Киир

Киир

Манна кэпсэнэр барыта кырдьык буолбатах. Сороҕун дьонтон истибитим, сороҕун онтон-мантан «сойбоппутум», ону, көрү-нары тарда таарыйа, бэйэм ааппыттан кэпсиибин.

Кэлэйбит

Маны, ааһан иһэн, дуобат-саахымат киинигэр киирэ сылдьан, бэйэм түбэһэн көрбүтүм.

Баҕар, туох эмэ буолара буолуо диэн киирбитим – ким да суох. Арай аллараа этээскэ оҕонньоттор саахыматтыы олороллор. Мин дуобатчыттары көрүөхпүн баҕарабын. Саахымакка наадыйбаппын.

Үөһэ тахсабын. Иккис этээскэ улахан баҕайы саалаҕа биир быычыкайкаан оҕону саахымат тренерэ эрчийэ олорор эбит. Дуоскаларыгар хас да фигура турар.

Тренер ыйытар:

– Бу хоруолгар саба түһүү оҥордулар. Ону ким көмүскүүрүй?

Оҕото тренерин диэки көрөн кэбиһэр, саҥарбат.

– Бу хоруолгун слон сиэри гынна дии, ону ким көмүскүүрүй? – тренерэ тулуурдаахтык иккиһин ыйытар.

Оҕото хайдах эрэ муода баҕайытык тренерин сирэйин одуулуур уонна эмиэ тугу да саҥарбат.

– Хайа, доҕоор, толкуйдаарыый, ким көмүскүүрүн болҕойон көрүүй, көстөр дии... – тренербит да холку, син биир ыйыппытын ыйыта олорор.

– Ээ... ээ... Оттон ким кинини көмүскүөй?.. Мин буоллаҕа дии! – оҕото отой кэлэйбит куолаһынан тренерин диэки сүр улаханнык көрөн олорон эппиэттээн саайар.

Күрүлгэн. – 2008. – 2-с №.