Киир

Киир

Алтынньы 10 күнүгэр Саха сирин Үрдүкү суута 36 саастаах Виктор Саввиновы икки киһини өлөрүүгэ буруйдааҕын дакаастаан, 20 сылга кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа утаарда. Бу Сунтаар Кутанатыгар олунньу 24 күнүгэр киһи өйүгэр батан киирбэт ыар быһылаан туһунан биһиги урут суруйан турабыт. Оччолорго кыыллыы сэймэктэнэн өлбүт Валентина Никифоровна Фёдорова төрөппүт кыыһа кэпсээбитин таһаарбыппыт. “Кыым” бу холуобунай дьыала хаамыытын кыраҕытык кэтээн көрдө.

Санатар буоллахха, Виктор Саввинов икки киһини: 34 саастаах Иван Осиповы уонна саҥаһын – аҕатын кытта бииргэ төрөөбүт киһи огдообото, 64 саастаах учуутал Валентина Фёдорованы – дьулааннык сэймэктээн өлөрбүтэ. Бу кыыл киэбин кэппит киһийдэҕи икки киһини сорунан туран өлөрбүтүн, дьон дьиэтигэр күүһүнэн киирбитин уонна умаппытын иһин РФ Холуобунай кодексын үс ыстатыйатынан (105-с ыст. 2-с ч. «а» п., 139-с ыст. 1-кы ч., 167-с ыст. 2-с ч.) сууттаатылар.

Ол хааннаах хара күн

Өлөрүөхсүт Виктор Саввинов урут үстэ сууттана сылдьыбыт. Бүтэһигин 2020 сыллаахха киһини быһаҕынан сидьиҥник өлөрөн (түөрт араас быһаҕы уларыта сылдьан), 9,5 сылга кытаанах эрэсиимнээх күлүүс хаайыытыгар утаарыллыбыт. Ол эрээри 2023 сыллаахха хаайыыттан анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы барбыт. Сулууспата бүтэн, төрөөбүт Кутанатыгар эргиллибит. Кинини оннооҕор төрөппүт аҕата дьиэтигэр киллэрбэтэх. Инньэ гынан Кутанаттан 9 км сиргэ баар Тумул учаастагар олохсуйбут. АБДь сылдьыбыт үтүөтүн иһин, Саввинов амньыыстыйаланан, “ырааһыран” кэлбит. Сокуоммут оннугу көҥүллүүр.

Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүгэр өлөрүөхсүт нэһилиэк устун хаама сылдьан “миигин убаастаабаккыт, чиэс­тээбэтигит” эҥин диэн тыллаах буолбут. Ол күн нэһилиэк кулуубугар быраа­һынньыктааҕы тэрээһин ыытыллыбыт. Итирэн баран, киһи-киһиэхэ барытыгар баайсыбытын, уопсастыбаҕа кутталламмытын иһин, Валентина Фёдорова нэһилиэк баһылыгар эрийэн, “дэриэбинэҕэ итирик сылдьар, дьону сүгүннээбэт” диэн үҥсүбүт. Онуоха баһылык Николай Давыдов учаскыабайы ыыппыт. Учаскыабай кинини “уопсастыбаннай бэрээдэги кэстэ” диэн хаайа барбатах, сайылыгар илдьэн утуппут.

Ол да буоллар өһөхтөөх санаалаах өлөрүөхсүт, сотору буолаат, сэлиэнньэҕэ төттөрү кэлбит. Быһа холоон 10–13 чаас икки ардыгар 34 саастаах, ыал аччыгый уолун, дьонугар илии-атах буолан олор­бут Иван Осиповы кытары “абырахтанан” баран, киһитин луомунан төбөҕө охсон өлөрбүт. Уол өлүгүн уулуссаттан булаллар. Кинини өлөрөн баран, өлөрүөхсүт салгыы кырдьаҕас саҥаһыгар полицияҕа туттарбытын аахсар санаалаах тиийэр.

Биллэн турар, Валентина Никифоровна өлөрүөхсүтү дьиэтигэр киллэрбэтэх. Онуоха күүһүнэн ааны тоҕо тардан киирэн, дьахтары бүттэтэ суох кырбаабыт. Көмүскэнэ сатаабыт кырдьаҕас дьахтары күөгэйэр күнүгэр сылдьар киһи кыыллыы кырбаан баран, сүгэни ылан төбөтүн хайа охсубут...

Тыынын быһан баран, буруйун биллэримээри, тута суолун кис­тии сатаабыт. Ол аата, илэ өйдөөх сылдьан өлөрбүт. Дьиэттэн хара буруо тахсарын көрөн, ыаллара баһаары­найдары ыҥырбыттар.

Соторутааҕыта эрэ кэргэнин ыарыылаан көмпүт, баай уопуттаах учуутал, биэнсийэҕэ тахсан да баран, 1987 сылтан эҥкилэ суох үлэлээбит Кутанатын оскуолатыгар бүтэһик выпуһун таһаараары сылдьыбыта. Ол кэннэ, санаата дьэ туолан, оҕолоругар, сиэннэригэр куоракка көһөн кэлиэхтээҕэ.

Суут кэмигэр

Суукка өлбүттээхтэр чугас аймахтара уонна доҕотторо дьонноро хайдах сэймэктэнэн өлбүттэрин хаттаан истэллэрэ олус ыарахан этэ, харахтарын уутунан сууналларын туттумматахтара.

Валентина Фёдорованы сабыылаах хоруопка уган кистээбиттэрэ. Кинини кытары бырастыылаһа нэһилиэк дьоно, ыраахтан-чугастан элбэх киһи кэлбитэ. Ол күн Саввинов иккис сиэртибэтин эмиэ кистээбиттэрэ... Кутанаҕа кутурҕан күнэ биллэриллибитэ.

Өлөрүөхсүт, суут силиэстийэтин кэмигэр ол хара хааннаах күн туох буолбутун хос көрөллөрүгэр, буруйдаа­һыҥҥа барытыгар сөбүлэстэ эрээри, сирэйигэр-хараҕар, куолаһыгар ханан да кэмсинии баара көстүбэтэ. Бу иннинэ оҥорбут хара дьыалалара, киһини сидьиҥник өлөрүүтэ анал байыаннай дьайыыга кыттыбытын кэннэ бүтүннүү сотуллан, суукка туран “хаһан да сууттана сылдьыбатаҕым” диэн бигэтик хоруйдаата.

Дьон тыыныгар хаттаан турбутунан уонна тутта-хапта сылдьарынан көрдөххө, Саввинов уруккуттан бэркэ билэр, “иккис дьиэтэ” буолбут хаайыыга киирэртэн куттаммат курдук. Сиэртибэтин төрөппүт кыыһын утары туох да буолбатаҕын курдук, өстүөкүлэ нөҥүө одуулаан олордо. Судьуйа, албакааттар, борокуруор биэрэр ыйытыыларыгар тэбис-тэҥҥэ, чуор куолаһынан эрэллээхтик эппиэттэһээччи буолла.

“Үйэтин хаайыыга моҥуура буоллар...”

Онуоха сүтүктээхтэр рецидивист, төһө да хаайыллыбытын иһин, эмиэ биллэр суолунан босхолонон тахсыа диэн куттаналлара ханна барыай. Онон “биэс оҕолоох дьиэ кэргэн илии-атах оҥостор аччыгый уола, туох да буруйа суох Иван Осипов, өссө да элбэх көлүөнэни үөрэтиэхтээх-иитиэхтээх үтүөкэн учуутал Валентина Фёдорова сырдык тыыннарын быспыт сидьиҥ өлөрүөхсүт, кутталлаах рецидивист хаайыыттан кэлбэттии барара буоллар” диэн баҕа санаалаахтар этэ.

Борокуруор Виктор Саввиновы оҥорбут буруйдарын иһин 22 сылга кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа хаайарга туруорсубута. Суут алтынньы 10 күнүгэр бу дьыаланы сиһилии көрөн баран, Виктор Саввиновы толору буруйдааҕынан аахта уонна 20 сылга көҥүлүн быһарга (2 сыл хааччахтаах) уураахтаата. Ону сэргэ, эмсэҕэлээччи өрүттэр туһаларыгар 2,5 мөл. солк. моральнай хоромньуну уонна уоттаабыт дьиэтин толуйарга материальнай хоромньу быһыытынан 1 777 700 солк. төлөтөргө быһаарда. Суут быһаарыыта сокуоннай күүһүгэр киирэ илик, онон өрүттэр салгыы апелляция быһыытынан ааһыныахтарын сөп.

Кутана олохтоохторо Виктор Саввиновы: “Өлөрүөхсүт 36 эрэ саастаах эдэр киһи. 20 сылга хаайылыннаҕына, 56 сааһыгар босхолонон тахсыа. Төрөөбүт дойдутугар тиийэн кэллэҕинэ да улаханнык соһуйбаппыт буолуо. Бүдүрүйбүт көммөт. Бу рецидивистан, бэл, төрөппүт аҕата, аймахтара, нэһилиэнньэ куттаналлар. Маннык киһи көммөт, онон уопсастыбаҕа төннөрө кутталлаах”, – дииллэр.

Оттон Валентина Никифоровна төрөппүт кыыһа: “Үс киһи тыыныгар турбут рецидивискэ 20 сыл диэн олус кыра! Кини өссө да эдэр, “киһи хаанын амсайбыт сидьиҥ киһи көҥүлгэ тахсан да баран, салгыы ыар буруйу оҥоруо суоҕа” диэн ким эрэннэрэр? Ийэбин өлөрүөн иннинэ Кутанаҕа биир киһи тыыныгар туруох буолан сааммыт этэ. Бэркэ билэр уолун 5 төгүл луомунан охсон сидьиҥник өлөрдө, ол кэннэ алтата сүгэнэн саба түһэн... Мин ийэм баара эрэ 64 сааһыгар бу сидьиҥ киһи илиититтэн күн сириттэн олус хомолтолоохтук күрэннэ. Төһө да биэнсийэҕэ таҕыстар, олоҕун устата үүнэр көлүөнэни үөрэтиигэ, иитиигэ анаабыт аналыттан арахсыан баҕарбакка, үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьыбыта. Үлэтин наһаа таптыыра, олус бэриниилээҕэ. Ону кини араас наҕараадалара, ааттара-суоллара да этэр. “Арассыыйа бастыҥ учуутала” ааттаах. Ийэбит өссө да төрөөбүт дойдута сайдарын туһугар айа-тута, үөрэ-көтө үлэлиир былааннааҕа”, – диир.

Өрүттэр суут уурааҕын куоппуйатын аны уон күн иһигэр тутуохтара. Ол кэнниттэн салгыы ааһыналларын–суоҕун быһаарыахтара.

Хаайыыттан босхоломмуттары, ордук ыар буруйу оҥорбуттары, урут анал учуокка ылан кэтиир этилэр. Бу киһи уопсастыбаҕа киирэригэр араас тэрээһин ыытан, профилактическай хабааннаах үлэ барара. Билигин хаайыыттан АБДь кыттарга хантараакка илии баттаһан элбэх киһи инники кирбиигэ барбытын бары да истэ-билэ сылдьабыт. Сокуон ирдииринэн, судаарыстыбаннай, конституционнай тутулга сыһыаннаах буруйу оҥорууга түбэспиттэр, педофиллар, үспүйүөннэр, террористар, дибэрсээннэр хантараак түһэрсэллэрэ бобуллар. Ол-бу маньяктар, ОПГ чилиэннэрэ, оннооҕор үйэлэрин моҥуурга уураахтаммыттар эмиэ хантараак түһэрсэн, көҥүлү көрөр кыахтаммыттара. Иирсээн син биир хаһан эрэ бүтүөҕэ, ол кэнниттэн отуордара хамсаабыт дьон уопсастыбаҕа син биир төннүөхтэрэ турдаҕа. Кыргыс урут да, былыр да киһи майгытыгар улахан содуллаах, ону билбэтэҕэ буолар букатын сыыһа.

Онон анал байыаннай дьайыыттан кэлбит дьоҥҥо психологическай көмө хайаан да оҥоһуллуохтаах, ону ааһан, биир кэмҥэ эрэ буолбакка, тиһигин быспакка ыытыллыахтаах. Психологическай көмөнү тыа сиригэр эмиэ булгуччу күүһүрдэр уолдьаспытын маннык быһылааннар өссө төгүл бигэргэтэллэр.

Дмитрий ИВАНОВ.

Бүтэһик сонуннар