Сэрэйдэххэ, Киев учуонайа, суруйааччы, бэйэтэ эмиэ гипноһу баһылаабыт акадьыамык Виктор Михайлович Кандыба туһунан истэн ааспыт буолуохтааххыт. Кини гипноз, өйүнэн салайыы-баһыйтарыы, ылыныы (внушение) уонна уйулҕа туругун үөрэтии чааһыгар билимҥэ тирэҕирэн, үтүмэн үгүс суруйуулары, арыйыылары оҥорбут учуонай.
Мантан салгыы кинигэ «Феномен шамана Георгия Герасимова» баһыттан көҥүл тылбааһы билсиҥ.
– Ойуун Георгий Герасимов 1899 сыллаахха Үөһээ Бүлүү 1-кы Үөдүгэй нэһилиэгэр төрөөбүт. Георгий оҕо эрдэҕиттэн улаханнык ыарытыйар эбит. Дьоно ыксаан, Ходьоорой Аппанаас ойууну ыҥырбыттар. Дьэ, ол киһи көмөлөһөн, үтүөрбүт. Ойууннуур анала арыллан, Уйбаан диэн кутуруксутун кытта Бүлүү улуустарыгар сылдьан, кэлин ыҥырыкка сылдьар улахан ойууҥҥа кубулуйбут. Тас көстүүлүүн, дьүһүннүүн, сөҥ куоластыын, уоттаах хараҕынан тобулу көрөрдүүн, киһи эрэ айылҕаттан аналлааҕын билэр кырдьаҕаһа этэ. Сыыйа кинини аатынан ыҥырбакка, Оҕо Ойуун (нууччалыы тиэкискэ Шаман-Обо) диэнинэн ааттыы сылдьыбыттар. Кини оччолорго да атын, иннинээҕи ойууттартан уратытык кыырар эбит. Үс дойдунан айаннаан уһуннук кыырбакка, тута эмтээбитинэн барара.
Биирдэ Өлүөхүмэ улахан баай ыалын кыыһа ньиэрбэтинэн таарымталанан, дьонун улаханнык долгуталаабыт. Араас ойууну ыҥыран көрдөрө, эмтэтэ сатаабыттар да, туһа суох. Онуоха Георгийы ыҥырбыттар. Онтулара харахтан сыыһы ылбыт курдук эмтээн кэбиспит! Дьэ, ити кэмтэн ойуун аата-суола киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн, көмөлөһөр дьоно үксээн, элбээн барбыт. Мантан ыла, Бадыл Ойуун диэнинэн биллэр буолбут.
* * *
Итинник сырыттаҕына Сэбиэскэй былаас өрөгөйдүүр. Ойууннааһын бобуллар. Георгий да, көрдөххө, туос аматыгар түһэн боростуой үлэһит, кэлин холкуос чилиэнэ буолар. Ити эрээри кыһалҕалаахтар син биир чып-кистэлэҥинэн кэлэн, киниэхэ көрдөрүнэр, эмтэнэр эбиттэр. Бу туһунан ким да улаханнык саҥарыа суохтааҕын хайалара да өйдүүллэр, билэллэр. Күн-дьыл биллибэккэ ааһан, Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланар. Сэриигэ ыҥырыллыбыт дьон Георгийга кэлэн, алгыс ылан бараллар эбит.
Виктор Кандыба Саха сирин ойууннарын, айылҕаттан айдарыылаахтарын туһунан балачча сэҥээрэн, ойуччу тутан үөрэппит, чинчийбит дииллэр. Холобур, 2000 с. «Загадочные сверхвозможности человека» диэн, киэҥ араҥа ааҕыытыгар анаан бэчээттэммит кинигэтэ ону туоһулуур.
* * *
Георгий бастакы кэргэниттэн икки оҕолоох. Кэргэнэ өлбүтүн кэннэ Мария Данилова диэн дьахтары кэргэн ылан, 8 оҕотун атахтарыгар туруорбуттар. Биэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэлээн баран, тэйиччи, Түҥ үрэх кытылыгар, тахсан олохсуйбуттар. Ыал аҕата холкуоска үлэлээбитин иһин 12 солк. биэнсийэлэммит. Оттон кинилэр элбэх оҕолоохторо. Үрэх баһа бултуурга-алтыырга, сүөһү-ас тутарга да табыгастаах диэн буолбут.
* * *
50-с сыллар бүтүүлэригэр Георгий олорор сириттэн 50-ча км сиргэ Никон Алексеевич Васильев-Ньыыкан Ойуун олохсуйан, дьону эмтиир сураҕа иһиллэн барар. Георгий «эмтиибин дуу, суох дуу?» диэн балачча өр толкуйга түһэр. Түһээтэҕинэ, наар дьону эмтиир. Баардаах баара тардар буоллаҕа. Ол эрээри Сэбиэскэй былааска «аны эмтиэм суоҕа, ойууннууртан аккаастанабын» диэн баппыыска биэрбитин умнубат. Ити курдук өй-сүрэх мөккүөрүгэр сылдьа сатаан баран, 1967 сыл күһүнүттэн дьарыгын сөргүтэргэ быһаарынар. Дьон ону истэн, эмиэ хотоҕос курдук субуллан барар.
Ыарыһахтар түһэр, тохтуур сирдэрэ суох буолан, кыайа-хото сайынын, дьон балааккаҕа хонор кыахтаах кэмигэр эмтиир эбит. Сайынын киниэхэ мотуорканан кэлэллэрэ. Тылгынынынан эргийэр дьон сөмөлүөттэнэллэрэ. Кырдьаҕас сарсыардаттан кутаа уот оттон баран эмтиир идэлээҕэ.
* * *
Тус бэйэм Георгий ойууну кытта 1968 сыл бэс ыйыгар, икки ыарыһах эмээхсини илдьэ таарыйа алтыспыттаахпын. Миэхэ, оччолорго эдэр устуорук киһиэхэ, тыыннаах ойууну кытта алтыһыы олус интэриэһинэй уонна сонун этэ.
Тылгыныга сөмөлүөтүнэн тиийбиппит. Ойуун олорор сирэ сэлиэнньэттэн 50 км тэйиччи эбит этэ. Ити сиртэн Үөһээ Бүлүү улууһун сирэ-уота саҕаланар.
Сарсыарда биһиэхэ сирдьити кытта биир аты анаабыттарыгар, таһаҕаспытын тиэнэн, суолга туруммуппут. Киэһэлик тиийиэхтээх сирбитигэр этэҥҥэ тиийбиппит.
Дьоҕус дьиэ оҕото (избушка), ампаар уонна хотон баара. Ол аттыгар балааккалар туруоруллубуттар. Чочумча буола-буола, Түҥ үрэх устун мотуоркалар сыыйылыннаран кэлэн тохтууллар.
Кэлбит дьон сиэринэн, дьиэҕэ аастыбыт. Мин кэнники киирэн, дьон кэннигэр турдум. Ол турдахпына: «Оо, ама дуу! Билигин да олус улахан, эдэр дьон бааллар эбит ээ! Эдэр киһи, бэттэх кэл!» – диэн, миигин ала-чуо ыҥыран ылла. Дьон суол аһан сэлэлээн биэрбиттэригэр саҥа диэки хаамтым. Көрбүтүм, курданарыгар диэри сыгынньах, орто уҥуохтаах, киппэ кырдьаҕас илиитин ууммутунан турар. Илии тутустубут. Ол тухары кырдьаҕаһым миигиттэн хараҕын араарбакка, хараҥа от күөхтүҥү хараҕынан тонолуппакка одуулуур, мичээрдиир.
Бэрт сотору дьонугар чэй оргутарга соруйда, миигин уонна аргыстарбын кэҥэс, халыҥ бириһиэн балааккаҕа олохсуйарбытыгар эттэ.
Чэйдээн баран, тэлигириэйкэбитин тэлгэнэн, утуйардыы сыттыбыт. Мин уум букатын кэлбэтэ. Түүннэри кэҕэ этэрин, мастар тыалтан хамсаан суугунаһалларын, хас биирдии сэбирдэх суугунун, күөх чээлэй от «сипсиэрин» истэ сыттым. Сытан эрэ саныыбын: «Тыаҕа тыас-уус элбэх эбит. Сүрдээн-кэптээн суруйалларын, сыанаҕа да туруоралларын курдук, ойууннар олох да куттала суохтар эбит. Оттон бу Георгий олох да олус үтүө санаалаах киһи».
* * *
Сарсыарда эрдэ туруу буолла, чэй оргуйда. Хаһаайка ынаҕын ыан киирэн, үүтүнэн күндүлээтэ.
Үрэҕинэн эмиэ хас да мотуорка кэлэн, ыалдьыттар, арааһа, 60-70 киһи буоллубут. Күн үөһэ ойбутун кэннэ кырдьаҕаспыт эмтээбитинэн барда. Туох да ойуун таҥаһа-саба, тэрилэ диэн суох. Тиэргэҥҥэ кутаа оттубуттар. Ол кутааттан 4-5 м тэйиччи уонча киһи тэҥинэн олороругар сөптөөх уһун ыскаамыйа турар.
Мин чугас турар чөҥөчөккө олорунан, кырдьаҕас хайдах эмтиирин кулгаах-харах буолан, көрөн олордум. Георгий эмтиир миэстэтигэр дьону мээнэ чугаһаппат эбит да, миигин туох да диэбэтэ. Ону «көҥүллээтэ» диэн ылынным.
Бастаан уопсай алгыстан саҕалаата. Дьэ, ол кэнниттэн дьону эр-биир эмтэтэлээн барда. Мин иккис бөлөх дьонун кытта олорсон, алгыһын барытын тылыттан тылыгар диэри өйдөөн истим. Кэлин эмтэммит дьонтон ыйыталаспытым, дьиктитэ диэн, туох диэбитин, саҥарбытын өйдөөн хаалбаттар эбит.
Георгий Герасимов дьону хайдах эмтиирин хас да күн итинник кэтээн көрдүм. Ити тухары кини да, мин да айах атан кэпсэппэппит. Саҥата суох өйдөһөбүт.
* * *
Кырдьаҕаска кыайан кэлбэт дьон туох эмэ таҥастарын дьонунан ыытан, эмтэнэллэрин аан бастаан көрөн, олус соһуйбутум.
Холобур, биир кыыс ийэтин былаачыйатын илдьэ кэлбит этэ. Оҕонньор кутаа аттыгар ол таҥаһы ылан, балачча өр тонолуппакка көрөн олорбута.
Ол кэмҥэ муннубар хайдах эрэ ириҥэ сыта аҥылыс гынна, харахпар туох эрэ баас хаҕа көстөн ааста. Онуоха мин «дьахтар тирии ыарыылаах буоллаҕа дуу?» дии санаабытым. Ол ыккардыгар кырдьаҕаһым: «Ийэҥ тирии баастаах уонна куртаҕа аһааҕырыылаах», – диэн тойонноото. Кыыс сөбүлэстэ. Ойуун тугу эрэ ботугураамахтаан баран, былаачыйаҕа үс төгүл силлээтэ. Онтун суулуу тутан баран, кыыска уунарыгар: «Маны олох арыйыма. Дьиэҕэр тиийдиҥ да, ийэҕэр кэтэрдээр», – диэтэ.
* * *
Аны, хас биирдии эмтэммит киһи аайы кырдьаҕас кыыһа кумааҕыга оҕонньор аатын суруйан туттарар. Оттон кырдьаҕас: «Ыарахан түгэн үүннэҕинэ эбэтэр ыарыыҥ бэргээтэҕинэ, ойуурга тиийэн кутаа оттоҕун. Ас кээһэҕит. Ынах арыытын, сылгы үрүҥ сиэлин эмиэ. Уонна миигин ыҥырар, кэтэһэр буолуҥ», – диир.
Мин оччолорго ол хайдах оннук кыаллыан сөбүн сатаан толкуйдаабатаҕым. «Оттон арай биир кэмҥэ хас да киһиэхэ наада буолан хааллын, оччоҕо?» диэн, ол санаабын таска таһааран, ыйытааччы буоллум. Кырдьаҕаһым бэрт холкутук: «Барыларыгар тиийэр кыахтаахпын. Көтөргө эбэтэр кыылга кубулуйан, ардыгар бэйэм да көстүүбүнэн, хайдахтаах да ыраахха тиийиэхпин сөп. Ыраах диэн (расстояние) өйдөбүл букатын да суох буолуон сөп. Ити – усулуобуна толкуйдаан таһаарыы. Ыраах диэн – суох». Салгыы ыйытабын: «Киһи хайдах көтөр эбэтэр кыыл буола кубулуйуон сөбүй?» Онуоха: «Бэл, оннооҕор сүдү талааннаах киһи итини ситиһэр туһугар өр уонна дьаныһан туран эрчиллиэн наада. Урут ити сатабылга эдэр уоланы кырдьаҕас ойуун үөрэтэрэ. Ол гынан баран туох барыта кэмнээх-кэрдиистээх. Ол – үөрэтии уонна ускуустуба биир сүрүн кистэлэҥиттэн биирдэстэрэ. Мин эйиэхэ өссө хас да улахан кистэлэҥи арыйыаҕым...»
* * *
Ойуун Георгий Герасимов, кырдьыга да, олох ураты, хатыламмат эмчит, аан айылҕа туһунан ураты дьиктитэ (феномена) этэ. Кини туһунан дьон кэпсэлигэр хаалбыт, кэлин бэйэм ол кырдьыктаахтарын илэ көрөн, ситэн итэҕэйбит дьиктилэрбиттэн сороҕун быктарыым:
1.1968 сыл сайыныгар Үөһээ Дьааҥы Сайдыытыттан Үөһээ Бүлүүгэ хас да киһи эмтэнэн диэн анаан-минээн айаҥҥа туруммут. Бөлөҕү Егор Прокопьевич Чириков диэн барараап киһи салайбыт. Ол туһунан кини миэхэ бэйэтэ 1972 сыл сааһыгар кэпсээбитэ.
Сайдыыттан ойуун олорор сиригэр диэри, быһа холуйан, 2000 км. Ити бөлөхтөн баара эрэ Егор Чириков кыайан кэлбит, ким Баатаҕайга, ким Дьокуускайга хаалбыт. Кинини көрөөт, Георгий кырдьаҕас саҥа аллайбыт: «Оо! Ыраахтан да кэлбиккин. Миэхэ кэлээри турунаргытыгар элбэх этигит ээ. Дьоҥҥун ханна гынаттаатыҥ?»
Чириков туран ыйыппыт: «Мин хантан кэлбиппин этиэҥ, сирбин-дойдубун ойуулуоҥ буолаарай?», – диэн. Бэрэбиэркэлээн эрэҕин диэн, кырдьаҕас ымыттан да көрбөтөх, бэрт холкутук: «Эн ыраах хотуттан кэлбиккин. Дэриэбинэ улахан эбэ хотугулуу-илин эҥээригэр түстэммит. Эбэҕит быһыыта улахан бэрэмэдэй курдук. Куба кыыл буолан тиийэн, уу баһар муостаҕыт аттыгар түспүтүм. Миигин онно куруһуун курдук, килиэккэ ойуулаах сатыын ырбаахылаах оҕонньор көрбүтэ. Кини нүксүгүр көхсүлээх, кэтит сарыннаах уонна урукку кэми сөбүлүүр. Итэҕэйбэт буоллаххына, ол кырдьаҕаһы көрсөн, ыйытаар даҕаны».
Чириков дьиэтигэр тиийбит уонна ол кэнниттэн хаһан да арыгы диэҥҥэ чугаһаабатах. Оттон кубаны көрбүт кырдьаҕас, уруккута нэһилэк кинээһэ Соловьев Николай Николаевич уола эбит.
Мин 1972 сыллаахха ол Н.Н. Соловьеву анаан көрсүбүтүм. Оруобуна Георгий ойуулаабытын курдук оҕонньор этэ. Төһө да кырыйдар, бөҕө-таҕа, киппэ көрүҥнээҕэ.
Кини кэпсээнэ Георгий кыаҕын чопчу бигэргэппитэ: «1968 сыл сааһыгар этэ. Арай туран уу баһа турдахпына, муоста олох чугаһыгар куба кэлэн түстэ. Миигин сүр болҕомтолоохтук одуулаһар. Киһиттэн куттаммат туох дьикти кубатай диэн, сөрү диэн сөхпүтүм. Дьиҥинэн, кубаҥ олох сэрэх кыыл ээ. Аны, ким эрэ бултуу барыа диэн, кимиэхэ да кэпсээбэтэҕим». Дьикти ээ!
2. Биир ыарыһах эмтэнэн кэлэн баран, мөлтөөрү гынан, оҕонньор эппитин курдук, кутаа оттон, аһатан, ыҥырбыт. Күүтэн көрбүтэ, туох да көстүбэтэх. Уолҕамдьы санаатыгар: «Ойуун албыннаабыт эбит. Хайдах да манна кэлиэ этэй! Сымыйа», – диэн, дьиэлээн испит. Аара арай бөрө сылдьар үһү. Ону маһынан эпчиргэлээн үүрбүт.
Эһиилги сылыгар, кыһалҕаланан буоллаҕа, эмиэ кырдьаҕаска тиийэр. Онто: «Эн кырыктаах уонна куһаҕан киһи эбиккин! Ыҥыран баран, маһынан сынньан ыытаҕын. Атын эмчити булун».
Дьэ, онуоха ол киһи элэ-была тылын этэн, көрдөһөн-ааттаһан туран эмтэппит. Ити курдук, ыраахтан эмтээбит түгэнэ элбэҕин дьон кэпсиир.
3. Били, ийэтин былаачыйатын илдьэ сылдьыбыт кыыс дьиэтигэр кэлэн, кырдьаҕас эппитин толорбут. Түүн дьиэлээхтэр бары кырдьаҕас илэ кэлэн, ыарыһах дьахтар оронун таһыгар турарын көрбүттэр. Бэрт сотору дьахтар үтүөрбүт.
4. Биирдэ Сунтаар улууһуттан эмтэммит дьон кырдьаҕаһы ыһыахха ыҥырбыттар. Оҕонньор тута сөбүлэспит. Ол сайыныгар ыһыахха эмиэ дьонтон куттаммат куба кэлэн, көстөн-биллэн ааспыт. Эрдэ дьону сэрэппит буолан, ким да кубаны тыыппатах.
5. 1969 сааһыгар кэргэнэ улаханнык ыалдьыбыт эр киһи Бүлүү Дьөккөнүттэн (Жемкон) кэргэнин таҥаһын илдьэ Георгийга айаннаабыт. Ол киһини кытта Васильевтар диэн саастаах ыал олороллор эбит. Ол ыал аҕата түүн түһээн көрдөҕүнэ, оһох турбатын таһыгар... тыатааҕы олороро үһү. Ону тиийэн билэр дьонугар: «Арааһа, ыалым, тиийиэхтээх кырдьаҕаһыгар тиийбит», – диэн кэпсээбитэ эмиэ баар.
Бэлэмнээтэ Лоһуура.