Киир

Киир

Былыр, адьас өрдөөҕүтэ, оҕонньордоох эмээхсин олорбуттар. Окко түһэн оҥоһуулара, сиргэ төрөөн ситиһиилэрэ, буорга булуулара – оҕолоро суох. Арай ынах сүөһүнэн, сыспай сиэллээҕинэн сытыйа байбыттар. Маннык олордохторуна, биир кыһын сут өлүү сутуйан, сүөһүлэрэ барыта эстэн хаалар. Сайылыкка тахсалларын саҕана, сааскы Ньукуолуҥҥа, сүүсчэ ынах турбут баараҕай хотонугар кутуруга суох хомуолай борооску уонна кугас ынах эрэ ордон хаалаллар.

Оҕонньор сарсыарда туран эмээхсинигэр кугас хомуолай ынаҕын сиэттэрэн, кутуругар борооскутун сэтиилээн, “тарбыйах абааһыта батыспатын, суолбутун булбатын” диэн, талах миинньик баайан, сайылыыр балаҕаннарыгар атааран кэбиһэр. Бэйэтэ аҕыйах хонуктааҕыта төрөөбүт, киһи кыайан утары көрбөт бэрт мөкү дьүһүннээх-бодолоох тарбыйаҕы дьаһайардыы, эмээхсиниттэн хаалан хаалар. Тарбыйаҕы төрөөтүн кытта “абааһы кэбин кэппит сүөһү төрөөбүт” диэн билэллэр, тоҥ хотоҥҥо быраҕан кэбиһэллэр. Эмээхсинэ барбытын кэннэ оҕонньор оһоҕун оттон, кыһыл чох тардан, алтан чаанньыгар чэй өрүнэр. Ол кэннэ сүгэтин ылан баран хотонугар тарбыйаҕын сүлэ киирэр. Быһаҕын кыыннаан баран, уҥа атаҕын тас өттүгэр уктар. Тарбыйаҕа баҕана төрдүгэр суоруналыы төкүнүйэн сытарын булар. Икки ытыһыгар силлээмэхтээн, онтун ытыстарыгар сууралаамахтыы түһэн баран, сытар тарбыйаҕы сүгэнэн сүүскэ саайар. Онуоха тарбыйаҕа бэрт хатаннык орулуу түһээт, икки кэлин атаҕар олоро биэрэр. Оҕонньор, сымарытта түһэн баран, иккистээн саайар. Тарбыйаҕа буоллаҕына, эмиэ орулуу түһээт, икки атаҕар туран кэлэр. Оҕонньор соһуйуу бөҕөнү соһуйан, сүгэтин төлө тутан кэбиһэр, кэннинэн чинэрийэр. Ол икки ардыгар тарбыйаҕа орулуу-орулуу оҕонньорго утары ыстанар. Оҕонньор: “Абааһы илэ бэйэтинэн кэллэ. Дьэ, сиэн эрдэҕин көрүҥ!” – диэт, туора ойон эргиллэ биэрэр. Ол сылдьан этэрбэһин оһуттан быһаҕын сулбу тардан ылар. Ойон тураат, ыһыытыы түһэн баран анараа баҕайыны хаҥас хонноҕун анныгар анньар. Онуоха били күтүр сүрдээх куһаҕаннык орулаабытынан сууллан түһэр. Оҕонньор, дьэ, тыын ылан, ынах ыыр талах олоппоско олорон, табах тардар. Сүгэтин көрдөөн булан, тарбыйаҕын үлтү эттээн, хотонун суулларан баран, уот анньан кэбиһэр. Умайан бүппүтүн кэннэ күлүн күн-ый ыһыаҕа гынар. Дьиэтигэр баран иһэн, кинини сүтүктээн, көрдүү кэлэн иһэр эмээхсинин көрсөр. Онтон бэттэх оҕонньордоох эмээхсин ити кыстыктарыгар төннүбэтэхтэр.

“Били, кугас хомуолай ынахтарыттан, модьууннаах борооскуларыттан сиэттэрэн, эмиэ сүүсчэкэ ынахтаах олорон өлбүттэрэ үһү” диэн кэпсээн оҥостон кэпсииллэрэ. Былыр, хор, ити курдук тарбыйах абааһыта диэн баар буолара үһү.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар