Амма улууһун борокуратуурата Үөһээ Бүлүү улууһун олохтооҕун утары тэриллибит холуобунай дьыалаҕа судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө.
Силиэстийэ быһаарбытынан, уорбаланааччы Дьокуускайтан Амма Болугуругар быстах үлэҕэ харчылаһа барбыт. Итирэн баран, билбэт кырдьаҕас ыалыгар киирэн, кэргэнниилэри кыраабылынан кырбаабыт уонна быһаҕынан куттаабыт.
Бу киһи дьон доруобуйатыгар кыра эчэйиини соруйан оҥорбутун суут билиннэ уонна моральнай хоромньуну төлөтөн туран, 300 ч күһэлэҥ үлэҕэ бириигэбэрдээтэ. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирбит. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.