Киир

Киир

Манна кэпсэнэр барыта кырдьык буолбатах. Сороҕун дьонтон истибитим, сороҕун онтон-мантан «сойбоппутум», ону, көрү-нары тарда таарыйа, бэйэм ааппыттан кэпсиибин.
 
Олуурдаах ыйытыктар...
 
Лэкиэстээх кыыстара Аанчык – адьас аллар атаһым. Хас субуота, өрөбүл аайы эрдэттэн кэлэрбин сураһан, кэтэһэр ахан. Хайа кэллим да, сүүрэн кэлэн сыллатан «абыраан» баран, хас сиэбим аайыттан кэмпиэт, сакалаат, сороҕор эҥин араас оонньуур булан ылара үчүгэйэ сүрдээх буоллаҕа дии...
Дьоно, бэлэм оҕо көрөр киһи кэлбитин туһанан, куоракка ол-бу соруктарыгар, ардыгар түүннэри «тыын таһаара» бараллар. Оччоҕо биһиги, дьэ, күннүүбүт. Салгын сии таһырдьа таҕыстахпытына, чугастааҕы маҕаһыыны барытын кэрийэбит уонна тугу сөбүлүү көрдүбүт да ылан иһэбит – сарсыҥҥы күнүгэр мөҕүллэрбитин билэр да буолларбыт, сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар диэбит курдук...
Кэлэммит, сылайан охтуохпутугар диэри оонньуубут. Ол сылдьан, арааһы кэпсэтэбит. Мин кинини хаһан да албыннаабаппын билэр буолан, саамай уустук, кистэлэҥ ыйытыыларыгар хоруйдата сатыыр.
Холобур:
– Дьээдьэ Дьы, Мааһыҥкаҕа дьоно быраат аҕалбыттар, оттон миэхэ суох. Эн тоҕо миэхэ хаһан да аҕалбаккын?
– Мм-м... хм-м... Оттон кыччыгый бырааты ийэлээх аҕаҥ аҕалыахтаахтар. Атын киһи аҕалыа суохтаах.
– Тоҕо?
– Тоҕо диэтэххэ, мин ылбыт оҕом миэнэ буолар буоллаҕа дии. Холобур, эн ийэлээх аҕаҥ оҕолороҕун дии, ол курдук.
– Оттон оҕону кинилэр хантан ылалларый?
– Хм-м... м-да... Хантан да ылбаттар. Ийэлээх аҕаҥ бэйэлэрэ оҥороллор.
– Хайдах оҥороллоруй?
– Хм-м... Хм-м... Оттон ити биһиги пластилинынан дьону оҥоробут буолбат дуо, ол курдук.
– Оччоҕо кини хайдах ийэтин иһиттэн тахсарый? Мааһыҥка быраата ийэтин иһиттэн тахсыбыт дии?
– Хм-м... Хм-м... Оттон аҕалара, оҥорон баран, ийэлэригэр биэрдэҕэ дии, ону ийэлэрэ ыйыстан кэбиспитэ, иһигэр кыратык олорон баран таҕыстаҕа дии.
– Оо, оччоҕо мин хаһан да бырааттаммат буоллаҕым дии! Аҕам сатаан тугу да оҥорбот ээ. Ээ, оттон эн миэхэ оҥорон биэр ээ. Мин сиэм буоллаҕа дии...
– Кэбис, доҕор, бу киһи! Эн искэр бэйэҥ саҕа киһи киирдэҕинэ, иһиҥ хайдан өлөн хаалар буоллаҕыҥ дии.
– Оччоҕо ийэбэр оҥорон биэриий!
– Хм-м... һы... һы... Ити буоллаҕына... Ээ... Ийэҥ атын киһи оҥорбутун сиэтэҕинэ күүскэ да күүскэ сүһүрүөн, ыалдьыан сөп. Ол иһин аҕаҥ эрэ оҥоруохтаах.
– Оттон эн аҕабын хайдах оҥорорго үөрэтиэҥ дуу?
– Ээ, ону баҕас аҕаҥ миигиннээҕэр үчүгэйдик билэрэ буолуо... Арааһа, үлэтэ элбэх буолан, солото суоҕа буолуо. Уонна ийэҥ наһаа хатыҥыр дии. Иһэ кыра соҕус. Онон оҕо баппат буолуохтаах. Кыратык уойуо этэ. Оччоҕо иһэ улааттаҕына – бырааттаныаҥ буоллаҕа дии...
– Оччоҕо мин ийэбэр элбэҕи аһаа диэҕим!
– Хата, инньэ диэ. Үчүгэйдик аһаатын...
Биир ыарахан ыйытыы быһаарылыннаҕа ити.
 
Күрүлгэн. – 2008. – 2-с №.