхтөөтө» диэн кэпсээбитин истэн балаатабыт иһэ уку-суку буолан хаалбыта. Сарсыныгар, кырдьык, балыыһаҕа остуорастыыр Маайа диэн эмээхсин өлбүт сураҕын истибиппит. Оҕонньор билэр эбит этэ.

Николай Егоров, Бүлүү к.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар