Виктор Лебедев аатынан Анал бириэмийэни төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа, сайыннарыыга уонна киэҥ эйгэҕэ тарҕатыыга ураты кылааттарын иһин Саха норуотун уһулуччулаах маастара, норуот үгэстэрин араҥаччылааччы Борис Неустроев-Мандар Уус, Саха сирин дьахталларыттан бастакы норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева уонна М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи олохтоох норуоттар тылларын, култуураларын институтун дириэктэрин билимҥэ солбуйааччы, “Сэргэлээх уоттара” литэрэтиирэ куруһуогун салайааччы Матрёна Попова туттулар.
Саха алпаабытын туттуллубат буолан эрэр “Ҥ” дорҕооно ойууламмыт статуэтканы уонна харчынан бириэмийэни норуот дьокутаата Виктор Лебедев Наталья Харлампьеваҕа, Матрёна Поповаҕа олунньу 13 күнүгэр, Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр, туттарда. “Сотору кэминэн Таатта улууһугар айанныахтаахпын. Онно Борис Неустроев-Мандар Ууска тус бэйэтигэр туттарыам”, – диэн эттэ.
Былырыын, эмиэ Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр, Виктор Лебедев аатыттан анал Бириэмийэни Саха сирин норуодунай суруйааччыта Елена Слепцова-Куорсуннаах, уопсастыбаннай диэйэтэл, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ бэрэпиэссэрэ Галина Попова-Санаайа, этнопедагогиканы тарҕатааччылартан биирдэстэрэ, “Кюн тэгил” чааһынай уһуйааны, оскуоланы төрүттээччи, салайааччы, саха таптыыр ырыаһыта Анатолий Бурнашев үөрүүлээх быһыыга-майгыга туппуттара. Маны таһынан биллиилээх ааптар, ырыаһыт Егор Васильев–Jeada Виктор Лебедев аатыттан өйдөбүнньүк бэлэҕи ылбыта.
Бириэмэйэни ылбыттарга туттарыллыбыт ураты статуэткалары саха талааннаах скульптора Николай Чоччасов уран илиитинэн айан-тутан, чочуйан оҥорбут.
Виктор Лебедев дойдубутугар судаарыстыба таһымыгар норуоттар төрөөбүт тылларын харыстааһыҥҥа улахан болҕомто ууралларын бэлиэтээтэ. “Төрөөбүт тылын билэр, этигэр-хааныгар иҥэриммит киһи киэҥ толкуйдаах, бигэ тирэхтээх буолар. Өбүгэлэрин духуобунай сыаннастарыгар, култууратыгар уонна үгэстэригэр иитиллэн улаатар. Ол иһин кэнчээри ыччаппытыгар төрөөбүт тылларын таптыырга үөрэтэбит, – диэн эбэн эттэ.
Бириэмийэ лауреаттара саха тылын харыстыырга, сайыннарарга хайысхаламмыт үлэлэрин үрдүктүк сыаналаабытын иһин Виктор Лебедевкэ махтаннылар. Саха сирин норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева төрөөбүт тылын харыстыыр, саха литэрэтиирэтин, ускуустубатын сайыннарар туһунан толкуйдуур хас биирдии киһи, бастатан туран, норуотун инники дьылҕатыгар кыһаллар туһунан эттэ:
– Тыла суох – норуот суох. Биһиги, аҕыйах ахсааннаах норуот буоларбыт быһыытынан, төрөөбүт тылбытыгар уратытык харыстаан сыһыаннаһыахтаахпыт. Манна эппиэтинэһи судаарыстыбаҕа, тыл туһугар туруулаһар биирдиилээн дьоҥҥо эрэ сүктэрбэккэ, дириҥ силистээх, баай-талым тылбыт сүппэтин, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэрин туһугар бары бүттүүн туруулаһыахтаахпыт.
Тыл билимин хандьыдаата Матрена Попова уһулуччулаах дьону – норуот маастара, бөлүһүөгэ, саха норуотун духуобунай лиидэрэ Борис Неустроев-Мандар Уус уонна Былатыан Ойуунускай бэйэтинэн тэрийбит Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 20 сыл устата салайбыт, эдэр талааннаах литератордар бөлөхтөрүн иитэн таһаарар Наталья Харлампьеваны кытта биир таһымҥа туран, бириэмийэни ылбыта улахан чиэс буоларын эттэ. Төрөөбүт тылы сайыннарыыга кылааттарын сыаналааһын хас биирдии лауреатка суолталааҕын, инникитин өссө көдьүүстээх, айымньылаах үлэҕэ көҕүлүүрүн бэлиэтээтэ.
Лауреаттар тустарынан:
Б.Ф. Неустроев-Мандар Уус – СӨ Духуобунаһын акадьыамыйатын акадьыамыга, Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар ураты кылаатын уонна СӨ култууратыгар, духуобунай сайдыытыгар уһулуччулаах үтүөлэрин иһин Ил Дархан бириэмийэтин лауреата. “Дети Саха Азия” норуоттар икки ардыларынааҕы пуонда истипэндьийээтэ, “РФ култууратын сайдыытыгар үтүөлэрин иһин” бэлиэлээх, онтон да атын үгүс наҕараадалардаах. Мандар Уус хас да альбом-кинигэ ааптара: “Саха орнаменнара”, “Саха ойуута-мандара”, “Көмүс уустарыгар көмө” уо.д.а. 2011 с. Таатта Баайаҕатыгар кини бөлүһүөктүү идиэйэлэринэн “Мандар Уус” култуура уонна духуобунас киинэ” аһыллыбыта. Ытык киһибит үлэлэрэ улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду араас таһымнаах быыстапкаларыгар тураллар.
Н.И. Харлампьева – 2003-2023 сс. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, РФ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Духуобунаһын акадьыамыйатын акадьыамыга, СӨ норуодунай бэйиэтэ, Александр Пушкин Мэтээлин (РФ), Арассыыйа Улахан Литературнай бириэмийэтин лауреата, “Литература хаһыата” бастакы сүрүн эрэдээктэрэ А.Дельвиг аатынан “За верность слову и отечеству” Бүтүн Арассыыйатааҕы бириэмийэ хаһаайына уо.д.а. Сахалыы уонна нууччалыы тылынан тахсыбыт 31 кинигэ ааптара. Бэйиэт хоһоонноро тыва, татаар, азербайджан уонна аангылыйа тылларынан тылбаастанан кинигэ буолан тахсыбыттара.
М.П. Попова – 2008-2017 сс. “Айылгы” өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай түмсүү бэрэссэдээтэлэ. Түмсүү Дьокуускай куорат оскуолаларыгар саҥа уонна эбии саха кылаастара аһыллалларын туруорсубута. Устудьуоннарга саха литэрэтиирэтин устуоруйатын үөрэтэр, “Филология. Имиджелогия уонна спичрайтинг” маҕыыстыр бырагырааматын салайар. “Аныгы саха поэзията (1980-2000 сс.)” (2007 с.), “Билиҥҥи саха литэрэтиирэтэ (XX үйэ бүтүүтэ – XXI үйэ саҕаланыыта)” (В.Б. Окорокованы кытта, 2011 с.) үөрэх босуобуйаларын ааптара, Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах 10-тан тахса билим кэмпириэнсийэтин тэрийээччи, “Сэргэлээх уоттара” факультатив салайааччыта. 2023-2024 үөрэх дьылыгар Анал үөрэх-билим киинин – университет лиссиэйин дириэктэрэ М.Е. Федотова өйөбүлүнэн прикладной лингвистика кылааһын арыйбыта. Манна лиссиэй үөрэнээччилэрэ нуучча, аангылыйа, кэриэй тылын таһынан саха тылыгар, литэрэтиирэтигэр дириҥ билиини сомсоллор.
Яна БАЙГОЖАЕВА.