Киир

Киир

Сэтинньи 10 күнүгэр Башкортостан Туймазы куоратын Судаарыстыбаннай татаар дырааматын тыйаатырыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы «Душа природы» литэрэтиирэ бириэмийэтин туттарыы буолла. Иккис эрэ сылын ыытыллар күрэскэ Арассыыйа 29 регионуттан уонна 2 тас дойдуттан барыта 157 айымньы кытынна.

Бачча элбэх үлэттэн биэс бастыҥ ахсааныгар биһиги биир дойдулаахпыт, элбэх хоһоон, кэпсээн уонна сэһэн ааптара, Сунтаар Кириэстээҕин олохтооҕо Александр Амбросьев – Сайылык Уолун  «Аарыма» сэһэнэ киирдэ. Айымньыны биллиилээх суруйааччы, тылбаасчыт, сценарист Алексей Амбросьев – Сиэн Мунду тылбаастаата.

«Душа природы» бириэмийэни Арассыыйа суруйааччыларын сойууһа, Туймазы оройуонун дьаһалтата, Нуучча гегорафическай уопсастыбатын регионнааҕы салаата уонна  «НЕРАЛ» компаниялар бөлөхтөрө айылҕаҕа, кыылларга, тыынар тыыннаахха харыстабыллаах сыһыаны иитэр ааптардары көҕүлүүр сыаллаах олохтообуттар. Башкортостан норуодунай суруйааччыта, күрэһи төрүттээччи, айанньыт Камиль Зиганшин бэрэссэдээтэллээх дьүүл сүбэтигэр бэйиэт уонна прозаик Мамед Халилов, сатирик-суруйааччы Леонид Соколов, «Башинформ» иһитиннэрэр ааҕыныстыба литэрэтиирэлии эрэдээктэрэ Алик Шакиров, үрдүк категориялаах учуутал Люция Давлетшина үлэлээтилэр. Лауреаттарга дьупулуомнары, анал статуэткалары таһынан 25 тыһ. солкуобайдаах сэртипикээттэри туттардылар.  

Биһиги бэҕэһээ Александр Ксаверьевичтыын, дьиэтигэр айаннаан тиийээтин кытары, төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сырыттыбыт:

-  Үс күннээх улахан тэрээһиҥҥэ баран кэллим. Ороскуоппун барытын тэрийээччилэр уйуннулар. Онон махталым улахан. Уопсайынан, башкирдар аэропорт ааныттан олус үчүгэйдик көрүстүлэр, атаардылар. Туймазы, Уфа куораттар устун, түмэллэринэн экскурсия бөҕөтүн тэрийдилэр, оройуон баһылыгын, оскуола үөрэнээччилэрин, бибилэтиэкэрдэри кытта көрүһүннэрдилэр. Олус аламаҕай омуктар эбит. Оттон күрэскэ биэс бастыҥ айымньы кэккэтигэр киирбит «Аарыма» сэһэним туһунан этэр буоллахха, бу дьиҥ олоххо олоҕуран суруллубут айымньы. Аарыма диэн бөрө. Урут бөрөлөр биһиги дойдубутун икки сыл кэриҥэ аймыы сылдьыбыттара. Ол кэм бөрө хараҕынан ойууланар. Онон барыта бу Кириэстээххэ буолбут түбэлтэлэр киирдилэр. Биһиги оччолорго өбүгэлэрбит сирдэригэр сылгы базата оҥостон олорбуппут. Онно ити бөрө баара. Алтыһан турардаахпыт. Тус бэйэм бөрөнү адьырҕа эрэ курдук көрүү сыыһа дии саныыбын. Дьиҥэр, айылҕа, тайҕа сокуонун кытаанахтык тутуһар, бэйэтин сирин-уотун тиһэҕэр диэри  көмүскүүр кыыллартан биирдэстэрэ буоллаҕа. Бөрө эмиэ тус өйдөөх-санаалаах, таптыыр сүрэхтээх, майгылаах-сигилилээх, дьылҕалаах. Ол туһунан суруйдум. Бөрө айылҕаны, икки атахтааҕы, олоҕу хайдах көрөрүн, ылынарын. Айымньым сыалын-соругун ситэн, дьүүл сүбэтигэр биһирэммититтэн үөрэбин, - диэн Александр Ксаверьевич ситиһиитин сэмэйдик кэпсиир.

gEzm5MSv2Ys

Оттон литэрэтиирэ кириитиктэрэ тэрээһиҥҥэ аныгы айымньыларга айылҕаны хомоҕойдук, уустаан-ураннаан ойуулааһын түргэн тэтиминэн сүтэн эрэрин бэлиэтээбиттэр. Кинилэр Сайылык Уолун нууччалыы тылбаастаммыт «Аарыматыгар» айылҕабыт кэрэтэ, омукпут уратыта, тылбыт баайа, олохпут оҥкула барыта толору арыллыбытын сөхпүттэр.

*Суруйааччыны кытта сиһилии кэпсэтиини "Кыым" хаһыат кэлэр нэдиэлэтээҕи нүөмэригэр ааҕаарыҥ. Аарыма сэһэн туһунан этиилээх, ааптарга ыйытыылаах буоллаххытына, 8 (914) 820 09 75 нүөмэргэ бассаабынан суруйаргытын күүтэбит.

Бэйэ кэр.

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар