Киир

Киир

Күһүн буолан от-мас хагдарыйбытын, халлаан тоҥоро-тоҥоро ардыыр буолбутун кэннэ, Миитэрэй уоппуска ылан Таас Үрэххэ олохтоох табаарыһыгар бултуу барар буолбут. Табаарыһа Хоноос биир билэр киһитинэн: “Мин бөһүөлэктэн 3 көстөөх Ээйии күөлүгэр оттуу сытабын, кэлэн кустаан бар”, — диэн илдьиттээбит этэ. Болдьохтоох кэмигэр Миитэрэй Мииринэйтэн бөртөлүөтүнэн (сыаната 5 солк. эрэ этэ) Таас Үрэххэ кэлэн түспүт. Ол киэһэ доҕоро Хоноос дьиэтигэр хонон баран, дьиэлээх тойон оттуур сиригэр, дьоно аҕаларыгар ыыппыт ыһыктарын: саахары, чэйи, бэчиэнньэни уо.д.а. — сүгэн, сатыы айаҥҥа туруммут. Тыраахтар тоҕута түһэн кэбиспит суола, уута-бадараана хаамарга бэрт эрэйдээх эбит да, Миитэрэй Ээйиигэ отчуттар күнүс ходуһаттан чэйдэригэр тахса иликтэринэ тиийбит.

Дьонноро үрэх үрдүгэр балааккаҕа сыталлар эбит. Кэпсэтэ олорон ыалдьыт дьиэлээх хаһаайын Балгый диэн аатырбыт булчут ытын моонньугар туох хаптаһынын баайан сордуу сылдьарын ыйыппыт. Кырдьык, салаҥ улахан уҥуохтаах маҥан ыт илин атахтара нэһиилэ көстөллөрүн курдук хаптаһыны ыйаан сылдьаллар эбит. Онуоха Хоноос “ити маһын ыллахха ыт тыаҕа кый бырах баран хаалыа, ол сылдьан оҕолоох тайаҕы булан оҕотун тутан сиэ” диэн быһаарбыт.

Киэһэ 50 мм-дээх харахтаах илимҥэ иҥнибит собону буһаран сиэбиттэр. Өрүскэ үппүт илимнэриттэн хас да быйыты, майаҕаһы, сордоҥу ылбыттар. Бу сылдьан Хоноос “балыктар таҥнаран эрэллэр, урут баччаҕа майаҕас, быйыт туппат буолара” диэн кэпсээбит. Киэһээҥҥи аһылыктарын аһаан баран, утуйбуттар. Күһүн буолан добуочча эрдэ хараҥарар эбит.

Миитэрэй Хоноостуун утуйардыы атахтаһан сыппыттар. Миитэрэй уута кэлбэккэ сыттаҕына, таһырдьа Балгыйдара балаакканы тула сүүрэ сылдьан үрэн барбыт. Саҥата улахана сүр, киһи хайдах да тулуйан-тэһийэн утуйа сытар кыаҕа суох. Дьонноро ыттара үрэригэр үөрэнэн хаалан дуу, хайдах дуу, кыратык да долгуйбакка-наадыйбакка утуйан хаалбыттар. Ыалдьыт тулуйа сатаан, балааккаттан тахса-тахса чуҥнаан көрөн баран, хаһаайыны уһугуннаран: “Ити ыт тугу тохтообокко үрэрий, тахсан көрдүм да — туох да суохха дылы”, — диэбитигэр, киһитэ: “Кыһаллыма, утуй. Манна ыт эрэ барыта үрэр. Сарсыарданан уурайыа. Дьахтар сылдьарын үрэр”, — диэн бэрт боростуойдук быһааран баран сапсыйан кэбиспит, утуйан хаалбыт. Ол курдук, Миитэрэй бу түүн хараҕын кыратык да симмэккэ эрэй бөҕөтүн көрөн хоммут. Халлаан сырдаабытыгар, ыт үрэ-үрэ өтөх диэки бара сылдьан бүтэһиктээхтик “хонтуруоллаан” кэлэн баран тохтообутугар эрэ утуйбут.

Сарсыныгар Миитэрэй отчуттар омурҕаҥҥа тахсыахтарыгар диэри утуйбут. Хайыай, туос иллэҥ киһи буоллаҕа. Дьонноро чэй оргутан баран Миитэрэйи уһугуннарбыттар, аһаан баран күөлгэ киирэн кустууругар сүбэлээбиттэр, киэһэнэн кус күөл атахтарыгар мустарын билиһиннэрбиттэр.

Киэһэ отчуттар тахсалларыгар Миитэрэй уонча кустаах тоһуйбут. Чэйдии олорон кини дьиэлээхтэртэн ыт түүн тугу үрэн утуппатын ыйыталаспытыгар, Хоноос барытын саас-сааһынан быһааран биэрбит:

— Мантан чугас былыргы өтөх баарын, бука, көрдөҕүҥ буолуо. Ити өтөххө былыр дьахтар ыйанан өлбүтэ үһү. Дьоннор билиҥҥэ диэри илэ сылдьар диэн кэпсииллэр. Ити турар дьиэ иннинэн айан суола ааһар. Онон ааһан иһэр дьоҥҥо дьиэттэн тахсан көрөн турар буолар үһү. Мин күнүс биирдэ ити дьиэҕэ киирэ сылдьыбыттааҕым. Дьиэҕэ сыһыары хотонноох, дьиэ иһиттэн киирэн көрдөххө хотоҥҥо киирэр аан аһаҕас аҥайан турар. Аанынан киирээти кытта уҥа көмүлүөк оһохтоох, хаҥас өттүгэр мас ыскамыайкалаах остуол турар. Бу өтөххө биирдэ кыһын сыарҕалаах атынан бултаан кэлэн иһэн Баппат Баһылай хоно сатаан турардаах. Кини бэйэтэ ханнык да абааһыны-таҥараны билиммэтэх, баламат, куттаһа суох киһи этэ. Булчут атын иҥнэри түспүт сэргэҕэ баайан баран, таҥаһын, ыһыгын ылан дьиэҕэ киирбит, уот оттубут, солууругар хаары киллэрэн уотугар уурбут. Быһата, хонордуу тэриммит. Дьиэ иһэ син сылыйбыт. Баһылай остуол таһыгар баар орон дуомугар таҥаһын сылытаары тэнитэ уурбут. Ол кэмҥэ чэйэ оргуйбут. Хоноһо чэйин таһааран, аһын хостонон аһаары оҥостубут. Бу олорон, куруускатыгар чэй куттаары солуурун илиитигэр ылан баран өйдөөн көрбүтэ, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, моонньугар быа соһуулаах дьахтар киирэн оһоххо илиитин саратан, киниэхэ кэннинэн буолан иттэ турар эбит. Улуу дьаалы ыар тыыныгар баһыйтаран, сибилигин үөрэ-көтө күүдэпчилэнэ турбут уот бэрт нэһиилэ кылайан умайар буолбут. Бэл, уот кытта торуттар буолар эбит. Баһылай, эппитим курдук, улахан хорсун, куттаҕаһа суох киһи этэ. Ол ынырык көстүүттэн, бэл, кини саллыбыт. Ити да гыннар, бэрдин бэрт, таҥаһын суулаан хонноҕор кыбыммыт, аһылыгын мөһөөччүгэр төттөрү хаалаан илиитигэр ылбыт, иккис илиитигэр оргуйбут уулаах солуурун туппут уонна иттэ турар дьахтар аттынан аа-дьуо тахсан барбыт. Анарааҥҥы баҕайы кини тоҕо манна кэлбитин, бу айылаах ыксаан ханна куотан эрэрин эҥин туоһулаһа барбатах, турбутун курдук кэннинэн туран хаалбыт. Эргиллэн да көрбөтөх. Баһылай айан суолунан балачча барбахтаан эрэ баран, сыарҕатын үрдүгэр олорон чэйдээбит. Ити курдук түүннэри айаннаан бөһүөлэккэ кэлбит. Онно кини оннугар атын киһи эбитэ буоллар, туох дьаабы буолуо биллибэт этэ.

Баһылай кэпсииринэн, ол дьахтар аттынан ааһан истэҕинэ бэрт амырыын, үүт-үкчү сытыйбыт өлүнньүк курдук сыт муннугар саба биэрбит үһү... Быһата, ол дьахтар күн бүгүнүгэр диэри илэ-бодо чуҥнуу, кэлэ-бара сылдьар. Ол иһин бу дойдуга ыттар киһини сүгүн утуппаттар.

Миитэрэй бу үтүө дойдуга үс хонон баран, уонча кустаах, биир солуур тууһаммыт балыктаах, бэркэ сынньанан бөһүөлэккэ төннөн кэлбитэ. 

Дмитрий Дорофеев,

Мииринэй, Арыылаах.

Санааҕын суруй