Киир

Киир

Былыр Күүкэй Маарыгар Тураҥнаах диэн сиргэ аатырбыт Испирдиэн Бэрииһэп диэн ойуун олорбут. Бу киһи ойуунунан даҕаны, күүһүнэн даҕаны биллэр, онуоха эбии дьахтарымсаҕа бэрт этэ диэн, ситэрэн кэпсииллэрэ. Булчутунан эмиэ бэрдэ үһү. Ол саҕана, Күүкэй нэһилиэгэ Хаҥалас нэһилиэгиттэн арахса илигинэ, Испирдиэн ойуун кинээс сололоох эбит. Оччотооҕу кинээстэр өлбүгэ харчытын уонна түүлээҕин хомуйан, Дьокуускай суутугар бэйэлэрэ быһа киллэрэн туттараллара үһү. Өлбүгэ туттарар кинээс элбэх этэ дииллэрэ. Олор бэйэ-бэйэлэрин кытта куоталаһан, ат киэнэ талыытынан сылдьаллара үһү. Ити гынан ол дойду сирин-уотун, дьонун-сэргэтин үчүгэйдик билэллэрэ уонна ардыгар өссө улахан ыһыахтарга түбэһэн, көр бөҕөтүн көрүлүүллэрэ диэн уос номоҕо оҥостоллоро.

Испирдиэн ойуун күһүөрү сайын өлбүгэ төлүү куоракка киирэр. Онно суолга таптаан, сөбүлээн түһэр ыаллаах. Төннөн иһэн ити ыалыгар хоно кэлбит. Эргэ туруорбах балаҕаҥҥа олороллор эбит. Дьиэ таһын көрбүтэ – үс саһаан кэриҥэ уһуннаах, быһайыҥҥы сулга сулуллубут элбэх баҕайы бөдөҥ бэрэбинэ таһыллан сытар. Маны куоракка киирэн иһэн өйдөөн көрбөтөх. Аны туран, тиэйэн кэлбит көлө суола суохха дылы эбит. Сир кырса бүтүн. Маны ойуун олус диэн сөҕө саныыр.

Дьиэҕэ киирбитэ, билбэт дьоно олороллор. Уруккулара көһөн хаалбыттар, ол дьон аймахтара эбит. Манна уонуттан саҥа тахсан эрэр уол оҕо, биир ситэ барбыт дьахтар уонна курбууламмыт толуу улахан уҥуохтаах сытыы-хотуу бэйэлээх биир эдэркээн дьахтар баар. Эр киһи сибикитэ биллибэт. Бу кыыс сүрдээх эйэҕэс майгылаах, сытыы-хотуу эбит. Кэпсэтэн-ипсэтэн, илэмэ-салама түһэн, хоноһотун аһатан, төрдүн-ууһун, хантан сылдьарын ыйыталаһар. Оттон Испирдиэн даҕаны эдэрин үгэнигэр сылдьар буолан, оччо сыстаҕас үчүгэй кыыска түбэһэн баран харыстаныа дуо. Ити курдук дьиэлээхтэр саҥа хоноһолорун үөрэ-көтө, манньыйа көрсөллөр.

Били уол оҕо хоноһоттон арахпат, иилиҥкэйдэһэ сылдьар. Хоноһо бэйэтэ даҕаны оҕомсох киһи буолан биэрэр. Иһирдьэ-таһырдьа киирэ-тахса сылдьан ойуун оҕоттон били тиэллибит маһы ыйытар. Онтун өссө өйдөөн-дьүүллээн көрбүтэ, күөх от үрдүгэр сааһыламмыт эбит. Оҕо: “Ээ, эдьиийим ойууртан сүгэн таһар. Ити эйигин аһаппыт эдьиийим...” – диир. Ойуун биир бэрэбинэни аҥаар баһыттан өндөтөн көрбүтэ, киһи кыайан сүгэр кыаҕа суох эбит. Улаханнык салла саныыр.

Бөҕө дьахтар бэрт оонньуулаах-күлүүлээх, элэккэй. Хоноһотун сураҕын уруккуттан истэн билэр эбит. “Мин эдьиийим эн айаннаан иһэргин истибит уонна тустан көрүөм диэн бэркэ кэтэһэр этэ. Эн кинини кытта тустуоҥ этэ дуо?” – диэн уол ыйытар. Онуоха хоноһото: “Сырайдаах хараҕын көрбөккө эрэ быһаарар кыаҕым суох. Көрбүт-билбит киһи хайыыра эбитэ буолла, саатар, дэлби сылайан иһэбин”, – диэн күрүө охсунар.

Били кыыс хотоҥҥо киирэн хаалар. Ону бу тоҕо киирдэҕэй, эдьиийэ итиннэ олороро буолуо дуо дии санаан, аан быыһынан одуулаһар. Ону били кыыс дьааһыктан түнэ сыалыйа ылан кэтэргэ дылы гынар уонна иһинэн тугу эрэ хаттанар.

Испирдиэн тугу да билбэтэх-көрбөтөх киһи курдук уҥа биллэриккэ кэтэҕиттэн тардыстан сытар. Били кыыс таҥаһын уларыттан, тас аанынан эдьиийэ буоллаҕа буолан, кубулунан киирэр уонна ону-маны кэпсэппэхтээн баран этэр: “Мин бу тыаҕа үөскээммин, тумаҥҥа муммут курдук бүгэн олорорбуттан тэһийбэппин. Тэҥнээхпин булан, оонньуоҕу-көрүлүөҕү баҕарбыт иһин, барыта бу эн курдук эр дьон буолаллар. Онтон дьулайаллар. Ол да буоллар таах олоруохтааҕар билсэ-көрсө таарыйа тутуһан көрдөххө хайдах буолуой?” – диэн, кыыс ыйытан хоноһотун соһутар.

“Билсиһии таһаара таарыччы кыратык хол холоһон көрүөххэ син этэ гынан баран, миигин, сылайан иһэр киһини, кыайарын кыайыаҥ. Ол бэйэҕэр үчүгэйэ суох буолуо. Иннибэр үүрүүлээх, кэннибэр сэтиилээх сылдьар кыдьыктаахпын. Онтон куттаммат буоллаххына, дьоҕойон хол хоҥнорсон да көрүөххэ”, – диэн толуннара этэр. Итинтэн дьулайан, кыыс тустарын тохтотор. Ойууну кыайдахпына, үөрэ-сүүрүгэ сүгүн олордуо суоҕа диэн дьулайбыта үһү.

Ити курдук кэпсэтэн, билсэн, бодоруһан, табаарыстыы курдук буолан хаалаллар. Киэһээҥҥи аһылыктарын аһаан, айан киһитэ атын ыытан утуйаллар. Хоноһолоро уҥа ороҥҥо соҕотоҕун утуйар. Били кыыс эдьиийин уонна эдьиийин оҕото буолан хаҥас диэки баар хоспоххо утуйаллар.

Ойуун Бөҕө дьахтарга саантаан уута букатын кэлбэт. Икки хараҕа чарбаччы тардан хаалар. Хайдах да буолуон билбэт. Ол сытан көрбүтэ, били кыыс утуйар таҥаһын туппутунан, хотоҥҥо киирэн хаалар. “Сотору тахсаарай” диэн, ойуун иһигэр кэтэһэн көрөр да, кыыһа тахсыбат.

Хоноһо оргууй туран таһырдьа тахсар уонна тас аанынан хотоҥҥо киирэр. Били кыыс сытарын көрөн, уот диэки баран сытынан кэбиһэр. Кыыс сүр күүскэ бэйэтигэр сыһыары тардан ылар. Онуоха ойуун уҥа-хаҥас ойоҕосторо ыпса сыһар. Тыына-быара хаайтаран, саҥарар да бокуойа суох буолар. Мөхсөн көрөөрү гыннаҕына, кыыс өссө күүскэ хам ылан кэбиһэр. Ыксыыр. Онон-манан туппахтаан бобута тута сатыыр да, атыыр оҕус самыытын курдук кыбыс-кытаанах. Нэһиилэ тыын ылан “ыыт” диэн көрдөһөр. Онуоха дьэ ыытар уонна “нуулдьаҕай соҕус эттээх-сииннээх киһи эбиккин” диир.

Дьэ, итинтэн ыла киһилии кэпсэтэн, көнсөн бараллар. Бөҕө дьахтары кэргэн ылыах буолан ый кэриҥэ олорор, ону-маны үлэлиир. Дэлби ыран-дьүдьэйэн, дьахтары кыайан баһыйбакка, аны саас уу-хаар тардыыта сүгүннэрэн илдьиэх буолан кэпсэтэн, дойдутугар эстэн-быстан кэлбитэ үһү.

Ол күһүнүгэр дойдутуттан Дэмийээн кыыһа Лаппаха Аана диэн дьадаҥы ыал кыыһын ойох ылар. Били Бөҕө дьахтары сүгүннэрэн аҕалыах буолбутун умнар. “Бэйэбиттэн ордук күүстээх дьахтары ойох ыллахпына, кута-сүрэ баттаан кылгас үйэлэниэм”, – диэн сылтах булбут. Ити кэргэниттэн Мордос Сэмэн, Саалаах Баһылай уонна Өһөөк Өндүрэй диэн күөх оту быһа тарпат өлөр мөлтөх дьон төрөөбүттэр. Кырдьан олорон Испирдиэн ойуун: “Үтүө дьахтарга түбэһэн бараммын, дьолум кыайбакка, ойох ылбатаҕым. Өскөтүн ойох ылбытым буоллар, ааппын ааттатар, туйахпын хатарар оҕо төрүөхтээх этэ”, – диэн кэпсиирэ үһү.

“Сэргэ төрдүгэр сэһэн” кинигэттэн.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар