Икки сууккаҕа охсуспуттар. Мэмээр нэһилиэгэр Дьааҥы диэки олорбут. Аата Чонкодоол Миитэрэй диэн эбит. Кини аан бастаан булчуттуу барбыт. Аҕата, ийэтэ баар.
Ол булчуттуу баран икки атыыры өлөрбүт. Дьадаҥы эбит. Табалара аҕыйах. Икки кыылы өлөрбүт сиригэр көһөн тиийэллэр. Аҕата сайба охсо хаалбыт. Ийэтэ, балыстара дьиэлэригэр хаалбыттар. Эмиэ булчуттуу барбыт. Ол гынан баран борук-сорукка хараҥаҕа кэлбит. Бу кэлэн истэҕинэ дьиэтэ ханна да суох. Барыта ыһылла сытар. Таҥаһа ыһыллыбыт. Киһи да, сүөһү да суох. Таба да суох. Хайдах хайдаҕый? Уучаҕынан кэлэн истэҕинэ эмискэ эһэ сүүрэн кэлбит. Уучахтара куоппуттар. Кэнниттэн эһэ кууһа түспүт. Миитэрэй чакыр бинтиэпкэ саалаах эбит. Онтуттан тутан ылбыт. Тимирдээх өттүттэн харбаан, иккиэн икки аҥыы араарбыттар.
Киһи баттаппакка, бааһынайдаан кэбиспит. Эһэ кыайан баттаабатах. Дьэ, тустубуттар. Дьабадьытыттан ылар, түүнү быһа тустубуттар. Бинтиэпкэтин тимирин сүтэрэн кэбиспит. Чигди буолуор диэри тустубуттар. Сарсыарданан мөлтөөн барбыт. Аҥаар илиитинэн сабырҕаҕыттан, аҥаарынан кэтэҕиттэн ылбыт. Эһэҕэ таптарбакка наар умса харылыннаран, сарсыардааҥҥы диэри тустубуттар. Эһэтин кэтэҕиттэн соһо сылдьан саатын тимирин көрдөөбүт. Тимирэ арай бу сытар эбит. Ону ылан эһэ икки ойоҕоһун чакыр бинтиэпкэ тимиринэн биэртэлээбит. Охтон баран турбат буолбут. Дэлби эттээн кэбиспит.
Ураһатыгар кэлэн дьонун көрдөөбүт да булбатах. Арай быраатын атаҕа төҥүргэс үрдүгэр ууруллубут. Онтон сыгынах үрдүгэр ийэтин мэйиитэ баарын булбут. Икки балта ончу суохтар. Оҕонньор сайба охсор сиригэр барбыт. Онно тиийбитэ, чохолойо эрэ сытар үһү. Чохолойу ылан эмиэ сыгынах үрдүгэр уурбут. Бэйэтин көппөҕүнэн көмөн кэбиспит. Хаар суох үһү. “Балтыларым ханна эрэ буоллулар?”— дии санаабыт. Кыргыттар эһэ иһэрин көрөн, ураһа кэтэҕинэн тахсан, үрэҕи өрө сүүрбүттэр. Көһөн кэлбит суолларынан табалар сүүрэн хаалтар. Киһи кэннилэриттэн сүүрэр, бэҕэһээ бардахтара дии.
Көһөн кэлбит ураһаларыгар тиийбит. Кэлбитэ, быһаҕастаһан, ыҥыыра суох биирдии уучаҕы тутан миинэн кэлбиттэр үһү. Үөрбүт. “Аата, бэлиэ дуомнара эрэ баар. Барытын алдьаппыт уонна үрүйэ оҥкучаҕын иһигэр симэн кэбиспит. Бардыбыт, төннүөххэ”,— диэбит. Барбыттар. Тугу булбутунан тордох сэмнэҕинэн сабан кэбиспит. “Дьоҥҥо барыахха”, — диэн, үргүлдьү ааспыттар. Ыйдаҥа буолуор диэри барбыттар.
Биир аартык анныгар түспүттэр. Кутуругун быһа тарпыт биир ыттаахтар үһү. Булчут ыт. Кэлбит суолларын диэки көрө-көрө үрбүт. Аҕатын батыйатын, үҥүүтүн ылбыт. Иһиллээн көрбүттэр. Хараҥа үһү. Ыйдаҥа суох. Арай туох эрэ сүүрэр тыаһа иһиллибит. Сылгы сүүрэрин курдук иһиллэр үһү. Ону кытта кылыргыыр тыас кытта баар. Муус тыаһын курдук. Арай толбон элэмэс буолбут эһэ иһэр. Балыстарыгар эппит: “Уучахтаргытын тутуҥ, куотарга бэлэм туруҥ. Мин суох эрэ буоллахпына куотаарыҥ,— диэбит. — Көрөн туруҥ!”.
Киһи эһэҕэ утары сүүрбүт. Батыйатынан аҕыйахта эрэ охсубут үһү. Көрдөхтөрүнэ өлөрбүт. Кыргыттар куотарга бэлэмнэр үһү. Ону көрөн: “Тохтооҥ!” — диэн ыһыытаабыт. Кумахтаах, муус куйахтаах эһэни моонньунан төбөтүн быспыт. Онтон атынын туох да хоппот үһү.
Оҥостон айанныы барбыттар. Сарсыарданан соҕус үһү. Куттанан, утуйбатахтар. Онтон дьэ айаннаабыттар. Киһи бултуу сылдьыбыт суолугар тиийбиттэр. Киэһэрэн хоммуттар. Онтон нөҥүө күнүгэр үс ыал олорон сирин булбуттар. Киэһэ буолбут. Бу киһи тугун да таарыйтарбатах. Эһэлэри кытта охсуспутун кэпсээбит. Ону истэн дьиибэргээбиттэр: “Эһэ мэнээктээбит буоллаҕа. Эһэ суола манна эмиэ чуопчака баар”,— диэбиттэр.
Өр буолан баран, ыалларыттан үс киһини илдьэн ийэтин, аҕатын, быраатын уҥуохтарын булан кистээбитэ үһү. Наар кэтэнии буолбут. Онно баран сотору кэлбиттэр. Үс хонон баран, ый аҥаара олорон баран: “Ээ, мин сиргэ барыыһыбын”,— диэн баран хаалбыт. Сааланан, кыыллыы баран хаалбыт. Үс кыылы өлөрөн баран, тааланан сууллан киирбит. Хабыс-хараҥа, ыйы былыт бүөлээбит. Ол кэлэн истэҕинэ эмискэ уучаҕын тириитин, самыытын эһэ хайа тардан ылбыт. Уучаҕын тириитэ такымыгар салыбырыы сылдьар үһү.
Киһилэрин кэтэспиттэр да биллибэтэх, сарсыарда буолбут. Көрдүү барбыттар. “Дьэ, сиэтэҕэ”,— дэспиттэр. Батыйата суох, саалааҕа эрэ үһү. Быһаҕа буоллаҕына ылгын чыҥыйа эрэ саҕачча. Бэһиэн бараллар. Көрдөхтөрүнэ, тааланан от-мас бараммыт үһү. Дьэ, манна өлөрсүбүттэр. Мэлискэх буоларын саҕана хааннырбыттар. Оҥкучах баар үһү. Ону өҥөйбүттэр. Арай киһилэрэ эһэ үрдүгэр олорон эрэ эһэ хаанын иһэн эрэр үһү. Кулгааҕын аннынан өҥсүн таарыйтарбыт. Күүһүн эһэн баран, быычыкаа ылгын чыҥыйа курдук быһаҕынан хабарҕатын быһан өлөрбүт. Саҥардыы быһарын кытта тиийбиттэр. Үөрүү буолбут. Былаатынан бэрэбээскилэммит. Хата, тыыннаах хаалбыт.
Муома Үрүйэ Төрдүн олохтооҕо, 92 саастаах Афанасий Петрович Корякинтан 1981 сыллаахха Г.М. Федотов
“Муома фольклора” кинигэтигэр суруйуутуттан.