Киир

Киир

Икки сүүстэн тахса сыллааҕыта биһиги түөлбэҕэ Киргиэлэй кинээстээх диэн ыаллар олорбуттар. Бу ыаллар отуччаларын ааһыахтарыгар диэри оҕоломмокко олорон баран, утуу-субуу үс кыыс оҕоломмуттар. Киргиэлэйдээх оҕолорун бэркэ таптаан, маанылаан, сөбүгэр атаахтатан улаатыннарбыттар.

Этэҥҥэ олордоххо, дьыл-күн ааһара түргэн. Улахан кыыс Мааны Маайа – 22, Кыҥкый Дуунньа – 19, Атаах Ааныска 17 саастарын ааспыттар. Ол тухары Киргиэлэй кинээс үлэтигэр үтүрүйтэрэн, кыргыттара саастарын сиппиттэрин өйдөөмүнэ сылдьыбыт. Кинээс үлэтэ элбэҕэ өйдөнөр: сир туһуттан дьон иирсээнэ, араас үҥсүү-харсыы, этиһии-охсуһуу, күһүҥҥү муҥха, сааскы ыһыах тэриирдэрэ, араас мунньахтар, суһал сорукка төттөрү-таары айан...

Киргиэлэй кинээс кыргыттара, бэрт эйэҕэс-сайаҕас дьон буолан, бэйэлэрин нэһилиэктэрин ыччатын кытта кыра эрдэхтэриттэн эмдэйдэһэн, бодоруһан улааппыттар. Ол эрээри, ордук от үлэтин кэмнэригэр, аҕалара “бу ыарахан үлэҕэ, от охсуутугар эр киһи күүһэ-кыаҕа тиийбэт, ол эһиги бэлэм оту мунньубуккут диэн кыра. Хайа дьоллоохтор уол оҕолоохторо эбэтэр күтүөттээхтэрэ буолла” дэтэлиир буолбут. Ону кыргыттара “бэйэҥ буруйуҥ, тоҕо уол оҕоломмотоххунуй?” диэн күлэллэр. Кыра кыргыттара “күтүөттэниэххин баҕарар буоллаххына, тоҕо наар Маайыһы эрэ симиигин, тоҕо биһиги кини сирбитин эбэтэр кыччаабытын эрэ кэтиэхтээхпитий? Ол кэннэ ким биһигини таба көрөн кэргэн кэпсэтэ кэлиэҕэй?” диэн саҥата суох ыыталлар.

Ол күһүн добдурҕа саҕана Тааттаттан биир уоллаах аҕа Маайысканы кэргэн кэпсэтэ кэлэн баран, кыыс кыккыраччы батан, төттөрү төннүбүттэрэ. Онтон Киргиэлэй санаата улаханнык алдьаммыта уонна кыһын тохсунньуга, араас көстүбэт бииһин ууһа, сүллүүкүн удьуора хойдор кэмигэр, кыргыттарын дьылҕаларын сэрэбиэйдэтэ, ыйдаҥарда, ойууннанарга быһаарыммыта. Хата, ол кэпсэтиилээх ойууна – өйүн өйдөөх – болдьохтоох кэмигэр тиийиэн иннинэ ити эҥээргэ олохтоох суорумньуһуту кытта булсубута. Ойууну кытта кистэлэҥ кэпсэтиилээх суорумньуһут, аҕалара суоҕугар, кыргыттарга кэлэн сиһилии кэпсэтэн, иннин-кэннин торумнаан, ол кэпсэтиигэ ахтыллыбыт дьону барыларын кытта сүбэлэһэн үлэ-хамнас бөҕөнү тэрийбитэ. Ол кэпсэтии түмүгэ барыта ойууҥҥа лоп-баааччы тиэрдиллэ турбута.

Туһааннаах кэмигэр ойуун айгыстан кэлэн, сиэрин ситэрэн, туомун толорон баран, былаайаҕынан чарапчыланан уҥа-хаҥас, илин-арҕаа хантаарыҥныы туран көрүү көрүүлэммитэ: “Киргиэлэй кинээс, дьиэлээх хотун, үс кыыскыт кэскиллэрин кэрэхсиир эбиккит. Бу туран көрүүлэннэхпинэ, Маайыска диэн улахан кыыскыт дьылҕата Хаҥас Алааска олохтоох Күүстээх Көстөкүүн диэн киһиэхэ тардыһар, инники дьылҕата ол диэки сырдаан көстөр... Орто кыыс Дуунньа кэскилэ Уҥа Алааска Сүүрүк Сөдүөт диэки хайыһан турар... Кыра кыыскыт Ааныска аналын антах Арҕаа Алааска олохтоох, ырыа-тойук куттаах Ырыа Ыстапааҥҥа ханыылыы көрдүм... Эһиэхэ этэрим диэн, бу алгыстаах күннэр ааһа иликтэринэ, эдэрдэри холбуур кэрэ кэпсэтиилэри тэрийиҥ, туһааннаах күнэ-дьыла ааһан хааллаҕына, алгыһым аҕыйыа, хомуһунум куччуо. Бытаарымаҥ. Барыта табылыннаҕына, аны сайын ыһыах саҕана улахан уруу тэрийиэххит, үөрүү-көтүү буолуо...” – диэн баран, ойуулаах-оһуордаах хамыйаҕын алҕаан баран, оһох уотугар сырайан ититэ түһэн баран төбөтүн үрдүнэн кыыраппыт. Ол курдук биирдии кыыс аатын ааттыы-ааттыы үстэ бырахпытыгар, түөрэҕэ барытыгар олоро түһэн испит.

Ойуун барбытын кэннэ, Киргиэлэй кинээстээх түбүк бөҕөҕө түспүттэр. Суорумньуһуту булан кэпсэтии, кыргыттар таҥастарын-саптарын, киэргэллэрин-симэхтэрин бэрийии... Онно хас да сүөһү туттуллубут.

Сааһыгар күтүөттэр кэлэн, көрсөн-билсэн барбыттар. Сааскы Ньукуолун саҕана Киргиэлэй кинээс үс кыыһын уруутун биир күн оҥорбута үһү...

Уонунан, сүүһүнэн сыллар хотоҕостуу субуһан ааспыттар. Ол Хаҥас Алааска олохсуйбут Күүстээх Көстөкүүннээх ахсыс-тохсус көлүөнэлэриттэн тоҥ маһы тоһута тыытар күүстээх, аатырбыт булчут, үтүө үлэһит Харытыанаптар, Атаакаптар, Көлүһүөптэр ууһаан тэнийбиттэр. Уҥа Алааска олохсуйбут Сүүрүк Сөдүөттээх ыччаттарыттан кэлин “Ичигэс” холкуос тэриллибитэ. Ааспыт сэриигэ ол холкуостан 20-тэн тахса эдэр киһи кыттыбытыттан, 9-һа кыргыһыы хонуутугар хаалбыта. Төннөн кэлбиттэртэн хорсун буойун В.П. Винокуровы-Чыбый Баһылайы, 400-тэн тахса өстөөҕү суох оҥорбут улуу снайпер Ф.М. Охлопковы-Бусхааны билэбит. Кинээс Киргиэлэй кыра кыыһа Атаах Аанчыктан билигин Арыы Толоон, Мөҥкө, Үөгэн устун тэнийэн Сэрэмээттэр, Дьэкиимэптэр, Ыстапаанаптар, Мөкүрдээнэптэр, Баабылаптар үөскээбиттэр.

Пантелеймон Дарбасов,

 Томпо, Мэҥэ Алдан.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар