Киир

Киир

Горнай улууһун Бэрдьигэс­тээҕэр күтүөтүм А.Н. олорор. Биэс уонус хаарын санныгар уулларбыт киһи. Эдэриттэн бачча сааһыгар диэри хара тыаны элбэхтик кэтэн, булт бөҕөтүн сууһарбыт сааһыт. Дөрүн-дөрүн аймахтарбар тахсан ыалдьыттааччыбын. Сороҕор күтүөппүнүүн сааскы эбэтэр күһүҥҥү куска бииргэ сылдьааччыбыт. Үгүс бултаах-алтаах Кэбээйиттэн төрүттээх буолан, дурдаҕа да, үүтээҥҥэ да олорон булт туһунан элбэҕи кэпсээччи. Кини кэпсээннэрэ киһини хайдах эрэ умсугутар, саха эр киһитин булчут хаанын уһугуннарар ис хоһоонноох буолааччылар. Онон бүгүн, баҕар, ааҕааччыларым, эмиэ сэргиэххит диэн, күтүөтүм күһүҥҥү куска үүтээҥҥэ сынньана олорон кэпсээбититтэн төһө өйдүүрбүнэн эһиэхэ тиэрдэбин.

“Алтынньы ый бүтүүтэ. Бу сыл хаар хойутаабыта. Чараастык түспүтэ”, – диэн, күтүөтүм кэпсээнин оргууй саҕалаабыта. Мин болҕойон олорон истэбин. Харахпар ол күһүҥҥү быыс кэми ойуулаан көрөбүн.

Биир күн кырдьаҕас доҕорум, сааһыран эрэр булчут – Киргиэлэй оҕонньор миигин улахан булка ыҥырбыта:

– Хара эрэйинэн эккирэтиһэн тыатааҕыга көҥүл ыллым. Эйигин, үөрэнэ таарыйа, барыс диибин, – диэн, бэркэ үөрбүт куолаһынан төлөпүөннээбитэ. Мин оччолорго эдэрбин. Улахан булка сылдьа иликпин. Испэр төһө да дьулайа санаатарбын, кырдьаҕас киһи эрэнэн эрийбитин саҥата суох сөбүлэспитим.

Ол түүн биир дьиктини түһээтим. Дьиҥэр, ол иннинэ биттээх түүллэри соччо итэҕэйбэт этим. Урукку булчут оҕонньоттор “түһээн дьахтардаатыбыт эбэтэр дьахтар кэлэ сырытта, арааһа, Байанай биэрэр буолла быһыылаах” диэтэхтэринэ, итэҕэйбэт буола быһыытыйарым. Били, бэйэм түүлбэр, кинилэр кэпсииллэрин курдук, букатын билбэт дьахтарым кэлэ сылдьыбыта. “Өйүө гыныҥ” диэн, суулаах эт бэрсибитэ. Тоҕо эрэ ити түүлбүн сарсыныгар үчүгэйдик өйдөөн хаалбыт этим.

Сарсыарда 6 чаас саҕана оҕонньорум тигинээн тиийэн кэллэ. Эргэ тиэннээх УАЗигар олорон баран айаннаатыбыт. Бэйэбитин кытта икки ыттаахпыт. Киргиэлэй ыта “Сиэгэн” диэн ааттаах, бөрө курдук бөдөҥ уонна модьу-таҕа көрүҥнээх. Оттон миэнэ -- саҥа борбуйун көтөҕөн эрэр 8 ыйдаах ыт оҕото. Онон төрдүө буолан массыынаҕа симилиннибит. Массыынаҕа олорооппун кытта:

– Хайа, доҕо-ор, бөлүүн тугу эмэ түһээтиҥ дуо? – диэн, оҕонньорум мичилийдэ. Онуоха мин түүлбүн хайдах баарынан кэпсээн биэрдим.

– Үчүгэй түүлү түһээбиккин. Табылыннахпытына, Байанайбыт бэрсииһи, – диэт, Киргиэлэй элбэҕи эрэнэрдии мичээрдээбитэ.

Бөһүөлэктэн 2 көс айаннаан элээрдэн, Кумахтаах диэн үрэххэ тиийбиппит. Массыынабытын туруоран баран, сис ойуур диэки сатыы турунан кэбиспиппит. Ыттарбыт иннибитигэр сүүрэн испиттэрэ. Оннук үрэҕи батыһан баран сыыйа ычык ойуурга киирбиппит. Ыттарбыт сүтэн хаалбыттара. 2 чаас кэриҥэ хаампыппыт кэннэ, ыттарбыт эмискэ үрэн бардырҕаабыттара. Киргиэлэй тохтоон, чуҥнаан иһиллээбитэ. Ыттарбыт үрэллэрэ сороҕор чаҕаарар, сорох ардыгар бүтэҥи буолан хаалар этэ. Онуоха оҕонньор:

– Оо, ыттарбыт арҕаҕы булбуттар, – диэн сэргэхсийэ түспүтэ.

– Ону хайдах биллиҥ? – диэн ыйыттым.

– Сиэгэн сороҕор бүтэйдии үрэр. Ол аата, ыт арҕахха киирэ-киирэ тахсар, – диэт, Киргиэлэй ыксаабыттыы, ыт үрэр сирин диэки харбыаласпыта. Мин кини суолунан эмиэ түһүнэн кэбиспитим.

Өр-өтөр буолбатахпыт. Ыркый быыһынан үөмэн, кыра ырааһыйаҕа тахсан кэлбиппит. Көрдөхпүтүнэ, ырааһыйа ортотугар тиит иҥнэри түһэн сытар. Сорох суон силистэрэ адаарыйан халлааҥҥа харбаспыттар. Оттон аллараа силистэр быыстарыттан арҕах оҥойон сытар. Ыттарбыт онно киирэ-киирэ тахсыталыыллар, киҥнээхтик үрэллэр.

– Нокой, ити арҕах ойоҕоһугар баран турунан кэбис. Кырдьаҕас таҕыстаҕына, ытаар! – диэт, оҕонньор үрүсээгиттэн сүгэтин хостоон баран, мас быһа ойуур быыһыгар сүтэн хаалбыта. Онуоха мин, хаһан да эһэни бултаспатах киһи, адьас уолуйан “арҕахха баран турунан кэбис” диэн сыыһа өйдөөбүппүн. Куттана-куттана, арҕах үрдүн буоругар тахсан турунан эрдэхпинэ, арай атаҕым аллараа дьылыс гынна. Соһуйан, суулла сыһан баран, атахпын нэһиилэ хостоотум. Оччолорго кырдьаҕас арҕаҕын үрдүгэр тыынар хайаҕас хаалларарын отой билбэт этим. Ону ол диэбэккэ, хайдах эрэ гынан икки ачаах силискэ тирэнэн баран, син биир арҕах үрдүгэр турабын.

Ол туран Сиэгэн арҕахха киирэ-киирэ тахсарын көрөбүн. Бэйэм ытым ойоҕолуу туран эрэ үрэр. Киэргиэлэй мас быһан киирэн истэҕинэ, арай улахан ыппыт ойон таҕыста. Онтон тыатааҕы төбөтө былтас гынан баран төттөрү мэлис гынна. Мин баттаһан ыппакка да хааллым. Эмискэ бэйэм ытым оҕото кырдьаҕаһы эккирэтэн, арҕахха киирэн баран, эмиэ ойон таҕыста. Ол кэннэ аны улахан ыт киирдэ. Ол киирэн ыйылыы түстэ. Таһырдьаны былдьаһан иһэн аҥаара ситэри тахсыбакка хаалла. Оҕонньорум ону көрөөт, саатын уонна сүгэтин быраҕан, ытыгар ойон сүүрэн кэллэ да бэйэтин диэки соспутунан барда. Оннук син тардыаласпыттарын кэннэ, ыппыт дьэ төлө барда. Кутуругун аҥаара суох. Букатын быһа ытыртаран, ыйылыы-ыйылыы хаана сүүрэ сылдьар. Оҕонньор аны саатыгар сүүрдэ. Ол сүүрэн истэҕинэ тыатааҕы бэрт иччилээхтик часкыйбытынан, төбөтүн быктарбытыгар мин ытан ньиргиттим. Бэйэм уу чоккурас буола куттаммыппын. Этим сааһа бүтүннүү аһыллыбыт. Ыппытым кэннэ тыатааҕы төттөрү киирэн хаалла. Киргиэлэй саатын ылан баран: “Бэркэ ыппыккын. Көр, ити паар тахсар. Бадаҕа, бултуйбуппут”, – диэн хайҕаата. Онтон:

– Акаарыгын дуу?! Ыт буола сыспыккын – тоҕо арҕах үрдүгэр таҕыстыҥ! Арай хайаҕаһынан аллара түспүт буол, арбаҕастаах да быыһаабат. Аны итинник гыммат буол, – диэн мөхтө.

Оҕонньор арҕах үрдүгэр тахсан, били хайаҕаһы кэҥэтэн баран өссө биирдэ ытта. Онтон:

– Чэ, эдэр киһи, киирэн, баайан таҕыс, – диэтэ. Мин аккаастана сатыыбын. Ол да буоллар, хайыахпыный, былыргы сиэри тутуһан, оҕонньортон сүбэлэтэн баран киирдим. Киирэн, били, кэрдиллибит мас төбөтүн эһэҕэ ытыртаран баран, айаҕын баайдым. Онтубутуттан соһон таһааран астаатыбыт. Оҕонньор 4-5 саастаах тыатааҕы диэбитэ. Оттон арҕах сыта-сымара амырыына сүрдээх. Ол да буоллар лоп курдук оҥоһуулаах. Тыатааҕы мас лабааларын уурталаан баран, онтун үрдүгэр муоҕу, отон угун уонна сир кырсын тэлгэтэн сыппыт этэ. Оттон көҕүрэттэр сирин сытар сириттэн тэйиччи дьаамаҕа оҥорор эбит этэ, – диэн кэпсээнин түмүктээбитэ уонна табаҕын уматтан, ол кэми саныыр курдук туттан, оһох уотун көрөн олорбута.

И.О.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар