Киир

Киир

Биһиги нэһилиэккэ Уйбаан Куруступуорап – Аҥаар Харах Уйбаан диэн оҕонньор баара. Кыра сылдьан Чохороон Баһылай диэн доҕоро уолунуун, эбэлэрэ Чамаан Маарыйа үүтүн үрүмэтин сиэри, үтэһэҕэ мунду үөлэн сии олорбут уолаттар, үрүҥ аһы былдьаһан, омун-төлөн муҥутаан, охсуһан турбуттар. Чохороон Баһылай уоттаах үтэһэнэн дугдуруйабын диэн, Уйбаан уҥа хараҕын тэһэ анньан кэбиспит. Онон, Уйбаан Куруступуорап отой оҕо эрдэҕиттэн, мин өйдүөхпүттэн – соххор киһи.

Кини, сэттэ кылааһы бүтэрэн баран, Үһүс Күүлэккэ, үс кылаастаах оскуолаҕа учууталлаабыта. Оччолорго сэттэ кылаас үөрэхтээх дьон, бэйи, сүүнэ үөрэхтээх курдук көстөллөрө. Олоҕун тиһэх күнүгэр диэри сулумах сылдьыбыта, эһэтин Арбай Сөдүөт балаҕаныгар соҕотоҕун олорбута. Эгэлгэ кэпсээннээх, оҕо аймах кутун-сүрүн туппут элэккэй майгылаах буолан, күүтүүлээх, күндү ыалдьыт этэ. Ийэм сүөгэй үрүҥнээх чэйин иһэрин олус сөбүлүүрэ. Сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн, сир симэҕэ ойуулаах, сиидэс былаатынан сотто-сотто, сэмээр чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа «дьэ, доҕоо-оор, оннуу-уук...» диэн, тылын түмүгүн уһатан, лоп-бааччы, саҥара-иҥэрэ олороро бу баарга дылы.     Уйбаан Куруступуорап ханна да бардар, өрүү саппай уопса, илин-кэлин түһэ сылдьар Көтүппэт диэн ыттаах этэ. Оҕонньор хайа эмэ ыалга киирдэҕинэ, ыта кини хаһан тахсарын кэтэһэн, иччитэ өйөннөрө ууран кэбиспит тайах маһын манаан, токуллан сытара. Киһини-сүөһүнү мээнэ үрэн баргыйа сылдьыбат бэрт көрсүө, сымнаҕас майгылааҕа. Биһиги Көтүппэти, анал оҥоһуулаах, кыра талах туркуга көлүйэн состоро оонньуурбутун бэркэ диэн сөбүлүүрбүт. Туох түбэспитинэн аҥаардастыы кинини аһатарбыт.

Уйбаан миигин латыын алпаабытынан ааҕарга-суруйарга үөрэтэн турар. Төрдүс кылааска аан бастаан омук тылын (английскай) үөрэтэрбэр ол улаханнык туһалаабыта. Оҕонньор, миигин үөрэтэн остуолугар бүк түһэн олордоҕуна, муннун «дөрөтө» кумааҕытыгар тиийэ сыһара, онтун субу-субу өрө сыҥан кэбиһэрэ. Кырдьаҕас тэллэйбит уоһун ньамыҥната-ньамыҥната, мин сыыһабыттан-алҕаспыттан күлэн уҥуох сула, дьарамай санна титирэстиирэ. Мин тугунан эмэ киниэхэ көмөлөһүөхпүн, үөрдүөхпүн олус баҕарарым. Уйбаан, ийэм суоҕар кэллэҕинэ үрүҥ чаанньыкка (сойутарга) баар чэйи солуурга сүөкээн баран, хайаан да саҥа чэй кээһэрим уонна иһиккэ турар үүт үрдүн халбыйан ылан онон үрүҥнүүрүм. Оччоҕуна оҕонньор: «Хор, оҕом ийэтин курдук чэйэ минньигэһэ сүрдээх...» – диэтэҕинэ, үөрэн, өгдөс гына түһэрим.

Уйбаан оҕонньор туһунан бэрт уһуну, киэҥи суруйуохха сөп этэ да, мин бу кэпсээммэр оҕонньор ытын, Көтүппэт туһунан кэпсиэм.

Көтүппэт – уорҕата хара, өрөҕөтө маҥан, кутуруга үрүҥ хоболоох, түөрт харахтаах, дьаһамыр уҥуохтаах ыт этэ. Ыт олоҕо диэтэххэ, уһун «үйэлэммитэ», сүүрбэтигэр чугаһаан, төрүт таас дьүлэй буолан, тииһэ-уоһа баранан, бүдүгүрэ сабыстан баран, биир күһүн ууга тааһы бырахпыттыы, эмискэ мэлийбитэ. Көтүппэт уһун «үйэлэммитэ» бэйэтэ туспа төрүөттээҕэ, кини – ат ыт этэ, онон тыһы ыты былдьаһан охсуспатах, «сыбаайбаҕа», сыбыытаһыыга кыттыспатах буолан, этэ-сиинэ эрдэ ньамньыраабатаҕа. Көтүппэт тайаҕы үрбүтүн, эһэни хаайбытын истибэтэҕим эрээри, кыра булка дэгиттэр дьоҕурдааҕа. Иччитэ куска үөмтэҕинэ, кэнниттэн тэбис-тэҥҥэ, сиргэ сыстан сыыллан иһэрин бэркэ диэн сөҕө-махтайа, дьиктиргии көрөрбүт. Дьэ, ол оннугар соруйууну иһиттэр эрэ ууга бар гына түһэн, сонно булдун таһааран биэрэрэ. Сорох ыт куһу ылар эрээри, ордук кыра көлүйэҕэ, үрэххэ ыттахха, ардыгар уҥуор эбэтэр кутаҕа таһааран кэбиһэр үгэстээх, оттон Көтүппэт хайаан да атаҕыҥ анныгар аҕалара. Өйдөөҕүн-өйдөөх, элбэх куска киирдэҕинэ, иккилии-үстүү куһу биирдэ холбуу ытыран тахсара. Аттаммыт буолан, күһүн буһук да саҕана, төрүт тоҥмокко, атыыр ыт курдук муустаах ууга чаалыйтаран, саллан хаалбакка, куһу букатын аахтара киирэн ылара...

Мин кыра эрдэхпинэ, биир сыл сүрдээх уот куйаас сайын кэлэн ааспыттааҕа. Бэл, улахан эбэлэр уулара хото уолан, сорох-сорох кыра көлүйэ букатын ийэ уута эрэ оҥоччу көрөн хаалбыта. Илим үтэн үссэниэхтээҕэр, иһэр ууну да баһар эрэй этэ. Хара бадараанынан хаалбыт күөл кытылыгар чоху хаатын хачыгыраччы кэһэрбит. Күһүн, Ылдьыын таҥара күнэ ааспытын кэннэ кус оҕото кынатыгар уйдаран, сара куһа сараччы уойан, саҥа куорсун анньынан уолба күөллэргэ мустан ампаалыктанар тыастара, бэл, түүн аҕырымнаан көрбөтө. Киһи куһу ыттаҕына, тоҕус сорунан, эрэйинэн ылара. Уйбаан, бэл, ол сайын эрэйдэммэтэҕэ. Хара бадарааҥҥа хаптаччы ытыалаабыт кустарын Көтүппэт син биир аахтара таһаарара. Оҕонньор уһун ураҕаһы күөл үөһүн диэки усталыы бырахтаҕына, ыта ол устун сыыһа-халты үктэнэн, уҥа-хаҥас түөрэҥэлии-түөрэҥэлии далаһалаан киирэн ыппыт куһун биири да ордорбокко таһааран биэрэрэ. Бадарааҥҥа быарынан сына-сына үлэ, сорук оҥостон туран хомуйара.

Көтүппэт – «кэһиилээх» ыт этэ. Чахчы, бастыҥ булчут ыт эрэ итинник үтүө үгэстэнэр. Уйбаан төһө көтөрү, куобаҕы балаҕанын айаҕын үктэлиттэн күөстэммитин билбит суох. «Мэ, тоом, маны ийэҕэр илдьэн биэр, сай ортото хара хаалыа суоҕа...», – диэн миэхэ бороҥ куобаҕы уонна мас көтөрүн туттаран ыытара (хаста да эрдэҕэс биэрбитин өйдүүбүн, бука, кэһии гынарыгар булдун улаханыттан өлүүлээн эрдэҕэ).

«Өйдөөх ыт киһиттэн уратыта диэн саҥарбата эрэ» дииллэрэ кырдьык. Көтүппэт иччититтэн атын хайа да киһини, бэл, аһынан ымсыырдан мэҥиэлээбиттэрин да иһин, батыспата; ол эрэн, киһи эрэ сөҕүөх, иччитэ «көҥүллээтэҕинэ», кими баҕарар кытары үөрэ-көтө барсар дьикти майгылааҕа (букатын киһи курдук өйдөөҕө). Ордук сара саҕана эбэтэр уолаттар дьиэ таһыгар күөрэтэлээбит кустара окко түспүтүн көрдөтөөрү Көтүппэти уларсаллара. «Көтүппэт!.. Көтүппэт!.. Кэл!.. Кэл!..» – диэтэхтэринэ, Уйбаан: «Бар!.. Бар!.. Батыс!.. Тыый доҕор!.. Бар!.. Бар!..» – диэн соруйара, оччоҕуна ыта өйдөөх хараҕынан иччитин көрө-көрө ыйылыыра уонна эмискэ сулбу ыстанан, оол курдук баран эрэр уолаттар кэннилэриттэн түһүнэрэ...

Биир саас Көтүппэт иччитин өлөр өлүүттэн быыһаан турардаах. Уйбаан үс көстөөх Аһыктаа диэн күөлгэ соҕотоҕун кыстаабыта. Дэҥ-дуҥ эрэ, атын көлүйэн, ыһык ыла кэлэн барара. Кулун тутар эргэтэ, бастакы туллук саҥа быгыалаан эрдэҕинэ, Уйбаан эмискэ иһинэн ыалдьан охтубут, сылгыларын аһатыахтааҕар, оһоҕун да хара сорунан оттон, икки күнү быһа балаҕаныттан быкпакка сыппыт. Ыйы быһа да сүппүтүн иһин ким да кинини «тоҕо биллибэтэ» диэн сүтүктээн кэлбэтин билэрэ. Үһүс күнүгэр «бу курдук өлөр ыйаахтаах буоллаҕым» диэн, иэйэ-куойа сытан, хата өлүө суох быатыгар, санаа киирэн, сурук суруйан, саппыйаҕа уган Көтүппэтин моонньугар баайбыт. Аанын сэгэтэн: «Дэриэбинэҕэ бар!..» – диэн киһилии кэпсэтэн үүрэ сатаабыт да ыта иччититтэн араҕан барыах эрэ быһыыта суох эбит. Онуоха Уйбаан күүһүн түмүнэн, тайах маһынан хаста да күүскэ дьарыйбыт, урут охсуллуохтааҕар буолуох, күргүйдэммэтэх да ыт иччитин тула көтө сылдьан үрэн моргуйбут уонна дьиэттэн сулбу ойон тахсаат, дэриэбинэҕэ барар суол диэки кэннин хайыһан көрө-көрө, сүүрэ турбут...

Кэлин, Уйбаан оҕонньор барахсан ытын таптаан хас ымманыйдаҕын аайы Көтүппэтин түөһүгэр эпсэри тардан кууспахалыы-кууспахалыы, кэҥэриититтэн сырылаччы сыллыы-сыллыы: «Охсубуппун, дьарыйбыппын баалаайаҕын дуу-уу...» – дии-дии соҕотох хараҕыттан уу-хаар баһара, кырдьыгын таһаарына сатаан ытыттан көрдөһөрө-ааттаһара...

Көтүппэт, тэппит атаҕын кубулуппакка, дэриэбинэҕэ тиийэн, иччитэ мэлдьи киирэр-тахсар ыалларын аанын тарбаабыт да хас да сиргэ «чоттоон» ыыппыттар, иҥэн-хаһан соруктаах ыт кэллэҕэ диэн ким да сэрэйбэтэх. Ити түүн Көтүппэт аан айаҕар уһун түүнү быһа улуйа хоммут. Сарсыарда бэрт эрдэ Мотурууна эмээхсин хотонугар тахсан татыахайданан истэҕинэ, урут хаһан да эккэлээбэтэх Көтүппэт барахсан биир кэм ыйылаа да ыйылаа, ханна эрэ батыһыннара сатаабыттыы төттөрү-таары сүүрэкэлээ да сүүрэкэлээ буолбут. Онуоха эмээхсин дьиктиргээн, ыты имэрийэ туран моонньугар саппыйа сылдьарын таба көрөн суругу, дьэ булбут. Сонно тута быраас кыыһы кытары хас да буолан тиийэн, ыарыыта ыпсары ылан өйүкү-төйүкү сытар оҕонньору массыынаҕа тиэйэн аҕалбыттар...

Кырдьар саастарыгар иитэрэ-аһатара, харайара суох чороҥ соҕотох хаалбыт сорсуйбут дьон, элэтэ эрэ баар-суох баайдарын – ыттарын кытары истиҥ сыһыаннарыттан – уйан сүрэхтээх уйадыйар уонна киһи дьиктиргиэн иһин, кырдьаҕас оҕонньор, эмээхсин ииппит ыттара сүрдээх өйдөөх, оттомноох буолаллар, били, үүт-үкчү эмэн саастаах ийэҕэ, аҕаҕа иитиллибит оҕо түс-бас буола улаатарын курдук.

Биирдэ эмэ куорат сиргэ бардахпына – олбуор иһигэр тимир сыапка бааллан сытар убаһа саҕа харабыл ыттары; араас боруода булкуспутуттан үөскээбит сиритээки, тэллэх ыттары эбэтэр бэрт үтүө булчут ыт тахсыах эрээри, киһи тыына-быара ыгыллыах айылаах таас дьиэҕэ бөх буолан, борҕоһуйан хаалбыт ыттары көрдөхпүнэ, кинилэри олус аһыныах санаам кэлэр уонна «оо, тыа сирин ыттара барахсаттар, эһиги дьоллоох да эбиккит ээ» диэн, эмиэ да сүргэм көтөҕүллэр...

Уйбаан уонна Көтүппэт бу орто дойдуттан күрэммиттэрэ быданнаата. Эрбэһин, ытырыык отунан түннүгэ, үөлэһэ бүөлэниэр диэри саба үүммүт Уйбаан Куруступуорап кыстык угун саҕа туруорбах балаҕана, урукку дьыллар уорҕаларыттан бүгүҥҥү күн ураты үлэлээх-хамнастаах дьонун олоҕун, өндөйө-өндөйө көрө сатаабыттыы, тааһа алдьанан хараара чөҥөрүйбүт түннүктэринэн одуулаан турар... Киһи олох олоро сылдьыбатаҕын курдук... Ол эрэн Уйбаан уонна кини ыта Көтүппэт тустарынан үтүө, истиҥ өйдөбүл мин өйбөр-санаабар, тыыннааҕым тухары, хаһан да сүппэттии сөҥөн, иҥэн хаалбыт. Аныгы үйэҕэ олорон ааспыт киһи диэтэххэ, Уйбаан хаартыскаҕа төрүт түспэтэх киһи. Маннык дьүһүннээх, сэбэрэлээх этэ диэн туоһулуох, утары көрөн түспүт, эдэр-сэнэх эрдэҕинээҕи чороҥ соҕотох да хаартыската суох. Миэхэ кэм-кэрдии хаҕыс тыыныттан саһаран хаалбыт, түөрт өттө бытырыыс курдук кырыйыы оһуордаах, суос-соҕотох биир хаартыска баар. Онно Уйбаан хараҕынан отой сабыллан көрбөт буолан баран, өлүө икки эрэ ый иннинэ, бэйэтин курдук бүдүгүрэ, сабыста кырдьыбыт ытын Көтүппэти ыксары кууһан балыыһа тиэргэнигэр түспүт мөссүөннэрэ ойууламмыт...

Семен Маисов.

Бүлүү, Үгүлээт.

                                                                                              

Бүтэһик сонуннар