Киир

Киир

Булка-алка сылдьан араас кэрэхсэбиллээх кэпсээни истэр үчүгэй да буоллаҕа. Ордук сырыыны сылдьыбыт, үгүһү билбит-көрбүт, араас дьикти түгэ²²э түбэспит дьон кэпсээннэрин истэр. Ол даҕаны иһин эдэр Николай ыраах Өчүөдэ үрэҕэр сылдьан кыттыгаһа, кырдьаҕас Мииккэ кэпсээннэрин олус сэргиир. Кырдьаҕас Мииккэ эдэр булчукка кэпсээбитин биһиги эмиэ истиэххэ.

— Арай биирдэ мин биир кыыл табаны бултаабытым. Ол табам биир атаҕа наһаа эмис буоллаҕына, атын үс атаҕа олус синньигэс, силиилэрэ да биллибэт этэ. Инньэ гынан аҥаар атаҕын бэйэм сиэбитим, атыттарын ыттарбар биэрбитим. Тоҕо оннугуй диигин дуо? Ханнык эрэ быраканьыардар туһах ииппиттэригэр, ол таба кэлин атаҕыттан иҥнибит эбит. Уонна мөхсөн атаҕын тириитин ньылбы тардан босхоломмут. Сыгынньах хаалбыт атаҕын этэ кыһыҥҥы тымныыга тоҥон хаалбыт. Үс атаҕынан дугунан нэһиилэ сырыттаҕына, мин тыынын салҕаабыппын. Ол иһин тыһа суох атаҕа тоҥмута эмис эбит.

Аны биирдэ эмиэ дьикти кыыл табаны бултаан турабын. Суоллаан эккирэппитим, кыылым тоҕо эрэ торҕо сэлиинэн тоҕо түһэн айаннаабата уонна көбүс-көнөтүк эрэ барара. Ону ычыкын соҕус сиргэ ситэн, ытан ылбытым. Эмиэ тоҕолоотуҥ дуо? Тоҕотун табабын сүлэн баран биирдэ өйдөөбүтүм. Таба өтөрдөөҕүтэ туохтан эрэ үргэн, муҥ кыраайынан куотан иһэн, куруҥ хаппыт маһыгар холун туһаайыытынан атыллыбыт. Ол мас тириитин уонна этин икки ардынан киирэн буутун ааһа барбыт уонна киирбит сиринэн тосту ыстаммыт. Ол иһин бу таба эрэйдээх түргэнник сүүрбэт уонна көбүс-көнөтүк эрэ барар кыһалҕаламмыт эбит. Тыа кыыла да буоллар маска атылларын бэркэ сөхпүтүм. Бу таба этэ олус минньигэс этэ.

Өрдөөҕүтэ Дьыкында үрэҕи өрөн бултуу сырыттахпына, ытым тайаҕы үрбүтэ. Онно үөмэн иһэн көрбүтүм, тайаҕым илин атаҕынан доҕолоҥноон хайдах эрэ адаҕалаах ат курдук хамсанара. Ытан охторон баран көрбүтүм, хаҥас атаҕар кэнсиэрбэ бааҥкатын кэтэн кэбиспит эбит. Онто аалан, атаҕа дэлби иһэн хаалбыт этэ. Ити диэки эспэдииссийэ элбэхтэ сылдьыбыт сирэ, онон кураанах бааҥка эрэ дэлэй буолуохтаах.

Өссө биир дьикти түбэлтэни кэпсиим. Биир сыл үс буолан бултуу сырыттыбыт. Мин эһэ арҕаҕын буллум. Сарсыныгар бултаһарга сананныбыт. Мин биэстэ эстэр бэрдээҥки саалааҕым. Дьонум биирдиитэ эстэр доруоп саалаахтар. Кинилэр эдэр да буоллаллар, саастарынан миигиттэн аҕа этилэр. Арҕахпытын бүөлээтибит, үрдүгэр туора-маары кыра мастары сууллардыбыт уонна үрдүн тобулу дьөлөн баран, кыылбыт ханан баарын билээри булкуйдубут. Онуоха эһэбит ырдьыгынаан баран, булкуйар маспытын хабан ылла. Ону даҕаспытынан маһы усталыы ытан хабылыннардым. Кыылбыт өллө быһыылаах, маһынан кэйиэлээтэххэ да кыһаммат буолла. Бүөбүтүн ыллыбыт, сааһынан эдэр киһини, миигин, иһирдьэ киллэрдилэр. Эһэни быалыырга быаны моонньугар баайыллар уонна аһыыларын кэннигэр модьу соҕус маһы туора уоптаран баран, быаны онно эрийэн ылыллыахтаах. Хараҥа арҕах иһигэр илии иминэн баайар уустук. Ол иһин мин тайах тириитэ өтүүбүнэн моонньуттан быалаан таҕыстым. Дьэ, түллэ-түллэ тардан, бэрт нэһиилэ сыҕарытан кыылбытын син соһон таһааран уоскуйаары олордубут. Дьонум табахтаатылар. Ону-маны кэпсэтэ олордохпутуна, кыылбыт орулаабытынан туран кэллэ. Дьонум уолуйан, тыаҕа сырсан хааллылар. Мин соҕотоҕун туран хааллым. Саам буоллаҕына тэйиччи маска өйөнүллэн турар. Хайдах гыныахпын тобулбатым, арай быабын туппутунан бүтүөр диэри кэннибинэн бардым. Саам син биир ыраах, ол иһин эһэбин состум. Кыылым баһын булкуйа-булкуйа кэннинэн бара сатыыр. Дьэ, тардыһыы бөҕө буолла. Ити гынан кыра-кыратык соһон, саабар тиийиэхчэ буоллум. Быабын ыһыктарым сатаммат. Баар-суох күүспүн түмэн эмискэ тардан ылан саабар син тиийдим. Уонна аҥаар илиибинэн ылаат, кыылбын ытан хабылыннардым. Эһэм умса баран түстэ, эрэллээх буоллун диэн иккистээн эптим.

Дьонум төннөн кэлбэтэхтэрэ. Эһэбин бэйэм астаабытым. Онно быһаарбытым, бэрдээн буулдьата төбөтүн уҥуоҕун халты охсон ааспыт эбит. Онтон дөйөн сыттаҕына киирэн быалаан тахсыбыппын, соһон таһаарбыппыт.  Кыылбыт салгыҥҥа тахсан өйдөнөн кэлбит. Эһэни тоҕо соһустуҥ, быаҕын быраҕан баран сааҕар ыстаныаххын диигин дуо? Быабын быраҕан баран сүүрбүтүм буоллар, кыыл начаас саба баттаан саабар тиэрдэрэ саарбах. Оттон быабын тута сырыттахпына сырыстаҕына, маска эрийэ көтөн баран саабар ыстаныам этэ. Дьэ, итинник түбэлтэ буолан турар. Онтон ыла олохтоохтор миигин «эһэни быалаабыт оҕонньор» дииллэр.

Дм. ДОРОФЕЕВ.

Мииринэй, Арыылаах.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар