Киир

Киир

Булуҥ улууһун борокуратуурата Тиксии дьахтарын утары РФ КоАП 5.61 ыстатыйатын 1 чааһынан административнай дьыаланы көбүттэ (киһи аатын-суолун, дьоһунун түһэрии).

Суруйалларынан, быйыл тохсунньуга бассаап бөлөҕөр биир дьахтар атын дьахтары аатын-суолун, дьоһунун түһэрэр курдук быдьардык үөхпүт. Бөлөх кыттыылааҕа элбэх баҕайы эбит – 250 киһилээҕэ үһү. Онон ол үөхсүүнү үгүс киһи көрбүт-истибит.

Бары билэрбит курдук, киһи аата-суола уонна дьоһуна РФ Төрүт сокуонунан мэктиэлэнэр. Ол аата, киһини үөҕэн сууттаныахха сөп. Онон мировой судьуйа быһаарыытынан, үөхпүт дьахтары ботуччу соҕус харчыга ыстарааптыырга уураахтаатылар. Ол гынан баран, суут уурааҕа өссө да сокуоннай күүһүгэр киирэ илик. Хайалара даҕаны ааһыныахтарын сөп.

 

Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.