Биэс уонус хаарбын санныбар түһэриэхпэр диэри олордум ини, суох ини, ол гынан баран бачча сааспар диэри “ону-маны” көрө иликпин, – диэн Сэргэй Сэмэнэбис үстэ силлии-силлии кэпсээнин саҕалыыр. – Ол эрээри бэриэтчит диэн баар быһыылаах. Итэҕэйэбин. Ону маннык түбэлтэ буолбутун кэннэ итэҕэйэр буолбутум.
Биир күһүн үһүө буолан Мүрү эбэҕэ кустуу киириэхтээх этибит. Мин, оччолорго оскуоланы саҥа бүтэрбит уол, аҕам уонна аҕам убайа буолан. Абаҕам туох эрэ төрүөтүнэн биһигини кытта киирсибэтэҕэ, “киэһэлик матасыыкылынан тиийиэҕим” диэбитэ. Инньэ гынан аҕабыныын тыраахтарынан иккиэйэҕин эбэбитигэр киирбиппит. Киэһэ борук-сорук түһүөр диэри дурдабытыгар олоро түһэн баран, син тэйиччи турар өтөхпүтүгэр утуйа тахсыбыппыт. “Убайым кэлэрэ буолуо” диэн, аҕам чэй өрө-өрө кэтэһэ сатаабыта да, киһибит кэлэн быстыбатаҕа. Арай утуйардыы сытынан эрдэхпитинэ, суолга матасыыкыл тыаһаабыта. Айылҕа уу чуумпу, барыта иһийэн турар буолан, матасыыкыл тыаһа олох чуолкайдык иһиллэрэ. Бэйэҕит да билэргит буолуо дии, матасыыкылынан айаннаан иһэн кэпсэттэххэ, туораттан киһи саҥата букатын доргуйан олорор буоларын. Ол курдук, матасыыкыллаах дьон кэпсэтэр саҥалара биир кэм күүгүнээн олороро. “Хайаларын олордон истэҕэй?” диэн аҕам муодарҕаабыта. Оттон дьоммут өр да өр айаннаабыттара. Халлаан хараҥаран барбыта. Хараҥаҕа фара уота ыраахтан сандааран көстөр буолааччы, ол гынан баран бу дьоммут фараларын уота тоҕо эрэ мэлигир этэ. Сотору буолаат, дьоммут батыллар тыастара иһиллибитэ. Матасыыкыллара өрө бирилии түспүтэ, дьон үөхсэн барбыта. “Тыый, табыллыбатылар, көмөлөһө барыах!” диэн аҕам миигин ыҥыран, матасыыкыл батыллыбыт сирин диэки барбыппыт. Киэҥ-киэҥник атыллаан матасыыкыл батыллыахтаах бадарааныгар тиийбиппит. Онно көрбүппүт, биир да суол-иис суох. Олус муодарҕаабыппыт. Хайыахпытый? Төнүннэхпит дии. Өтөхпүтүгэр төттөрү кэлэн, элбэх саҥата-иҥэтэ суох утуйан хаалбыппытын өйдүүбүн.
Сарсыарда көҕөн уонна чөркөөкү киирэн, кыратык бултуйан, үөрүү-көтүү бөҕөтө буолбуппут. Убайым олох биллибэтэҕэ. Арай киэһэлик, били, бэҕэһээ матасыыкыл тыаһаабыт кэмигэр, эмиэ матасыыкыл тыаһаабытынан барбыта. Бу сырыыга фара уота ыраахтан сандааран көстүбүтэ. Өр-өтөр буолбатаҕа, убайым улахан уола Сүөдэркэлиин айаннаан иһэллэрэ көстүбүтэ. Эмиэ бэҕэһээ курдук бадарааҥҥа кэлэн кыратык киҥнэнэ түспүттэрэ. Биһиги аҕабыныын олус дьиктиргии санаабыппыт. “Дьоммут бэриэтчиттээхтэр быһыылаах” диэн сэрэйбиппит.
С.Попов кэпсээнэ,
Уус Алдан улууһа.
Хара былыт
Бу түбэлтэни биһиги бырааппыныын эрэ билэбит. Өрдөөҕүтэ буолбута. Оччолорго оскуола оҕолоро этибит. Кэлин улаатан баран, айылҕаҕа эҥин араас дьикти көстүү баар да буолар эбит дии саныыр буолбутум. Оттон ол саҕана айылҕа биир дьиктититтэн сүрдээҕин куттаммыппын өйдүүбүн.
Биирдэ эһэбит синньигэс тииттэри күрүө баҕаната гынаары сууллартаан, тыраахтарынан состорон аҕалтарбыта. Биир итии күн биһигини, орой мэниктэри, хатырыктыырга соруйбута. Инньэ гынан сытыы күрдьэхтээх, чохороон сүгэлээх эһэлээх эбэбитигэр кэлэммит мас хатырыктыы сылдьыбыппыт. Мас хатырыга үчүгэйдик кэлэр буолан, хаадьылаһа-дьээбэлэһэ, тиритэ-хорута үлэлээбиппит. Арай ол турдахпына, туох эрэ хараҥа кэлэн мин үрдүбүнэн күн сырдыгын сабардаан кэбиспитэ. Өрө хантайан көрбүтүм, кыра хап-хара былыт мин үрдүбэр кэлэн үллэҥнии аҕай турар эбит. Өссө эбиитин кыратык чаҕылҕанныыр эҥин курдук.
Биһиги, оҕолор, ол былыты көрөн, кыратын аанньа сэнээн, ыйа-ыйа күлэн тоҕо барбыппыт. Күллэхпит аайы былыт хараардар харааран испитэ, этиҥин тыаһа улааппыта. Оннук үллэн-үллэн баран, эмискэ солуурдаах уунан кутан барбыта. Уута наһаа тымныы этэ. Биһиги титирэстиэхпитигэр диэри тоҥмуппут. Күлбүппүт-салбыппыт ханан да суох буолбута. Сүрдээҕин куттанан, бырысыап анныгар киирэн, саһан хаалбыппыт. Хара былыт балайда ардыы түһэн баран, улам сырдаан, күүгэн курдук маҥхайан илин диэки уста турбута. Ол кэннэ тула чалбах бөҕөтө тахсыбыта. Билигин санаатахха, наһаа да дьикти түбэлтэ буола сылдьыбыт эбит. Күрүлүүр күнүс, биир да былыта суох ыраас халлааҥҥа, итиччэ намыһаҕынан туох хара былыта кэлэн ардаан-самыырдаан, этиҥ уонна чаҕылҕан аргыстаах кэлэн барбыта буолуой? Ити кэнниттэн, куһаҕаны биттэниэҕи, биһиги аймахха туох да быһылаан буолбатаҕа. Сайын этэҥҥэ ааспыта. Быһата, айылҕа дьикти көстүүтэ көстөн ааспыта буолуо ээ дии саныырбар эрэ тиийэбин.
Александр Марков,
Чурапчы улууһа.
Өлбүт дьахтар
Бу дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэни миэхэ эбэм кэпсээбитэ.
Урут, кыра эрдэхтэринэ, бөһүөлэк оҕолоро бары мустан киэһэ аайы, үгэс курдук, оонньуур-көрүлүүр, мээчиктиир эбиттэр. Бөһүөлэк кыра буолан, дьон бэйэ-бэйэлэрин наһаа үчүгэйдик билсэллэрэ үһү.
Киэһээҥҥи ыам кэнниттэн оҕолор үгэстэринэн чугастааҕы алааска оонньуу тахсыбыттар. Астына оонньоон-көрүлээн, сүүрэн-көтөн баран, күн бүтэһик сардаҥалара арҕаа куула тыаҕа киириэхтэрин иннинэ дьиэлэригэр тарҕаспыттар. Эбэм дьүөгэтиниин дьиэлэригэр сырсан иһэн уун-утары олохтоох эдэр дьахтары көрсө түспүттэр. Ол дьахтар киэһэ аайы күөлгэ оҕуруотугар уу баһа киирэрэ эбитэ үһү. Дорооболоспуттарыгар дьахтардара уруккутун курдук үөрэ-көтө хардарбатах, төттөрүтүн, хайдах эрэ мух-мах туттан, сирэйин кистээн, умса көрөн баран ааһа турбут. Оҕолор дьиктиргээбиттэр эрээри, улахаҥҥа уурбакка сүүрэн элээрэ турбуттар. Арай ол дьахтар дьиэтин таһынан ааһан истэхтэринэ, дьон-сэргэ мустубут эбит. Кырыы-кырыытынан айманан турар киһи быыһынан өҥөйөн көрбүттэрэ, били, соторутааҕыта көрсүбүт дьахталлара тиэргэнигэр өлө сытара үһү. “Онтон наһаа куттаммытым уонна дьиибэргээбитим” диэн, эбэм кэпсээнин түмүктээбитэ.
Л.Е. Ноговицына,
Үөһээ Дьааҥы улууһа.
Биир күһүн
Биир күһүн, от үлэтэ бүппүтүн кэннэ, ыраах Амма уҥуор отторбор күрүө туруора бардым. Онно атаспыныын күөл үрдүгэр кыттыгас үүтээннээхпит. Атаһым, ойоҕо ыалдьан, оройуон киинигэр киирсибитэ.
Дьиҥэр, күрүө оҥорон баран иккиэн кустуу түһүөхтээх этибит. Ол былааммыт табыллыбатаҕа. Онон соҕотоҕун кэлээскэлээх матасыыкылбын холхуос паромунан туоратан, элээрдэн иһэн, аара суолга моһуогуран, киҥим-наарым холлон, ходуһабар кыратык хойутаан кэллим. Бириэмэ ырааппыт, онон үүтээммэр тиийэ сорумматым. Тута ходуһаҕа хаалан күрүөбүн оҥорбутунан бардым. Бу күрүө саҥа буолан, маһа-ото барыта биир оннук. Инньэ гынан киэһэлик сылайыы бөҕөтүн сылайдым. Үүтээммэр нэһиилэ сүөдэҥнээн тиийдим. Сарсыарданан кустаан баран төннөр санаалаахпын. Онон чэй оргутан, ыһыкпын мотуйан баран, сылаам таайан, наара ороҥҥо олорон эрэ утуйан хаалбыппын. Арай түүн оройо туох эрэ тыаһыттан уһуктан кэллим. Үүтээним иһэ ыас хараҥа. Өйдөөн көрбүтүм, доҕоор, оһоҕум таһыгар ким эрэ күлүгэ барыаран турарга дылы. Алаадьы астыыр курдук туттар-хаптар, арыы тыаһа биир кэм сып-сырылас. Оһох буоллаҕына, бу сайын ардахха оттубуппутуттан оттуллубакка турара. Олус диэн соһуйдум, куттаныах да буолан бардым. Онтубун кыйдаары улаханнык сымыйанан сөтөллүбүтэ буоллум. Били, алаадьы астыырга дылы күлүгүм ах баран хаалла. Арай куһаҕан баҕайы сыт-сымар аҥылыйан муннубар саба биэрдэ. Мин, дьэ, дьиҥнээх абааһыга түбэспиппин диэн өйдөөтүм. “Хайдах баҕайыный? Саҥа үүтээҥҥэ туох абааһыта кэлбит үһү?” диэн санааҕа-онооҕо ыллардым аҕай. Курбар иилинэ сылдьар сахам быһаҕын кыыныттан хостоотум, эрэх-турах санааланным. Абааһы саба түһээри гыннаҕына киирсиэҕим дии саныыбын уонна биир уһугунан сарылыы түһэн баран таһырдьа ойуохпун баҕарабын. Ааным оһохтон чуп-чугас турар. Онон күтүр тааҕы-таах харбаан ылар кыахтаах. Инньэ гынан тыыммакка эрэ олордум ээ. Оттон абааһым тугу эрэ буһарбытын курдук буһара турда. Хобордооҕо сүрдээх улахан быһыылаах. Наар кут да кут буолар. Оннук тыҥ хатыар диэри сырылатта. Сырдык түннүгүнэн киирээтин кытта били күлүгүм уонна куһаҕан сыта-сымара сүтэн хааллылар. Мин көһүйүү бөҕөтүн көһүйбүт да буолларбын, тута таһырдьаны былдьастым. Ыраас салгыны толору түөспүнэн тыынан баран, уот оттон, сирим-дойдум иччилэриттэн көрдөстүм-ааттастым. Ол кэннэ үүтээммэр соҕотоҕун хоно иликпин. Ол ынырык түүн иккистээн хатыланнаҕына, бука, сүрэҕим хайдыа диэн куттанабын.
Григорий Старостин,
Амма улууһа.
Дьиҥнээх түбэлтэ
Аҕам урут кэпсээбит иччилээх кэпсээнин ааҕааччыларга хайдах өйдөөн хаалбыппынан тиэрдэргэ соруннум. Хаһан даҕаны хаһыакка суруйбатах кырдьаҕас, тылым-өһүм арыыйда судургу соҕус буолара буолуо.
Урут-уруккуттан “уус тыллаахтар”, “суруксут оҕонньоттор” ахсааннарыгар киирбэппин. Үйэм тухары төрөөбүт бөһүөлэкпэр холкуоска, сопхуоска, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитим. Ол да буоллар былыргы сэбиэскэй хаһыаттары уонна сурунааллары оронум баһыгар ууруна сылдьан сөбүлээн ааҕааччыбын. Онон үөрэҕэ суох оҕонньор суруйуутун тыла-өһө мөлтөх диэн, наһаа баалаабаккытыгар көрдөһөбүн.
Былыр аҕам оҕо сылдьан кыайан утуйбакка эрэйдэнэ сыппыт. Күһүҥҥү түүн ыйдаҥалаах халлаана хос иһин сырдатара эбитэ үһү. Арай ол сыттаҕына, оһох кэнниттэн кыра уҥуохтаах оҕонньор тахсан кэлбит уонна оһох үрдүгэр ыттан олорунан кэбиспит. Ый уотугар баттаҕа маҥхайан көстөрө үһү. Аҕам ол дьикти оҕонньору көрөн, дэлби куттанан, атахтаһан утуйа сытар эдьиийин уһугуннарбыт. “Көр-көр” дии-дии оҕонньору ыйбытыгар, анараа күтүр кинилэр диэки уоттаах хараҕынан көрбүт. Оҕолор куттанан, суорҕанынан бүрүнэн кэбиспиттэр. Оҕонньор кинилэргэ хааман сырдырҕаан кэлэрэ иһиллибит. Суорҕаны кыратык тардыалыыр курдук буолбут. Онтон кинилэри утары утуйа сытар убайдарын оронугар сырдырҕаан тиийбит. Ол баран орон үрдүгэр тахсар уонна долбууртан кыптыыйы ылар тыаһа иһиллибит. Сотору буолаат, абааһы тугу эрэ кырыйан барбыт. Аҕам суорҕан анныттан кистээн көрбүтэ, оҕонньор атын хоско ааһан хаалбыт. Былыр аҕам дьоно аах биир эдэр ыаллары кытта дьукаахтаһаллара эбитэ үһү. Ол дьон кыһыл оҕолоохторо үһү. Өр-өтөр буолбатах, эһээхэй оҕо ытаан эйээрэн бырбыт. Аҕам эдьиийиниин дьонноро турбуттарыгар түүн тугу көрбүттэрин кэпсээбиттэр. Били абааһы оҕонньор убайдарын үрдүгэр кумааҕы кырыйбыт кыырпахтара сыталлара үһү. Ол кэнниттэн аҕам утуйарыгар сыттыгын анныгар наар саха быһахтаах утуйар буолбут. Оттон били ытаабыт оҕо өр буолбатах, сотору буолаат, иһэ таарымталанан өлөөхтөөбүт. Оттон убайа сааһыары эмискэ сөтөл буолан, эмиэ күн сириттэн күрэнээхтээбит. Онтон ыла били абааһы оҕонньордоро биирдэ да көстүбэтэх.
Н.К. Петров,
үлэ бэтэрээнэ,
Уус Алдан улууһа.