1977 с. сайыныгар Чурапчы оройуонун эрэ буолбакка, бүтүн Саха сирин аймаабыт Көмньө сайылык быһылааныгар өлбүт дьоҥҥо анаан, 2017 с. өйдөбүнньүк Мэҥэ таас уурбуттара. Ити ааспыт сыллар устата Көмньө олохтоохторо туохтан өлбүттэрэ биллибэккэ хаалбытын туһунан дөрүн-дөрүн суруйталаан көрө сырыттылар, суруйаллар даҕаны. Билигин бу дойдунан айаннааччылар уонна сорох дьон олохтоох дьонтон Көмньө сайылык уруккутун-хойуккутун элбэхтик ыйыталаһаллар. Онон сибээстээн, өр кэм устата нэһилиэгим устуоруйатын хасыһан үөрэппит, бу сиргэ элбэхтик сылдьыбыт киһи буоламмын, тугу билэрбин суруйарга быһаарынным.
Көмньө сайылык нэһилиэк киинэ Арыылаахтан 10-ча биэрэстэ тэйиччи, Чурапчылыыр айан суолун миинэ сытар алаас сир. Алаас арҕаа өттүнэн – Тыймыыттаах, хоту эҥээринэн Аянитов үрүйэтин салгыыта Абытай диэн тыымпы күөл хайыҥнаах. Илин өттүнэн Ойуус үрдэ (дьиҥинэн, “Ойуун” диэни ханалыппыттар быһыылаах) ааттаах кыбычаан үрүйэнэн илин алаастарга тахсар силээннээх. Маннык киэҥ-куоҥ ытык алаас түҥ былыргыттан ыла “Көмньө” диэн ааттанан сурукка-бичиккэ бэлиэтэммит. Алаас тула Тыймыыттаах, Абытай, Саһыл Уйалаах, Тойон Эргийбит, Булуҥ, Ойуун, Иэһэрдээх диэн сирдэр бааллар, манна Эмэх уонна Хайаҕас аҕа ууһун дьоно олорбуттар.
Бу ытык сиргэ былыргы саха балаҕаннара, ураһалара турбут сибикилэрэ биллибэт, кэпсэлгэ-номоххо да ол туһунан ахтыллыбат. Саха олорбутун туоһулуур боччумнаах сэргэ да турбут сибиэнэ биллибэт. Арай, титииктэр тастарыгар кыракый эмэгэт сэргэлэр тобохторо баалларын булан көрүөххэ сөп. Ол оннугар, былыргы Эмэхтэр дьиэлэрэ, били 1977 с. элбэх киһи өлүүлээх быһылаан буолбут Павлуцкай дьиэтэ, эргэрбит сарайдар, титииктэр, бэл, сайын астарын-муустарын хаһаанар булуустара бары нууччалыы иэҕиилээх оҥоһуулаахтар. 1795, 1850 с. дьаһаах төлөөбүт дьон биэдэмэстэригэр бу сиргэ Павлуцкайдар, Мигалкиннар, Лобановтар диэннэр олорбуттар.
Көмньө сайылыгар урут туох да биллэр-көстөр түбэлтэ, быһылаан буола сылдьыбыта биллибэт. Арай, 1906 с. бэс ыйын 29 күнүгэр Көмньө Булуҥар Уистин Даниловы, кыра оҕолоох ойоҕун кытта, умайа турар ампаартан хоноһолоро уһугуннаран быыһаабыт докумуоннара Национальнай архыыпка хараллан сытар. Ол Даниловтар уокка былдьаппыт малларын-салларын (ол иһигэр таҥараларын мэтириэттэрэ) испииһэгэ баар. Уот туохтан барбыта биллибэт эрээри, “уот этиҥтэн барбыт үһү” диэн кэпсээччилэр. Бу түбэлтэ кэнниттэн Уистин Данилов ханна да көһөн барбакка, аймаҕа Марк Таныковтыын эт санныларынан сүгэн-көтөҕөн туппут ампаар дьиэлэрэ 1970-с сылларга диэри баара. Ол ампаар айан суолун хабарыйса кэриэтэ турбута.
Уистин Данилов тиэргэнин таһынааҕы Булуҥар, бурдук ыһар солооһун ортотугар, этиҥҥэ оҕустарбыт муҥур тиит турбута. 1947 с. сааскы паар сирин хорутуһа сылдьан, күнүскү омурҕан иннинэ, А.Т. Карсанаев диэн фронтовик киһи ол тиити уоттуу сатаабытын көрбүтүм. Онто кыайтарбатаҕа. Бу түбэлтэни ити үөһэ этиллибит Уистин Данилов кыра кыыһа Мария-Бакаа Маайа эмиэ көрбүтэ-истибитэ. Кутаа уот өссө умулла да илигинэ кыракый тумус тыаҕа обургу соҕус оҕо ытыырын бука бары истибиппит. “Арааһа, муммут оҕо ытыыр быһыылаах” диэн аһыырбытын тохтотон, ахсыа буолан тыаҕа тахсан оҕону көрдүү сатаабыппыт. Булбатахпыт. “Муммут оҕо киһиттэн саһара буолуо” диэн сытар мастары, арбахтары сыныйан көрдөөбүппүт да, туох да көстүбэтэҕэ. Маны биһигини кытта үлэлэһэ сылдьар, уруккута бу дойду олохтооҕо Иван Лобанов-Маах Уйбаан диэн сааһырбыт киһи: “Ити умата сатаабыт тииккит оҕото ытаата быһыылаах”, – диэн быһаарбыта да, ону биһиги истэн эрэ кэбиспиппит. Ол умата сатаабыт муҥур тииттэрин төрдүгэһэ билигин да айан суолун кытыытыгар чох хара өҥнөнөн киһи хараҕар быраҕылла турар.
Итини таһынан, Көмньө сайылыгар 1964 с. оҕо өлүүлээх быһылаан буолбута. Арыылаах бөһүөлэгиттэн айаннаан испит таһаҕас массыыната Көмньөҕө киирэр туруору сыыры түһэн иһэн түҥнэстибитигэр, кузовка туран испит 7 саастаах уолчаан өлбүтэ. Бу быһылаан 1977 с. иэдээн буолбут дьиэтиттэн баара-суоҕа 200-чэкэ миэтэрэлээх сиргэ буолбута. Ол охтубут массыынанан айаннаһан испит дьон кэпсииллэринэн, кубус-кураанах суолунан этэҥҥэ айаннаан истэхтэринэ, Көмньө сайылык үрдүнэн соһуччу хара былыт саба халыйан тахсан, олус күүстээх этиҥнээх ардах тоҕо түһэн массыыналара сууллубут. Уопсайынан, Көмньө алааһа үрдүк сир чомчоҕойугар турар буолан эбитэ дуу, этиҥнээх ардах быһа ааспат, өрүүтүн сииктээх, өҥ кырыстаах, мэччирэҥнээх сир. Ол да иһин холкуостаахтар сайылыыр буоллахтара.
Көмньөттөн тахсар тэҥкэ мас хайыҥнаах Ойуус Үрдүн тыатыгар былыргы кэрэх мастар баалларын кырдьаҕастар кэпсииллэрэ. Ол кэрэхтэр дьөлөҕөстөрүгэр былыргы ойууннар оҕо абааһыларын үтэйэн аҕалан хаайбыттара үһү. Ол саҕана аҕа саастаах дьон биһигини, эдэр дьону, “кэрэх мастары ончу тыыппат, онно олорор мас көтөрдөрүн ыппат буолуҥ” диэн сэрэтэ сатыыллара. Тус бэйэм онно кэрэх мастары көрөрбүн өйдөөбөппүн. Кэлин дьон өлүүлээх быһылаан буолбутун кэннэ, “Көмньө сайылыгын оҕолоро оонньуу сылдьан ол кэрэх мастар бүөлэрин арыйбыттарын түмүгэр ити өлүү-сүтүү таҕыста” диэн эҥин араас таайтарыылаах кэпсээннэр бааллара.
Итинник элбэх кистэлэҥнээх, таайыллыбатах таабырыннаах Көмньө сайылыга, уруккута бэрт күүстээх-уохтаах, үлэһит, тойуксут-олоҥхоһут, Эмэх аҕатын ууһа Мигалкиннар, Павлуцкайдар, Даниловтар, Таныковтар олорон ааспыт былыргы дойдулара, билигин “эргэрэн”, кураанахсыйан турар.
Эмэх аҕатын ууһуттан сыдьааннаах, Көмньө сайылык иэдээнин тус бэйэтин этинэн-хаанынан билбит Семен Аянитов билигин соҕотоҕун хаалан, суох буолбут дьоно бөһүөлэккэ туттубут дьиэлэригэр ыал буолан олорор. Мин санаабар, мөлтөһүөр доруобуйалаах аҕамсыйа барбыт киһиэхэ, хойутаан да буоллар, билигин ханнык эмэ социальнай көмө, чэпчэтии дьаһала ылыллыан сөп этэ.
Сэмэн Попов,
Чурапчы Арыылааҕын Ытык киһитэ, кыраайы үөрэтээччи.